1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (3 оценок, среднее: 3,67 из 5)
Загрузка...
7

Инсценировка

Автор: | 13 марта, 2023

“Бииргэ ааҕар үчүгэй” кулууп оҕолоро уонна төрөппүттэрэ инсценировка туруордулар. “Таал –Таал эмээхсин”, “Дьиэ- дьиэчээн”, “Колобуок”- норуот остуоруйаларын, “Балыксыт уонна балык туһунан” Александр Сергеевич Пушкин остуоруйатын видеоҕа уһуллулар.

Кыра эрдэхтэн билэр да остуоруйаны оонньоон көрдөрөр уустук. Көрөөччү, объектив иннигэр тахсар эмиэ долгутуулаах.

Билиҥҥи гаджеттар үйэлэригэр, оскуолаҕа барыан иннинээҕи саастаах оҕолоох  төрөппүт оҕотун кытта бииргэ кинигэ ааҕарын оннугар  бастатан туран ааҕарга, суруйарга, ахсаан суоттуурга  үөрэтэри олус наадалааҕынан ааҕар. Бииргэ сайыннарар оонньуулары оонньуон кэриэтэ түргэнник ютуб холбоон биэрэр. Дьиҥэр, психологтар этэллэринэн, оҕо бастатан туран сөҕө- махтайа, дьиктиргии, сонургуу, абара- сатара, харааста үөрэниэхтээх. Бэлэми көрө эрэ үөрэммит оҕо тулалыыр эйгэтин сонурҕаабат, кини мантан ылардаах эрэ буола улаатар, эйгэтин байытарга дьулуспат киһи буолар.

Психологтар маннык оҕо оскуолаҕа тиийдэҕинэ “ситэ оонньооботох” дииллэр эбит. Ол аата ооньуу таарыйа фантазиятын, оҥорон көрөр дьоҕурун сайыннарбатах.

Дьэ итиччэтигэр, оҕо хас саастааҕыттан тутулуга суох, театрализация олус үчүгэй иитээччи буолар.

  1. Уопсай сайдыыга көмөлөһөр (өйтөн оҥорон көрүү, өйгө тутуу, болҕомтолоох буолуу, өй ууһа- фантазия, толкуй).
  2. Билэр- көрөр баҕаны уһугуннарар, сонуну – саҥаны көрдүүргэ угуйар
  3. Санаа күүһүн сайыннарар
  4. Саҥаны, куолаһы сайыннарар
  5. Айар дьоҕуру уһугуннарар

Кыра кылаас оҕото улахан киһитэ суох инсценировканы толкуйдаан, оруолларынан үллэрэн, туруорар кыаҕа суох. Онон төрөппүт, учуутал оруоллара олус улахан суолталаах. Кинилэр эрэ оҕо туттарын- хаптарын, тылын-өһүн туруоран биэрэллэр. Кинилэр эрэ бу остуоруйаны туруоруу үөрүү, дьоллонуу түгэнэ буоларын оҥороллор. Кинилэр үлэлэрин түмүгэ- оҕолор биир сомоҕо буоланнар – бэйэлэрин айымньыларын көрөөччү суутугар таһаараллар.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *