Ойор-тэбэр оҕо сааһым Хотун Бүлүү биэрэгэр
С. Кычкина
Сааскы чалбах уутугар
Халлаан, былыт көстөрө,
Күнүм чаҕыл мичээрэ
Күлүмүрдүү тыгара…
Тиийиэ суохтаах үрдүгүм
Күндүл күөхтээх күлүгүн
Кэмнээн, кэһэ сылдьарым,
Оҕо, омун санаабар
Олох дьоллоох туонатын
Оннук кэһиэх курдугум…
Мин билигин өйдүүбүн
Чалбах — чалбах эбитин,
Олох дьоллоох үрдэлэ –
Оҕо сааһым эбитин.
Н.Михалева-Сайа
Хас биирдии киһиэхэ оҕо саас диэн саамай дьоллоох, күндү, хатыламмат, кустук араас өҥүнэн оонньуур дьикти, алыптаах кэм буолар. Ол курдук, мин ойор-тэбэр оҕо сааһым Хотун Бүлүү биэрэгэр, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр ааспыта. 1989 сыл күһүнүгэр И.Барахов аатынан 1 №-дээх оскуолаҕа аан маҥнай бастакы кылааска киирбитим, Бараховец үрдүк аатын сүкпүтүм. Биһиги үөрэнэрбит саҕана сэбиэскэй былаас өссө да баар кэмэ этэ. Хайдах Октябренок буолбуппун өйдөөбөппүн эрээри, Ленин сирэйдээх кыһыл сулуһу хас күн аайы кугас былааччыйам маҥан баартыгар иилинэн барарбын субу баардыы өйдүүбүн. Төһө да ол кэмнэргэ телефон, интернет суоҕун иһин, хата кимнээҕэр ордук оонньуу толкуйдаан күммүтүн атаарар этибит. Лапта, сасыһыылаах, үспүйүөннээх милииссийэ, конкурс красоты, учууталлаах, быраастаах, ыаллаах буолан оонньуурбутун олус сөбүлүүр этибит.
Оҕо саас биир өйдөбүлүнэн буолар — кылыгыр кумахтаах Бүлүү эбэ хотун. Төһөлөөх дуоһуйа сөтүөлээн, күҥнэ сыламнаан, арыылаах килиэби мотуйан сайыммытын атаарар күммүтүн киһи ситэн аахпат. Ордук киһи эбэни (өрүһү), дойдун айылҕатын, салгынын ахтар буолар эбит.
Орто сүһүөх кылааска сырыттахпытына уларыта тутуу балысханнык биһиги олохпутугар киирбитэ. Араас амтаннаах, дьүһүннээх минньигэстэр (кэмпиэт, жвачка, шоколаднай паста уо.д.а.), утахтар, астар (майонез, «Рама» арыы, ыт куоска aha), таҥас-сап, оонньуур маҕаһыын аайы баар буолбута. Ол кэмнэ мин биир баҕа санаам Денди (игровой приставка) этэ. Харахпар субу бааллар ийэлээх аҕам атыылаһан а5алан, мин үөрбүт сирэйбин көрөн, бэйэлэрэ үөрэн мичиҥнэһэ тураллара. Ол курдук видео, магнитофон, музыкальнай центр, дистанционнай пультаах телевизор, компьютер биһиги олохпутугар сыыйа-баайа киирбиттэрэ.
Оҕо саас өйдөбүлэ оскуоланы кытта быһаччы сибээстээх. 5 кылаастан 8 кылааска диэри биһигини Людмила Никифоровна Васильева (Андросова) саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэппитэ. Наһаа да үчүгэйдик, интириэһинэйдик үөрэтэрэ, кэпсиирэ. Кини миэхэ саха тылыгар, литературатыгар тапталы иҥэрбитэ. Кэлин билбитим Людмила Никифоровна Тааттаттан төрүттээх, Үөһээ Бүлүүгэ кийиит эбит. Таатта буолан суруйааччылар олохторун-дьаһахтарын наһаа үчүгэйдик билэрэ. Билигин санаатахпына, ол уруоктарыгар суруйааччылар тустарынан кэпсииригэр дойдутун ахтылҕанын таһаарар эбит.
Нуучча тылын уонна литературатын уруоктара мин олохпор эмиэ улахан сабыдыалы оҥорбут эбиттэр. Учууталбыт Наталья Ивановна кэпсээн, остуоруйа суруйтарара, ону кылаас иннигэр кэпсэттэрэрэ. Араас поэттар хоһооннорун аахтаран баран ырыттарара (сочинение-рассуждение). Онно Владимир Высоцкай биир хоһоонун сөбүлээбитим.
Я не люблю фатального исхода,
От жизни никогда не устаю.
Я не люблю любое время года,
Когда веселых песен не пою.
Я не люблю холодного цинизма,
В восторженность не верю, и еще –
Когда чужой мои читает письма,
Заглядывая мне через плечо.
Я не люблю, когда наполовину,
Или когда прервали разговор.
Я не люблю, когда стреляют в спину,
Я также против выстрелов в упор.
Я ненавижу сплетни в виде версий,
Червей сомненья, почестей иглу.
Или, — когда все время против шерсти,
Или когда железом по стеклу.
Я не люблю уверенности сытой,
Уж лучше пусть откажут тормоза.
Досадно мне, что слово «честь» забыто
И что в чести наветы за глаза.
Когда я вижу сломанные крылья,
Нет жалости во мне, и неспроста:
Я не люблю насилья и бессилья,
Вот только жаль распятого Христа.
Я не люблю себя, когда я трушу,
И не люблю, когда невинных бьют.
Я не люблю, когда мне лезут в душу,
Тем более, когда в нее плюют.
Я не люблю манежи и арены,
На них мильон меняют по рублю, —
Пусть впереди большие перемены,
Я это никогда не полюблю.
9 кылаастан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри М.А. Алексеев аатынан республиканскай Үөһээ Бүлүү гимназиятыгар үөрэммитим. Ити сылларга үөрэммит кэмнэрбин ордук ахтабын. Гимназист үрдүк аатын сүгэн араас олимпиадаларга, НПК-ларга («Шаг в будущее» аан маҥнай ыытыллыбытыттан кыттыбытым) ситиһиилээхтик кыттыбытым. Гимназия диэтэхтэринэ миэхэ харахпар костер понедельник аайы оскуола оҕото, учуутала барыта сахалыы танас кэтэн баран сылдьара, оскуола актива хас нэдиэлэ аайы линейкаҕа отчуоттуура (мин санитарнай сектор этим), уһун переменаҕа музыка тыаһыыра, сарсыарда 7 чааска дьиэттэн тахсан баран киэһэ 7 чааска кэлэрбит, араас кружоктар, секциялар, М.А. Алексеев аатын үрдүктүк тутан араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Билигин даҕаны ити оскуоланы бүтэрбиппиттэн киэн туттабын.
Кинигэ… Кинигэ мин олохпор биир сүрүн доҕорум буолар. Аан маҥнай кинигэ алыптаах эйгэтин бииргэ төрөөбүт убайым Айаал арыйбыта. Кини наһаа үчүгэйдик кэпсиир дьоҕурдаах (билигин кини история учуутала). Аахпыт кинигэтин барытын миэхэ кэпсиир этэ. Ол курдук кини кэпсээниттэн «Карлсону», «Незнайканы», «Волшебник изумрудного города» диэн оҕо аймньыларыттан саҕалаан Конан Дойль кинигэлэригэр, классик суруйааччылар айымньыларыгар (сахалыы, нууччалыы) тиийэ умсугуйан аахпытым. Саамай оҕо сылдьан сөбүлээн аахпыт кинигэм А.А. Лиханов «Семейные обстоятельства» диэн буолар. Бу кинигэ оҕо сырыттахпына наһаа өр санаабыттан арахпакка, олох туһунан толкуйдаппыта.
20 үйэ — мин оҕо сааһым үйэтэ буолар. Оруобуна 20 үйэ бүтэригэр оскуоланы бүтэрбитим уонна олох киэн аартыгар үктэммитим. Билигин икки үйэни көрөрбүттэн наһаа үөрэбин.