1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (3 оценок, среднее: 4,33 из 5)
Загрузка...
187

Ааҕыы олимпиадатын түмүгэ

Автор: | 12 ноября, 2024

2000 сылларга Америкаҕа ааҕыыны үөрэтээччилэр ааҕыы таһыма түспүтүн национальнай проблема быһыытынан билиммиттэрэ. Үлэҕэ киирээччилэргэ төһө түргэнник ааҕалларын, аахпыттарын төһө өйдүүллэрин бэрэбиэркэлиир тургутуктары толортороллор диэни ааҕан биһиги соһуйар этибит. Ол проблема интернет ситимигэр холбонооппутун кытта биһиэхэ эмиэ тиийэн кэлбитин билиниэххэ наада. Ыччат олоххо, үлэҕэ ситиһиилээх буолуутугар хомолтолоох харгыһы- сатаан аахпат буолууну- суох гынар иһин хас биирдии төрөппүт тус бэйэтин болҕомтотун уурара олус наада кэмэ кэлбит курдук.

Сэтинньи 13 күнүгэр оҕо библиотекатыгар сыл аайы ыытыллар XIX- с кылааһы таһынан ааҕыы олимпиадата буолла. Улуус оскуолаларын 4-с кылаастарыттан 2-лии үөрэнээччи, барыта 28 оҕо,  кэлэн күрэстэстэ. Биир ый устата бэриллибит испииһэгинэн саха, нуучча, омук суруйааччыларын айымньыларын ааҕан бэлэмнэнэн суругунан үлэ толордулар. Олимпиада иккис түһүмэҕэ уус- уран ааҕыы. Быйыл саха бастакы норуодунай бэйиэтэ Эллэй хоһооннорун аахтылар.

Олимпиада муҥутуур кыайыылаҕынан Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Ючюгяева Айсена (66,5б) буолла. Сал. Богдокумова В.В.

I миэстэ

Потапов Эрсан (63,5б), Алампа аатынан Ытык Күөл орто оскуолата, 4б кылаас, сал.Маркова Г.И.

II миэстэ

Павлов Айтал (59 б), Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолата, 4-с кылаас. Сал. Богдокумова В.В.

III миэстэ

Саввина Арина (55,5 б), Д.А.Петров аатынан Ытык Күөл орто оскуолата, 4а кылаас, сал. Никифорова С.А.

«Саха литературатын бастыҥ билээччи»— Захарова Айта, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, 4 кылаас, сал. Захарова А.И.

«Знакток русской литературы» — Пестрякова Амелия, Н.Д.Неустроев аатынан Уус — Таатта орто оскуолата, 4 кылаас, сал.Никулина С.П.

«Знаток иностранной литературы» — Слепцов Арылхан, П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата, 4 кылаас, сал.Халгаева Л.И.

Уус- уран ааҕыы

I миэстэ

Потапов Эрсан, Алампа аатынан Ытык Күөл орто оскуолата, 4б кылаас, сал.Маркова Г.И.

II миэстэ

Захарова Айта, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, 4 кылаас, сал. Захарова А.И.

III миэстэ

Саввин Саян, Бэс Дьарааһын аатынан Чымнаайы орто оскуолата, 4 кылаас, сал. Нестерова А.Г.

Маны таһынан анал ааттар хаһаайыннарынан буоллулар:

Чемпин Володя, Кашкин Х.И. аатынан Даайа Амма орто оскуолата, 4 кылаас, сал. Тимофеева М.М.

Тистяхов Марат, Д.А.Петров аатынан Ытык Күөл орто оскуолата, 4б кылаас, сал. Табунанова Л.Р.

Пестрякова Амелия, Н.Д.Неустроев аатынан Уус — Таатта орто оскуолата, 4 кылаас, сал.Никулина С.П.

Полускин Айтал, Д.А.Петров аатынан Ытык Күөл орто оскуолата, 4а кылаас, сал. Никифорова С.А.

Сметанин Сергей, Хатылаев И.М. аатынан Баайаҕа орто оскуолата, 4 кылаас, сал. Тосина Л.М.

Боппосов Сахайаан, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, 4 кылаас, сал. Рахлеева В.П.

Оҕолору бэлэмнээн аҕалбыт кылаас салайааччыларыгар тэрийээччилэр махтанабыт.