Республикаҕа Ийэ сылын чэрчитинэн
“Күн күбэй ийэм – оҕо сааһым сылаас өйдөбүлэ”
ХХ үйэ оҕото, эн биһиги ийэлэрбит күннээҕи олохторо- дьаһахтара, үлэлэрэ- хамнастара, таҥастара- саптара, оонньуулара- күлүүлэрэ билиҥҥи үйэ ийэтиттэн туспа, ураты этэ. Оччотооҕу тыа сирин ийэтэ уһун күҥҥэ үмүрүйбэт үлэлээҕэ, сатыы сылдьан сир астыыра, оттуура- онно барытыгар биһиги- оҕолор кыра сааспытыттан көмөлөһөөччү, илии- атах буолан үөрдэрбит даҕаны, мөҕүллэрбит даҕаны… Түбүктээх үлэттэн быыс булан оҕолорун үөрдэр, аһынар, эмтиир, күллэрэр, үөрэтэр ийэлэрбит тустарынан ахтан сурукка киллэриэҕиҥ.
“Мин ХХ үйэ оҕотобун” бырайыак ийэлэрбит күннээҕи олохторун туһунан ахтыылары хомуйан үйэтитэр санаалаах.
Күндү ХХ үйэ оҕото, эйигиттэн ийэҥ туһунан чуолкай биир түгэни даҕаны, ийэ биир күннээҕи олоҕун киэҥник ойуулааһыны даҕаны, ийэн мааныга кэтэр таҥаһын даҕаны ахтан суруйаргын күүтэбит. Маннык ахтыылар холбоһон ХХ үйэ ийэтин уобараһа тахсан барыбытын угуттуо диэн эрэнэбит. Ахтыы кээмэйэ хааччаҕа суох. Ахтыылар электроннай Оҕо саас летопиһыгар киириэхтэрэ.
Ахтыыны тута суруйар судургута суох буолааччы. Онон биһиги шпаргалкабытын туһаныахха сөп. Шпаргалка ыйытыытыгар барытыгар хоруйдуур наадата суох.
ШПАРГАЛКА
— хас сыллаахха төрөөбүккүнүй, ханнык оскуолаҕа үөрэммиккиний, бииргэ төрөөбүт хаһыаҕытый, ийэн ханна үлэлиирэй? (бу хайаан да суруллар даннайдар)
— ынах ыаһына, ньирэй көрүүтэ
— сир аһа
— таптаан астыыр аһа
— таптыыр дьарыга: киинэ, кэнсиэр, баайыы о.д.а.
— мөҕүллүү, сэмэлэнии
— ийэҕэ уунар бэлэхтэр
Ахтыылары ватсабынан 89841012269, Эл.почта detbibltullukchaan@yandex.ru
от ыйыттан — бала5ан ыйа бүтүөр дылы ылабыт
P.S. “Мин ХХ үйэ оҕотобун” бырайыак туһунан: “Туллукчаан” оҕо библиотеката оҕо саас туһунан ахтыылары хомуйан биир электроннай кинигэҕэ – летописька түмэр. Матырыйаалы төрөөбүт сылларынан угабыт. Төһөнөн элбэх ахтыы киирэр да оччонон саха оҕотун олоҕо көстөр. Дойду олоҕо хайдах салаллар да оҕо олоҕун ис хоһооно уларыйара ойууланар.
tullukchaan.ru сайтка ЛЕТОПИСЬ ДЕТСТВА киирэн көрүөххэ, ааҕыахха сөп.