Светлана
Бииргэ төрөөбүт 4-бүт, сэрии кэмин, кэннин оҕолоро буоллахпыт дии. Аҕам 3 саастаахпар өлбүт. Оччотооҕу оҕолор оонньуурбут диэн таас бытархайа, амма тааһа, мас ынах, тыксаан, кыра мээчик. Үксүн таһырдьа оонньуур буоларбыт. 5-6 саастаахпар соҕотох куукулалаахпын. Үөһээ өттө муос, аллараата таҥас.
Дьоммут күндү баайдара диэн хоппо уонна 10 киилэлээх алтан сылабаар. Пиэрмэ дьоно бары мустан сылабаар тула олорон чэйдииллэр. Тыл куһуоктаах чэйи иһэр этибит. Чэй оччолорго күндү, ыал аайы баар буолбат.
Оскуолаҕа тигии ырбаахынан барбытым. Оскуолабыт маһынан оттуллар оһохтоох этэ. Биирдэ үчүгэй үөрэнээччим иһин ырбаахы таҥаһа биэртэрэ, үөрүү бөҕө. Ити 5-с кылааска этэ. Сайын бу сыл пионер лааҕырыгар барбытым. Сөтүө, оонньуу, күрэхтэһии, сбор бөҕө.
Саҥа дьылы улаатан эрэ баран ылар буолбуппут. Быыбар бырааһынньык курдук этэ хата. Быыбардыы баран бараннар ас, килиэп аҕалаллар этэ.
Гагарин космоска көппүтүн туһунан оскуолаттан кэлэн аһыы олорон араадьыйаттан истибитим. Үөрүүлээх сонуну дьону кытта үллэстээри таһырдьа сүүрэн тахсыбытым, чугаһынан ким да көстүбэт. Оннук үөрүүлээх, суолталаах этэ.
Кырабар «Чук и Гек», «Кортик» , улаатан иһэн «Молодая гвардия», «Как закалялась сталь» кинигэлэри сөбүлээн ааҕар этим.
Кыайыы күнүгэр миитин, кулуупка дакылаат, кэнсиэр, наҕараада буолар этэ.
953