“Мин олорор уулуссам киэн туттар киһитэ” — улуустааҕы айар үлэ куонкуруһа
Ханнык баҕарар түөлбэҕэ, уулуссаҕа, нэһилиэккэ талааннаах дьон, айар- тутар үлэһит, илиитин араарбакка биир дьарыгынан үлүһүйэр киһи, дьикти дьарыктаах, баламат күүстээх, спорт бастыҥа, ураты тулуурдаах о.д.а. киэн туттуохха, холобур оҥостуохха сөп дьон баар буолар. Оҕо маннык дьону кыратыттан өйдөөн көрө, киэн тутта үөрэниэхтээх. Дойдуга таптал биир дойдулааҕынан киэн туттууттан саҕаланар.
Ыытааччы: «Туллукчаан» оҕо библиотеката.
Кыттааччылар: 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ
Соруктар:
— оҕолору биир нэһилиэккэ, биир уулуссаҕа олорор биир дойдулаахтарынан сонургуур, киэн туттар иэйиини үөскэтии.
— оҕолорго биир киһи үлэтэ- хамнаһа, талаана, дьайыыта дойдутун олоҕун кытта биир ситимнээҕин өйдөтүү.
— суруйар талааннаах оҕолору таһаарыы
Сыала:
— “Мин олорор уулуссам киэн туттар киһитэ” диэн электроннай кинигэ оҥорон таһаарыы
Ис хоһооно:
- Айар үлэ өйтөн суруйуу, очерк, интервью жанрдарынан суруллуон сөп.
- Кээмэйэ хаарчаҕа суох.
- Нууччалыы да сахалыы да суруллуон сөп.
- Герой наҕараадаларын эрэ субуруччу суруйар биһирэммэт. Туох иһин наҕараадаҕа тиксибитин сырдатар биһирэнэр.
- Айар үлэ геройун хаартыската сыһыарыы быһыытынан эл.почтаҕа туспа ыытыллар.
- Ханнык нэһилиэккэ олороро чуолкай буолуон наада.
- Айар үлэ геройа билигин үлэлии- хамныы, айа- тута сылдьар киһи буолуохтаах.
Ирдэбилэ: -Times New Roman , Sa( якутский), интервал 1,5.
— Кыттыы босхо, кэтэхтэн.
Ыытыллар кэмэ: сэтинньи 28 күнэ – ахсынньы 18 күнэ
Үлэлэри хомуйабыт: “Герой” диэн бэлиэлээх detbibltullukchaan@yandex.ru эл.аадырыска.
Наҕараадалааһын: Кыайыылаахтар грамотанан; Кыттааччылар сертификатынан бэлиэтэнэллэр.
Бастыҥ үлэ “Таатта” хаһыакка бэчээттэнэр.