1289
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...

1983

Тоҕо эрэ мин бүгүн

Долгуйа санаатым төрөөбүт дойдубун.

Ыраах баар дьоннорбун аҕынным,

Ийэкээм мичээрин суохтаатым.

Семен Бандеров

 

Күн күбэй ийэм — оҕо сааһым сылаас өйдөбүлэ

Ийэ баар бу сиргэ аан дойду аанньала ананнын киниэхэ барыбыт махтала! Биһиги ийэбит Мохначевская (Корякина) Анна Архиповна самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр 1954 сылаахха бэс ыйын 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулу ытык сиригэр Архип Михайлович, Ирина Даниловна улахан дьиэ кэргэнигэр 4 оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини оҕо сааһа дьоллоох этэ диэхпин, 10 сааһыгар ийэтэ суох хаалан, ийэ тапталын толору билбэтэҕэ. 10 бытырыыс оҕолору эһэм барахсан, сэрии бэтэрээнэ, киһи-хара гыммыта. Кэлин бары үөрэхтэнэн, үлэһит буолбуттара, олоххо этэҥҥэ оннуларын булбуттара.

Ийэм оскуоланы бүтэрээт маҕаһыыҥҥа атыыһыттаабыта, онтон Дьокуускай куоракка медицинскэй училищеҕа фельдшер үөрэҕэр туттарсан, устудьуон аатын сүкпүтэ. Кыра эрдэҕиттэн кырыымчык олоххо иитиллибит буолан, үөрэнэ сылдьан эбии харчылаһаары, киэһэттэн киэһэ үөрэнэр сирин муостатын сууйара. Онно биир үтүө күн Чурапчыттан төрүттээх, уһун уҥуохтаах, арылхай харахтаах уол теннистии сылдьарын көрөн, онно билсэн, таптаһан, бүтэрэр сылыгар ойох тахсар.

Икки медик үөрэхтээх дьоннор ийэм дойдутугар олохсуйа, үлэлии бараллар. Ахтар, күндүтүк саныыр дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ 3 оҕону төрөтөн, быр-бааччы олороллор. Мин, убайым уонна эдьиийим кэннэ, үһүс оҕонон 1983 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Саамай кыралара буолан, мааныланан улааппытым. Кыра оҕо эрдэхпититтэн ийэбит биһиэхэ айар-тутар куту иҥэрбит эбит. Бытырыыс оҕо эрдэхпитинэ маһынан оттулар дьиэбитигэр уоту саптан баран, күлүмүрдүү умайар оһохпут аттыгар олорон, ийэбит алыптаах остуоруйаларын истэрбит. Хас бырааһынньык аайы ону-маны оҥорорбут. Холобур, пасхаҕа сымыыт кырааскалыыр, саҥа дьылга дьиэтээҕи хаһыакка елка оонньуурун илдьиритэн, ону клейгэ сыбаан, сороҕор пластилиҥҥа саахары баттаан киэргэтэр, араас өҥнөөх кумааҕынан гирлянда оҥорор этибит. 6 сааспыттан туойарга үөрэнэммин, ийэм сыанаҕа туойар таҥаспын тиктэрэрэ, миигин наар арыаллаан илдьэ сылдьара. Хас өрөбүл аайы ийэбит минньигэс аһын сытыттан уһуктарбыт, үгэс быһыытынан ийэбит астаабыт минньигэс аһын сии-сии Дисней мультигын көрөрбүт. Кэлин И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү 1 №-дээх оскуолатыттан М. А. Алексеев аатынан республикатааҕы гимназияҕа үөрэнэ киириэхпиттэн, ийэм барахсан, наар үөрэҕэр кыһалыннын диэн, иһит да сууйтарбата. Билигин санаатахпына, хайдах барытыгар быыс булара буолла. Дьэ,  кырдьык итини этэн эрдэхтэрэ: ийэ сүрэҕэ киэҥ, оҕотун, дьиэ кэргэнин туһугар барыны бары кыайар-хотор диэн.

Оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускай куоракка үөрэнэ киирбиппэр, дьонум миигин батыһан онно көһөн киирбиттэрэ. Кэлин Тааттаҕа ыал буолбутум кэннэ миэхэ 10-ча сыл дьиэбитигэр-уоппутугар, оҕолорбутун көрөрбүтүгэр көмөлөһөн олорбуттара.

Ийэм барахсан мин бастыҥ доҕорум. Кини миигин курдаттыы билэр, мин эмиэ ийэм туругун тута билэбин, оннук чугас дьоммут. Оҕо эрдэхпиттэн санаабын кыбыстыбакка кэпсиибин, үөрүүбүн, сонуммун өрүү үллэстэбин. Мунаарар кэмнэрбэр кини миэхэ маҥнайгы сүбэһитим буолар. Кэлин ийэм улаханнык ыалдьыбытын кэннэ өйдөнөн, куһаҕаны кэпсии сатаабаппын. Наар санаатын көтөҕө сылдьыахпын баҕарабын. Ыалдьыбытын төрүт харыстаан кэпсээбэтэҕэ, ол эрэн син биир барыта биллэр буолаҕа. Ийэбин төһө кыалларынан харыстыы, өйүү сатыыбын. Кинини олус күүскэ таптыыбын.

Ийэм барахсан төһө да бэйэтэ ийэ тапталын билбэтэр, биһиэхэ оҕолоругар ыраас тапталын күннэтэ биэрэр холобур буолар киһибит.

Ийэм барахсан, эйиэхэ махталым муҥура суох, сахалыы симиктик испэр эн тускар үҥэбин, чэгиэн сырыт күн тэҥэ киһим!

 

Ыал улахан оҕото

О. Фомина

Ийэлээх аҕабар бастакы оҕобун. Бу хаартыскаҕа аймахтарбыт мин «эмэһэм сууйуутугар»


Бу хаартыска5а икки ыйдаахпын. Таҥас өтүүктүүр покрывалоҕа сытабын. Иннибэр оччотооҕу өтүүк турар. Урукку ийэ оҕо таҥаһын хайаан да истэри- тастары оҕо биир сааһыгар дылы өтүүктүүр үһү. Патронаж оннук ирдиир эбит. Онон бу өтүүк, ити покрывало күн аайы туттуллар, хомуллубат тэриллэр.

Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Детсадка биирдээхпиттэн оскуолаҕа барыахпар дылы сылдьыбыппын.

Ыал улахан оҕото буоламмын муус- мас киллэриитэ, аҕам суоҕар мас хайытыыта, саас мас саһааннааһына, тэлгэһэ ыраастааһына, оҕуруот олордуу, сайынын оҕуруокка уу кутуу, күһүн хортуоска хостооһуна… Саас аайы аҕабын кытта теплица бүрүйэр этибит. Ол бу ас астааһына, дьиэ хомуйуута, сууйуута үлэнэн ааҕыллыбат да курдук буолара- күннээҕи эбээһинэс.

Эһээбит булчут буолан күндү түүлээх таҥастаах этибит өрүү: ийэбит киис, биһиги оҕолор кыһыл саһыл, хара саһыл, бэдэр бэргэһэлээх этибит. Эбэбит иистэнньэҥ буолан бары таба тыһа этэрбэстээх буоларбыт. Холобур, мин 90-с сыллар саҕаларыгар начальнайга үөрэнэрбэр кылааһым оҕолоро бары кэриэтэ хаатыҥканан, “Сардаана» фабрика хотуобай унтууларынан кыстыыр эбит буоллахтарына, биһиги хаатыҥка диэни биирдэ да кэппэтэхпит.Этэрбэстэрбитин эбээбит бэйэтэ имитэн, аттаран тигэрэ, оҕуруолаах билэлээх буолааччы. Иһит- хомуос, хрусталь иһит күндү быһыылааҕа, «стенка” диэн ыскааппытыгар кэчигирэһэн, кылапачыһа турар буолааччылар. Улахан бырааһынньыктарга эрэ ыскааптан тахсаллар этэ. Заалбытыгар ийэбит наһаа харыстыыр хрустальнай люстралаах этибит. Саҥа дьыл аайы сэрэниин- сэрэнэн аҕабынан түһэртэрэн, наһаа кичэйэн сууйарын өйдүүбүн, оҕолору онно чугаһаппат этэ. Биир сыл ийэбит хас да ыйдааҕы хамнаһын счетугар кыргыттарбар диэн икки бриллиант ылбыта. Каратын эҥин өйдөөбөппүн. Ону мин, оччолорго, 5-с кылаас оҕото, киһиргэс муҥутаан оҕолорго көрдөрөөрү иккиэннэрин муоста быыһыгар түһэрбитим. Тугу барытын алдьатар, тоҕута сүүрэр орой мэник кыыс буоламмын уопсайынан, элбэхтэ сэмэлэнэр этим.
Дьиэбитигэр аҕам өбүгэлэрин былыргы миэбэллэрэ бааллара оҕо эрдэхпинэ. Резной ыскаап, софа, ажурнай спинкалаах кириэһилэ, үрдүк бастаах орон, оһуордаах- мандардаах былыргы остуол. Сиэллээх, киэргэллээх улахан чорооннор, туос иһит арааһа бааллара. Ону барытын кэлин музейга биэрбиттэрэ. Билигин маллаах туос иһит эрэ хаалбыт. Хос эбэм иһитэ.

                Оонньуулар, оонньуурдар тустарынан
Олох кырабытыгар эккирэтиһэ, сасыһа, ыаллаах, алдьаммыт телефон, биһилэх кутуһа, харах симсэ, белки- орешки, али- баба, царь- картошка, үспүйүөн- милииссийэ, миэстэ былдьаһыыта, кууруссалаах элиэ, море волнуется, сыыртан сырылыы оонньуур этибит.Телевизорга көстөр «Зов джунглей», «Звездный час» программалары үтүктэн күрэхтэһэ оонньуур этибит. Тыл таһаарыыта, “республика», «города- реки», «морской бой», меморина, шашки. Эдьиийбитигэр тыксаан, хабылык баара. Мин олору тоҕо эрэ сатаабат этим, балтым чааһы – чааһынан олорон сүүйсүөн сөп этэ. Биирдэ хаартынан үлүһүйүү буолта. “Война» диэни оонньуурбун өйдүүбүн. Онтон хаартынан гадайдааһын муодата кэлбитэ. Арыый улаатыыбытыгар резинканы ойуу кэлбитэ. Ийэбититтэн таҥас резинкатын хас эрэ миэтэрэни ылан ый- хай буолара. Күнү күннээн күрэхтэһэр этибит: үс киһи оонньуур, икки киһи атахтарыгар кэтэн ыыра тардан тураллар, биир киһи сыыһыар дылы ойор. Этаптара элбэх этэ, уустугуран иһэр. Наар оскуолалаах, ыаллаах оонньуур этибит. 8-9-ска үөрэнэр кэмнэрбэр фишканы битанан охсор оонньуу кэлбитэ, сүүйсүү бөҕө, азарт бөҕө. Элбэх фишканы сүүйээри переменаҕа коридорунан, кылаас иһинэн онон- манан киирсии бөҕө буолара. Звонок эрэ, уруок эрэ ким да кыһамматын иһин ыксаан, директор фишкалары боппута.
Барби, синди куукулалар биһиги саҕана саҥа үөдүйбүттэрэ. Барби оҕолоро, дьиэлэрэ, таҥастара, туттар маллара, киэргэллэрэ. Эмиэ маассабай истерия курдук этэ.

1992 сыл, Дьокуускайга киирэ сылдьан Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга сылдьыбыппытын санатар бу хаартыска баар. Бу киириибитигэр балтым биһиэхэ анаан- минээн баҕалаах куукулабытын атыыласпыттара, Ариэль русалочка этэ, кыһыл баттахтаах. Бөҕө- таҕа, тупсаҕай оҥоһуулаах. Ийэбитигэр заказтаан таҥас бөҕө тиктэрэр, спицанан баайтарар этибит. Модница куукула этэ. Бастакы Барбибыт буолан улаатыахпытыгар дылы күндү, мааны куукулабыт этэ. Кэлин киниэхэ ханыылыы Кен уол куукула, оҕолор эбиллибиттэрэ. Онон толору дьоллоох дьиэ кэргэн буолтара. Ариэль күөх папааха бэргэһэлээх (бирюза өҥнөөх), Эриэн тимэхтээх сонноох, иһинэн люрекстаах ырбаахылаах, Кен сурааһыннаах жилеттээх, фиолетовай бүрүүкэлээх кыраһыабай паара. Бу барыта ийэбит баайар. Оҕолор үөрүү- көтүү бөҕөбүт. Кэлин куукулаларбынан конкурска кыттыбытым. 6-7с кылааска ийэбит тэрилтэтин утреннигар наһаа улахан курдук сананан кыбыста – кыбыста хоһоон эппиппэр Дед Мороз наһаа үчүгэй матрешка приз биэрбитэ.Дьиҥнээх биэс куукулалаах “семеновскай» матрешка этэ. Дьиэбэр наһаа астынан, дьоллоох кэлбиппин өйдүүбүн, өр сылларга ол матрешкам өйдөбүл буолан турбута.

Онтон компьютернай приставка муодата кэлбитэ. Денди, Сега уо.д.а. Биһиэхэ дьоммут биир бастакынан куораттан булан- талан таһаарбыттара. Наһаа да үөрбүппүт, киэн туттуу бөҕө. Чугаһынан биһиэхэ эрэ баар буолан оҕолор көрө, оонньуу кэлэллэр этэ. Биирдэ дискета атастаһаары диэн хаһан да көрбөтөх, билбэтэх оҕолорбут күрүө таһыгар кэлэн тураллар этэ. Улахан уолаттар этэ, аҕабыт тасхан бэйэтэ кэпсэппитэ, уларсары көҥүллээбэтэҕэ.
Болуотунан үрэххэ уста оонньуур идэлээх этибит. Саппыкынан уу баһа- баһа сүүрүү…тимирии да баара, сысыһыы- сосуһуу, ытаһыы, паника… ол да буолларбыт нөҥүө күнүгэр син биир болуоттуу сылдьар буолабыт. Ыаллар бөх умаппыт уоттарыгар шифер куһуоктарын быраҕа- быраҕа куотар оонньуулаах этибит: эстиэн- фейерверктыан иннинэ укрытиеҕа киирэ охсуохтааххын диэн. Адреналинщиктар эбиппит, бу билигин санаатахха. Кыһынын ойбонтон, сайынын күөлтэн балыктыыр, күөгүлүүр этибит. Кэмиттэн кэмигэр тыаҕа тахсан уот оттон, хортуоска үтэн сиир этибит. Кэлин ону баһаар ыытаарыгыт диэн бобон- хаайан син уурайбыппыт. Федеральнай трасса кытыытыгар олорор этибит. Онно олорор оҕолор трассаҕа баррикада тутар кэмнэрдээх этибит. Тыаҕа штаб тутта сатыыр этибит оччотооҕу оҕолор. Күргүөмүнэн сылдьан велосипед тэбэргэ үөрэнэрбитин өйдүүбүн. Велосипедтаах оҕо диэн биир эмэ баар, биири уочаратынан тэбэбит.
Сайын “случай кэпсэтиитэ» диэн буолар этэ. Ол аата, күрүө иһинээҕи оҕолор мустаммыт абааһылааҕы кэпсэтэбит. Эбэлээхпитигэр күөстэнэр былыргы балаҕан баара, дьэ онно уһун сайыны быһа ыаллаах оонньоон күннүүр этибит; эдьиийдэрбитин, балыстарбытын кытта абааһылаах оонньуурбут: саамай улахаммыт- талааннаах артыыска абааһы буолан куттаталаан, кыралар ытаһыахтарыгар дылы дьиҥнээхтии обраһыгар киирэн оонньуур этэ.Сценарий бөҕө, репетиция бөҕө, реплика, диалог бөҕөтүн бэлэмниир этэ, ол үрдүнэн биһиги сырыы аайы сүрэх хайда сыһыар дылы куттанан хаалар этибит.
Детсад сааспытыгар ийэбит соҕуруу үөрэммитэ, онтон араас үчүгэй оонньууру аҕалар этэ: улахан хаамар, саҥарар куукулабыт эһээхэй оҕоттон улахан этэ. Таҥаһа дьиҥнээх оҕо таҥаһын курдук : наскытыгар, туруусугар тиийэ толору этэ. Ол куукуланы олордорго улахан баҕайы прогулочнай коляска, дьиҥнээх курдук этэ, вездеход. Оҕо барыта ымсыырар этэ. Быраастаах оонньуур набор, халлаан күөҕэ өҥнөөх куукула суунар тэрилэ: кэннигэр бачогар уу куттахха шланганан краҥҥа кэлэр этэ, холбуугун- араараҕын, аллараатыгар биэдэрэлээх – ууҥ онно түһэр. Дьиҥнээх, бэртээхэй умывальник этэ. Саамай кыра тастыҥ балтыбытыгар оруобуна “Что? Где? Когда?” передачаҕа баар волчок курдугу аҕалбыта, эргиттэххэ иһигэр аттаах киһитэ ойуолуур. Ойуолуур куобах, неваляшка Чипполино, улахан оранжевай ваннаҕа сытар оҕо куукула, кырдьык- хордьук суоскалаах, уста сылдьар кусчааннаах этэ. Балтыбар Муркачек диэн улахан баҕайы сымнаҕас куоскалаах этэ. Наһаа маанылыыр, биэбэйдиир оонньуурбут этэ. Оччолорго, 80-с сыллар бүтүүлэригэр бу барыта сонун, дьикти оонньуурдар этэ.
Начальнайга үөрэнэр кэммэр паапабыт бэйэтэ толкуйдаан обуойу быһан, кэннигэр остуол оонньуута- хайыһардыыр трасса оҥорон биэрбитэ: онньуургар кубигы быраҕан уочаратынан хаамаҕын. Хас баҕарар киһи оонньуур. Араас этаптары, быһылааннары ааһаҕын. Холобур, хайыһарын тоһунна – 2 хаамыыны төттөрү бар; олорон сынньан, итии чэйдэ ис- 1 хаамыыны көтүтэҕин;дьоллоох түгэн – 2 хаамыыны инники түс диэннэр баалларын өйдүүбүн. Бу хайыһардыыр оонньуубут сахалыы этэ- каникул кэмигэр оҕолорум тэһийдиннэн диэн оҥорбута.
Ити кэннэ 1995-96с.с. билиҥҥи “Монополия» оонньууга майгынныыр «Бизнес» диэн ыалларбыт оҕолоругар кэлбитэ. Ону уларсан паапабыт уһуннук уруһуйдаан, кичэйэн, үүт –үкчү түһэрэн ылбыта билиҥҥэ дылы баар. Билигин да дуоһуйа, үөрэ- көтө оонньуубут.

