1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
274 просмотров

Ааҕыы сыла

Автор: | 7 февраля, 2022

Тыл нэдиэлэтин саҕаланыытыгар «Бииргэ ааҕар үчүгэй» кулууп оҕолоро оскуолаларга биллэриллибит Ааҕыы сылын астылар. «Литературнай калейдоскоп» диэн түөрт түһүмэхтээх оонньууга күрэхтэстилэр. 3-4 кылаастарга аахпыт айымньыларын төһө үчүгэйдик өйдүүллэрин тургутустулар. Оҕолор ыксаллаах түгэҥҥэ билэри да умнар кыһыытын, билэри тиэтэйбэккэ мэйииттэн ороон ылар диэн баарын биллилэр. ZOOM нөҥүө буолбут оонньуу кыайыылаахтарынан Вася Богданов, Слава Плотников, Максим Федоров буоллулар. Грамотанан наҕараадаланнылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *