993
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

1963

Арыылааҕым — ааспат-арахпат ахтылҕаным

Ахсынньы туманнаах тымныы күнүгэр оҕолору илдьэ Чурапчылаан иһэбин. Ол иһэн Арыылаах халдьаайытыгар тохтоотум, ол туран 46 сыл анараа өттүн санаан кэллим.
Трасса уу-чуумпу, айылҕа утуйбут, киһи кулгааҕа чуҥкунуур, күөл ортотугар сыарҕа тыаһа иһиллэн, улам баһыйдар баһыйда.
… Ааспыт үйэ 70-с сыллара. Ахсынньы аам-даам тымныытыгар ыас хараҥаҕа күөл ортотунан сыарҕалаах оҕус кыыкырдатан иһэр. Бу биһиги — эһэм уонна мин, саһыл ферматыттан үлэлээн баран дьиэлээн иһэбит. Халдьаайыга массыыналар тыастара субу баардыы куугунаан олорор. Эһэм оҕуһу мииммит, сыарҕаҕа, бүтүннүү түүлээх таҥаска үллэччи сууламмыт 6-7-лээх бэдик — мин, ферма оҕолорун кытта оонньоон иһэбин. Ол иһэн ыйытарым элбэх буолааччы: эһээ, тоҕо массыыналар тыастара улааппытый, эһэм тымныыга улаатар, тымныы сүрдэммит, тоҥмотун дуо, хардата — суоох! Эбэм, биһигини сарсыарда бэрийэн ыытарыгар этэр буолара, — аата, сылаас дьиэҕэ олордорбун — диэн. Эһэм айаннаан иһэн өрүү киҥинэйэн олоҥхолуу иһэр буолааччы, мин онно бигэтэн арааһы саныыбын. Билигин, арааһа, Мэхээстээххэ Сиэҥкэлээх кэлбит буолуохтаахтар (улахан дьону кытта үксүн соҕотох киһиэхэ, миэхэ, оонньуур оҕо күндү буолааччы).
Мин эһэм Василий Михайлович, эбэм Парасковья Федоровна Артемьевтар. Марфа Софроновна, Михаил Яковлевич Артемьевтар — аймахтарбыт, Арыылаахха ыаллыы олоробут. Дьоммут күндүтүк да санаһаллара, Мааппабыт, Мэхээспит дэһэллэрэ. Мааппабыт бүгүн тоєо кэлэ сылдьыбатай, баран билэн кэл диэн, банаарданан, сорудахха барар буоларым. Ол баран кэһии тутуурдаах кэлэрим, билэр миискэлэрбит хардары-таары кэлэн бараллара. Сыарҕа тыаһын иһиллиир этибит, Мэхээс дуу, Баһылай дуу буоларын быһаара сатыырбыт. Саһыл ферматын аннынан күөлгэ киирдилэр да сыарҕа тыаһа тымныыга бу баардыы иһиллэрэ. Кулгааҕым тыс гыныар дылы таһырдьа тахсан иһиллиибин, бу оҕо тымныйаары гынна диэни элбэхтик истэрим.
Саҥа дьылы үс ыал ыҥырсан ылар этилэр — биһиги, Мэхээстээх, Ностуруойаба Даайа.өссө ферма үлэһиттэрэ Мэхээс эрдэ соҕус кэлэрэ. Мааппабыт кэллэҕинэ саҕалыахпыт дииллэрэ, онтон «Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан» диэбитинэн Мааппа үөрэн-көтөн киирдэҕинэ бырааһынньык остуолугар олорорбут. Саҥа дьыл бырааһынньыгар биирдэ Баһылай шампанскайы ас диэн буолла, өр хаһыста биилкэнэн, эһиннэ да сирэйигэр түстэ, күлсүү бөҕө буолбута аҥара тохтон хаалбыт этэ.