Бырааһынньыктар…

Төрөөбүт күммүн хайаан да бэлиэтииллэрэ. Оҕо бөҕө, ыалдьыт бөҕө ыҥырыллан кэлэр. Бэлэх бөҕө тутар этим. Оччолорго наар канцтовар бэлэхтииллэр этэ: бегемот ойуулаах альбомнары, фломастердары, “полицвет” диэн харандаастары өйдүүбүн, раскраска кинигэлэри. Биирдэ “Я сам» диэн советскай оҕо косметикатын наборун бэлэхтээбиттэрэ, биир тетям тииҥ ойуулаах оҕо иһитин биэрбитэ. Колготка, платье… Дефицит кэмэ буолан дуу оонньууру бэлэхтээбэттэр этэ. Ийэм асчыт бэрдэ. Остуол хотойорунан араас аһы астаан икки остуолу тардара: улахан дьоҥҥо, оҕолорго туһунан.

                                 

Төрөөбүт күммэр хайаан да елка симэнэрэ. Бырааһынньыктааҕы туорт чүмэчитин үрүү тоҕо эрэ наһаа суолталаах түгэн буолара. Төрөөбүт күннээх киһи саамай наряднай, саамай сиэдэрэй прическалаах, саамай кыраһыабай былааччыйалаах буолааччыбын. Бу күн мин саамай дьоллоохпун уонна особеннайбын диэн өйдөбүл хаалбыт.
Саҥа дьыл уруккуттан билиҥҥэ диэри миэхэ ураты суолталаах бырааһынньык. Оскуола Саҥа дьылын наһаа долгуйа күүтэрим: ол- бу куонкурустар, күрэхтэһиилэр түмүктэрэ, наҕараадалааһыннар, маскараат буолуу, Дед Моруос бэлэҕэ уонна өрүү “I полугодие5а хорошист буоллум дуу суох дуу?» диэн үчүгэй үөрэнээччи долгуйуута буолара. Ол курдук дьиэбэр Дед Моруос курдук элбэх бадаарактаах, бириистээх, бэлиэ суруктардаах киирэн кэлэрбин, дьоммун үөрдэрбин олус сөбүлүүр этим, дьиэбэр ыксыыр буоларым.

                    

Дьонум барахсаттар оҕолор ситиһиибитигэр наһаа үөрэллэр этэ, грамоталарбытын ыскаапка саамай көстөр сиргэ уураллара. Саҥа дьылга дьиэни сууйан- сотон киэргэтэн, хайаан да елканы симээн, ас бөҕө астаан, сорох дьыл ыалдьыттары ыҥыран көрсөр этибит. Бенгальскай уоттары, фейерверк ытыыта, хайаан да бэлэх туттарыыта ( оччолорго елка анныгар ууруу диэн суоҕа). Елканы ийэбит, дьиэни аҕабыт киэргэтэр эбээһинэстээхтэрэ, бэйэлэрин икки ардыларыгар үллэстибит тэрээһиннэрэ. Аҕабыт наһаа фантазиялаах, оригинальнай паапа этэ. Истиэнэ хаһыата таһаарар этэ ( кэлин хаһыат худуоһунньугун, редакторын оруола миэхэ сүктэриллибитэ). Ким да сатаабат, хатыламмат композициялары, инсталяциялары, дьиэ киэргэтиилэрин оҥорон соһутар этэ. Уруһуйдьут бэрдэ, төбөтүн иһэ толору идея буолара.
Улахан кылаастарга дискотека буоларын күүтэр аҕай этибит.
Ыһыах биһиги оҕо эрдэхпитинэ буолар этэ эрээри сахалыы таҥныбат, оҕолор ыһыахха барбат да этибит. Аҕабыт кымыс иһэ,эт сии, күрэхтэһиини көрө түһүлгэҕэ киирэрэ. Кэлиҥҥи кэмнэргэ ийэбит барсан ыһыахтыыр, ат сүүрдүүтүн көрө барсар буолбут, урукку өттүгэр төрүт сылдьыбат этэ. Үтэһэлээх эт, кымыс атыылаһан аҕалааччылар. Оскуола ыһыаҕа диэн үөрэнэр кэммэр биирдэ да буолбатаҕа.

