Ленин төбөлөөх грамота
Мин, Дьячковская (Яковлева) Светлана Павловна 1952 с. муус устар 12 к. төрөөбүтүм. А5ам бу кэмҥэ Тааттаҕа МТС-ка ананан кэлэн, бухгалтерынан үлэлээбит. Яковлев Павел Гаврильевич — 1900с. төрүөх. Ийэм Прасковья Петровна Яковлева — 1920 с. төрүөх. миигин Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөппүтүн кэнниттэн, аҕам барыбытын Тааттаҕа көһөрөн аҕалбыт. Онон, кыракый оҕо саастарым Күөх Таатта кырдалларынан, Саһыл уйалаах алаас ат сүүрдэр сиринэн, Бадарааннаах, Күөрэлээх, Наммара, Ньылаҕаатты алаастар, хоту тыа ДЬЭДЬЭННЭЭХ, отонноох, чучунаахтаах, моонньоҕонноох, сардаана сибэккилээх, тэллэйдээх тыаларынан, балыктаах күөллэринэн атах сыгынньах ойон-тэбэн, дьиэрэҥкэйдээн ааспыта. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит, билигин уолаттарбыт суохтар, биэс кыыс хааллыбыт Оҕо саадыгар аҕыйах күн сырытыннаран баран, оҕо көрөр киһилэрэ суох буолан, моһуогуран, тохтоппуттар. Хата, хаартыскаҕа түһэн хаалбыт этим. Оччолорго ыаллар бары элбэх оҕолоохтор, бытырыыс курдук оҕолор мунньустан, балтыларбытын, бырааттарбытын сүгэ-көтөҕө сылдьан оонньоон хааларбыт. Дьиэ иһинээҕи үлэ-иһит сууйуута, дьиэ хомуйуута, оҕо көрүүтэ этэ да барыллыбат. Таһырдьа булууска муус угуута, оҕолор үлэлэрэ, хотоҥҥо чүмэчи тутуута, маһы илиинэн эрбээһин, саһааннааһын, хортуопуй олордуута, ууну илиигинэн таһан хортуопуйга кутуу — барыта биһиги оҕолор үлэбит этэ. Мин үһүс оҕо этим, онон, ортоку оҕо буолан үлэҕэ түбэспиппин быһылаах. Кыайан көтөхпөт буола-буола көтөҕөн-сүгэн, сорохторун сиэтэн, сорохторо ырбаахыбыттан тутуһан улааппыттара. Оннук баран, кумаарга сиэтэ-сиэтэ, үрэххэ сөтүөлээн кэлэрбит. Килиэпкэ уочарат бөҕө буолара, күнү быһа туран ыларбыт, сороҕор матан. хааларбыт. Оччоҕо оһоххо буһарабыт. Онтон кыайан хостообокко сыра бөҕө буолара. Сайын ааммытын баттатан баран, сир астыы барарбыт, сылаас буоллар эрэ мойуопкалыы барабыт. Арыгы таас бытыыккатыгар чэй куттан, хаһыакка арыылаах килиэп суулан, аҕыйах сымыыт буһаран сетка иһигэр уган, үөрэ-көтө чучунаахтыы, мойуопкалыы барарбыт. Дьиэбит этэҥнэ турбут буолара, оннук буолуохтаах да курдук саныырбыт, ким да тугу да уорбат, ыйытыыта суох ылбат этэ.
Саамай улахан баайбыт — «Ленин суолунан» диэн сурунаал, хаһыаттар, докумуоннар, кинигэлэр буолаллара. Аҕабыт олох алдьаттарбат этэ. Түргэнник дьиэ иһинээҕи үлэни бүтэрэн оонньуу ыстанар этибит.
Лапта, былаах былдьаһыыта — билиҥҥи да оҕолор оонньууллар. Мээчик сүүрдүүтэ — кыра эрэһиинэ мээчик суох буолан, ынах түүтүнэн оноһуллубут, кыбыс-кытаанах мээчигинэн быһыта быраҕыллан, сороҕор ытаһан-этиһэн оонньуур этибит. Холобура, хас оҕо баарынан оҥкучах хаһаҕын мээчик саҕа, биир онкучах бөтүүк мээчик уйата. Мээчик хайа оҕо онкучаҕар төкүнүйэн түһэр да, ол оҕо түргэнник мээчиги ылан, оҕону быраҕыахтаах. Сыыһа бырахтаҕына, ыстарааптанар.
Суут диэн оонньууну оонньуурбут. Онно кумааҕыга ыйан биэрээччи, көмүскээччи, сууттааччы, накаастааччы, буруйдаах, тутан биэрээччи диэн суруйан, тутаҕын. Оҕолор талан ылаллар, ыйан биэрээччи сирэйбитин-харахпытын көрөн ким буруйдааҕы этэр, сыыһа эттэҕинэ бэйэтэ буруйданар. Онтон таба эттэҕинэ, суудьуйа буруйдааҕы илиигэ (ытыс көхсүгэр) ытыһынан охсорго ахсаанын этиэхтээх. Көмүскэһээччи онно көҕүрэтэр бырааптаах. Накаастааччы ытыһынан охсор.
Олох кыра сылдьан чааскы, тэриэлкэ үлтүркэйдэрин ойуулаах өттүн ылан, чааскы, бүлүүһэ оностон ыаллаах буола оонньуурбутун сөбүлүүрбүт. Ити таас бытархайдарын атастаһар этибит. Ыаллыы олорор оҕолор бары эйэлээх, наар бииргэ оонньуур этибит. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кэмпиэт суутун, киинэ артыыстарын хаартыскаларын, значоктары мунньарбыт, атастаһарбыт. Телефон оностон оонньуур этибит. Испиискэ кураанах хаатыгар кыратык тэһэн, испиискэ маһын туора тутан, хайаҕаһынан сабы уһаты тардан бүппүт сап мотуогар баайан баран эрийэҕин, оччоҕо тыаһыыр.
Туллуктуур этибит, оччолорго туллук элбэх. Дьааһыгы умса уураҕын, синньигэс мас үрдүгэр аҥаар өттүн өйөннөрөҕүн, маскын быалыыгын. Быаҕын илдьэ ханна эмэ саһан олороҕун, ас тобоҕо быраҕаллыбыт дьааһыгын диэки киирдэллэр эрэ, быаҕын тардаҕын. Өйөммүт мас сууллар, туллуктар хаайтараллар.
Үс лиитэрэлээх бааҥка хаппаҕын үс муннук гына (треугольник) быһаҕын уонна ньаалбаанын аллара тардаҕын, килиэп тоорохойун бааҥкаҕа угаҕын, бааҥкаҕын куолайыттан быалыыгын, күөлгэ киллэрэн угаҕын. Мунду балык бөҕө киирэр.
Мин оскуолаҕа киирэн баран бастакы чиэппэргэ балыаһаҕа сытан эмтэнэммин үөрэппэтэхтэрэ. Онон, иккистээн. маннайгы кылааска Анисия Акимовна Посельскаяҕа киирэн үөрэммитим. Саха телеком гараһа турар сирин оннугар начальнай оскуола баара. Киэҥ баҕайы, улахан оскуола курдук этэ урут. Сып- сырдык, ып-ыраас оскуола, мааны баҕайы учууталбыт, кинини батыһан субуруһан, кылааска киирэн олорбуппутун, туруоран ааппытын ыйыппытын өйдүүбүн. Ленин төрөөбүт күнүгэр октябренок буолбутум. Учууталбыт үчүгэйдик үөрэниэхтээхпитин, төрөппүттэрбитигэр көмөлөһүөхтээхпитин, табаарыстарбытыгар эйэҕэс буолуохтаахпытын эппитэ. 4 кылааска пионер сокуоннарын нойосуус үөрэппиппит. Хас да звеноҕо арахсан, куоталаһарбыт, үөрэҕэр мөлтөх оҕоҕо көмөлөһөрбүт, ырааспытын бэрэбиэркэлиирбит. Мин oҕo сырыттахпына, бэйэм балтыларбын, бырааттарбын көрөрүм таһынан, өссө ыал оҕотун көрдөрөллөр эбит этэ. Ыалларбыт Нина, Николай Максимовтар Марьяна диэн кыыстаммыттара. Билигин быраас гинеколог. Ол кыыһы көрдөрөллөр эбит. Аны Сүөкүлэ диэн эбэлээх этэ. Оҕо көрө таҕыс диилэр да бүтэр. Тахсабын, Сүөкүлэ наһаа үчүгэйдик көрсөр, кэмпиэт игин биэрэр. Оччолорго 6-7 саастаахпын быһылаахпын. Син көрөр буоллаҕым буолуо, сотору-сотору ыҥыраллар этэ. Онтон биирдэ ийэм саҥа дьыл чугаһыгар сарыы оһуордаах үтүлүк туттаран кэбистэ. Үтүлүк иһигэр өссө елкаҕа уматар чүмэчилээх, наһаа үчүгэй сыттаах. Бу Сүөкүлэ эйиэхэ оҕо көрөргүн иһин бэлэхтиир диэтэ. Онтон кинилэр дьиэ туттан көспүттэрэ. Миэхэ куукула хаалларбыттара. Сүөкүлэ сааһын моҥоон баран өлбүтэ. Кэлин уулуссаҕа көрүстэҕинэ наһаа үөрэр этэ, наһаа үчүгэй киһи эбит аны санаатахха.
1965-1966, 1967 сс. сайынын кирпииччэ сарайыгар үлэлээбитим. Күһүн харчы «өлөрөн» наһаа үөрэрим, харчыбын үөрэ-көтө төрөппүттэрбэр биэрэрим. Мин аҕам эрэ үлэлиирэ, элбэх оҕолоох ыал буолан, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох этибит. Промкомбинат сайын аайы бу кирпииччэ сарайын үлэлэтэн, мин эрэ буолбакка, элбэх оҕо үлэлээн абыраммыта, үлэҕэ үөрэммитэ, нэһилиэнньэ да абыраннаҕа. Оччолорго ыал барыта кирпииччэ оһоҕунан олороро. Салайааччыларбыт Можаров Егор, Парфенов Петр биһигини оҕолору кытта улахан дьону кытта кэпсэтэр курдук боччумнаахтык кэпсэтэллэрэ. Үлэ бүтүүтэ ким төһө кирпииччэни куурда уурбутун, ким төһө кирпииччэни буһарарга таспытын испииһэктииллэрэ. Ол күн ким чемпион буолбута биллэрэ, үлүскэннээх үлэ үөрүүтүн билбит оҕо, үөрэн-көтөн, кыайан-хотон дьиэлиирэ. Норуодунай бэйиэппит Эллэй «Үлэ- үөрүү, үлэ-дьол» диэн хоһоонунуу, мин ол үлэ үөрүүтүн оҕо сылдьан хас да төгүл чөмпүйүөннээн билбитим, үлэлиир диэн үчүгэй эбит диэн өйдөөбүтүм. 6-с кылааһы бүтэрэн баран, 1966 с. сайын таһаарыылаахтык үлэлээбитим иһин, Ленин төбөлөөх грамота, 10 солкуобай харчынан бириэмийэ туттарбыттара. Оччолорго ол харчы улахан харчы этэ. Үлэни өрө тутар, үлэһит киһини чиэстиир кэмҥэ олорон ааспыппыттан үөрэбин. Чэ, ити курдук мин оҕо сааһым ааспыта, кылгастык ахтан-санаан аастахха.
Ахтыыны суруйдум библиотека бэтэрээнэ, СССРС культуратын туйгуна Дьячковская (Яковлева) Светлана Павловна. Ыам ыйын 30 күнэ, 2018 с. Ытык Күөл.