Мааппа өрүү күлэ-үөрэ сылдьар буолара, түргэн-тарҕан туттунуулааҕа, кэмигэр ирдэбиллээх буолара. Ефрем 5 саастааҕар ынах уулатар этэ. Саҥа дьыл утреннигар Төҥүлүгэ сылдьан кэлэн баран «хотуобай ыт буоллум» диэн кэпсээн сэргэхсиппитэ, өргө дылы кэпсээн буолбута. Сир астыырбытыгар оҕолоро бары анал иһиттээх буолаллара, ону толорботох оҕо сэмэлэнэрэ. Ол ирдэбилэ оҕолоро, сиэннэрэ үөрэхтээх дьон буолалларыгар төһүү буоллаҕа. Биһиэхэ оннук буолбатах этэ, толорботоххуна да толорбот этиҥ. Биирдэ, сайын, Мааппа хоспоххо арыы иирдэ олорон, оһоххо буспут килиэпкэ, килиэбинээҕэр икки төгүл халыҥ арыыны ууран биэрбитин, сороҕун ампаар муннугар сотон чарааһатан баран сиэн турардаахпын, ол арыы сотуллубут сирэ өргө диэри баара. Оҕолор икки ыалынан ыҥырсан хонсорбут.
Күһүҥҥү муҥхаҕа киирбиппитин көрөн Мэхээс куулбутун былдьаан ылла уонна бу уолаттары таһаарыахха, тоҥуохтара диир. Мэниктии сылдьаары тахсымаары гынабын, киминэн эрэ дьиэбитигэр ыыппыттара. Киэһэ куул балык тиийэн кэллэ, уол өлүүтэ диэн. Ол олорон хайҕанабын.
Мэхээс биригэдьиир этэ, өрүү велосипедынан сылдьар буолара, дьиэтэ-уота дьонтон уратыта суоҕа. Кини суоҕар оҕолор балай да мэниктиир этибит, наһаалаатахпытына Мааппа «дьэ бэйи, эһэҕит кэллэҕинэ» диирэ да, эппэт этэ. Мэхээс кэлэн уотун уматан хаһыат ааҕара, биһиги уу чуумпу буоларбыт. Мааппаттан ыйыталлар, бүгүн Мэхээс туох сонуннааҕый диэн, Мааппа күлэр, «тугу да кэпсээбэт, истиэнэтэ билэн сыттаҕа» диирэ. Оҕолор сыыйа Мэхээскэ чугаһыыбыт, илиитин араанньытын ыйыттахха саһыл ытырбыта диэн күлэрэ. Ыалдьар эбит этэ, имэринэ олорор буолара.
Хайа ыалга ким кэлбитэ сонун буолара, ыҥырыыта суох ыалдьыттаһаллара. «Куосабыт кэлэн ааста» дэһэллэр, Дьаакып аармыйаттан летнай формалаах кэлбитэ өйбөр хаалан хаалбыт. Мууса, Дьаакып сыбаайбаларын өйдүүбүн, Мэхээстээх Мааппа сэргэхсийбит да этилэр. Туох сонуннаннылар да түмсэн сүбэлэһэр идэлээх этилэр.
Арыылаахха бүтэһигин кыстаан, сайылаан олорбут — Мэхээстээх, эһэм аах, Ностуруойаба Даайа. Онно кыһыннары-сайыннары кэлэ-бара олорсубут оҕолор: Щукиннар оҕолоро, мин бырааппынаан, балтыбыт Валя. Бу кыһыҥҥы өттүгэр, сайын оҕо элбиирэ.
Сэргэй, Мэхээс, Баһылай буолан үһүөн олорон эрэ былыргыны, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэллэрин аттыларыгар сылдьан иһиллиибин. Ону «Руслан, баран оонньоо, оҕо истибэт кэпсээнэ» диэтэхтэринэ ордук ньимийэн истэрим, элбэҕи истибит эбиппин бу санаатахха. Тыла суох Өндөрөөстүүр дьахталлары, эмээхситтэри кытта күлсүү-салсыы бөҕө буолаллара.
Арыылааҕы Төҥүлүнү кытта сибээстиир транспорбыт ат буолара. Мэхээс киирбит үһү диэн, биирдэ каникулга тохсуо буолан биир сыарҕаҕа олорсон кэлбиппит, ылааҥы да күн этэ.
Урут Арыылаахха кулууп, баанньык баара. Автолавка кэлбит диэн этэ ыалынан сүүрэрим. Кулуупка «Спартак» диэн киинэни көрбүппүн өйдүүбүн. Сэргэхсийэр сирбит ферма буолара.
Быыбар диэн тылы маҥнай Арыылаахха истибитим. Сарсын быыбардар кэлэллэр үһү диэн буолла. Сарсыарда эрдэ массыына кэллэ, дьон күлүгүлдьүстүлэр, кыһыл дьааһык киллэрдилэр, кэпсээн-ипсээн баран баран хааллылар, уу чуумпу буолан хаалла.
Сайдыы буолан, үгүс ыаллар киин сирдэргэ көһөн, Арыылаах иччитэхсийбитэ. Кулууп, баанньык быраҕыллыбытын үрдүнэн, дьоммут бэйэлэрин күүстэринэн үлэлэтэллэр этэ, буор босхо буоллаҕа, дойдуларыгар тапталлара онно көстөр. Ханна эрэ ампаары көтүрэллэр үһү диэни долгуйа кэпсэтэллэрэ, олорон кэлбит олохторо буоллаҕа, сөбүлээбэттэр этэ.
Эһэм моой отчут этэ, Арыылаах сиригэр оттоспотох сирим суох буолуохтаах. Ол сылдьан Мэхээһи сотору-сотору көрсөрбүт, үлэтинэн сылдьар буолааччы. Эһэм сиэннэриттэн Черкашин Куоланы эрэ хайгыыра. Биһиги илии-атах буоларбыт Моххсогол куолүгэр тогус ааһыыта тиийдэхпитинэ эһэм собүлээбэт этэ уон чааска тиийдэхпитинэ олох да үүрүллэр этибит сүүрүү хаамыы былаастаах барарбыт олох сөтүөлэппэт этэ ол хатарбыта армияга туһалаабыт буолуохтаах отуутун күн көрөр сиригэр оҥороро күлүккэ утуйа сытаары гынагыт дуо диирэ.
Бу Арыылаах кыһыҥҥы кэмин, ыал аҕыйаабыт кэмин суруйдум. Сайынын киһи элбиирэ, ону суруйуохха уһуна бэрт.
Арыылааҕы наһаа күндүтүк саныыр этим. Оскуола суоҕа буоллар миигин ким да Арыылаахтан араарыа суоҕа этэ дии саныырым. Төҥүлүгэ бэйэбин кэлии киһи курдук сананарым, дууһам өрүү Арыылаахпар буолара. Куулаҕа бастакы хатыҥ хагдарыйда да, сыырга олорон ытыырым, — эмиэ илдьэллэр оскуолаҕа. Арыылаахтан велосипедынан сылдьан үөрэнээри гынар этим, ону эһэм бу оҕо ыраары гынна, кэлимэ диириттэн хомойор, ытыыр этим.
Кырдьаҕастары кытта олорбутум олохпор элбэҕи туһалаатаҕа. Эһэм айылҕаҕа ураты уйаҕас сыһыаннааҕа. Эһэ баар үһү диэбиппэр былыргаттан баар, айдаарыма, тыыппатахха киһини тыыппат диэтэ. Биирдэ утары көрсүбүтүм диир эһэм, өр баҕайы көрөн туран баран «бу баҕайы сылдьар эбит дуу» диэн биллэ быһыылаах, туора хаампыта диэбитэ. Тыыннаах маһы кэрдэри, уокка оттору олох утарар этилэр, ол билигин миэхэ хаалан хаалбыт. Куруук мас силиһин, күрүө тобоҕун уокка отторбут, онтубут барыта кымырдаҕас буолара. Хайа да егерьтан ордук буолаллара, ханна ким саата тыаһыырын, ким илимэ хастааҕын ааҕа билэллэрэ.
Биирдэ кус оҕолоон баран хайҕатаары эһэбитигэр көрдөрө сүүрэн кэлбиппитигэр кус оҕолорун аһынан ытаабыта, «сайын да кылгас ээ, бу үлүгэр ыраахтан төрүү-ууһуу кэлбиттэрин бу кэбилээтэхтэрин» дии-дии, имэрийэ олорбута. Ону санаатахпына билигин уйадыйабын, хараҕым ууланан кэлэр…
Арыылаахха олорон, мааны майгылаах, сахалыы сиэрдээх үтүө кырдьаҕастары кытта алтыспыт кэммин үчүгэйдик ахтабын, саныыбын.