                                      

Ол оннугар кыра кылааска субуота ахсын сахалыы таҥнан кэлэр этибит. Атын күннэргэ оскуола форматынан сылдьабыт.

Бэлэхтэр…

Оҕо сылдьан элбэхтэ бэлэх тутан үөрбүтүм. Ол курдук 5 сааспын туоларбар, кыһыҥҥы киэһээ, ыалдьыттары кытта остуол тула үөрэ- көтө аһыы олордохпутуна уоппут баран хаалла. Оттуллан турар оһох таһыгыраччы умайар тыаһыгар эмискэ аан аһыллыбыта, кыһыҥҥы туманы бүрүнэн эдьиийим киирэн кэлбитэ. Ыаллыы сытар улуустан анаан миигин эҕэрдэлии, кимиэхэ да эппэккэ сюрпризом кэлбит этэ. Саба сырсан тиийэн “ураа” хаһыынан көрсүбүппүт, улаханныын- кыралыын уруй- айхал, үөрүү буолбуппут. Уоппут кэлбитэ, эдьиийим барахсан оччотооҕуга аатырар слойка торт кэһиилээх, миэхэ плюш енот, балтыбар сарапааннаах пластмасс куобах бэлэхтээх кэлбит этэ. Енот моонньугар быаҕа иилиллэ сылдьар пустышкалаах этэ, оҕо курдук айаҕар уоптаран кэбиһэҕин. Балтым мин еноппар ымсыыран ытаабытын өйдүүбүн. Ити төрөөбүт күн сүрэхпэр саамай күндү, былдьаһыктаах оонньуурдаммыппыттан буолбатах, саамай таптыыр эдьиийим миэхэ атын улуустан айаннаан кэлбитэ саамай күндү бэлэх буолбута.
Биирдэ алталаахпар быһыылаах төрөөбүт күммэр төрөппүттэрим уонна биир дьүөгэм аах үүт- үкчү куукула ороннорун бэлэхтээбиттэрэ: маҥан, пластмасс, улахан куукулаҕа сөптөөх, матараастаах эҥин. Наһаа байбыт курдук сананан үөрбүппүн өйдүүбүн.
Оччолорго оҕоҕо наар кинигэ бэлэхтиир үгэс баара. Бэрт элбэх кинигэни бэлэхтииллэр, кэһии аҕалаллар этэ эрээри 5-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына 8 мартаҕа паартаҕа бииргэ олорор уолум “Миньона- дочь музыканта» диэн кинигэни бэлэхтээбитин умнубаппын. Кинигэбин дьиэбэр кэлээт биир тыынынан ытыы- ытыы ааҕан кэбиспитим. “Миньонам» билиҥҥэ диэри саамай сөбүлүүр кинигэлэрбиттэн биирдэстэрэ. Оҕо сааспыттан бу олохпор илдьэ кэлбит соҕотох кинигэм.
Оскуоланы бүтэрэр сылбар төрөөбүт күммэр соһуччу баҕайытык икки сабыс – саҥа күөх кырса бэргэһэлэр айаннатан кэлбиттэрэ: ийэм эдьиийиттэн ушанка, аҕам эдьиийиттэн оччолорго муру- муодунай якутяночка. Сюрприз этэ, дьоллоох саха диэн онно мин этим! Аны оскуолабын бүтэрбиппэр биир тастыҥ эдьиийим баай, көп түүлээх хара саһыл тириитин бэлэхтээбитэ, кутуруга наһаа роскошнай этэ. Онон иистэнньэҥ эдьиийим бэртээхэй бэргэһэ тигэн биэрбитэ. Үөрүү бөҕө.

Оҕолор дьарыктара…

Бастакы кылааска үөрэнэрбитигэр ССРС сууллубут кэмэ, буккуллуу. Учууталларбыт тугу гыныахтарын билбэт кэмнэрэ эбит. Мунньахтаан, дэлби саараан баран октябренокка киирии күнүн тэрийбиттэрэ. Спортзаалга үөрүүлээх линейка, тыл этии кэннэ орто кылаас үөрэнээччилэрэ биһиэхэ кинигэ, тэтэрээт, уруучука бэлэхтээбиттэрин өйдүүбүн. Значогу иилиммиппит эрээри октябренокка сыһыаннаах биир да дьаһал буолбутун өйдөөбөппүн. Суолтатын сүтэрбит, мунуу- тэнии кэмэ быһыылаах эбит. Пионерга киирбэтэхпит.
Биһиги саҕана оҕолор кинигэни соччо аахпат кэмнэрэ этэ. Биир эмит ааҕар оҕо баар буолааччы. Библиотека аанын саппат, кинигэни кыбына сылдьар, хоонньоһо утуйар, ааҕар семьяҕа төрөөбүт, кинигэни наһаа ааҕар дьүөгэлээх этим. Киниэхэ араас кинигэни көрөн, көххө мин эмиэ ааҕар этим. Ол курдук “Приключения Тома сойера”, “Чук и Гек”, Пушкин остуоруйаларын, “Приключения Незнайки и его друзей”, “Белочка и Тамарочка”,”Леля и Минька”, Андерсен, Шарль Перро, Гриммнэр аптаах остуоруйаларын… Тимофей Сметанин “Күөрэгэй” остуоруйатын , “Мичийээнэ” кинигэни сөбүлээн аахпытым. Оскуоланы бүтэрэн баран Гарри Поттеры умсугуйан, эккирэтиһэн туран аахпытым.
Олох кырабар кулуупка ыы- быччары олорон киинэ көрөбүт. Сайын Баайаҕа кулуубугар “Танцор диско”, “Танцуй, танцуй” диэн индийскэй киинэлэри , дойдубар “Ералаш”, биирдэ “Цветы на чердаке” диэни көрбүппүн өйдүүбүн. Сайын эбэлээх эһэбитигэр дэриэбинэҕэ сайылыыр буоламмыт сайыҥҥы лааҕырга сылдьыбатаҕым. Атын оҕолор ол-бу ырыа, “Кустук”, “Дабаан” лааҕырдарга, пришкольнайга сылдьаллар этэ. Кыра кылааска сылдьан улууска ыытыллыахтаах Спартакиадаҕа бэлэмниир лааҕырга балтыбын кытта сырыппыппыт. Күҥҥэ үстэ аһыыр, оонньуур, кулуупка “Ералаш” көрөр, үҥкүүгэ дьарыктанар этибит. Спартакиада массовкатыгар ол оҕолор бары үҥкүүгэ кыттыбыппыт.
Оҕоҕо саамай интэриэһинэй сир сайынын сөтүөлүүр сир эбитэ буолуо. Оҕо сааһым сайына Баайаҕа пекарнятыгар ааспыта диэххэ сөп. Наар килиэптэн матан, саҥаттан- саҥа тахсарын күүтэн буһарбын- хатарбын, килиэп таҕыстаҕына анньыһыы- үтүөлэһии, дьон быыһыгар пресстана сыһыахпар дыла кыбылларбын өйдүүбүн. От үлэтин кэмигэр килиэп былдьаһыга этэ наар. Хайа эрэ звено быһалыы түннүгүнэн биир обороту барытын ылан, дьон ыһыы- хаһыы, үтүрүһүү, аймалҕан бөҕө буолара. Күнү- күннээн пекарняҕа уочараттаан тахсар этибит. Дьэ тиксэн киһи илиитин сиир итии килиэптэри сыһан- соһон, аҥарын аара сиэн дьиэбитигэр кэлээт, сөтүөлүү Чүөмпэҕэ ойорбут. Кэлэргэ киэһэ буола охсубут буолар, күммүт онон бүтэр.
Ийэлээх аҕам олохпор өрүү кыттыһаллар этэ диэххэ сөп. Бобуу, лекция- нотация элбэх соҕус буолара. Аҕабыт сымнаҕас , ийэм кытаанах, үрдүк ирдэбиллээх этилэр. Оонньуу баран дьиэҕэ хойутаан кэлии, чаһыыны тутуспат буолуу, куһаҕан сыана улахан бэрээдэк кэһиинэн ааҕыллар этэ, бу иһин туох эрэ үчүгэйтэн матыахха сөп. Таһырдьа, ыалга оонньуу барарбытыгар чаһыыта этиллэр, баччаҕа кэлэҕит да сабаас.
Кыра кылааска уһун переменаҕа хайаан да аһыыр этибит, харчытын ыйга биирдэ төрөппүттэртэн хомуйаллар этэ, ботуччу. Оскуолабытыттан туспа, тэйиччи турар дьиэҕэ кыһыннары бэргэһэ, үтүлүк эрэ кэтэн баран сыгынньах сырсыакалаһарбытын өйдүүбүн. Кылаастан икки оҕону- дьуһуурунайдары уруоктан арыый эрдэ ыыталлар этэ. Кинилэр хас оҕо баарынан остуол тардан бэлэмнииллэр. Наһаа минньигэстик буспут мааннай хааһыны, молочнай коржигы, подливтаах эттээх гречка ыһаарыны наһаа таптыыр этим. Элбэх подливтааҕы тала сатааччыбын. Кып- кыһыл, хоп- хойуу борщ миини сырдык араҥас халыҥ тэриэлкэлэргэ кутан биэрэллэрэ. Сухофрукта хомпуот, кисиэл эбэтэр саахардаах чэй биэрэллэр этэ. Улаатан баран санаатахха поварбыт наһаа да үчүгэйдик астыыр эбит.Улахан кылааска итии аһылык диэн харчыга аһатар буолбуттара. Сыаналаах баҕайы буолан онно харчыбын бараабат этим. Биирдэ эмит морс, коржик ылааччыбын.
