1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
501

Литературная квест- игра “Өксөкүлээх Өлөксөй айаннаабыт аартыктарынан”

Автор: | 22 мая, 2018

Кулун тутар 15 күнүгэр “Туллукчаан” оҕо библиотеката Өксөкүлээх Өлөксөй 140 сааһыгар анаммыт литературнай квест- оонньууну ыытта. Маннык саҥа форманан 1990 сыллаахтан ыытыллар улуустааҕы информационнай- библиографическай билиигэ көрүү куонкурус барда. Хамаандалар Өксөкүлээх айар, научнай үлэтин байҕал курдук киэҥ дойдутун устун айаннаатылар. “Тыллар” диэн ааттаах өрүһүнэн, “Манытаай” диэн ааттаах сыһыынан, “Ырыа ыллаабыт”  диэн киэҥ эбэҕэ тиийдилэр, “Билии тарпыт” диэн үрдүк хайаларга ытта сырыттылар, “Омоним” өрүһү өксөйдүлэр. Тэҥҥэ эрийсибит хамаандалартан үс бастыҥ ааттанна. I миэстэҕэ Уус Таатта орто оскуолатын хамаандата, библиотекардар Маркова А.К., Готовцева Р.А. ,II миэстэ Тыараһа хамаандата, библиотекарь Турнина В.И.,  III миэстэ Лицей хамаандата, библиотекарь Павлова М.С. буоллулар. Оҕолор кинигэ справочнай аппаратынан сатаан туһаналларын, информацияны туһааннаах сайтка киирэн көрдүүрү сатыылларын, библиотека справочнай – библиографическай аппарата информацияны көрдүүргэ туһалааҕын күрэс былдьаһыы кэмигэр дакаастаатылар. Оонньуу  Ытык эбэбит үрдүгэр турар Кулаковскай скверигэр Улуу биир дойдулаахпыт памятнигын анныгар бары бииргэ “Оттоку олук алгыһа” айымньыны ааҕыынан түмүктэммитэ соһуччу буолла. Бу айымньыны  Баайаҕа  орто  оскуолатын  үөрэнээччитэ Чаҕыл  Чуруков  өйтөн  аахпыта истэргэ олус  кэрэхсэбиллээх.

IMG_2751

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *