
Оҕо сайдар дьиэтигэр
«Туллукчаанныын» ааҕыахха,
Баай кылааттаах долбууртан
Кинигэ арааһын булуохха.
Кинигэ үйэлээҕи кэпсиэҕэ
Саҥаны, сонуну арыйыа,
Үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйан
Олохпут суолун сирдиэҕэ.
Кыра сааспыттан саҕалаан
бииргэ ааҕа үөрэнним,
Кинигэ доҕордоох буоламмын
Чуҥкуйбаппыт букатын.
Кинигэ алыптаах дойдута
Күннэтэ үөрэ көрсүөҕэ,
Таптыыр кинигэбин уларсан
Дьоммор үөрдэ кэпсиэҕим.