Кыайыы күнүгэр оскуоланан хайаан да параадтаан, наһаа өр күүтэн тоҥор- хатар этибит. Наар тымныы, тыаллаах күн буоларын өйдүүбүн. 6-с дуу 7-с дуу кылааска матростар буолбуппут. Куоптанан эрэ хас да чаас туран ырдьаччы тоҥон сирэйим быччыҥа сатаан хамсаабат, саҥарарбар уоһум истибэт буолбут этэ. Оҕолору сордоон, наһаа сүрдээх эбит. Оскуолаттан хоҥнон памятник таһыгар колоннанан тохтуур этибит, ырыа ыллыыллар, тахса- тахса тыл этэллэр, сибэкки уураллар этэ. Биһиги буоллаҕына тоҥон сөп буолан, туохха да наадыйбат, өйдөөбөт буолан хаһан параат бүтэрин, сылаас дьиэбитигэр тиийэрбитин эрэ саныы турааччыбыт.
Экзамеҥҥа долгуйуу, бэлэмнэнии бөҕөтө буолар этэ. 11 кылааска эбиэт кэннэ оскуолаҕа таах мээнэ сылдьар буоллахпытына завучпут дьиэҕитигэр баран бэлэмнэнин диэн үүртэлиир этэ. Биһиги саҕана экзамены билиэтинэн туттараҕын. ЕГЭ эһиилгиттэн киирбитэ быһыылааҕа.Үрүҥ куопталаах, хара дьууппалаах маанытык таҥнан кэлэҕин. Оҕолор шпаргалка бөҕө оҥостоллор этэ, мин көххө эмиэ оҥосторум даҕаны куттаҕаһым бэрт буолан биирдэ да сатаан туттубатаҕым. Табыллымтыа буолар туһугар араас ымыылар (талисман), суруллубатах быраабылалар баалара. Баттаххын суунуо, кырыйтарыа суохтааххын диэн буолара экзамен кэмигэр. Үчүгэй сыананы ылбыт таҥаскын кэтэҕин. Ийэм экзамеҥҥа барар сарсыардабар бачыыҥкам иһигэр 5 солкуобайдаах манньыат укпут буолааччы. 11-с кылааска алгебра государственнай экзаменыгар сорудахтары дуоскаҕа суруйбуттара.10 сорудахтаах этэ. Мин нэһиилэ 8-һы суоттаан баран икки кэнникини өйүм хоппокко дэлби ыксаабыппын өйдүүбүн. Бүтэйдии дьиксинэ, ытырыктатар санаалардаах дьиэлээбитим. Түмүк нэдиэлэ курдугунан биллэр этэ быһыылааҕа. Онуоха дылы “хайдах суоттаабытым буолла, провал буолбата ини” диэн санаалартан киһилии утуйар- аһыыр бокуой суох буолбута. Хата “4” сыанаҕа суруйбут этим! Экзаменнарга биир да учуутал этэн биэрбитин, көмөлөспүтүн өйдөөбөппүн. Өссө шпаргалканы бултаһаллар, былдьыыллар этэ. Уопсайынан бу күн учууталларбыт “тимир маасканы” кэтэллэр этэ. Мин ФЯФиК-ка туттарабын диэммин экзамеҥҥа саха литературатын талбытым. Ыйытыы үксэ литератураҕа сыһыаннаах этэ, арай бүтэһиккэ саха тылын грамматикатыттан киллэрбиттэр этэ, микс курдук. Барытын сөпкө оҥорон, кэпсээн баран бүтэһик хаалбыт тылы ырытыыга кэлэн сыыллан хаалбытым, сыыспыт этим. Комиссия дэлби мөккүһэн, сүбэлэһэн баран “ырытыыны эрэ сатаабата” диэн түмүкпэр “4” сыананы туруорбута. Саха литературатыгар сыллааҕы сыанам, бэһис кылаастан саҕалаан өрүү “5” этэ, ону бу тылы ырытыыны сатаабат оҕоҕо саха тылыгар аттестакка хайдах даҕаны “5” турбат диэн дэлби мөҕөн баран үөрэппит учууталларым барахсаттар аттестаппар “4”-дү туруоран ытаппыттара. Бу сылга саха тылын, литературатын олимпиадатыгар бастаан, улуустааҕыга эмиэ бастаан, региоҥҥа 20 иһигэр киирэн республикаҕа оскуолам, улууһум чиэһин көмүскээбит үөрэнээччи этим. Ити биир тылы ырытыы сыллааҕы үлэбин, сырабын, ситиһиибин барытын сотон кэбиспитэ. Саха тылын факультетыгар туттарсыахтаах киһиэхэ аттестакка “4” сыана диэн оччотооҕуга трагедия буолбута.Учууталларбыт оннук кытаанах, сэбиэскэйдии буспут – хаппыт, кыраҕа ымыттыбат дьон этэ.
Оскуола олоҕо буолан баран таптал баар бөҕө. Ким эрэ кими эрэ кытта сылдьар үһү, бырахпыт үһү, арахсыбыттар үһү диэн буолара. Биһиги выпуска паара бөҕө баара. Оскуоланы бүтэрэн баран сорохтор холбоспуттара да бары арахсыбыттара. Билигин биир эрэ ыал олорор быһыылаах.
Кыыс барыта анкеталаах.Симпатия, антипатия, асимпатия, телепатия бөҕө буоларбыт. Бу барахсаттар телепатия диэҥҥэ сөбүлүүр артыыскын суруйаҕын диэн өйдөбүллээх этибит. Дьэ уонна суруйан бичийии ! Песенник баара, пожелание тэтэрээтэ диэн туһунан баара. Песенниккэ Селин Дион “Титаник” ырыатын устуһуу, кыргыттар муста- мутса акапелла ыллыыр этибит, хайдах сатыырбытынан. Лео Ди Каприону таптаан сордоммуппут аҕай. “Титаник” киинэни көрө- көрө ытаа да ытаа. Бу киинэни видео кассетанан уларсыһа сылдьан эбэтэр прокаттан уларсан көрөр этибит.Биһиги саҕана Spice Gerls, Backstreet Boys, Бритни Спирз, Тони Брэкстон муодалара этэ. Неформальнай оҕолор Metallica Nirvana, Jron Maiden истэллэр этэ.

