«Бииргэ ааҕар үчүгэй» бырайыак иитинэн «Ааҕыыттан- билиигэ» маҥнайгы кылаастарга олимпиада быйыл иккис төгүлүн ыытылынна. Бу олимпиада маҥнайгы кылаас оҕото ааҕан билбитин толлубакка- куттаммакка туора киһиэхэ кэпсииригэр, айымньылаах ааҕыыга тиэрдэр сыаллаах толкуйдаммыта. Оҕо өйүн- санаатын билэр суруйааччы, үөрэнэр кинигэлэр ааптардара Суорун Омоллоон кэпсээннэрин сорудах быһыытынан ааҕан олимпиадаҕа бэлэмнэнэллэр. Болдьохтоох күн кэлэн мүнүүтэҕэ ааҕыы, диктант, садаача, библиотекарь аахпытын истэн уруһуйдааһын, ааҕан баран кэпсээһин, интерактивнай викторина көрүҥнэргэ арахсан үлэлииллэр. Алампа аатынан оскуола: 1а сал. Баева Л.И., 1б сал.Алексеева М.В., 1в сал. Софронова М.Е.- кылааһын үөрэнээччилэрэ барыта 56 оҕо — 7 кэпсээни ааҕан, билиилэрин туһанан күрэхтэстилэр. Ким үчүгэйдик ааҕар, аахпытын өйдүүр, сатаан кэпсиир ол эргитэн толкуйдуур, айан таһаарар кыахха тиийэр, сайдар.