Хаһыаты, сурунаалы ааҕыы — көрүү кинигэни ааҕартан «чэпчэки» диэн өйдөбүллээх… Ол эрээри, бу да түгэҥҥэ, оҕоҕо улахан киһи салалтата хайаан да наада. Ый аайы саҥаттан саҥа нүөмэр кэлэрэ оҕоҕо сонургуур санааны үөскэтэр, куруук көрөр рубрикалара оҕо өйүн сайыннараллар, билиитин хаҥаталлар. Ааҕар саала төрөппүт оҕотун кытта куруук сылдьар, сынньанар, билии сомсор сирэ буоллаҕына кыра киһи ааҕыыны дьарык оҥостуон сөп.
«Бииргэ ааҕар үчүгэй» кулууп оҕолоро «Кэскил» хаһыаты кытта билистилэр.