Дедушкин шкаф

                             
Этот шкаф был создан руками моего прадеда Слепцова Тимофея Александровича, 1878 года рождения, он был известным мастером по дереву (мас ууhа).
В детстве мы с сестрой каждое лето проводили в с.Баяга Таттинского улуса у бабушки с дедушкой, Татьяны Львовны и Михаила Тимофеевича Слепцовых. Деревянный шкаф-буфет стоял в доме деда и бабки сколько я себя помню. Дом невозможно представить без этого шкафа, т.к. он является главным его украшением: высокий, статный, верхушка достает почти до самого потолка, стройный, сдержанно красивый, весь покрыт искусной резьбой. Рядом с ним теперь живет пятое поколение нашего рода с материнской стороны.
Верхняя часть обычно стояла нараспашку до и во время семейной трапезы, т.к. в ней хранились чашки, блюдца, розетки для варенья, изящная хлебница на высокой ножке и сахарница. Если хорошенько покопаться в чашках, то здесь частенько обнаруживались всякие вкусности в виде шоколадок, конфет, жвачек, припрятанные для нас же заботливыми тетей или бабушкой на разные случаи жизни. Закрывалась она как ставни, после приемов пищи и на ночь. Детьми, проснувшись поздно утром, мы открывали дверцы шкафа и каждое утро находили там куерчэх в маленьких пиалах для каждого — наш незаменимый летний завтрак. А в нижней части дремали старинные сервизы, тарелки самых разных размеров, огромные блюда, селедочницы, праздничные бокалы и рюмки — бабушкина сокровищница, вся посуда, которой не пользовались в обычные дни. И если убрать оттуда всю утварь и сесть на корточки, то там запросто могло поместиться 1-2 ребенка средней величины!
В декабре 1989 г мои бабушка и дедушка отмечали Золотую свадьбу, мы приехали к ним из Чурапчи, юбилей отгремел, было сказано много добрых слов, много было рассказано воспоминаний, много спето застольных песен. После юбилея мы с родителями остались в доме деда встречать Новый год. Это был единственный Новый год, который мы встречали с бабушкой и дедом в Баяге. Впоследствии в моей жизни было много праздников, вечеринок в честь Нового Года, но я не помню столь счастливого и душевного Нового Года как в 1989 г.
Проснулись мы в то утро рано, в большие окна дедовского дома бил холодный тусклый свет зимнего утра. За окном стоял туман, трескучие морозы декабря, а у нас в печке весело горел огонь, в доме было тепло и уютно. В тот день женщины весь день готовили, жарили, варили, встречали гостей, мы часто садились за стол, собираясь вместе, было много смеха, праздничного настроения, всеобщего веселья и гостей: дверь открывалась, закрывалась и тут же снова открывалась, впуская в дом нового гостя или еще одного родственника, которого громко, весело приветствовали все домочадцы. Дед, сидя перед печкой, якутским ножом строгал лучину из сухого полена, топил печку, молча улыбался всем нам. Бабушка суетилась, бегала туда-сюда, управляя всеми дочерьми (а дочек у нее 4), тут и там давала указания. Бабушка у нас была громкая, боевая, смешливая, с отменным чувством юмора и метким словом и надо ли говорить, что весь дом и весь наш род держался именно на ней. А дед был тихий, спокойный, немногословный, молча смеялся себе в бороду. Мы, внучата, весь день носились во всю, играя в 2 дома, таская куклы туда и обратно. И в какой-то момент я вдруг остановилась и застыла среди этой веселой суеты, стояла и слушала это счастье вокруг себя, удивительное чувство внутри я помню до сих пор: все счастливы и я счастлива, им хорошо — и мне хорошо, все со мной и я со всеми, вот они мы — одна большая дружная семья, какое это счастье — зимой на Новый год приехать к бабушке с дедушкой. «Вот бы остаться здесь навсегда» — думала я тогда, счастье переполняло меня до краев. Шкаф в эти дни все время стоял открытым как окошко гостеприимного дома щедрых хозяев. А я забралась на шкаф (ыскаап туеьугэр) и нашла там кучу грецких орехов в тканевом мешочке, припасенную запасливой бабушкой специально для этого дня. Помню как сидела тихо, как мышка, колола орехи советским орехоколом с узорами на рукоятке, а вокруг творилось волшебство: шуршание веток кем-то задетой елки, звон стеклянных елочных игрушек, стучавших друг о друга, вкусные запахи, смех и музыка, разговоры за столом… Это было мое тихое счастье, когда ничего больше не нужно: ни конфет, ни подарков, ни красивых платьев. Я была окружена любимыми и родными людьми, с которыми встречаешься раз в год и только летом.
Потом было много Новых годов, много радостей и счастья в каждом, но волшебства того дня, чувства единения со всеми и такого счастья, безграничного и абсолютного как в 5 лет, я уже почему-то больше не испытывала. То ли детство давно прошло, то ли бабушки с дедом давно нет, то ли современные елочные игрушки из пластика звучат по-другому, то ли чувствовать стала по-иному… Но потом уже, когда увижу этот шкаф, так сразу и вспомню звуки и запахи того дня, вкус грецких орехов, треск скорлупок в ладонях… Грецкие орехи, волшебный дедушкин шкаф и 31 декабря — лучшие новогодние воспоминания из детства. Это именно то, что сохранив в сердце, пронесем через всю жизнь, то, что будем вспоминать с теплотой, с легкой грустью, то, что будет сниться по ночам, то по чему будем скучать и хотеть вернуть. Хотела бы я за весь шоколад мира вернуться в тот день или хотя бы заглянуть на минутку! Наверное, благодаря тому дню мне привилась на всю жизнь детская любовь к Новому году, к елкам, тяга к семейному уюту.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *