Саха норуодунай суруйааччыта Серафим Романович Кулачиков – Эллэй төрөөбүтэ 120 сылыгар анаммыт
«Туллукчаан» улуустааҕы оҕо библиотеката уонна А.П. Кулаковская аатынан Чычымахтааҕы модельнай библиотека тэрийэр «Сахам сирин историята Эллэй айымньыларыгар» бырайыак чэрчитинэн дьиэ кэргэнинэн уус-уран ааҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар Таатта, Хаҥалас, Ньурба, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыттан кыттыыны ыллылар.
Дьиэ кэргэттэр бука бары үлэлэригэр санааларын ууран, айымньылаахтык, кыһамньылаахтык сыһыаннаһан аахпыттар. Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри 3 бөлөххө арааран сыаналаата. Ол курдук:
Уһуйаан иитиллээччилэрэ — 1 кылаас оҕолоро бөлөххө:
1 м. — Ньурба оройуонун Быһыттаах нэһилиэгиттэн Саввиновтар дьиэ кэргэн, «Таптыаҕыҥ ийэни»;
2 м. — Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгиттэн Бучугасовтар дьиэ кэргэн «Хаар»;
3 м. — Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгиттэн Егоровтар дьиэ кэргэн «Күөрэгэй».
3-4 кылаас оҕолоро бөлөххө:
1 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Павловтар дьиэ кэргэн «Төрөөбүт дойдубар»;
2 м. — Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгиттэн Максимовтар дьиэ кэргэн «Саас»;
3 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Кириллиннэр дьиэ кэргэн «Талыы кэрэ Сахам сирэ»;
3 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Никифоровтар дьиэ кэргэн «Гастелло»;
5-8 кылаас оҕолоро бөлөххө:
1 м. — Хаҥалас улууһун Хоточчу нэһилиэгиттэн Варламовтар дьиэ кэргэн «Үлэ ырыата»;
2 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Ноеноховтар дьиэ кэргэн «Тааттаҕа»;
3м. — Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн Даниловтар дьиэ кэргэн «Элбээн эрэбит».
Бары оҕолорго, төрөппүттэргэ, салайааччыларга кыттыыгыт иһин махтанабыт, кыайыылаахтары истиҥник эҕэрдэлиибит. Грамоталар электроннай почтаҕа ыытыллыахтара.