“Арыгы- иэдээн төрдө!”
Аан дойдутааҕы арыгыттан туттунуу уонна арыгыга ылларыыны кытта охсуһуу күнүгэр анаан
улуустааҕы ПЛАКАТ куонкуруһун балаһыанньата
Тэрийэн ыытар: «Туллукчаан» оҕо библиотеката
Сыала:
а) Арыгы – иэдээни аҕаларын оҕолорго толкуйдатыы
б) Плакат – искусство биир дьоһуннаах көрүҥүн айан таһаарарга оҕолору,коллективтары, дьиэ кэргэни көҕүлээһин, биир дьарыгынан түмүү
Ирдэбилэ:
— плакат кээмэйэ А4, А3, паспарту;
— плакат ханнык баҕарар техниканан оҥоһуллуон сөп.
— үлэлэри алтынньы 15 күнүгэр дылы “Туллукчаан” оҕо библиотекатыгар тутабыт
Кытталлар:
— 3-4, 5-6, 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ
— биир кыттааччыттан 50 солк.
Наҕараадалааһын: Кыайыылаахтар грамотанан наҕараадаланаллар. Салайааччылар уонна кыттааччылар сертификатынан бэлиэтэнэллэр.
Көмө матырыйаал: tullukchaan.ru/виртуальные-выставки/арыгы-иэдээн
Ссылканан киирэн Алампа, Өксөкүлээх Өлөксөй хоһооннорун бииргэ ааҕан, Мандар арыгы иэдээнин кэпсиир уруһуйдарын көрөн ырытыы.
Плакат, или постер — разновидность прикладной печатной графики, наборно-шрифтовое или художественно-иллюстративное листовое крупноформатное печатное тиражное издание, содержащее в наглядно-компактном виде информацию рекламного, агитационно-пропагандистского, инструктивно-методического, учебного и другого характера.(Википедия)
В современном дизайне плакат воспринимается как «сведённое в чёткую визуальную формулу сообщение, предназначенное современнику для выводов и конкретных действий».