Сааскы сынньалаҥҥа “Туллукчаан” оҕо библиотеката билиини-көрүүнү кэҥэтэр, интэриэһинэй тэрээһиннэрдээх нэдиэлэни ыытта. Ол курдук “Төннөрүллүбүт кинигэлэр”, остуоруйа, оонньуу күннэрэ, “Эрэл” социальнай-реабилитационнай киин иитиллээчилэригэр анаан “Ааҕааччы күнэ” ыытылынна.
Оҕо суруйааччыта, поэт Корней Чуковскай төрөөбүтэ 140 сылынан оҕолорго бэсиэдэлэр ыытылыннылар, “Чудо-дерево дедушки Корнея” кинигэ быыстапката тэрилиннэ. “Бииргэ ааҕар үчүгэй” кулууп чилиэннэрэ Дьяконовтар улахан дьиэ кэргэни көҕүлээн, түөрт ыал — эбээ, эһээ, бииргэ төрөөбүттэр, оҕолор, сиэннэр- 9 киһи буолан Феоктист Софронов сахалыы тылбааһыгар Корней Чуковскай “Айболит” остуоруйатын ааҕан, аудио-кинигэ оҥоруутугар көхтөөхтүк кытыннылар.
Саха сиригэр Ийэ сыла биллэриллибитинэн “О маме с любовью” өрөспүүбүлүкэтээҕи илиинэн суруллубут кырачаан кинигэлэр куонкурустарын быыстапката туран ааҕар сааланы киэргэттэ, ону тэҥэ “Күн ийэм барахсан” кинигэ быыстапката үлэлээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, литератураны пропагандалааччы, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Харлампьевич Андросов — Дьөҥкү Сээн төрөөбүтэ 95 сылынан суруйааччы айымньыларынан оҥоһуллубут, кинигэҕэ угар бэлиэлэр (закладкалар) быыстапкаларын ааҕааччылар сэҥээрэн көрдүлэр.
“Эрэл” социальнай-реабилитационнай киин иитиллээччилэрэ Корней Чуковскай “Муха-Цокотуха” остуоруйатын диафильмын интэриэһиргээн олорон көрдүлэр, оруолларынан ааҕан холоннулар. Бэсиэдэ кэнниттэн оҕолор сахалыы мас оонньууларынан сэргэхсийэн оонньоотулар.
Ааҕааччыларбыт сааскы сынньалаҥнарын көрдөөхтүк, туһалаахтык атааран, кинигэ уларсан, бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэн, оонньоон астыннылар.