Туллукчаанныын ааҕыахха
Оҕо сайдар дьиэтигэр «Туллукчаанныын» ааҕыахха, Баай кылааттаах долбууртан Кинигэ арааһын булуохха. Кинигэ үйэлээҕи кэпсиэҕэ Саҥаны, сонуну арыйыа, Үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйан Олохпут суолун сирдиэҕэ. Кыра сааспыттан саҕалаан бииргэ ааҕа үөрэнним, Кинигэ доҕордоох буоламмын Чуҥкуйбаппыт букатын. Кинигэ алыптаах дойдута Күннэтэ үөрэ көрсүөҕэ, Таптыыр кинигэбин уларсан Дьоммор үөрдэ кэпсиэҕим.