Руслан Габышев
Майа с. 2017 сыл, алтынньы 11 күнэ.

Павел Пинигин уонна бастакы телевизор…

            

Бу историческай телевизор. “Сигнал-2”, 1967 сыллаахха оҥоһуллубут. Техническэй прогресс оччотооҕу улахан ситиһиитэ- кыракый телевизор аҕыйах ыаллаах Арыылаах алааһыгар үөрүүлээх сураҕы аҕалбыта. Саха уола Павел Пинигин Монреаль куоракка 1976 сыллаахха буолбут Олимпиадаҕа 68 киилэҕэ дылы көҥүл тустууга олимпийскай чемпион үрдүк аатын ылбытын иһитиннэрбит. Сөпкө эттим- иһитиннэрбит. Көрдөрбөтөх. Кэргэним таайа Сүөдэр, Федор Васильевич Артемьев (оччолорго физик учуутал), ол киэһэни быһа бу телевизоры талкыйа сатаан кэбиспит, көстүүтэ суох, саҥата эрэ иһиллэр эбит. Хаардыыр үһү.
Бу “хаардыыр” диэн оччолорго тэнийбит тиэрмини билиҥҥи көлүөнэ дьон билбэттэр. Кыыспыттан дьээбэҕэ ыйыттым:
— Хаардыыр диэни хайдах өйдүүгүн? – диэн
— Телевизорга хард холбоммут,- диэтэҕэ үһү.
Арыылаахха төннүөххэ. Оччолорго бүтүн Саха сирин үрдүнэн өрүкүйүү, киэн туттуу, үөрүү сабардаан турбут кэрэ кэмнэрэ этилэр- биһиги уолбут аан дойду ааттаахтарын кытта тэҥҥэ иэмэх мастыы эрийсэр! Руслан оччолорго 6-с кылаас, быраата Толик уонна атын аймах уолаттар, Павел Пинигин тустарын көрөөрү Арыылаахха эһээлэрин аах дьиэлэригэр сиринэн, муостаҕа орон оҥостон сытан кэтэспиттэр. Утуйаары ыксаан, таайдарын уһугуннараар диэбиттэрин киһилэрэ уһугуннарбатах. Руслан наһаа хомойбутум диир, ону баара телевизордара көстүүтэ мэлиһээй үһү, хата саҥата кэлэр эбит. Ону истэн сарсыарда Сүөдэр “Павел Пинигин кыайда” диэн үөрүүлээх сонуну эппит. Сүөдэр кэпсиирэ үһү:
— ССРС көҥүл тустууга сборнайыгар 11 киһи баарыттан үһэ саха уолаттара- Александр Иванов, Павел Пинигин, Роман Дмитриев эбиттэр. Дьэ кырдьык Коркин күүстээх оскуолата!..
Даҕатан эттэххэ, оччолорго мин төрөөбүт Дириҥмэр эмиэ кэпсэтии барыта Павел Пинигин туһунан этэ. Оскуола оҕолоро бары киниэхэ ситиһии баҕаран телеграмма ыыппыппыт, биһиги кылаас аатыттан почтаҕа мин илдьибитим, тиэкиһин эрэ биэрбитим, аадырыһын бэйэлэрэ суруйуох буолбуттара.
Бу телевизоры Руслан Арыылаахтан аҕалбыта.Оҕо сааһын биир чаҕылхай өйдөбүлэ буоллаҕа.
(суруйда Мария Габышева, Майа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *