95
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...

Чабырҕах

Михайлов, Валерий Егорович.

Чабырҕахтар: чуопчаара чаҥый, чугдаара чоргуй: [алын уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар] / Алып Чаҕаан. – Дьокуускай : Айар, 2023. – 8-78 с.

 

ОҔО ЧАБЫРҔАХТАРА

 

Ааҕара адьас сөбө,

Ахсаана ааһа сөбө,

Суруйара сөрү сөбө,

Туттара туой сөбө,

Оҥороро олох сөбө,

Оо, дьэ, төбө да төбө!

Саха оҕото барахсан

Сатаабата суоҕа.

Саха саханан кэрэтэ,

Сайда турдун күннэтэ!

* * *

Кэлэҕэйдээбэккэ кэпсиирэ,

Аараабакка ааҕара,

Соруттарбакка суоттуура,

Сурдурҕаччы суруйара,

Үгүһү, элбэҕи билэрэ,

Үчүгэйдик үөрэнэрэ.

Үтүө, мааны майгылааҕа,

Көмүскэһэ, көмөлөөҕө,

Айыы Сиэнэ ааттааҕа.

Мип-минньигэс бэйэлээҕэ.

* * *

Ойуулаах-дьарҕаалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон — биир.

Ойуулаах-дьарҕаалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон — икки.

Ойуулаах-дьарҕаалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон — үс.

 

* * *

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим,

Үөрбэлээх мастаах

Биир бугула.

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим,

Үөрбэлээх мастаах

Икки бугула.

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим,

Үөрбэлээх мастаах

Үс бугула.

 

* * *

 

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт,

Эбэм бойом собото — биир.

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт,

Эбэм бойом собою — икки.

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт,

Эбэм бойом собою — үс.

 

* * *

 

Сиэллээх, харчылаах,

Ахтаах арыылаах,

Чиргэл, тиит баҕана —

Биир-тирэх тулааһын.

Сиэллээх, харчылаах,

Ахтаах арыылаах,

Чиргэл, тиит баҕана —

Икки-тирэх тулааһын.

Сиэллээх, харчылаах,

Ахтаах арыылаах,

Чиргэл, тиит баҕана —

Үс-тирэх тулааһын.

 

* * *

 

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык — биир.

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык — икки.

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык — үс.

 

***

 

Үтэһэҕэ

Үөлүллүбүт,

Уокка, чоххо

Сыраллыбыт,

Сыалаах, эттээх — биир сура.

Үтэһэҕэ

Үөлүллүбүт,

Уокка, чоххо

Сыраллыбыт,

Сыалаах эттээх — икки сура.

Үтэһэҕэ

Үөлүллүбүт,

Уокка, чоххо

Сыраллыбыт,

Сыалаах эттээх — үс сура.

 

***

 

Уобуччаана

Куччаана,

Уолукчаана

Харачаана,

Ырыачаана

Чырыпчаана,

Ыйааһыннара

Кутурукчаана,

Күөрэҥниирэ

Көтөөрүйэ,

Атастыыра,

Доҕордуура.

Тиэтэл биэрэҥ

Чырып-чирип,

Тиэтэл биэрэҥ

Чырып-чирип.

 

***

 

Кырбас эт,

Кырпай кынат,

Кыыдам хаар,

Быстар былыт,

Эрдээх илдьит,

Сиэрдээх сирдьит,

Туундара доҕоро

Тунал туллук,

Сылдьар ыалдьыт,

Хонор хоноһо

Хоту көттө.

Сандал сааспыт

Салалынна!

 

***

 

Дуух-даах

Хара тураах,

Тэлиэс-былаас,

Эрилис-турулус,

Догдохус-игдэхис,

Күлүм көмөр,

Хойуос тумус,

Амсыыр айах,

Хамсыыр хара,

Алыс кирдээх

Алта тарбах,

Көп-дьап

Көппө көтөр,

Хоһоон суох

Хоруо доҕор,

Халых халахай,

Саары самнаҕай

Тордох тураах.

 

***

 

Дьэ, эбитэ

Хаас сэлэтэ,

Халыҥ бэйэтэ,

Субу-субу

Субу бу

Субуһан,

Моонньулара

Ууннаран,

Атахтара

Кытаран,

Кынаттара

Быластаан

Аммана

Аастаҕа

Астыгыан,

Аргыстаар!

Хайа, оҕолоор,

Хастара хастан

Халаара саҥарбытын,

Хас хаас ааспытын

Алааран тураммын

Аахпакка хаалбытым

Баа буолара

Буоллаҕа дуо?

Буоллун-буоллун.

 

***

 

Тобуой тумус,

Тоҥоот харах,

Лэппэ көҕүл,

Сөксөө түү,

Тырым кынат,

Тэрээ кутурук,

Бэйбээ бэрбээ,

Дылды тыҥырах,

Былдьы саҥа,

Эрэкэ-дьэрэкэ.

Эмиэ мае көтөрө,

Боччум булт

Бочугурас

Көтөн тирилэс,

Чөппөс-иппэс

Бөчүгүрэс.

 

* * *

 

Таас таҥалай,

Туус тумус,

Бүлгүн бөҕө,

Табытал талыы,

Чыллырыыт түү,

Хорсун хотоҕой,

Күкүр кынат,

Түрбүү тыҥыpax,

Эрдээх эрбийэ,

Атара сабарай,

Чолбон харах,

Суостаах суодал,

Тойон кыыл,

Хомпо хотой,

Даллан өксөкү.

 

***

 

Бороҥ-хороҥ,

Куйбугур-хайбыгыр,

Уоттаах харах,

Кучуйа кулгаах,

Кыһыла мурун,

Абына-табына,

Кыллаах бытык,

Курдьугун куртах,

Ньылбаа-илбээ.

Ньалаа сирэй,

Ньуух-ньаах

Бу туох кыылай?

 

* * *

 

Иллэҥ босхо,

Эгэйэ мөрө,

Өҥ куйаас,

Тымныы мурун

Ситэри сиппиир,

Күрдьүгэс дьирики —

Моҕотой-муруку

Үрүгэн үнүгэс,

Ааныгар ардырҕас,

Бэйбэри, чуохары,

Бэйэтэ тымтыга,

Булчута-алчыта,

Байанай аргыһа,

Мааныта бурдуга,

Бөх бөрүкү,

Атаҕа баһырҕас

Түөрт харах,

Күөрт ыт.

Эһэҕэ ардырҕас.

 

***

 

Сирэй ньирэй,

Толунньаҥ торбос,

Болҕой борооску,

Тыылыма тыһаҕас,

Иктээнэ тиҥэһэ,

Кучук кунан,

Бор бургунас,

Үтүрүм үөрүүтэ

Өлтөх өҥүрүмэр,

Кытарах кыһыыта

Ынан ынах биэһэ,

Алтах оҕус алтата.

Һай! Һай! Һаай!

Бай! Бай! Баай!

 

***

 

Хороҥнуура,

Чолоҥнуура,

Сапсыҥныыра,

Чыпчыҥныыра,

Салбаҥныыра,

Кирдиргиирэ,

Кэдэҥниирэ,

Күлтэҥниирэ,

Тэрэҥниирэ,

Сырбаҥныыра,

Чочургуура,

Хол, буут

Холбоон

Бэйэлиирэ.

Тугай-тугуй,

Тугуй-тугай

Бу туох аатай?

 

***

 

Муостуур хороҕор,

Кэбинэр кэдэгэр,

Ырҕайа матаҕа,

Сиринэ сыттыга,

Эрбэхтэй тэрэгэр,

Алтахтаан аалан,

Ааттыын анах

Алаастан ааста.

Бээ, бээ, бээ-э.

Чуу-чаа, чуу-чаа.

Үүт-сүүт күүгэнэ,

Үрүҥ илгэ үлүгэрэ

Үрүлүйэ сүүрдэ.

 

***

 

Оҕо буха

Муоһа буору

Сиҥнэр-хаҥнар

Хаста сиирэ.

Бөөтө-мөөтө

Халлаан хайдар.

Бурҕаа-тарҕаа

Борук күн.

Дэйбиир кутурук,

Өһөс-чөрөс,

Буулаҕа моой,

Хааннаах харах,

Суоһар дьулаан.

Бөө-өө! Мөө-өө!

Бөө-өө! Мөө-өө!

Атыыр оҕус айаата,

Үстээх үкэр үөгүүтэ

Сайылыкка сатараата.

 

***

 

Күрүҥ маҥаас,

Куба маҕан,

Күөх эбириэн,

Хомуол саадьаҕай,

Кутуйах кугас,

Күннээх ала,

Күдэн туоһахта,

Халымтаҕай хара,

Элимсэҕэй эриэн

Хороҕор муоһум

Өҥө дьүһүнэ,

Салдьыр муостаах

Саха ынаҕа,

Эриэнэ биһиэхэ

Эриэккэс эбит,

Ойуута талата

Ойуччу эбит!

һай! Һай! Һаай!

 

***

 

Дьиэм куос,

Хаа томторук,

Хотор бобор

Өстөөх өрүө,

Ойуу дьарҕаа

Көҕүөр көҕөн

Үрүҥ-хара

Ситии-сэлэ

Көтөр-мөҕөр

Кулуку кулун,

Өрөөк-чөрөөк

Чыычаах кулгаах,

Дыраа атах,

Дугуй туйах,

Тойто кутурук,

Уу-чукучук.

 

* * *

 

Чөрөөк кулгаах,

Тиэрбэс харах,

Дьаҕыл таныы,

Үөрбэ көҕүл,

Бүгүлэх төбө,

Сэлэ сиэл,

Уйул кутурук,

Түөрэм туйах,

Сыспай сылгы,

Дьөһөгөй оҕото.

Бадьара дьоруо

Баара эбитээ.

 

***

 

Өрөкө-чөрөкө,

Табыйар тараһа,

Сиэллээх сэлээппэ,

Бэттэх тэллэх,

Эмис-сэмис ,

Кымыс-имис,

Уостара-хаастара,

Обугур-толугур,

Куйах-туйах,

Чолбон харах,

Ааттыын далаһа

Айааһа аһара,

Миинньэр миҥэ

Тардынар талаһа

Туөрэм үктэл,

Өнөр өкөйөр

Дьөһөгөй оҕото,

Күрбэ атым

Күөйэ түстэҕиэн!

Һат! һат! һат!

 

* * *

 

Хаан тураҕас,

Далаҥ араҕас,

Чакыр маҕан,

Кыыс кэрэ,

Саалыр ала,

Кыталык элэмэс,

Сур дьаҕыл,

Моҕул кугас,

Чоочугур чуоҕур,

Улаан биэ,

Дьөһөгөй оҕото

Өҥө-талата,

Сыспай сиэлим

Маннык эбит.

Өкөйөр үгүһэ

Үтүөтэ элбэҕиэн.

Тынньа һа-һа !

Тынньа һа-һа!

 

* * *

 

Чуу-чаа илгэ,

Лоһуоруйа туорах,

Күөс сиринэ,

Биэ эмиийэ,

Сыппаха быырпах,

Баҕарах үрүмэ,

Күөгэл сүөгэй,

Дабаһын арыы,

Иэхэй иэдьэгэй,

Дагдайа дагда,

Ыччака ымдаан,

Көйөргө кымыс,

Үрүҥ илгэ,

Чөл чөчөгөй,

Сөҕүмэр сөлөгөй ,

Бөскөйө бөлөнөх,

Бөһүөнэх бөһүүкэ,

Бүрүөһүн суората,

Чоруун чохоон,

Үрүҥ ас үлүгэрэ,

Уран  ас уруйа,

Улуу тунах удьуора.

 

* * *

 

Кыл тирии,

Кымыс  атах

Үөннээх харах,

Сэлтэ мурун,

Бахсы Баатыр,

Тиҥсирики тииһик

Салбаныкы саал,

Амсарыкы айах,

Кир кинээһэ,

Хох хотуна,

Баҕыста сирэй,

Бадараан бастыҥа,

Сибиинньэ-хоруунньа,

Сир сирэй,

Буор бороҥ,

Мантыкаҥ баара

Мааны ас ээ.

 

* * *

 

Өкчөрүс-бөкчөрүс,

Төкүнүс-бөкүнүс,

Кулгаахчай харалыс,

Хаарчаана маҥхалыс,

Кэлинчэй-атахчай,

Уһунчай-илинчэй,

Кусчаана сүрэхчэй,

Мултукчай-куттасчай,

Туһахчай-иҥинчэй,

Күөстүүргэ буһарчай,

Холо-быһыйа,

Оҕоҕо эмсэҕэ,

Охотоно-хотонох

Кутунаҕа куобах,

Табысхаана таала,

Нохчоо ньоҕуолун

 

***

 

Олоото бойбойо,

Мадьайа атах,

Үмүрүкү үктүл,

Мэрбэгэр сирэй,

Мутуку харах,

Аһыылаах аһыҥас,

Тардар дэҥиэ,

Төннөрө көөһөс,

Хааһас тамнас,

Итии болгуо,

Холлоох тыаһыт,

Туруу тууһут,

Ураҕас тураҕас,

Көччөх булчут

Киҥнээх киҥинэй,

Амҥа-амака

Эскэл эйик

Кини кимий?

Бырдаа быргый

Хоох! Хоох!

 

***

 

Суон сургүөх,

Халыҥ хайыы,

Атар айах,

Тилийэ тиис,

Бэлиэ бэлэс,

Кудулу куолай,

Атара кутурук,

Көлбө күөх,

Салаҥ ньамах,

Иҥсэ обот,

Күтүр уобуу,

Сур сордоҥ

Оҕолоро:

Дьор-дьорохой

Чур-чурахай,

Бор-борохой,

Хор-хорохой.

 

***

 

Күүгэс чыычаах,

Тураҕас туруйа,

Бөртө бөрө,

Элэс элик

Сур солоҥдо,

Үрүҥ үйэн,

Атара анаба,

Аһыылаах аһыҥас,

Тэрээнэй тириитэ,

Нарыйа нараҕан,

Нохчоо ньоҕуолун,

Чэбэрэ бэдэрэ,

Сурсу быычыр,

Күдэн күүдээх

Хонууга, тыаҕа

Бааллар үһү.

Бааллар даҕаны.

 

* * *

 

Уһун уки,

Киэҥ кэҥэр,

Далыр  быһыт,

Дэлэй дьэли,

Майа майаҕас,

Күөл сүүрүҥдэ,

Ардай ардьаах,

Тумус туу,

Муҥур муҥха,

Нэлим илим,

Хостуур хотоҕос,

Кичэмэ бэчимэ,

Баардам асчыт,

Бардам балыксыт.

 

* * *

 

Бөх-сах,

Чуор-суор,

Далаһа дабыдал,

Хонор-сонор,

Хаҥсыл харыйа,

Үүтээн-күүтээн,

Тобуу-ибии,

Уота көлөтө,

Хара хаарбах,

Табысхаан таала,

Тэрээнэй тириитэ,

Үтэ хара

Сарбас-харбас

Көбө-сурсу,

Дьаһал дьылҕа,

Сорсун сонордьут,

Тысхай тыаһый,

Байанай  мааныта,

Хара тыа хаалыга,

Тахсара тайана.

 

* * *

 

Синньэ буура Сирийдэ,

Субай буура Субуйда,

Сүүтүк сүүтүк Сүүрүйдэ,

Кыптыый буута

Кыпчыйда,

Кырадаһын кыырай

Кыбылынна,

Кээнчэ бэрдэ

Кэтилиннэ,

Өлөҥ уунньа

Өллөстө,

Ынах этэрбэс

Ыалласта,

Онньо олооччу

Олордо.

Иннэлээх эгилэ

Иэнигийдэ.

Сүүтүктээх сүөлэ

Сөбүлэттэ.

Акыны-букуну

Бэйэтэ,

Тулук түүн

Ортото

Уҥа ороҥҥо

Дьохтонно.

 

***

 

Чыҥ-чаҥ балтаанай,

Кыһылтай туойа,

һуу-һоо болгуо,

Быс-кыс ыһыытай,

Эллэкэ мөһөкө,

Тымныы уута,

Дьоллоох чохороон.

 

* * *

 

Титирик адьарай,

Сөрүө  тэллэх,

Ыҥыыр сыттык,

Арбаҕас суорҕан,

Атах орон,

Сул мас,

Хахыр хамнас,

Сылҕаҥ уу,

Бор бутугас,

Соҕоон ас,

Күннэс

Хамнас,

Аччык

Хамначчыт,

Хамныыр

Хачыгыр.

 

* * *

 

Хабах табах,

Хаптан ылла,

Айах аһыы,

Антах-бэттэх,

Оппой-соппой,

Буруо-тараа,

Уоһа, муоһа.

Уоһах араҕас,

Сөтөл-көтөл

Күөйдэ, хаайда,

Өрүү-сөрүү

Тыынын баайда,

Тууһа суох,

Туһа суох,

Аһыы ас,

Сыыҥ, сыраан,

Пахай да!

Ө-һө! Ө-һө!

Хаах! Хаах!

һуу!

 

***

 

Угар обот,

Эргийэр имэҥ,

Туустаах тумус,

Кэбэр кэмэлдьи,

Ымырдах ытыс,

Такыр тарбах,

Түрбүү тыҥырах,

Түүҥҥү түлүрбэх,

Түүлээх уллуҥах,

Үөскүүр үөдэн,

Сойботор соло,

Кэбэл кэнчээри,

Көлөттөр көтөр,

Кымырах кылыыһыт,

Уолар олох,

Кии киһи,

Түрбүйэ түөкүн

Кини буолар.

 

* * *

 

Симэх сис туттубут,

Сэһэн сиэн уктубут,

Бөҕө бүөһүк баттаммыт,

Барҕа быар куустубут,

Сонун сото кээспит,

Кэриим кэтэх тардыспыт,

Нэлим ньилбэк тайаммыт,

Түөнэ түһэх тирэммит,

Тойук тобук тардыспыт,

Өнөр өттүк ууруммут,

Көҕөн көллө тэппит,

Кэһэх кэдэрги тайаммыт,

Омоон оллоон бырахпыт,

Сайын сыҥаах өйөөбүт,

Сээкэй-суукай

Сэлэспиттэр,

Бодо көрсөн

Бодоруспуттар,

Сирэй билсэн

Сэһэргэспиттэр,

Сиэнчээннэрбит

Сэндьилэспиттэр,

Доҕор булсан

До5ордоспуттар.

 

* * *

 

Тээтириҥ тиҥилэх,

Дьорохоно сото,

Ходьоҥ тобук,

Боҕулдьу сүһүөх,

Эргийэр иэччэх,

Чүөччэр өттүк,

Мэндэ дугуй,

Хопкуйар хоолдьук,

Босхо бас,

Бороҥ урааҥхай,

Быстыбат бырды,

Акыны-букуну,

Барыйар бар.

 

* * *

 

Сатыы тайаҕа,

Аттаах ойҕоно,

Иэримэ  иччитэ,

Баарыма бахсыта,

Ый ыыспата,

Күн туптэтэ,

Аан атайан,

Хоон хотойон

Кур үбэ,

Кудэн сүөһүтэ.

Уйгу олох

Олохсуйдун,

Кэтит кэскил

Кэрэхсэттин,

Саргы дьаалы

Салалыннын,

Алгыс аалы

Көтөхтүн!

 

* * *

 

Тибии тэллэх,

Кырыа сыттык,

Муус суорҕан,

Дьаҥха баттах,

Тоҥ мурун,

Үлүй сүүс,

Иһэл иэдэс,

Хатан чысхаан,

Хаар олбох,

Сул үллүк,

Aам-даам,

Ахсым тымныы

Ахсынньы,

Тостор тымныы

Тохсунньу.

 

* * *

 

Аламай маҥан

Мэҥэ халлаан,

Эргэл-дьэргэл

Туппар тулуна,

Дабдыр самыыр,

Куйаар куйаас,

Саамал кымыс,

Күөхтүүр суугун,

Хамсыыр хатыҥ,

Үрүт үөһэ

Үчүгэйиэн,

Олбу-солбу

Олуһуон,

Кэпсии турар

Кэрэтиэн,

Сахам сирин

Сайыныан!

 

***

 

Буһурук куйаас,

Таҥас чараас,

Аламай маҥан,

Көрөр күөҕүр,

Эрэкэ-дьэрэкэ,

Барамай-харамай,

Абытай-табытай,

Суһал-соһол,

Хоҥкул-иҥкил,

Иэхэйикпиин,

Чуохайыкпыын

Сайылыкпыын

Лах, лах, лах.

 

* * *

 

Хох хотон,

Хотон хобото,

Барыҥ киһи,

Сүөдэл сүөһү,

Тыһыр тымтык,

Тииһик тиник,

Чалыҥ ас,

Чэҥэт буус,

Элэмтэ күрдьэх,

Эргэ чабычах,

Чолугур торбос,

Чалыгыр дьахтар.

 

* * *

 

Одо -бодо,

Сыбах-ибэх,

Саах балаҕан,

Чуолҕан сырдык,

Кэргэн эркин,

Чэҥээ эҥээ,

Буус муннук,

Сирэй оһох,

Лил уота,

Аман сандалы,

Дьон чохчолос,

Илии сарбаҥнас,

Ас ньамалас,

Уос чобурҕас,

Ураа-тараа,

Иимэ-кыыма,

Сындыыс сырыы,

Kуйаap харбас,

Барыарҕа балаҕан,

Үрдэ барча

Бөрө тумса.

 

* * *

 

Туҥуй дьахтар,

Оһоҕос ууруута,

Хагдаҥ ото,

Саба сатанах,

Хатыҥ тоһоҕо,

Оҥоруу ородоһун,

Эйэлээх энэлгэн,

Иэйэхсит бэлэҕэ,

Кыһылтай иччин,

Иһикэй-эһэкэй,

Муостуур эмсэх,

Дьикти киһикэй,

Ырыа биһиктэй,

Буйа-буйа букайык

Букутта-такытта,

Букатын иэдэттэ,

Ытаа да ытаа,

Ытаа да ытаа

Ыксатта, тиэтэттэ,

Окуо-токуо,

Окоот-чоҥоот,

Эмэгэт элбэҕэ:

Саһыл мунна,

Улар атаҕа,

Тыатааҕы

Тыҥыраҕа.

Иэйэр туойар

Чахчы чаҕаан.

Эһээ! Эһээ! Эһээ!

Мэммээ, мэммээ!

 

* * *

 

Кимирики киһитэй киллэрбит,

Эмтэрики эликтэй эттээбит,

Бурайыкы сарайыкы буһарбыт,

Амсарыкы айах амсаабыт,

Xодуруку хоһуун хоторбут,

Үрэйики сарайыкы үллэрбит,

Бахсарыкы баатыр барҕарбыт.

Сэттэ боотур бэртэрэ

Сэриигэ киириэх иннинэ

Тотор, хотор туһугар,

Торҕо буруо унаардан

Аһаабыттар, сиэбиттэр,

Аал уоту алҕаабыттар.

Уоп-чуоп уолаттар

Онно баар эбиттэр.

Үтэһэлээх этинэн

Үссэнэннэр үөрбүттэр.

 

* * *

 

Тимир төбө,

Эмэгэт сирэй,

Дьукку харах,

Хайдар хаһыы,

Көллө атах,

Көнтөс илии,

Чымаан көстүү,

Иирээн сэрии,

Ырыа ынчык,

Тэргэн тэбии,

Уот холлоҕос,

Өлүү хотоҕос,

Бачыыс бахтас

Атах тэҥнэс,

Кириэс килбэс,

Бахсы маһары,

Саха сыыспат

Бэри бэргэн,

Чэри чэрик,

Тулха туску,

Чуру чугас,

Өрөй чөрөй,

Кыайыы Күнэ!

Чахчы өрөгөй!

 

***

 

Кыл тыһыта,

Иннэ сүргүүтэ,

Быһах кылаана,

Үҥүү өргөһө,

Саа тэбиитэ,

Уу дириҥэ,

Халлаан ырааһа,

Холумтан сылааһа,

Ат ахсыма,

Эт эмиһэ,

Эдэр эйэтэ,

Кырдьаҕас алгыһа,

Сүрэх таптала,

Таҥалай ойуута,

Таҥара көмөтө,

Оҕо дьоло,

Ийэ үөрүүтэ,

Илии охсуута,

Aҕa айхала,

Үчүгэй ээ,

Ой буй, буйака,

Оҕолоор!

 

***

 

Хоҥкур-лоҥкур,

Тамайа атах,

Табыйар туйах,

Атара анабы,

Ууга-хаара,

Олом-чолом,

Ой буура.

Ахсым тымныы

Ахсынньы,

Тостор тымныы

Тохсунньу.

Силлиэ боллоо,

Буурҕаа-тарҕаа,

Нукаай-накаай,

Буор күөс

Харачаас.

Ойуһар олуһа —

Боһомо  булт.

Тайах тугута,

Быырпаһын быысаһар

Байанай мааныта.

Анами, анамы

Анамдьаак.

Оҥоойу ойутта,

Кулумэн күрэттэ.

Тас ууга тамайда,

Сис ууга

Симилиннэ,

Буордаах ууга

Булкулунна,

Xара ууну

Харҕалта

Лүкүчэн, локучоон,

Лөкөй, лөкөчөөн.

Өрдөөҕү өбүгэлэрбит

Кэс тыл кээһэн

«Буур кэспит

Уутун» курдугу

Бука диэн, букатын

Иһимэҥ дииллэрэ.

Байанай бастыҥа,

Булт-алт буура,

Тайахпыт барахсан,

Тамайар тайылла.

Ураа-лыҥкыр,

Арбах салаа.

Адаар муоскунан

Сыгынаҕы сыттанан

Сытан сынньан дуу.

Иэримэ тыаҕын

Иччилээр.

Аар тайҕаҕын

Арҕараар.

 

* * *

 

Атаҕым хаптаҕайа,

Сотом хоҥоруута,

Тобугум боҕуһа,

Самыым дьаппата,

Ойоҕоһум эркинэ,

Сиһим мөҥүрүөнэ,

Арҕаһым кэҕэтэ,

Түөһүм бүтэтэ,

Санным байаата,

Хоолдьугум хончуота,

Төбөм чохоото,

Көҕүлүм көнтөһө.

Иччилэрим бары, дьэ,

Күүс-көмө буолан

Көрүҥ эрэ,

Эһиги обургулар!

Илин атаҕы

Бүдүстээмэҥ,

Кэлин атаҕы

Кэбирдээмэҥ.

Үс сиринэн

Бохсуулаах

Маҥан сиэл

Хамыйахпын

Олордьу олордон

Кулуҥ эрэ,

Түөрэх!

Түөрэх кээстим.

Түөрэх түстэ.

Уруй буолла!

Туску буолла!

 

* * *

 

Аа-дьуо саҥалаах,

Хаа-дьаа ырыалаах,

Ыы-дьаар сыттаах,

Ынырык дьүһүннээх,

Хоҥсоҕор муруннаах,

Сантаҕар таныылаах,

Оллоҕор уостаах,

Сыыр быстыбытыныы сырайдаах,

Ат тарҕатыныы

Арбаҕар баттахтаах,

Аам-дьаам айахтаах,

Ардьамаан-дьардьамаан

Араҕас тиистээх,

Уй истээх,

Токур-бокур тарбахтаах,

Атырдьах курдук атахтаах,

Соххор буолбатах

Соҕотох харахтаах,

Аһара аһастаах

Ала Моҕус баара.

Алаата, оҕолоор!

 

***

 

Ырдьаҥ сылаа,

Салбаҥ санаа,

Сааскы ылаа,

Оҥку-муҥку,

Чуос-муус,

Орох тэптэ,

Күөл эбэ,

Күдэрик күллэ.

Бугул онно,

Күрэс күрдьэх,

Хоҥурах хаары

Хостуу баста,

Тула ыста.

Сылгы быара —

Тоҥуо мууһа.

Хатан анньыы,

Туйах тыаһа.

Эрчим илии,

Көөнньөр көҕүс,

Күрдүр-хардыр

Күүскэ түстэ.

Күөрэй күрдьэх

Койүү мууһу

Күдэн ыста.

Онтон, доҕоор,

Көрүөх түгэн

Олгуй ойбон

Түллэр күүһэ

Өрө биэрдэ!

Күөл эбэ соболоҥо

Собо бөҕө соҕотохто

Кытыаста кыыста.

Ыраас мууска

Өлүү эһии өрөҕөтө

Күнү кытта күндээрдэ.

Омун үөрүү оргуйда!

Куойа-маҥкы

Куоҕай куйуур

Саҕаланна!

 

* * *

 

Туҥуй бургунаһым,

Саҥа төрөөҥҥүн,

Куллуруут-куллуруут

Түүтээҕэр түргэн буол

Куллуруут- куллуруут

Оттооҕор улгум буол.

Куллуруут-куллуруут

Өлгөм үүттээх буол.

Отунан охсоойоҕут,

Талаҕынан таарыйаайаҕыт.

 

* * *

 

Алардаах-тэтэрдээх

Аан Ийэ дойду

Айыллыыта — уу.

Алардаах-тэтэрдээх

Аан Ийэ дойду

Айыллыыта — салгын.

Алардаах-тэтэрдээх

Аан Ийэ дойду

Айыллыыта — буор.

Алардаах-тэтэрдээх

Аан Ийэ дойду

Айыллыыта — уот.

 

* * *

 

Ат, оҕус

Соххор өттө —

Уҥа өттө.

Ынах, биэ

Соххор өттө —

Хаҥас өттө.

Тыатааҕы

Соххор өттө —

Хаҥас өттө.

Дьэгин киһи

Соххор өттө —

Уҥа өттө.

 

* * *

 

Дулҕа буоллун,

Лааҥкы буоллун,

Түһүү буоллун,

Тахсыы буоллун,

Уҥа кынат,

Хаҥас кынат,

Тараан, тарҕаан

Үүрээччи үгүһэ,

Үөгүүтэ үлүгэр:

Һуу-һаа, һуу-һоо.

Тоһуйааччы доруоба,

Эрэнэрэ бэргэнэ:

Түҥ-түҥ, түҥ-түҥ.

Охотоно охторо,

Хотоноҕо хоройор,

Кутунаҕа куотар,

Табысхаана таалар,

Ньоҕуолуна

Нохчоохой

Куобах күрэҕэ,

Дьон сүрэҕэ,

Олус эбит!

Омун эбит!

Һуу-һаа, һуу-һоо,

Түҥ-түҥ, түҥ-түҥ.

 

***

 

Сытыары кээспит

Сиэрдийэ,

Туруору аспыт

Тоһоҕо,

Түөрт түөрэм

Баҕана,

Дьип-хаан

Дьиэбит,

Ой-хаан

Ордуубут

Иччитэ эн

Буолуоҥ.

Оонньуур оһооной,

Ыллыыр чыычаах,

Көмүс түөстээх

Көтөр күөрэгэй,

Күндү оҕобут,

Уол оҕо ордуга

Эн буолуоҥ.

Улаан ньууру,

Уһун уорҕаны,

Кэтит сэлии

Киэргэтиэҥ.

Иһэгэйдээх

Тиэргэни

Тэрийиэҥ.

Дьөһөгөйдөөх

Суолу

Төлкөлүөҥ.

Дьөһөгөй киэнэ

Түөрт сүрдьүгэһэ

Төлөрүйбэтин.

Айыы киэнэ

Аҕыс сүрдьүгэһэ

Аһыллыбатын.

Аал уот иччитэ

Аан Алхан эһэбит

Уруйу-төлкөнү

Биэрдэргин.

Бастан атахха диэри

Бастыҥ дьол

Тэрилиннин.

Томторуктаах

Чуоҕуйдун,

Үрүөллээх

Үөрдүстүн, — диэн

Үҥэн-сүктэн

Көрдөстөҕүм

Буоллун!

 

ОҔО БИЛБИТ-КӨРБҮТ ЧАБЫРҔАХТАРА

 

Улуу Арассыыйа

Улахан өрүһэ,

Киэҥ Сибиир

Кэрэ көстүүтэ,

Хоту сир

Хорук тымыра,

Көмүскэ тэҥнээх

Күндү балыктаах,

Улахан, кыра

Түөрт уон арыылаах,

Таас чочумаас

Туруук очуостаах,

Үс үөстээх

Ули йэҥээ —

Өлүөнэ курдугу

Аан дойдуну

Арҕаран булбаппыт,

Ааҕан даҕаны

Анааран билбэппит,

Бу эбэ диэн

Булан эппэппит,

Мантан ордук

Мааны эбэни

Ханна даҕаны

Харахтаан көрбөппүт.

 

* * *

 

Охтон баранар мастаах,

Уолан бүтэр уулаах

Орто туруу дойдуга

Ойон тахсар күнүгэр

Аламай маҥан халлааҥҥа,

Аар Айыы Тойоҥҥо,

Айылҕаҕа сүгүрүйэ,

Күнү кытта көҕүһэ,

Күннүү эргиир оҥоро,

Үстүү күннээх-түүн

Өрөөбөккө хоһуйар

Киин, илин эҥээрдэр,

Бүлүү, хоту улуустар

Оһуохайдыыр оонньууну

Оройуттан туттулар.

Гиннес — чыпчаал,

Муҥур кылаан

Буола буоллулар.

Ньээм-ньээм тэҥҥэ,

Наар-наар күҥҥэ

Утаҕыттан мэммээкээ

Уонна туран чэмэйээ,

Сибэккитэ-симилик,

Саха дьоно итинник

Үрүҥ күнү айхаллыыр

Үҥэн-сүктэн үҥкүүлүүр,

Өбүгэтин үгэһин

Өрөөбөккө хатылыыр.

Бу курдук оонньууну

Бу сиргэ булбаппыт,

Тымтыктанан даҕаны

Тыыннааҕымсытан көрбөппүт.

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй.

Оһуокайдыыр оһуокай,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй.

 

* * *

 

Үгүс үтүмэн

Үүтү-хайаҕаһы

Өйдөөн-төйдөөн

Өтөрү көрдүм.

Иннэ сүргүүтүттэн

Ордук кыраны

Илэ чахчы

Иилэн көрбөтүм.

 

* * *

 

«Барар сир баҕана үүтэ»,

«Кэлэр сир кэлии үүтэ» —

Бүтэйтэн бүтэйи

Бүгүн да

Бүдүүлээн көрбөтүм,

Бу диэммин

Букатын булбатым.

 

* * *

 

Саха дьоно

Бука бары боотурдар,

Хоту дьоно

Хотойдор диэн,

Аар саарга

Аан бастаан

Аатырпыт

Олимпийскай чемпион

Арамаантан ордугу

Ааттааммын булбатым.

 

* * *

 

Сэттэ сиэл киистэлээх,

Үс оонньуур томторуктаах,

Үс кыра тууйастаах

Ситии быаҕа тиһиллэн,

Сэттэ маска тилийэ

Дойду иччитин аатыгар

Иилбиттэрэ кэрэтэ —

Дэбдиргэҕэ тэҥнээҕи

Дэҥҥэ да көрбөппүн.

 

* * *

 

Уон төрдүс үйэттэн

Уон тарбах уунуута

Кулун Атах алааска

Куота көтө кирийбит,

Сэбирдэххэ майгыннаах

Сэндиэлэ батаһа.

Матта сирэ кэһиилээх

Маппат дьикти үчүгэйдээх.

Мантан ордор батаһы

Манна хантан да булбаккын,

Көрдөөн-ирдээн көрбөккүн,

Түһээн даҕаны түүйбэккин.

 

Василий Андреевич Ноговицын

Оҕо чабырҕаҕа. Дьокуускай. – 2002 с. / 9-30 с.

 

  1. Оҕо тылын имитэр, өйүн эрчийэр чабырҕахтар
  2. Тылы имитии

Харыйа-хоруйа

Холбуйа-халбыйа

Хаахыр-кыыкыр

Хаххан-халан

Лаглай-лыглый

Логлой-луглуй

Лэглэй-лиглий

Лэглэй-луглуй

Наннах-ныннах

Ноннох-нуннух

Нэннэх-нинник

Нөннөх-нүннүк

Таммах-тыммах

Томмох-туммух

Тэммэх-тиммих

Тэммэх-туммух

 

(А. Скрябина. Чабырҕаҕы үөрэтии ньымалара. Дьокуускай, 1994. 8 с.)

 

Чабырҕахтар

 

1.

Икки тыал ыал-ыал тыалырбытгар,

Ыал-ыал тыаллар табаарыстаспыттар.

Сылы сыллаан ыаллыы тыаллар

Тыалыраллара хайдах табыллар?

2.

Икки кэккэ элбэх иһиккэ

Симиккэ кыайан киирбэккэ,

Эбии икки иһиккэ

Симиллиэх кэмпиэт биһиги иккигэ!

3.

Мастаабыттарын-мастаабатахтарын,

Кыралаабыттарын-кыралаабатахтарын,

Кыстаабыттарын-кыстаабатахтарын

Ыйыталаһаарыҥ мастаабыттартан.

4.

Өлөксөй өссө көпсө көпсөлөөрү,

Өссө Өлөксөөҥҥө көмөлөһөөрү

Имигэс, синньигэс талаҕы быста,

Илиитин алҕас быста сыста!

(Петр Тобуруокап. Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр. Якутскай, 1986.)

 

  1. Тыл оонньуута

 

Ол өрүс унуоругар

Ким хара тыһаҕаһа

Сытара буолуой?

Ол өрүс унуоругар

Ким хара тыһаҕаһа

Сытара буолуой?…(салҕанар)

 

  1. Ахсаан чабырҕахтара

 

Биирдээн, иккилээн,

Үстээн, түөртээн,

Биэстээн, алталаан,

… … … …

Уоннаан, уон биирдээн (салҕанар)

 

 

Күрүөлүүн хаһаалыын

Көҕөннүүн көнтөстүүн

Түөкэйдиир биир буолла,

Күрүөлүүн хаһаалыьш

Көҕөннүүн көнтөстүүн

Түөкэйдиир икки буолла… (салҕанар)

 

 

Силистиин мутуктуун

Лабыкталыын туораахтыын

Биир тоҥ харыйа.

Силистиин мутуктуун

Лабыкталыын туораахтыын

Иккис тоҥ харыйа. ..(салҕанар)

 

Арыылаабыт, араҥалаабыт

Анды сымыыта биир,

Арыылаабыт, араҥалаабыт

Анды сымыыта икки…(салҕанар)

 

 

Арыылаабыт араҥалаабыт

Алтаннаах чааскыга укпут

Анды сымыыта биир,

Арыылаабыт араҥалаабыт

Алтаннаах чааскыга укпут

Анды сымыыта икки …(салҕанар)

 

 

Туустаабыт тумалаабыт

Туруйа сымыыта биир

Туустаабыт тумалаабыт

Туруйа сымыыта икки…(салҕанар)

 

 

Лабаалыын, лабыччалыын

Тоҥ харыйа биир

Лабаалыын, лабыччалыын

Тоҥ харыйа икки…(салҕанар)

 

 

Обокуум уоһа

Халлаан харата

Буобура түөһэ биир!

Обокуум уоһа

Халлаан харата

Буобура түөһэ икки…(салҕанар)

 

 

Харалаах хатыыстаах

Хара кулун хараҕастыы биир,

Харалаах хатыыстаах

Хара кулун хараҕастыы икки… (салҕанар)

 

 

Көнтөстөөх көмүстээх

Күөх кулун куоҕастыы биир,

Көнтөстөөх көмүстээх

Күөх кулун куоҕастыы икки… (салҕанар)

 

 

Уон улахан оҕус

Тоҕус лоҥкур торбос

Аҕыс аҕам ынах

Сэттэ тиһэх тиҥэһэ

Алта аҥаарыма атыыр

Биэс миинэр миҥэ

Түөрт үчүгэй төрүөх

Үс үүтгээх үтүрүм

Икки эмэр ньирэй

Биир мииниллэр биэ.

 

  1. Оҕо тылын имитэр, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурун сайыннарар, таайтарар чабырҕахтар

 

Үөн чабырҕаҕа

Үөн өнөннүүр,

Көйүүр көбүөхтүүр,

Тэймэгэт тыыллаҥныыр,

Сыаҕаан сыылбаҥныыр,

Баҕа баччаҥныыр,

Хомурдуос холчоннуур,

Мөтөөх түөһэ

Тохолоон тумса

Атамаан-атарамаан

Аакый антака.

 

Ынах чабырҕаҕа

 

Сытыкан ыыраах

Сылларан тамык

Чороох кутурук

Туруору муос

Токур сис

 

Үөн хоһооно

 

Абыддах-абыддах

Таатыр-таатыр

Тахтайданна!

Кэйгэллэннэ !

Биэскэйдэннэ!

Уунаҥнаата!

Чырбаҥнаата!

 

Сылгы чабырҕаҕа

 

Иэрэн-тиэрэн,

Эктэл-тэктэл

Эрэкэ-дьэрэкэ

Экэнэ-боконо

 

Үөн чабырҕаҕа

 

Атамаан-татамаан,

Ааҕый атаҕа,

Мөтөөх түөһэ

Токолоон тумса

Хомурдуос тохоойоно

Кымырдаҕас кыйыта

Көйүүр үөн көбүөхтээтэ!

 

Токолоон тумса

Ааҕый атаҕа

Үөн өрөҕөтө

Иэрэн-тиэрэн

Этэҕэ-тэтэҕэ

Дайды-дархан

Кыркыны тарбаҕа

Бөтөлөөн түөһэ

 

Хараҕа эрилис

Хааһа тэрбэс

Түүтэ үргэс

Атаҕа тэйтэс

Кутуруга куйтас.

 

Сартаайар таныылаах,

Сандарас харахтаах,

Сабаара түөстээх,

Даллыгыр кулгаахтаах,

Саллаҕар бастаах,

Кугус моонньулаах,

Көйгөҕөр истээх,

Сибиэ тиистээх,

Быдаҕай арҕастаах,

Чабыдыгас туйахтаах

Таба кыыл баар.

 

Ат туһунан чабырҕах

 

(биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)

 

Сэҥийэтэ сэмэлдьийэ

Таныыта тарталлыйа

Тииһэ ырдьаллыйа

Кэҥэриитэ мөлөрүйэ — турда.

Хараҕа хараара

Көҕүлэ өрүкүйэ

Кулгааҕа чоройо

Кэтэҕэ аннайа — турда.

Үүнэ үрэллэ

Тэһиинэ тэлээрэ

Аарыга айгырыы

Иҥэһэтэ эйэҕэлии — турда.

Ыҥыыра ыйдаҥныы

Ботото тыатаҥныы

Холуна ходьолдьуйа

Дьиримэ дьэрэлдьийэ — турда.

Эрэбэдэйэ эриччийэ

Чаппарааҕа чаҕылыйа

Кычыма кылбаччыйа

Самыыта дьодьойо — турда.

Кутуруга субулла

Такыма такылдьыйа

Сотото дьоролдьуйа

Туйаҕа точугуруу — турда.

 

Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу

 

Тиис хамнатар

Дьэллик элэмэс,

Уос хамнатар

Уһун улаан,

Мурун хамнатар

Мускулла буулуур,

Иэдэс хамнатар

Халыан хара,

Көҕүл хамнатар

Көндөрү көҕөччөр,

Кэтэх хамнатар

Кэптэли кэрэ,

Сиэл хамнатар

Адырыны арҕас

Хаппар хамнатар

Хаамыылаах хара,

Сүһүөх хамнатар

Сүрдээхэй сүүрүк,

Туйах хамнатар

Туллук тураҕас,

Бас хамнатар

Маанылаах манан,

Таныы хамнатар

Талыы дьаҕыл,

Унуох хамнатар

Улуу дьолуо!

 

Талах ат

 

Тарайа сүүрүк,

Бардам барыы,

Талах атым

Табыйаахтыыр.

Тарайа сүүрүк

Аллаах ахсым,

Талах аппын

Таһыйбаппын.

Тойон ыҥьфыа

Мунна сыҥырыа

Тойон ынырыа

Мүөт көрдөон

Мөскөрдөөн,

Сыыгыныыр,

Дыыгыныыр.

(К. Туйаарыскай. Ача. Якутскай, 1968.)

 

Кутуйах туһунан

(куоска ырыата)

 

Өрөкүс-чөрөкүс

Өгохтөн быкта.

Өрөкүс-чөрөкүс

Өрүтэ көттө.

Өрөкүс-чөрөкүс

Бөлөнөх үрдүн,

Өрөкүс-чөрөкүс

Өҥөйөн көрдө.

Өрөкүс-чөрөкүс

Бөтүөннээх үүккэ

Өрөкүс-чөрөкүс

Өрүкүс гынна.

Өрөкүс-чөрөкүс

Бөттөр бөттө…

Бүттэ.

 

Куоска туһунан

(кутуйах ырыата)

 

Тылбаа-ньылбаа

Тырдырҕаата.

Тылбаа-ньылбаа

Ыас хараҥата!

Тылбаа-ньылбаа

«Ытыс салаан»

Ытаан хаалла.

 

Куоска

 

Мултас мурун

Бытыгыр бытык

Чэҥэлис сирэй…

Хатан харах

Хапсаҕай хары

Сытыы сырай

Сындыыс сырыы

Тыытаайы тыҥырах

Кумуу куоска диэн

Кини буолла…

(А.Е.Кулаковскай. Ырыалар-хоһооннор. Якутскай, 1957. с.276-277)

 

  • Үөрэтэр-иитэр суолталаах чабырҕахтар

 

  1. Кэриэн ымыйам кэриэтэ

 

Саҥа хаарга

Саҥа хаамар

Сааһым элбэх.

Дьиҥэ баара,

Дьиибэм баара

Тэһиппэккэ

Тэһэ анньар

Оҕо дьонум

Оннук-маннык

Оонньууларын,

Тэгил дьонум

Тиэрэ-таары

Тиэхэлэрин,

Дьикти кэмҥэ

Дьиибэ бөҕө

Дэлби тэбэр

Дьиэктэрин,

Илии туппай,

Араас-араас

Алҕастарын,

Сымыйа тыллаах

Сыалаах айах

Сыыла сылдьар сурахтара

Сыарҕа быатын быһарын,

Хоннох ахсын

Хоп-сип

Хобордооҕу салатарын,

Хойут-урут

Хобдох сэһэн

Хонтуорабар кэлэрин,

Хотун-тойон

Хоһун ахсын

Хоруол буолан киирэрин,

Онно суоҕу,

Манна баары

Олоро-тура айбыты

Ордорбокко барьггын

Оҕо дьоммор анаатым,

Кырдьар үйэм кырдьык тыла

Кынаттаах көтүүм кэриэтэ,

Кэрэ чаҕаан ыччаппар

Кэриэн ымыйам кэриэтэ.

 

  1. Истигэнэ суох эристиин

 

Саҥар саҥарыма

Саараама кыһаллыбат,

Эт этимэ

Этин таттарбат,

Ытаа-ыллаа

Ыыра ымыттыбат:

Олорбутун курдук олорор,

Сыппытын курдук сытар,

Турбутун курдук турар.

Мас дуу,

Таас дуу ?

Мааны кыыс,

Мааны уол дуу ?

Эбэтэр ити

Истиэнэ курдук

Истигэнэ суох

Эристиин дуу ?!

Элэ-сэниэ

Эстиэр диэри

Элбэхтик этиттэрэр,

Үллэ-үллэ

Үрүт-үөһэ үөгүлэтэр,

Хабарҕа хайдарынан

Харса суох хаһыытатар

Эдэрин ааспыт

Эһээтэ эрэйдээҕи,

Элбэх саастаах

Эбээтэ муҥнааҕы

Эппэккэ туран,

Аламаҕай майгыннаах

Аҕатын абардар,

Иэйэхсит тэҥнээҕэ

Ийэтин иирдэр,

Уҥуоҕунан улахан

Убайын уҥарар,

Быдан кыра

Быраатын быһар.

Ити эрэ кэнниттэн

Иин иһинии

Иһин түгэҕэр

«Ээх» — диир

Муора далайыныы

Муннун анныгар

Буугунуур…

Сор муҥунан

Соһон-сыһан

Сорудаҕы ылынар,

Күн накааһынан

Көрдөһүүнү

Көҕүһэтэр.

Атаҕа суох

Аал курдук

Аатыгар сүөдэҥниир,

Илиитэ суох

Эрдии курдук

Ээл-дээл элэҥниир,

Олоҕо суох

Оҥочо курдук

Оргууй устар

Оҕо баар буолар.

Мас дуу,

Таас дуу?

Эбэтэр ити

Истиэнэ курдук

Истигэнэ суох

Эристиин дуу?!

 

  1. Барбах-барбах чанчарык

 

Буора буолунай,

Быыла баһаам,

Сыыһа сылбах,

Кирэ киилэ,

Бөҕө мөһөөх.

Баттаҕа бадараан,

Сирэйэ сымала,

Көхсө көтөҕө,

Харыта хатырык,

Көрүөхтэн ынырык,

Наскы накаас,

Бачыынка балыыҥка,

Үтүлүк үлүгэр,

Бэргэһэ бэдээ,

Тимэх мэлигир

Түөс килэгир

Баар дуо ханна маннык

Барбах-барбах чанчарык

Тоҥмот-хаипат

Доруобай буолбат,

Тэбэммэт сахсыммат

Чэнчис аатырбат,

Сууммат-тарааммат

Субата тупсубат.

Уоту тутардыы

Ууттан куотааччы,

Мыыланы, паастаны

Быраҕа сытааччы,

Чалбахха талаһааччы,

Бадарааҥҥа барааччы,

Таҥаһын-сабын

Таах бөх гынааччы,

Таһырдьа тамнааччы

Баар дуо ханна маннык

Барбах-барбах чанчарык

Адаҕа курдук

Атаҕын соггубат,

Илии кирдээх

Илиитин илиппэт,

Сылбах тэҥнээх

Сирэйин сууммат,

Баһаам арбаҕар

Баттаҕын тарааммат,

Тыһыынча усталаах

Тыныраҕын кырыммат,

Тимир курдук

Тииһин сайҕаммат,

Бүрүүкэ бүк-тах

Бүтүннүүтэ кир-хах,

Ырбаахыта дьүүл-дьаабы

Ыйар кини дьалаҕайын,

Баахса диэн бардаҕа

Баччыыҥката адаҕа.

Баар дуо ханна маннык

Барбах-барбах чанчарык

 

  1. Уордаах уол, охсуһуук оҕо

 

Уордаах уол,

Охсуһуук оҕо !

Хадаар көкөт

Хараҕа күөҕэ,

Бөтүүкгүү тэбиик,

Оҕустуу кэйиик,

Кыраны кырбыыр,

Оччугуйу охсор,

Кыыһы ытатар,

Уолу орулатар,

Суруйан кэбиспиттии

Сутуруга сокуон,

Ыйан биэрбиттии

Ытыһа ыйаах.

Бэгэччэҕэ бэрэбинэ,

Сутуруга суоруна,

Айаар айдаан,

Уоһугар уот,

Мэйиитэ миинэ,

Илиитэ иэдээн,

Атахтара алдьархай,

Тоҥолоҕо тоһоҕо,

Тобуктара тоһоҕо.

Атамаан диэҕи

Аччыгый саастаах,

Ороспуой диэҕи

Оскуола оҕото.

Кини диэтэх

Кикииримэ тэҥэ

Киҥэ киирдэҕинэ,

Кыыс Кыскыйдаанныы

Кыыһырара кыйданнаҕына

Кыраларынан таһаарар,

Кырыктаах санаалар.

Уоһун чорботон

Уот Уһутакылыы

Уордайан сырыттаҕына

Орто дойду олоҕо

Огдолуйан ылар:

Уутааҕы — тыаҕа,

Тыатааҕы — ууга,

Уҥатааҕы — хаҥаска,

Хаҥастааҕы — уҥаҕа.

Буруйа суоххун

Булунуо суоххун.

Өлүө диэбэккэ,

Өһүө диэбэккэ

Көрүөх бэтэрээ

Көҕөрдөн ааһар,

Өйдүөх бэтэрээ

Өлөрө сыһар,

Оройдуох бэтэрээ

Охсон сырбатар.

Кини диэтэх

Көтөн иһэрэ

Көстөн иһиллэр,

Буор бурҕайар,

Уулусса оргуйар,

Олбуор охсуллар,

Тирээбил тэбиллэр,

Калитка хайдар,

Халҕан быраҕыллар.

Хараҕы симсэр

Хараҥа киэһэ

Хараҕа күөх

Хадаар көкөт,

Уордаах уол

Охсуһуук оҕо

Сүүһүн аннынан

Сүүрүлэтэ көрөр,

Сутуругун сууланар,

Суоһурҕанан кэлэр,

Охто сытары охсор,

Өлө сытары үөхсэр,

Барыахтааҕы бадьыыстыыр,

Барыбытын накаастыыр.

Охсуһуу сидьиҥ быһыы

Охсуһууттан киммит быыһыыр?

 

  1. Айака — айака арагаайка

 

Иһэ-таһа илдьиркэй,

Итиннэ-манна илииҥкэй

Айака-айака арагаайка

Аҥаар кырыы алдьатыыка,

Ойуурга, тыаҕа ойугас,

Ону-маны табыгас,

Сонно тута сонурҕас,

Суола кытта сойугас.

Айака-айака арагаайка

Аҥаар кырыы алдьатыыка,

Сыта-тура сырбатыыка,

Кэлэ-бара кэһэтиикэ,

Саһа сылдьан сайылыыр,

Үөмэ сылдьан өлөрөр,

Сымыыт саҕа тааһынан

Сыалын кыҥаат сыйылыыр,

Сулустары табаары

Сойуолаһар хараҥаҕа,

Күнү кытта ытыахтыы

Күөрэйбэхтиир халлааҥҥа.

Икки харах көрбөтүгэр

Ити кини өлөрөр

Эйэҕэс ырыа чыычааҕы,

Эбэтэр тииҥнэй муҥнааҕы.

Барыны бары алдьатар:

Баҕана сырдык лаампатын,

Бааҥканы, мэммээ бытыылкатын,

Оттон дьиэбит таһыгар

Ордорбот түннүк тааһын,

Ороспуой курдук кини

Уолук сиэбигэр саһар,

Ыал ахсын этиһиини,

Ытааһыны аҕалар.

Айака-айака арагаайка

Аҥаар кырыы алдьатыыка!

Кыра уолчаан атаспыт

Кыттыһан буорайа сыыспыт:

Онно-манна тутуллубут,

Онно-манна соһуллубут

Оннук-маннык буруйдаммыт,

Оҥосто-оҥосто мэлдьэспит,

Орулуу-орулуу ытаабыт,

Оттон-мастан тирэнэн

Оччоттон баччаҕа тиийбит.

Айака-айака арагаайкатын

Аҥаар кырыы алдьатыыкатын

Арай аны быраҕыыһы.

Оччоҕо чыычаах элбиэҕэ,

Оччоҕо ырыа дэлэйиэ,

Түннүк тааһа бүтүн —

Түннүкпүт баара үчүтэй,

Уулусса сырдык түүнүн

Умнуллар уоруйах түөкүн.

Айака-айака арагаайка

Аҥаар кырыы алдьатыыка

Оччоҕо долуой бырастыы,

Оччоҕо олохпут сайдыы,

Оччоҕо майгы мааны,

Оччоҕо оҕобут оһуобай!

 

  1. Табах — дьаабы, табах — дьаат

 

Табах — дьаабы,

Табах — дьаат,

Табах сыта дьаар!

Хармаан бары

Халыҥ-халыҥ,

Хаамтах ахсын

Халыр-халыр,

Турба курдук

Туман устар,

Былыт буруо

Быыһа суох буолар.

Бокуойа суох

Бурҕат да бурҕат,

Олоро-тура

Обор да обор,

Уотун, күлүн

Уоскар даҕай!

Ай ! Ай ! Ай !

Табах — дьаабы,

Табах — дьаат,

Табах сыта дьаар !

Хааман иһэн Хахсайыы,

Сүүрэн иһэн Сөтөллүү,

Сойуппакка

Сотору-сотору

Соппойуу,

Өрөөбөккө

Үрүт-үөһэ

Үрбэхтээһин,

Сирэй-харах

Сиэрэй-буурай,

Сэниэ-күүс

Сэпсиэм сүтүү,

Доруобуйа

Долуой-долуой!

Уой! Уой! Уой!

Табах — дьаабы,

Табах — дьаат,

Табах сыта дьаар!

 

  1. Тойон оҕо

 

Тыын тыгыалас,

Таарыйа тайтас,

Томторус-мойторус

Тойон оҕо,

Тоҥхох гынар

Дорообо!

Атах-бытах

Алыс атаах,

Антах-бэттэх

Аччыгый саҥнаах,

Уҥа-хаҥас

Оччугуй омнуолаах,

Күнүс киэһэ

Көстүбэт көмүс,

Халлааҥҥа, сиргэ

Хаарыаннаах күн,

Көтүрдэр миилэ

Көрдөр харах,

Оһоҕос төрдө,

Мурун бүөтэ,

Илэ бэйэтэ!

Хаһыы-ыһыы

Хадаар хаана,

Айа-дьоно

Айдаан хаата,

Бэйэлиин бэргэһэлиин

Бэрдимсик бэрдэ.

Онто сылай,

Манта сылай,

Ньуу-ньаа

Нуолдьаҕай,

Оҥой-саҥай

Оһуобай,

Улуу ньоҕой!

Арахсыбат аба

Барбат майгы,

Биэрбэт мэйии

Өһүөлбэт өй,

Тарбаҕа тордуох,

Илиитэ күрүчүөк,

Илин-кэлин

Иирээн-иэдээн.

Ити кимий,

Ат саҕа

Атаах киһи?

Тойторус-моторус

Тойон оҕо.

 

  1. Үчүгэй оҕо

 

Ындыы саҕа

Ыарахан тутууру

Ылан тутаргын,

Муҥнаах булбат

Мууһун-маһын

Мунньан аҕаларгын,

Кыһыл атахтыыр

Кыра наадатын

Кыһаллан иһиттэргин,

Кыаһылыы сылдьар

Кыһалҕатын барытын

Кыайан кэбистэргин,

Аттаах кымньыыта,

Сатыы тайаҕа,

Соххор аргыһа,

Көтөр кынат,

Сүбэ-ама буоларгын,

Сүүстээх оҕонньор

Сүгүрүйэн махтанар,

Сүүскүтгэн сыллыыр.

Эбэтэр,

Эрдэҕэс курдук

Эрдэ туран,

Улар курдук

Урут сылдьан

Улугуран барбыт

Улуу кырдьаҕаһы

Убаастыыр бэлиэҕэр

Оройуон сиргэ,

Оргуйар кииҥҥэ,

Улахан түһүлгэҕэ,

Уулуссаҕа, дьиэҕэ

Оннугун биэрэн

Олохтоон кэбистэргин

Оҕо бэрдэҕин.

Ийэҕэ тэптиргэ,

Аҕаҕа адаҕа

Көрүнньүк көкөт

Көрөн сөхпөт,

Ийэ-аҕа тылын

Искэ буһаран

Истэ сылдьан,

Иирбэ-таарба

Истээх дьыаланы,

Иилээн истэргин,

Итиннэ-манна

Искэ-таска,

Иһирдьэ-таһырдьа

Эрэллээх ирбинньик

Эр бэрдэҕин!

Кыраны кырбыыр,

Кыыһы ытатар

Кыыбаҕа кырбыйы

Кымньыылаан аастаргын,

Охсуһа сылдьар

Орой мэник

Оччугуй бэдиктэри

Одуулуу турбакка,

Оройдорун хаспакка,

Уҥа-хаҥас

Ууга-тыаҕа,

Утаарар буолларгын

Уол ньургунаҕын!

Үчүгэй оҕо диэн

Үтүө майгы,

Үөрүнньэҥ быһыы,

Үлэһит аатырыы!

 

Герасимова Мария – Сэҥээрэ

Саппай уопсан: (чаҥыйар чабырҕахтар, санааны сааһылыыр сценкалар, олоххо оҕуурдуур оонньуулар)/ Мария Герасимова – Сэҥээрэ. – Дьокуускай: Бичик. – 4-42 с.

 

Ча6ырҕах туһунан санааларым

 

Саха чаҕылхай

Чабырҕаҕын,

Саха өһүн хоһоонун,

Саха талыы таабырынын,

Саха остуоруйатын,

Саха олоҥхотун

Саха бары билиэхтээх!

Төрүттэрбит

Түҥ былыргыттан

Тугунан олорбуттарын,

Тугу үлэлээбиттэрин,

Тугунан тыыммыттарын

Билэр эрэ буоллахпытына,

Биһириир эрэ буоллахпытына

Дириҥ силистэниэхпит,

Түҥнэстибэт төлкөлөнүөхпүт,

Самныбат саргыланыахпыт,

Сахабытын таптыыр буолуохпут,

Омукпутун убаастыыр буолуохпут,

Өбүгэлэрбитин өйдүүр буолуохпут!

Улуу омуктар курдук,

Кимтэн кииннээхпитин,

Хантан хааннаахпытын,

Туохтан тууралаахпытын,

Туох культуралаахпытын

Үөрэтиэхтээхпит,

Билиэхтээхпит!

Дьэ оччоҕо

Ордуубутун огдолуппакка,

Омуктарга оҕустарбакка,

Оройунан көрбүт,

Уолугунан тыыммыт

Урааҥхай саха

Дэттэриэхпит!

Саха өйө

Сытыы буоларыгар,

Саха мындыр буоларыгар,

Саха булугас буоларыгар,

Саха тыла сайдарыгар,

Саха тыына уһууругар

Үөрэ-дьүерэ тыллары

Үөрэ-көтө тутгарыгар,

Түргэнник тобулан

Төрөтөн таһаарарыгар,

Киһиэхэ тиийэр гына

Кыраһыабайдык кырааскалаан,

Кымньыы кылыс тылынан

Куһаҕан өрүттэри

Күлүү гынан көрдөрөр,

Майгыга-сигилигэ

Сөрү-сөп түбэһиннэрэн

Быһыы-таһаа хоһуйан

Бэргэнник билиһиннэрэр.

Саха тылын тигэр тигээйитин,

Саха тылын сүлэр сүлүһүнүн,

Саха тылын кыбар кыыбаҕытын,

Саха тылын мүөттээх сүмэһинин

Сатаан таба тутгарга

Тахсыылаахтык такайар

Саха чабырҕаҕа Чаҕылхайынан

Чахчы сөхтөрөр, сөбүлэтэр,

Сүргэни көтөҕөр,

Сүрэҕи үөрдэр.

Сатаан сааһылаан саҥарарга,

Сатаан сэһэргииргэ,

Сатаан сүбэлииргэ,

Сатаан сэмэлииргэ,

Сатаан сирэргэ

Саамай сытыыттан сытыытык,

Саамай кырдьыктаахтан

Кырдьыктык,

Саамай бэргэнтэн бэргэнник

Саха уус тылыгар

Ураннык уһуйар,

Урааҥхайы умсугутар,

Уйулҕаны уйуһутар

Чабырҕах буолар.

Күннээҕи кэпсэтиигэ,

Күлэр-үөрэр көрүдьүөскэ

Тылы түргэнник дьүөрэлээн,

Табатык-талбатык туттан,

Хас саҥарар тылгын

Хатылаабакка,

Хас тылга

Хаайтарбакка,

«Ыых-аах» буолан

Ыҥырҕаабакка,

Харса суох хааһахтан

Хостоон эрэр курдук

Хоһулаһыннаран, хоһуйан

Хобугураһан иһэр

буоллахпытына,

Дьэ чахчы баай

Тыллаах-өстөөх,

Баһаам билиилээх,

Быһаччы быһаарыныылаах,

Түргэн туттуулаах

Бэртээхэй дьон

Буолуохпут

Дии саныыбын мин!

Оттон иһин түгэҕэр

Үлүгүнэйбит,

Муннун анныгар

Киҥинэйбит,

Бүппүт-оспут,

Бүүтүгүрбүт,

Бэйэтигэр

Түүнүгүрбүт,

Быстах-остох

Бүгүллэҥнээбит,

Быһытталаммыт,

Быыппастыбыт

Эбэтэр биири

Биэстэ биспит,

Бэтэкэйдэммит,

Батакайдаммыт,

Буолар-буолбат

Бутукайдаммыт,

Ь1лбат-биэрбэт

Икки ардынан

Сээбэҥнээбит,

Тэпсэҥнээбит,

Саараҥнаабыт

Саарбахтаабыт,

Быһаарыыта суох

Быллыгыраабыт,

Туһата суох

Туппаҕаламмыт,

Ыла-ыла уурбут,

Уура-уура ылбыт,

Төттөрү-таары

Түбүгүрбүт,

Түҥ-таҥ түҥкэлийбит,

Туох да солуута суох

Сүпсүгүрбүт,

Силбиэтэммит,

Уҥа-хаҥас быраҕаттаммыт

Быһыы туохтан тахсарый?!

Дьэ оруобуна

Чабырҕаҕы

Чахчы туттубатах,

Үйэлээх сааһыгар

Аахайбатах,

Аахайыахтааҕар

Аанньа ахтыбатах,

Баарыгар-суоҕар

Адьас даҕаны

Наадыйбатах,

Дууһатын уурбатах,

Иэйиитин иҥэрбэтэх,

Санаатын саараҥнаппатах,

Өйүн онно оҕустарбатах

Киһиттэн тахсара

Чуолкай диибин!

Онон саах сахабыт

Дэнэр буоллаххытына,

Саамай бастатан,

Сатаан саҥарыахтааххыт,

Сатаан сааһылыахтааххыт,

Сатаан сэҥээрдиэхтээххит

Тугу саныыргытын,

Тугу сөбүлүүргүтүн,

Тугу сирэргитин,

Тугу хайгыыргытын,

Тугу утараргытын,

Тугу сөпсөһөргүтүн!

Кэпсэтэр киһигитигэр,

Сэлэһэр киһигитигэр

Сыыс тыла суох гына

Сибээстээхтик сэһэргииргэ,

Тылы таба тутгарга,

Дьүөрэлээн дьүһүйэргэ

Үөрэниэх тустааххыт.

Онно суолу ыйыаҕа

Аан бастатан туран

Чаҕылхай чабырҕах.

 

Саха культурата сайдарын туһугар

 

Дорооболоруҥ, оҕолоор!

Сарсыардааҥҥы сарыалынан

Сандаараҥҥыт,

Күнүскү күнүм

Күлүмүнэн күндээрэҥҥит

Урааҥхай удьуордара,

Саха саргылара,

Кэскилбит кэнчээрилэрэ,

Үүнэр ыччаппыт,

Төрүүр төрүөхпүт,

Тугу саныы олороҕут

Саха тылын туһунан?

Саха омугун туһунан?

Саха омук сайдарыгар

Саҥа суолу көрдүүбүт,

Саха тыллаах сүппэтин диэн

Сир Ийэбитигэр

Сиик буолан

Симэлийимиэҕиҥ диэн

Сир-сир аайы

«Саха омук» түмсүүлэрэ

Сириэдиһэн турдулар.

Сайдыылаах омуктардыын

Саҥа кэрдиис кэмҥэ

Тэҥҥэ олук уурсуһан

Үүнэр-үрдүүр туһугар

Үтүөкэн үгэстэрбитин

Үйэтитэр инниттэн

Үүнэр сүһүөх ыччакка

Сахалыы сиэри-туому,

Уруккулуу куту-сүрү

Бэрт кыракый саастарыттан

Иҥэриэҕиҥ диэннэр

Иэйэн туран эттилэр,

Иэнэн туран эристилэр,

Иэдээн илэ чахчы

Эргийиэ диэтилэр.

Саха баай тылын-өһүн,

Саха мындыр өйүн,

Саха уус тарбаҕын,

Саха кыраҕы хараҕын,

Саха туойар тойугун,

Саха ойор оһуохайын,

Саха ураты олоҥхотун,

Саха хомоҕой хомуһун,

Саха таҥаһын-сабын,

Саха аһын-үөлүн,

Саха тылын-өһүн,

Саха сиэрин-туомун

Саха бары ыччатыгар,

Саха кыра оҕотугар

Саҥа хаамар эрдэхтэн

Сайыннарбат буоллахха

Сарбыллыахпыт диэтилэр.

Соҕурууҥҥу омуктар

Сонун сүүрээннэригэр

Сүгүрүйэр буоллахха,

Сүрэхтиин сөбүлээн,

Сүһүөхтүүн бэринэн

Бэйэ омугун билиммэт,

Бэйэ сиэрин тутуспат,

Бэйэ тылын ахсарбат,

Бэйэ тойугун туойбат,

Бэйэ ырыатын ыллаабат,

Бэйэ хомуһун тардыбат,

Бэйэ таҥаһын таҥныбат,

Бэйэ оһуохайын ордорбот,

Бэйэ олоҥхотун хоһуйбат,

Бэйэ аһын аһаабат

Бэйэ сиэрин тутуспат,

Бэйэ үгэһин үтүктүбэт

Бэйэ ыччата элбээтэҕинэ,

Кэхтии кэлэрэ чахчы.

Омук сүтэрэ чахчы,

Саха эстэрэ чахчы!

Дьэ ол иһин

Хас саха тыллааҕы

Тыыллан туруҥ диэтилэр!

Төрүт уус төрдүлэрбит

Төрөөбүт түөлбэлэрин,

Үөскээбит өтөхтөрүн,

Төрүттээбит төлкөлөрүн

Төһө эмэ сыллар усталарыгар

Уодаһыннаах үйэлэр

Улаҕа өтгүлэриттэн саҕалаан

Урааҥхай уустарын

Ууһатан кэлбитгэрин,

Удьуордарын, сыдьааннарын

Эргиллэн көрүөххэйиҥ!

Ураты уус тылларын,

Сахалыы сиэрдэрин

Сиргэ-буорга тэпсимиэҕиҥ,

Санаабытын түһэримиэҕиҥ!

Саха ахсаанын элбэтиэҕиҥ,

Саха тылын байытыаҕыҥ,

Саха аһын дэлэтиэҕиҥ,

Саха таҥаһын үксэтиэҕиҥ,

Саха ыччатын өйдөтүөҕүҥ,

Саха ааттаах түмсүөҕүҥ,

Сүбэбитин холбуоҕуҥ,

Сибээспитин быһымыаҕыҥ,

Бары биир буолуоҕуҥ,

Бары бүттүүн туруоҕуҥ!

Бары мэһэйи туоруохпут

Бары биир өйүнэн,

Бары биир санаанан,

Бары биир сыалынан

Бары үлэлиир буоллахха!

Бары ыччаппытын иитиэҕиҥ

Уран уус тылбытыгар,

Ураты ырыабытыгар,

Уйан дууһабытыгар,

Амарах алгыспытыгар,

Аһыныгас майгыбытыгар,

Мындыр уус дьоҕурбутугар,

Үлэҕэ дьулуурбутугар,

Кыһалҕаҕа тулуурбутугар

Ийэ сиргэ тапталбытыгар,

Кэрэни кэрэхсиирбитигэр,

Үтүөнү үйэтитэрбитигэр,

Доҕордуу сыһыаммытыгар,

Үөрүнньэҥ сүрэхпитигэр,

Үтүөкэн үгэспитигэр!

Дьэ ол иһин

Бары таба өйдөөммүт

Үтүөнү, үйэлээҕи

Үксэтиэҕиҥ диэммит

Үтүө дьоннор ыҥырыыларын

Сүрэхпитигэр иҥэрэммит,

Дьолоҕойбутугар түһэрэммит,

Сатарыйбыппытын самсаан,

Ыһыллыбыппытын ыпсаран,

Көтүппүппүтүн көннөрөн,

Бырахпыппытын быыһаан,

Тамнаабыппытын таҥан,

Тохпуппутун тохтотон,

гум соҕустук Ууна түһэн биэриҥ!

Суугунас солкоҕо

ууланнын талааммыт,

Сахалыы симэҕи

Симэннин ыччаппыт!

Сахалыы оонньуулар,

Сахалыы үгэстэр,

Сахалыы ырыалар

Улуу дойдуларга

Улуутуйан көһүннүннэр.

Улахан омуктарга

Уратытык билинниннэр!

 

Кыһамньылаах оҕо

 

Оо, оҕолоор!

Оо, доҕоттоор!

Кыһамньылаах оҕо

Учууталын убаастыа,

Уруогар чуо кэлиэ,

Чуумпутук олорон

Умсугуйа истиэ,

Сыыспакка кыһаллан

Болҕойон суруйуо.

Ахсааҥҥа аралдьыйбакка

Аа-дьуо суоттуо.

Буукубаны билэргэ,

Бэргэнник этэргэ,

Түргэнник ааҕарга,

Өйгө тутарга,

Сиһилии кэпсииргэ

Сыныйан сыралаһыа.

Улаатарга умсугуйуо,

Этин-хаанын эрчийиэ,

Режимин тутуһуо,

Сөбүгэр утуйуо,

Эрдэлээн туруо.

Бэриллибит сорудаҕы

Биирдиилээн бэрийиэ,

Сыһары-соһору

Төрүт сөбүлээбэт,

Тардыллары таптаабат,

Тутуллары тулуйбат,

Аһыырын аһарбат,

Суунарын көтүппэт,

Ыраастанарын ыраатыннарбат.

Бэрээдэги биһириэ,

Ийэтин истэн

Иһитин сууйуо,

Аҕатын абыраан

Арааһы көмөлөһүө,

Кыһалҕаны кыччатыһыа,

Үлэни үмүрүтүһүө,

Үөрүүнү үрдэтиэ,

Үтүөнү үксэтиэ,

Үчүгэйгэ үлүһүйүө,

Кэрэни кэрэхсиэ.

Кытаанахтан кыйахаммат,

Ыарахантан ыгыллыбат,

Уустуктан уостубат,

Күһэйииттэн күрэммэт

Киһилии сиэрдээх

Киһи буоларга

Кыратыттан кыһаллыа.

 

Куттас оҕо

 

Куттас оҕо

Билэрин да

Биллэриэ суоҕа,

Уунарыттан туттунуо,

Эппиэттииртэн этэ тардыа.

Саҥата иһиттэн

Иһиллибэт,

Сибигинэйэр,

Симэлийэр.

«Сыыһа», — диэн

Саатырдыа,

«Атын», — диэн

Алдьатыа,

«Истибэтэххин!» — диэн

Иилистиэ,

«Аахпатаххын!» — диэн

Айдаарыа,

«Дьарыктамматаххын!» — диэн

Дьарыйыа,

«Аата, эмиэ

Айдаана суох

Олорбутум

Ордук», — диэҕэ.

Кыыһырбыты

Кытыытынан кыйыа,

Этиспити

Эргийэ барыа,

Охсуһа турарга

Орооһуо суоҕа,

Тохтотортон туттунуо,

Сэмэлииртэн сэрэниэ,

«Буойдахпына баайсыа,

Мөхтөхпүнэ мөрөйдүө,

Эттэхпинэ эккирэтиэ,

Кииристэхпинэ кырбыа!» —

Кутганыа, кирийиэ.

«Табаарыстарым

Тиэхэлиэхтэрэ,

Атастарым

Атаҕастыахтара,

Доҕотторум

Доргутуохтара,

Таһырдьа таһыйыахтара,

Дьиэҕэ дьиибэлиэхтэрэ,

Хоско хаадьылыахтара,

Кылааска кыһарыйыахтара,

Түунүн түөкүттэр

Түрбүйүөхтэрэ,

Күнүһүн күрүөйэхтэр

Кутгуохтара,

Киэһэтин кыдьыктаахтар

Кыпчыйыахтара,

Алааска абааһылар

Ааҥныахтара,

Үрэххэ үөрдэр

Үмүөрүһүөхтэрэ!

Оо, үлүгэр!

Куттас оҕо эрэйдээх

Кыһалҕаҕа киирдэҕэ,

Кыйданнаҕа, кырыктаннаҕа,

Куттанарытган

Кута куотуо,

Кубарыйыа,

Кууруо-хатыа!

 

Аламаҕай оҕо

 

Аламаҕай оҕо барахсан

Аһыныгас санаалаах,

Кыра киһини саататыа

Быраатын батыһыннарыа,

Балтын бүөбэйдиэ,

Убайыгар убаныа,

Эдьиийигэр эккэлиэ,

Харамнаһан хадьардаспат,

Көҥөнөн күрэммэт,

Сүрэҕэлдьээн сүппэт,

Кыыһырсан кыынньыбат,

Аһыттан амсатыа,

Бирээнньигин бэрсиэ,

Кэмпиэтин кэһиилиэ,

Буулкатын быһаҕастыа,

Утаҕын уунуо,

Ыаһыттан ыстатыа,

Үчүгэйин үллэстиэ,

Кыра диэн кыйдаабат,

Аҕыйах диэн айдаарбат,

Бүтүө диэн быыһаабат,

Алдьархайга абырыа,

Кыһалҕаҕа көмөлөһүө,

Улахаттары убаастыа,

Тэҥнээхтэргэ табаарыстаһыа,

Кыралардыын куодарыһыа,

Барыһырары билбэт,

Кистиири көҕүлээбэт,

Көлбөрүтүммэт,

Кубулҕатырбат,

Кыҥкыйдаабат,

Кыынньыбат,

Кынчарыйбат-кынчыаттаабат,

Кэдэрги кэмэлдьилэммэт,

Куһаҕаны санаабат,

Күргүйдүүрү сөпсөөбөт,

Баргыытыыры биһирээбэт,

Ийэтигэр иһирэх,

Аҕатыгар амарах,

Кырдьаҕаска кыһаныгас

Киһи киэнэ ааттааҕа

Кини буолуо, оҕолоор!

 

Дьоҕурдаах оҕо

 

Дьоҕурдаах оҕо

Дьоһун оҕо,

Ускул-тэскил

Устубат,

Уулуссаҕа

Улдьаарбат,

Кээмэйэ суох

Кэриимнээбэт,

Дьарыга суох дьалбаарбат,

Сыала суох

Сылдьыбат,

Соруга суох

Сүүрбэт,

Туһата суох

Турбат,

Күнүн көрүнньүк

Ыыппат.

Үөрэҕиттэн бүтээт,

Үөрэн-көтөн

Кэлээт,

Дьоҕурун сайыннарар

Дьорҕоот санаанан

Дьоһуннанан олорон

Дьарыктанан барыа,

Билиэн баҕата

Балысхан буолуо,

Көрүөн баҕата

Күүстээх буолуо,

Оҥоруон баҕата

Олус буолуо,

Сатыан баҕата

Алыс буолуо,

Кыайыан баҕата

Кыаҕын көҕүлүө,

Суруйарга сүрэхтээх,

Ааҕарга аллаах,

Уруһуйа ураты,

Уһанара уран,

Тигэрэ тигинэс,

Иистэнэрэ имигэс,

Туттара түптэлэс,

Астыыра астык,

Барыга дьоҕурдаах,

Сыһыамах, салардаах,

Үлүһүйэр, үлүмнэһэр,

Түргэнник баһылыырга,

Кыайарга, сатыырга

Буһа-хата бурулуйар,

Тииһэ-тааһа түбүгүрэр.

Дьон-сэргэ кэрэхсиир

Дьоҕурдаах оҕо —

Дьоһун оҕо

Диэхтэрэ диэхтиибин,

Дьиҥ-чахчы этэбин!

 

Доруобай буолуох

 

Ойор күннээх

Орто дойду

Ойор-тэбэр

Оҕо сааһа

Олус кылгас,

Оҕолоор!

Ол иһин

Отой олох

Олорон ылбакка,

Онньойбут олооччубут,

Омуннура ойуоккалаа!

Саллайбыт саппыкыбыт,

Сылайбакка сүүр-көт!

Баллайбыт бачыыҥкабыт,

Буору-сыыһы билинимэ!

Боллойбут буотуспут,

Бадарааҥҥа батыллыма!

Элэйбит этэрбэспит,

Эрэллээхтик эккирээ!

Тустууга тургутуһуох,

Хапсаҕайга хадьыктаһыах,

Куобахтаан куһуйуох,

Кылыйан кыыратыах,

Ыстаҥалаан ыраатыах,

Холу-бууту хойуннаран

Хайыһардаан халыһытыах,

Хоккейга да холонуох!

Хаҥкыга хатыыскалыах,

Теннискэ тэйиэккэлиэх,

Дуобакка дьарыктаныах,

Саахымакка сэргэхсийиэх,

Эти-хааны эрчийиэх,

Эккириири элбэтиэх,

Сүүрэри сөбүлүөх!

Оччоҕо дуо, оҕолоор!

Уҥуохпут улаатыа,

Иҥиирбит кытаатыа,

Өйбүт өргөстөнүө,

Бүдүрүйбэт сүһүөхтээх,

Быыппастар быччыҥнаах,

Эстибэт эрчимнээх,

Күүһүрбүт-уоҕурбут,

Ыарыыга ылларбат,

Тымныыга тэмтэрийбэт,

Куйаастан куттаммат,

Бөҕөргөөбүт эттээх-сииннээх

Чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах

Чаҕылхай оҕолор

Чаҕылыһан тахсыахпыт!

 

Албын киһи

 

Албын киһи

Сыбдыйбыт хаамыы,

Сылаанньыйбыт сирэй,

Сыыйан олорор саҥа,

Ньуолбар кэпсэтии,

Аҕалыах буолан

Астыннарар,

Биэриэх буолан

Биһирэтэр,

Уларсыах буолан

Уҕарытар,

Толоруох буолан

Тохтотор,

Тиэрдиэх буолан

Тээтэҥнэтэр,

Элбэтиэх буолан

Эрэннэрэр.

Өйөһөрү өйдөтөр,

Сибээстэһэри сүбэлиир,

Салҕанары саамылыыр,

Сөбүлэһэри сөҥнөһөр,

Хардарыта хардарсар,

Утарыта уунсар,

Хайаатар да наадатын

Харса суох хайгыыр.

Оттон ол киһи

Ыга үөрдэн

Көрдөөбүтүн ылаат,

Халты харбатаат,

Мүччү туттараат,

Суоллуун сойуо,

Сурахтыын сүтүө.

Күннэр көтүөхтэрэ,

Ыйдар ааһыахтара —

Аҕалара албын буолуо,

Биэрэрэ мэлис буолуо,

Уларсыбыта

Умнууга хаалыа,

Оҥороро оҥос буолуо,

Толороро тохтуо,

Тиэрдэрэ тимириэ,

Элбэтэрэ эстэн түһүө,

Эргиччи эриэккэстик

Эрбэххэ эргитиэ.

Абырыахтааҕар алдьатыа,

Быыһыахтааҕар бүтэриэ,

Көмөлөһүөхтээҕэр күрэниэ,

Туһалыахтааҕар тумнуо,

Төгүрүччү түөкэй,

Төрүт түөрэккэй,

Адьаһын абалаах

Албын киһи, оҕолоор!

 

Иҥсэлээх киһи

 

Иҥсэлээх киһи

Харбааһыннаах хамсаныы,

Ымсыылаах ыпсарыныы,

Оҕуруктаах өй,

Уодаһыннаах санаа,

Улаҕалаах толкуй,

Сүүйүүлээх сырыы,

Соллоҥноох суобас,

Кимиилээх кэпсэтии,

Кыахтаах кыпчыйыы,

Күһэйиилээх кыһарыйыы,

Эргиччи эргинии,

Барыска баҕатыйыы,

Балысхан байыы,

Тоҥ сүрэх,

Толоос быһыы,

Ыһыктыбат ытыс,

Оботтоох уос,

Олуона сыһыан,

Түөрэккэй төлкө,

Халбархай олох.

Иҥсэлээх киһи

Буолар да эбит!

Кэлэйиҥ диибин

Киниттэн диибин!

 

 

Киһиргэс киһи

 

Үлэлээн үргэнньиктэниэ,

Үтүмэнник үлүннэриэ,

Хамсаммыта халытыылаах,

Хас хардыытын аахтара

Харса суох хайҕаныа,

Аата суох арбаныа,

Туһалаан дуомнуо,

Дохсуннук дарбатыа,

Кыраны да кыайыа,

Кыахтаахтык сананыа,

Биллэри да баһылыа,

Күүркэтэ кэпсэниэ,

Көдьүүһэ да кыраҕа

Көстө сатыаҕа,

Суолтата да сэмэйгэ

Сураҕыра сатыа,

Кыбыстары кымаардаабат,

Кэмчиэрийэри билбэт,

Кэтэмэҕэйдиири күүппэт,

Саарбахтыыры саантаабат,

Туттунары туолкалаабат,

Арбанарга аллаах,

Анньыһарга атамаан,

Кыраҕа кыһаммат аатырыа,

Улахаҥҥа уолуйбат дэттэриэ,

Оттон дьиҥ иһэ

Оҥорбута оччугуй,

Кыайбыта кыра,

Сатаабыта салаҥ,

Хайҕаммыта халтай,

Кэпсэммитэ кэрэгэй,

Киэптээбитэ күүгэн,

Ситиһиитэ сэмэй,

Үрдүнэн үлүннэрии,

Көрүнньүк күйгүөрүү,

Көлдьүн көппөҕөлдьүйүү…

Киһиргэс киһи буолара

Көстөн кэллэҕэ ол!

 

Үлэһит киһи

 

Үлэһит киһи барахсан

Эрдэ тураат

«Үлэм!» — диэт

Элэс гынар,

Хойут кэлээт,

«Хааллым!» — дэнээт,

Хачыр ойор.

Уһун күҥҥэ

Тохтуу түспэт,

Олорон ылбат,

Тииһэр-тааһар,

Тигиниир-таҕыныыр,

Төтөлө суох түбүгүрэр,

Тохтоло суох сүпсүгүрэр,

Өрөбүлгэ өрөөбөт,

Субуотаҕа сынньаммат,

Мүнүүтэни манаспат,

Чааһы аахсыбат,

Кикирийэр-хохуруйар,

Кирбийэр-харбыйар,

Ыллыктааҕы ылсыһар,

Туһалааҕы тобулар,

Туолкалааҕы торумнуур,

Үлэттэн үөрэр,

Санаата сайдар,

Өйө сытыырхайар,

Хараҕа уоттанар,

Сирэйэ сырдыыр,

Саҥарара сааһыланар,

Сүбэлиирэ сүрдэнэр,

Сүргэтэ көтөҕүллэр,

Ырата ырааһырар,

Кэрэни кэрэхсиир,

Үтүөнү өйүүр,

Бастыҥы барҕардар

Үлэһит киһи —

Үтүө киһи!

Дьиҥ-чахчы, доҕоттоор!

Оо, кырдьык, оҕолоор!

 

Сахам кыргыттарыгар

 

Сахам нарын кыргыттарын

Сайаҕас майгылара,

Сахам килбик кыргыттарын

Ыраас дууһалара,

Сахам кэрэ кыргыттарын

Үтүө быһыылара

Үгүс үһүйээннэргэ

Үөтүллүбүттэрэ,

Элбэх сэһэннэргэ

Сэһэргэммиттэрэ,

Норуот номохторугар

Наардаммыттара,

Кэпсээҥҥэ кэрэтик

Киллэриллибиттэрэ,

Олоҥхоҕо ойуччу

Ойууламмыттара,

Хоһооннорго хомоҕойдук

Хоһуйуллубуттара,

Ырыаларга иэйиилээхтик

Ылламмыттара,

Тойуктарга тоһоҕолоон

Туойуллубуттара.

Далбарай чыычааҕым,

Күөрэгэй чыычааҕым,

Татыйык чыычааҕым,

Туллук чыычааҕым

Тэҥнээҕэ дииллэрэ.

Сааскы ньургуһунум

Нарына-намчыта,

Сардаана сибэкким

Сандаархай сарыала,

Күлүмнэс күнүм

Күндэлэс күлүмэ,

Туналы ыйым

Туртаҕар субата,

Хатыҥым ханыыта,

Сибэкким симэҕэ,

Айылҕам аанньала

Кыыс оҕо дэнэрэ.

Үйэттэн үйэҕэ,

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ

Кэрэ кыыс барахсан

Уус тыллааҕы умсугутан,

Сүрэхтээҕи үөрдэн,

Дууһалааҕы туотан,

Иэйиилээҕи өрүкүтэн,

Хааннааҕы хамсатан,

Сүһүөхтээҕи сүүйэн,

Күн бүгүнүгэр диэри

Киһи аймах барахсаны

Кэрэттэн кэрэҕэ кынаттыы,

Нарынтан нарыҥҥа угуйа,

Үчүгэйтэн үчүгэйгэ үлүһүтэ,

Үөрүүлэрин үрдэтэ,

Санааларын салгыы,

Имэҥнэрин ириэрэ,

Ыраларын ыпсара,

Уйулҕаларын уһугуннара,

Ууларын уйгуурда,

Айылҕаҕа абылыы,

Олоххо тардыһыннара

Сырыттаҕа эбээт, доҕоттоор!

Дьэ ол иһин

Күннэтэ көрсөр

Кыргыттарбар

Көрдүүбүн килбиктэри,

Саамылыыбын сайаҕастары,

Эккирэтиһэбин элэккэйдэри,

Урааҥхайбыт ураннарын,

Удьуорбут уратыларын

Омуктартан ордукпутун

Ойоҕостон одуулуубун,

Кытыыттан кыҥастаһабын,

Үлэһиттэрин ырытабын,

Үчүгэйдэрин үөрэтэбин.

Испэр илистэ ирдиибин

Итии-истиҥ

Сыһыаннаахтары,

Көрсүө-сэмэй

Кэмэлдьилээхтэри,

Амарах-аламаҕай

Майгылаахтары,

Кыһамньылаах үлэһиттэри,

Ыраас туттунуулаахтары,

Чэбдик-чэбэр сигилилээхтэри

Кыраҕы-уус харахтаахтары,

Оһуорга олустары,

Иискэ дьоҕурдаахтары,

Баайыыга бастыҥнары,

Аһара асчыттары,

Барыга бүгүрүлэри.

Тоҕо эрэ

Тоҥуй сүрэҕим

Тардыһан туран талаһар

Сахабытын санатар,

Урааҥхайбытын улуутутар

Талыыттан талыы кыргыттар,

Кэрэттэн кэрэ кыргыттар,

Нарынтан нарын кыргыттар,

Килбиктэн килбик кыргыттар

Күн сиригэр биһиэхэ эрэ

Бааралаһан туран

Баар буолуохтарын!

Хайа да омук

Көрдө-көрөөт,

Хайа хаан хараҥаччыта

Хааман ханайарын,

Туох омук үрүмэччитэ

Сэгэлдьийэн иһэрин,

Кимтэн тымырдааҕын,

Туохтан тууралааҕын

Тута-бааччы билэр

Туспалардаах буолуохпутун

Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ

Тоһоҕолоон толкуйдуубун.

Ол иһин оһуор-дьарҕаа

Дьабакалаах,

Түгэхтээх сахалыы

Ытарҕалаах,

Оноолоох, оһуордаах

Сонноох,

Саханы санатар таҥастаах,

Уп-уһун долгуйар суһуохтаах

Кыыс оҕону көрдөхпүнэ

Тохтоон өр сөҥөн турабын,

Тулабын эргиччи көрөбүн,

Ким бары хараҕа хатанар,

Ким бары сэҥээрэ одуулуур,

Киэн туттан киэбирэ түһэбин

Кэрэтик симэммит

Кыысчаантан,

Омугун ордорор оҕоттон

Олуһун дьоллоно түһэбин.

Ол эрэн сороҕор, доҕоттоор,

Эмиэ да хомойон ылабын

Уонна курутуйа көрөбүн

Кулууптарга киэһэтин

Үлүһүйэр үҥкүүлэригэр

Кырсаҕа, киискэ кистэнэн,

Хаарыска, солкоҕо сууланан,

Хармааны таһыччы хаһыйар

Таҥастанан-саптанан

Тырыбынаһан кэлээтин

Түөлбэлээн табахтыылларын,

Холуон-холуоннук

Саҥаралларын,

Холуочуйан хаалалларын,

Харса суох хааннанан

Халыһытан хаамалларын,

Кыыспын диэн кэрэйбэккэ,

Кэрээнэ суох кэмэлдьилэнэн

Кимҥэ баҕарар иилистэн

Киэби таһынан тутталларын,

Киһи үгүһүн баардылаабакка,

Баламаттык таптаһалларын,

Охсуһарга оргуйалларын,

Кыыһырсарга

Кыттыһалларын.

Сорохтор соруйан

Сонордоһоллор оннуктары,

Сосуһаллар-сысыһаллар,

Сирэйдэрин сыллыыллар,

Суудайан тураннар

Уохтаах утахтарын

Сыҥалаан иһэрдэллэр.

Кэрэлэрэ кэхтэр,

Маанылара бахтар,

Сарылыыллар-орулууллар,

Маатыранан маанылыыллар,

Үөхсүүнэн үөгүлүүллэр,

Хараҥаҕа харбаһаллар

«Талааннарын» таһаараллар

Таҕылларын ханнараллар.

Кыыстыын-уоллуун холустар,

Харса суох хааннаналлар,

Иирсээҥҥэ иилистэллэр.

Саха саханы

Саараабакка саайар,

Ордорбокко охсор,

Тумнубакка түҥнэрэр,

Уруурҕаабакка уҥуорар.

Kыpa норуот буоларыгар

Кытыыта да кыһыйбат,

Аҕыйах ахсааннааҕар

Даарым да наадыйбат,

Кырыктаахтык кыргыһар,

Сутуругунан сууттаһар,

Баһа батарынан баргыытаһар,

Тугу тобуларынан

Тойомсуйар.

Бөҕөмсүйэр, күүһүмсүйэр,

Халлааны хабарҕатынан

Хаһыытаһар-ыһыытаһар,

Чабырҕайынан харахтанар,

Оройунан уолуктанар,

Ордоотоһор-олоотоһор,

Сахабыт сэмэй сиэрдэрин

Сирдээн сиҥнэрэр,

Буордаан булларар.

Күҥҥэ көрбүт

Көмүстэрбитигэр

Көҥүллэринэн көччүйэллэр,

Килбик кэрэ кыыспытын

Кэрэйбэккэ күүһүлүүллэр.

Анныларынан аралдьыйарга

Анал дьиэлэр ааннарын

Ааттаан-суоллаан аһарга

Аһаҕастык айдаараллар.

Арҕааҥҥылары арбыыллар,

Соҕуруулары сонургууллар,

Илиннэргэ иэйэллэр,

Омуктары ордороллор,

Кэнэммитин кэнийэллэр,

Борустуойбутун

Боруоктууллар,

Ырааспытын ыыстыыллар,

Көнөбүтүн күлэллэр,

Сэмэйбитин сиилииллэр,

Симикпитин сэнииллэр,

Сытыылары сырсаллар,

Кыдьыктаахтары кэтииллэр,

Сэлээрдэри сэҥээрэллэр,

Содурдары сөбүлүүллэр,

Халыаннары хайгыыллар,

Холкулары хоһулууллар,

Көрсүөлэри көрбөттөр,

Бэрээдэктээҕи бэркиһииллэр,

Туолкалааҕы тумналлар

Культуралаахтан куоталлар,

Дьаһаллаахтан дьаахханаллар,

Быстахтык быһыыланаллар,

Күннээҕинэн көлдьүргүүллэр,

Сарсыҥҥынан саатыыллар,

Бүгүҥҥүнэн бүтэллэр,

Ыйдааҕынан ыксалаһаллар,

Сыллааҕынан холбоһоллор,

Уһуну-киэҥи улаҕалаабаттар,

Үйэлээх тапталга

Үлүһүйбэттэр.

Уруулары ууһатарга

Умсугуйбакка,

Хааннары хаҥатарга

Хамсаммакка,

Аймахтары аатырдарга

Аралдьыйбакка,

Олохтоохтук ойохтонору

Оройдообокко,

Сиэрдээхтик эрдэнэргэ

Эрэҥкэдийбэккэ,

Оҕоҕо ончу тардыспакка

Олоруохтара үһү

Омуктардыы.

Ньургуһуммут ньуурунан,

Туйаарабыт таһаатынан,

Сардаанабыт самыытынан

Ким да саатаатын —

Илиннэр илиһиннэрдиннэр,

Арҕаалар айгыраттыннар,

Соҕуруулар состуннар,

Омуктар оонньоотуннар —

Ол барыта олох үһү!

Үгүс үйэлэр усталарыгар

Үүнэн-сайдан кэлбит

Саха омук барахсан

Бүгүн түөһүн охсунан

«Мин сахабын!» дэнэрэ

Кэрэгэй буолбут оччотугар!

Сиэрин-сигилитин сүтэрбит,

Төрдүн-ууһун түҥнэрбит,

Уратыбыт уурайбыт,

Кэнчээрибит кэхтибит,

Сарсыҥҥыбыт сарбыллыбыт,

Сахабыт самныбыт!

Ол эрээри эрэнэбин

Эр санаалаахтар Элбэхтэригэр!

Сахам сэмэй кыргыттара,

Сахам нарын ньургуһуннара,

Сахам тэтэркэй сардааналара,

Сахам ымыы чыычаахтара

Син биир баар буолуохтара!

Кэдэрги кэмэлдьилээхтэри

Кэҕиннэриэхтэрэ,

Содур суобастаахтары

Сууһартыахтара!

Удьуорбутун ууһатыахтара,

Кэскилбитин кэҥэтиэхтэрэ,

Омуктары ордурҕатыахтара,

Сахалары саргылыахтара,

Урааҥхайдары

Улуутутуохтара!

Кинилэргэ кэлиэхтэрэ

Дьиҥ саха ньургуннара

Эллэйдэр,

Омоҕойдор,

Үтүөкэн Үрүҥ Уоланнар,

Бэртээхэй Бэрт Харалар,

Мааны Манчаарылар!

Балысханнык баҕарабын

Омугум олус сайдыан,

Оҕобут оһуобай буолуон,

Олохпут доруобай буолуон,

Түөрэхпит төлкөлөнүөн,

Үөрэхпит үрдүөн,

Билиибит барҕарыан,

Кыыспыт кэрэ буолуон,

Кийииппит килбик буолуон,

Ийэбит иһирэх буолуон,

Уолбут ураты буолуон,

Күтүөппүт күүстээх буолуон,

Аҕабыт амарах буолуон,

Тапталбыт үйэлээх буолуон!

Ол иһин ис сүрэхтэн

Иэйэн туран ыҥырабын

Сирбит симэхтэрин,

Айылҕабыт аанньалларын,

Сахабыт саргыларын:

Нарын Ньургуһуннарбытын,

Кэрэ Сардааналарбытын

Харах харатыныы

Харыстыаҕыҥ!

Сүрэхпит чопчутунуу

Күндүркэтиэҕиҥ!

Сир-буор сирэйдээмиэҕиҥ,

Иһэхпитигэр

Илдьиритимиэҕиҥ,

Анныбытыгар

Алларытымыаҕыҥ,

Дьоһуннук тутуоҕуҥ,

Үтүө-мааны олохтуоҕуҥ!

Оттон кэрэ кыргыттарым,

Таҥнарымаҥ төрүккүтүн!

Син биир кыараҕас харахпыт,

Син биир хаптаҕай муруммут,

Син биир хотугу норуоппут,

Син биир урааҥхай Сахабыт!

Сиэрбитин сиҥнэримэҥ,

Үгэспитин үтүрүйүмэҥ,

Төрүөхпүтүн түҥнэримэҥ!

Хата, баара

Хаалбыппытын хаҥатыһыҥ,

Өйдөөбөтөхпүтүн өрүһүйүҥ,

Симэхпитин симэниҥ,

Оһуорбутун ойуулааҥ,

Таҥаспытын тупсарыҥ,

Аспытын айыҥ

Үтүөбүтүн үксэтиҥ,

Кэрэбитин кэҥэтиһиҥ,

Урааҥхайбытын улуутутуҥ,

Омукпутун туругурдуҥ!

Сиэрдээхтик олоруоҕуҥ!

 

Политика диэннэрин

Барыгылдьытар буолуохтан,

Быыбардара диэннэрин

Билэр буолуохтан

Биири мин бэркиһиибин,

Бутуллабын, булкуллабын…

Бэрт киһи диэн

Бары бүттүүн билинэн

Быыбардаан бараммыт,

Бөрүкүтүн була охсон,

Бүрүкүрээти бүрүннэрэн

Бүтэрбитинэн барарбытын.

Сатабыллаах салайааччы диэн

Сөбүлэһэн куоластаан баран,

Ситэри сириэдиппэккэ

Сирэй-харах анньан,

Сир-буор сирэйдээн

Сиҥнэрэргэ сипсиһэрбитин,

Самнарарга сананарбытын.

Тойонунан туруораат

Тойомсуйар диэн,

Туругурдар туруорсууларын

Тохтоторго тиэтэйэбит,

Үтүө үлэһит кини диэн

Үөрдэ-көтүтэ

Үөһэ үүннэрээт,

Үөҕэргэ үөрдүһэбит.

Киһи кэрэмэһэ чахчы кини диэн

Кириэһилэҕэ көтүтээт,

Кыаҕа кыра аатыран

Кыҥкыйдаабытынан барабыт,

Кэнэйдииргэ киирсэбит,

Кыыллыырга кыһарыйабыт.

Билигин баар баһылыктары

Барыларын да бахтатарга

Баҕарталыах курдукпут.

Боростуой быһаарыыбынан,

Бөрүкү соҕус дьоннор

Бүрүстүөлү былдьаһар

Быһыылара бадахтаах.

Кэтэххэ кистэнэ сылдьыбыт

Кимнээхпит күөрэйдилэр,

Улуу буолуох ханнык сулус

Умнуллан хаалбытай?!

Бары бастыҥ дьоммут

Былааска баар курдуктар…

Быстарыыттан быыһыах,

Сатарыйыыттан абырыах

Аһыныгас аанньалбыт

Киммит эмиэ ордон хаалтай?

Чэ, ол да дьону быыбардаан

Сөмүйэлиин сөпсөһөн

Иһийэ сылдьыахпытын

Тоҕо эрэ саарбахтыыбын…

Хайа хотой хорсуна

Хоруол курдук олоруон,

Хаҥылбытын сыһытыан,

Хадьардаһар хааммытын

Хаалларарга холонуон

Өйүм төрүт хотуппат…

Туох талба талаана

Тойон буолан талыллан

Туруулаһыан тобулбатым.

Мин санаабар, олохпут

Сатарыйан иһиитэ

Салайааччыттан сибээстээх диэн

Сиэрдээхтик да эттэллэр,

Улахан өттө бэйэбититтэн

Тутулуктаах ээ быһыыта.

Арай хас биир саха

Тимиртэн ыстаалы уһаарарга,

Нефтэн дьиктини айарга,

Сир Ийэтин сириэдитэргэ,

Үрдүк үүнүүнү ситиһэргэ,

Эмис эттэн эгэлгэни,

Үрүҥ астан үтүмэни

Оҥорорго дьулустун…

Дьоппуон курдук хас киһибит

Туһата да суохтан

Туһалааҕы таһаардын,

Буоһата да суохтан

Боччумнааҕы оҥордун,

Кыһыл тылынан кыырбакка,

Кураанах куолунан кынаттаммакка

Күнүн ахсын эрдэлээн,

Күннүүн сырса үлэлээн,

Тиэргэнин толору

Хаһаайыстыбаны хаҥатар

Хаһаастаах буоллун…

Бэлэми эрэ мэтиргэтэн,

Баары эрэ бараан,

Аҕалбыты эрэ аһаан,

Булбуту эрэ бүтэрэн,

Таспыты эрэ тардыалаһан

Сайдыбаппыт чуолкай.

Үөрэхтээх үтүөтэ

Бэрт буоллун эрэ

Бэлиэтии көрөбүт,

Чобуоххайа түстүн эрэ

Чапчыйбытынан барабыт,

Куоһаран көрдүн эрэ

Куорҕаллаан барыахпыт,

Сабырыйарга сананнын эрэ

Сааммытынан барыахпыт,

Биир бастыҥы кэнийэн

Бүрүстүөлүттэн тохтотоот,

Атын чулууга түһүөхпүт.

Ол курдук иһэхпитинэн

Имиритэ үктээн

Үтүө дьоммут барахсаттар

Үксүүллэрин оннугар

Көҕүрүү тураллар,

Элбииллэрин оннугар

Эрбэнэн бараналлар,

Үөскүүллэрин оннугар

Үрэллэн иһэллэр.

Саха саханы самнарар,

Урааҥхай урааҥхайы умсарар,

Тахсаары гыммыты

Таҥнары тардабыт,

Үүнээри гыммыты

Үлэтитгэн үүрэбит,

Үрдээри гыннаҕына

Үөҕэргэ үөрдүһэбит,

Кыахтааҕы кыһарыйабыт

Сатабыллааҕы сарбыйабыт,

Кимиилээҕи кэһэтэбит,

Булугаһы бопсобут,

Кэрийэрин кээмэйдиибит,

Эргинэрин эккирэтэбит.

Дьэ ити иһин

Бэрт мэйиилээхтэр бэрдийэллэр,

Өйдөөхтөр өһүллэллэр,

Уһулуччулар уосталлар,

Тахсыбыттар таҥнасталлар…

Үтүө суолтан үгүстэр

Үтүргэҥҥэ түбэһэллэр,

Иһээччигэ уларыйаллар,

Кэрэдэххэ кубулуйаллар…

Ол кэмҥэ ыаллара

Ырааҕынан ыырданар,

Тапталлаах табаарыһа

Тумнарга турунар.

«Киэбирэрэ-киэптиирэ

Холоон буолбут!» — диэн

Хоһулааччылар хойдоллор,

Кэлэйээччилэр кэҥииллэр…

Сэппит-сэлээммит ситэн,

Сириэдийэрбит оннугар

Симэлийэрбит кэлиэҕэ,

Сайдарбыт оннугар

Самнарбыт сабардыаҕа.

Бар дьонум, сэрэниҥ,

Сиэрдээхтик саҥарыҥ,

Алыс нөҥүө түһүмэҥ,

Аньыыны оҥостумаҥ!

Үлэлиэн баҕалаах үлэлээтин,

Салайыан баҕалаах салайдын,

Тахсыан баҕалаах таҕыстын,

Икки мэйиитэ тэҥинэн

Тиистин-таастын тиҥинэччи!

Салаа-салаа суолу булан

Сайдан-үүнэн истиннэр,

Хаалыыттан хостоотуннар,

Түһүүттэн таһаардыннар,

Үүтү-ааны тобуллуннар,

Үтүөҕэ тиэртиннэр,

Кыайалларынан кыһанныннар,

Билиилэрин биллэрдиннэр,

Дьоҕурдарын көрдөрдүннэр,

Кыахтарын көрүннүннэр,

Турууластыннар, тургутустуннар,

Чулуулары чуоҕуттуннар,

Бэртэри билистиннэр,

Омуктардыын ороостуннар,

Олохпутун оҥорустуннар.

Сомоҕолоһору сатыаҕынг,

Өйөһөрү өйдүөҕүҥ,

Сөҥнөһөрү сөбүлүөҕуҥ,

Тутуһары торумнуоҕуҥ!

Өстөһүмэҥ- өһүрүмэҥ,

Хасыһымаҥ-түөрүмэҥ!

Ньаҕайдаһымаҥ-ньоҕойдоһумаҥ!

Дьэ, оччоҕо тахсыахтара

Талба талааннар,

Төбөлөөх төрүөхтэр,

Күүстээх санаалаахтар,

Сытыы өйдөөхтөр,

Бэрт мэйиилээхтэр,

Саргыга сананааччылар,

Сайдыыга талаһааччылар,

Билиигэ баҕалаахтар,

Үүнүүгэ дьулуурдаахтар,

Олоххо дьаныардаахтар,

Барыга дьоҕурдаахтар!

 

Тыам сэмэй дьахтарын харыстааҥ!

 

Тыа сирин дьахтарын олоҕун

Ханнык омук олоҕор тэҥниэҥий?!

Халлаан сырдаатын кытары

Хачыр ойон тураахтыа,

Оһоҕун оттон чэйин өрөөт,

Хотонугар тэбиниэ.

Харса суох хамсанан

Үлэтин үмүрүтээт

Дьиэ дьонун аһатар

Атын түбүгэ күөрэйиэ.

Оҕолорун бэрийиэ,

Дьиэтин-уотун хомуйуо.

Бэрт тиэтэллик көрүнэн

Бар туомугар оҥостоот

Бирикээстээх үлэтигэр

Харбыалаһа туруоҕа.

Өйө-күүһэ тиийэринэн

Үлэтин бөрөһө түһээтин

Аһын-үөлүн булунар

Булумаҕар түһүөҕэ,

Килиэпкэ кимсиэҕэ,

Ырыынакка симсиэҕэ.

Харчыта халымыр буолуоҕа,

Үксүгэр халтайга хаамыаҕа,

Сүүһүнэн тыһыынча суккуллар

Сыаната суруллан туруоҕа.

Саараҥныы-сээбэҥнии сылдьыаҕа,

Харчытын суоттана сатыаҕа:

«Хамнаһа хаһан кэлиэҕэй?!

Хасааһа төһөҕө тиийиэҕэй?!»

Төбөтүн иһэ үллэҥнэс

Толкуйга тоҥ күөс туруоҕа…

Сэмэйдик кыра-кыратык

Сыыр-мыыр хомуйса түһээтин

Күнүскү аһылык бэлэмэр

Үргүлдьү түһүнэн биһиэҕэ.

Дьиэтин ис-тас үлэтин,

Оҕотун-уруутун дьаһайаат

Тиэтэллик аһата охсоотун

Тустаах үлэтин толоро

Төттөрү тэбинэ туруоҕа.

Быысталы биэрбэттик ол курдук

Күнтэн күн салҕана туруоҕа.

Хоту сир бытархан тымныыта,

Унньуктаах уһун кыһына

Уостубат эрчими уганнар

Оҕоттон оҕотун уһуйан,

Тыа сирин дьахтара иистэнэр.

Түүлээҕи түүлээххэ тутаннар

Таҥастан таҥаһы аттаран,

Оҕуруо тиһэннэр, быысыпка анньаннар

Түүннэри олорор буолаллар.

Эргэни-урбаны эргитэн,

Оһуору-мандары түһэрэн

Эгэлгэ таҥаһы тигэллэр,

Сахалыы симэнэ сатыыллар,

Туһугар туспатык киэргэнэн,

Тупсаҕай таҥаһы таҥналлар,

Ол онтон дуоһуйуу ыланнар

Эрчимник чаҕаара түһэллэр.

Ким уран тарбаҕа,

Ким ыраас сииктээҕэ,

Ким мындыр, кыраҕы буолара

Дьахтартан дьахтарга кэпсэнэр.

Дьэ онтон күүс-тирэх ыланнар

Дьэ эбии сэтэйэн тураннар

Иистэнэр дьарыкка охтоллор.

Оһоххо оттуллар хардаҕас,

Иһэр уу, суунар уу тус-туспа

Дьиэ кэргэн күннээҕи түбүгэ

Ийэнэн салаллан бараллар.

Ол кэннэ хас оҕо ахсытын

Суол-суол туспатык кыһаллыа,

Оҕото оҕотгон хаалсыбат

Таҥастаах буоларын тэрийиэ.

Үөрэҕэр күннэтэ орооһон

Сүбэлии-такайа сылдьыаҕа,

Кылааска уруокка тиийиэҕэ,

Төрөппүт мунньаҕар кыттыаҕа.

Бөһүөлэк эгэлгэ дьаһала,

Бырааһынньык, оонньуу-көр барыта

Ийэ кыттыылаах ааһыаҕа.

Улааппыт оҕото үҥкүүгэ барыаҕа —

Уһун түүн ийэтэ күүтүөҕэ.

Оҕото үөрэххэ киириэҕэ —

Ийэтэ суругун кэтиэҕэ.

Оҕото армияҕа барыаҕа —

Ахтан аҥара буолуоҕа.

Оҕото үлэтин саҕалыа —

Ийэтэ кыһалла туруоҕа.

Оҕото туспа ыал буолуоҕа —

Оҕотун оҕотун көрсүөҕэ.

Дьэ, ол курдук ийэ барахсан

Дьиэ кэргэн хас биирдии дьылҕатын

Сүрэҕэр чугастык ылынан,

Айылҕа анаабыт иэйиитин

Бүтүннүү биэриэҕэ турдаҕа.

Оттон үлэтин көрдөххө,

Эмчит идэлээх дьахтар

Эмп ханнык көрүҥэ

Хайа дойдуга баар буолтун

Көрдөөн, хасыһан үөрэтиэ.

Учуутал идэлээх дьахтар

Ханнык омукка үөрэх

Үрдүкү кэрдиискэ иһэрин

Холобур оҥостуо уруогар.

Атыыһыт араас табаары

Элбэтэр иннигэр кыһаллыа.

Асчыт эгэлгэ астары

Бэлэмниир туһугар дьулуһуо.

Иитээччи оҕобут сайдыытын

Омуктан хаалсыбат оҥорор

Мөккүөргэ күүстээхтик турунуо.

Ол курдук тыа сирин дьахтара

Куруук кырыымчык олоҕор

Бүппэт түбүк ортотугар

Букунайа сырыттаҕа…

Киэн туттан киинэҕэ көрдөрөр,

Эбэтэр сайдыыны атыннык өйдөтөр

Килиэ таас куоракка олохтоох

Хобулук үрдүгэр куһуйбут,

Килбэччи муоданан киэргэммит,

Бриллианы, көмүһү сөрөммүт,

Килэччи-халаччы оҥостон

Көччүйэр көлдьүнү көрдөөбүт,

Күүлэйдиир олоҕу сөпсөөбүт,

Эгэлгэ имэҥи көрдөрөн

Кыыллыы кыдьыкка ылларбыт,

Сүөргү дьаллыкка сүгүрүйэн,

Сүөһүлүү сосуһар дьахталлар

Улуу омуктан төрүттээх

Кубалыы кынтаспыт буоллуннар,

Сиргэнэ-сэнии көрөбүн,

Кэлэйэн киэр тэйэ туттабын,

Татымнык-тутахтык саныыбын.

Тыам сирин хоһуун дьахтарын

Бүрэтин, кыратын да иннигэр

Аҥардас сэмэйин туһугар

Ханнык да омукка тэҥнэммэт

«Сахам суобаһа», — диэн этиэм.

Ол суобаһы үйэттэн үйэҕэ

Дьиэ кэргэн иитиэхтээн аҕаалта

Уонна ол сиэрдээх сигили

Омукпун дьоһуннаах оҥоорто.

Ханнык да сайдыыга тас дьалхаан

Хотугу норуоппар кэлбэтин,

Суобаспыт ырааһа салҕанан

Үйэттэн үйэҕэ барыахтын!

Харыстааҥ, бар дьонум, харыстааҥ,

Тыам сэмэй дьахтарын харыстааҥ!

Оччоҕо суобаскын харыстыаҥ,

Оччоҕо омуккун харыстыаҥ!

 

Чэбдик олох чэчирээтин!

 

Абалаах да ас,

Арыгы ас

Арахпакка

Алаҕыйда…

Айыкка да, айыкка!

Адьарай aha

Абылаан

Айахтааҕы

Аймаата,

Алдьархай

Ааҥнаата!

Үөрбүт-көппүт

Үтүө дьүөгэ,

Өттүк оонньуур

Үрдүк хобулук,

Эмиий көстөр

Аһаҕас уолук,

Быһыы ылар

Тыыраҕас дьууппа,

Бар туома

Хахха таҥас…

Хап-сабар

Хабылыктанна,

Бэтиэхэтэ батарбата,

Биибэни биһирээтэ,

Кыраадыһа кыра дии-дии

Кыймаҕалаан олордо…

Үрүт-үөһэ түһэрдэ,

Үөрдэ-көттө,

Өрүкүйдэ!

Кэпсээнэ кэҥээтэ,

Үҥкүүтэ үксээтэ,

Синигэр түстэ,

Сигарета сулуйда,

Испиискэ ирдэстэ,

Илэмэ-салама

Иилистэ,

Ирим-дьирим,

Иһил-таһыл

Илгиһиннэ,

Табахтаан таймаарыйда,

Таҥкыр-түҥкүр

Тарбачыста,

Тапталга таласта,

Тулатын одууласта,

Тоҥ күөс

Төйөн турда,

Туймаарыйда,

Буоккаҕа булкуста,

Буукса буорайда,

Бас-баттах барда,

Бадыа-бүдүө,

Бадыкы-бүдүкү

Боруҥнатта,

Балымах балыс,

Бардам быһыы,

Барбах хотун

Буола түстэ.

Бөрүкү көстүү

Бүрүүкээтэ,

Холус сыһыан,

Хойгур тыл

Хойдон турда,

Хадьар майгы,

Хаҕыс сигили,

Хаарбах кыыс

Хайыы-үйэ

Холуочуйан

Ханалдьыйда,

Хонолдьуйда,

Хоодуокка

Хорус гынна,

Хоонньоһорго

Хоруй күүттэ!

«Хараабырай»

Харбаһыста,

Халбас харата

Хобдох олох,

Халтай хармаан,

Харах уута

Хайы-сах

Ханыыласта!

Эр бэрдэ

Эр киһибит

«Эдьиэй!» — дии-дии

Эҕэлэстээтэ,

Эҕий-доҕуй,

Элэй-балай

Эрдиннэ,

Элэ-сала

Эккэлээтэ…

«Килиэппэр

Кыра тиийбэт…» —

Салҕа буолбут

Ытыһын

Ыы муннубар

Тирээтэ,

Ньимис-кумус

Тутунна,

Аһаабатаҕа

Ырааппыт —

«Адьас ким да

Аһыммат…»,

Арыгытын сыта

Аҕынньы холлуох

Аҥылыс гынна,

Уу-хаар баста,

Килбэр-халбар

Көрдө…

Тэйиччи доҕотторо

Тоҕуоруһан тураллар,

Тугу дук гынаргын

Кыраҕытык кэтииллэр…

Кэргэнэ кэлэйбит,

Оҕото тумнубут,

Уйата үрэллибит,

Үлэттэн үүрүллүбүт,

Олоҕо огдолуйбут,

Өйө өһүллүбүт,

Такыр сүһүөх,

Тыҥа сирэй,

Толлой уос,

Кир-хах,

Тутах майгы,

Туора сигили,

Толоос быһыы,

Төттөрү сүргүөх

Киһи да киһи

Киппэллэн турдаҕа!

Дьабах сирэй,

Дьалбаа быһыы,

Дьаат aha

Дьаабылаабыт Дьахтара…

Дьалкыс-илкис,

Дьарамай сото,

Дьөгдьөй көҕүс,

Дьохсоот майгы,

Дьирээ сигили,

Дьоруо сырыы,

Дьөлөҕөс ытыс,

Дьулаан быһыы,

Дьалхаан дьиэ,

Дьүдьэх оҕо,

Дьэбир кэргэн,

Дьэбэрэ олох,

Дьүһүн да бодо,

Дьэ, дьаабы!

Эбии-сабыы

Эрбит эмиэ

Эрэй киһи!

Элэй-мэлэй

Эрдинэн,

Экчэй ис,

Этирик түөс,

Эмэх сирэй,

Этин-сиинин

Эмсэхтэтэн,

Эргэ-урба

Таҥас-сап,

Ирим-дьирим

Өй-санаа,

Итирии-кутуруу,

Ииримтийии,

Үрүҥ күнэ

Өлбөөдүйбүт,

Өлөн түһүөх

Өкөҥнөөбүт,

Баһын иһэ барыта

Буокка эрэ буулаабыт,

Арыгы эрэ

Айдааннаммыт,

Эмэҕирбит эрчим,

Эстибит эбээһинэс,

Кыыһырсыыта

Кырыктаммыт,

Охсуһуута

Олустаммыт,

Одом-додом

Ойхоот-мойхоот

Эрдинэн

Эр да эр!

Оо, дьэ,

Арыгы ас,

Адьарай ас,

Алдьархай ас,

Айыы дьонуттан

Антах тур!

Аһаамаҥ,

Арбаамаҥ,

Арыгыны

Хайҕаамаҥ!

Уол оҕо

Огдолуйда,

Кыыс оҕо

Кэҕиннэ!

Түксү, сөп буолуо,

Саргыбытын салайар

Сайдам санаа

Сайыннын!

Чөл олох,

Чэбдик олох,

Чэбэр сигили

Чэлгийдин!

Улуу буол,

Урааҥхай!

Уохтаах утах,

Уурай,

Кырыктаах утах,

Кыйдан!

Үрүүмкэ үөрүүтүн,

Көрүнньүк көстүүтүн

Үрдүктүк тутар

Үлүгэрин үтүрүйүҥ,

Үтүөнү үксэтиҥ,

Кэскили кэҥэтиҥ!

 

Туйаарыскай К., Остуоруйалар. Кэпсээннэр. Хоһооннор. Сатира. Тылбаас. [орто саастаах оскуола оҕолоругар] — 2008 (Саха суруйааччылара оҕолорго) – 58-59 с.

 

***

Тоҥолоҕум,

Харым уҥуоҕа,

Бэгэччэгим,

Илиим көхсө,

Ытысчааным,

Тарбахтарым,

Ылгын чыҥыйам,

Аата суоҕум, ортокум,

Сөмүйэм,

Тойон эрбэҕим,

Тынырахтарым,

Итилэри бары,

Бүүс-бүтүннүү

Бүлгүммүттэн саҕалаан,

Көрүҥ бу,

Илии дэнэр.

Уҥа дэнэр,

Аһаабатым —

Хаҥаһым.

Уллуҥ уҥуоҕа

Ол эбэтэр

Миэхэ буулум.

Тобук,

Такым,

Сотом уҥуоҕа,

Бэрбээкэйим,

Атаҕым көхсө,

Тарбахтарым,

Уллуҥаҕым,

Тиҥилэҕим,

Итилэри бары,

Бүүс-бүтүннүү

Өттүкпүттэн

Саҕаланан,

Биилбин кытта ситимнээн,

Көрүҥ бу,

Атах дэнэр.

Урут тэбэрим

Уҥа дэнэр,

Тирэхтээҕим —

Хаҥаһым.

Сэрбэйбит,

Эрбэйбит,

Ыһыллыбыт,

Бураллыбыт —

Бу баттаҕым.

Көрбүт,

Кылабачыйбыт,

Симпит,

Симириктээбит —

Бу харахтарым.

Ырбайбыт,

Ымаҥнаабыт,

Аппаҥнаабыт,

Айдаарбыт —

Бу айаҕым.

 

Үтүө аргыс. орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар. [хоһооннор, кэпсээннэр, сэһэннэр] – 2003 – 70-72 с.

 

Балтааса

 

Пиэрэбэй начаала,

Подробнай дьыала,

Лугу-лугалаасын,

Урааныс мааныс,

Дьиэлискэй буолускай,

Сэттэ кээчирэ пэлиикэй пуос —

Килиэп анаара — нэдиэлэ буудьа,

Атыыр оҕус баһа кыйахалыыр,

At оҕус баһа аллырыыт-буллуруут.

Анаҕаһын аттаах,

Сабырҕана батастаах

Курҕа дьамаан уоллаах,

Бычылыкаан кыыстаах.

Чэп-чэгиэн дьиэлээх

Чэмэликээн эмээхсин.

Бырыы да бадараан,

Түөрт түгэн айаҕа

Дыбаа куонь пропаал —

Саам сатыы

Насыыла-насыыла приехал.

Ити дьыаланы Исправник писаал,

Күбүрүнээтэр подписаал.

Өлүөхүмэ оройуона, II Нөөрүктээйи нэһилиэгэ, М. Т. Шараборин-Кумаарап тылыттан Г. М. ВАСИЛЬЕВ суруйуута

 

Степан ТИМОФЕЕВ

* * *

Аан дойдуга

Алдьархайдаах ыарыы:

Аана суох

Анала буолуу,

Күнэ суох

Көппөйүү,

Сүрэҕэлдьээн

Суула көһүү,

Сукуна танастыы

Сукуннааһын,

Эрэһиинэ курдук

Уунаьгнааһын,

Кинигэттэн

Киэр хайыһыы,

Хаһыаттан

Халты хаамыы,

Сонунтан суос куттаныы.

Оннук бэдик

Тугу да бил бэт,

Куһаҕаны онорорго

Кубулҕаттаах,

Дьээбэни тэрийэргэ

Тэбэнэттээх.

Биллэр бэлиэтэ

«Биир»,

Тутар бэлэҕэ

Токур «икки».

Кини бэйэлээх

Таарыйбытын

Таигнары көтөр,

Түбэспитин,

Түҥнэри сүүрэр.

Аҕатын аанньа ахтыбат,

Ийэтин истиэн баҕарбат,

Убайдаах балтын

Улаханнык аахсыбат,

Итэҕэһин туһунан

Иннэ да саҕаны

Истэ соруммат,

Коллективын

Киртитээччи,

Көндөй көҕүсчээн —

Мэник мэнигийээн.

Оскуола чиэһин

Олус харыстаан,

Көрсүөтүк сылдьарбыт

Күннээҕэр күндү,

Ыраастык туттарбыт

Ыйдааҕар ыраас.

Куһаҕан куоттун,

Өһөс өрүү

Суох буоллун,

Үтүө үксээтин,

Эриэккэс элбээтин!

 

Ефимова Мария Ивановна.

Оҕо саас чабырҕахтара / Мария Ефимова ; [худож. Е.В. Дмитриева]. – Дьокуускай : Бичик, 2008. – 32с.

 

Хаар

 

Хабдьы маҥан

Хаар, хаар.

Кырса маҥан

Хаар, хаар.

Үрүмэччи маҥан

Хаар, хаар.

Үрүҥ тунах

Хаар, хаар.

Кындыа кыталык

Хаар, хаар.

Кырынаастыыр

Хаар, хаар.

Куба түүтэ

Хаар, хаар.

Куобах суорҕан

Хаар, хаар.

Көмүс көмнөх

Хаар, хаар.

Күлүмүрдэс

Хаар, хаар.

Кылбаһыйар

Хаар, хаар

Көмүрүөлээх

Хаар, хаар.

Кыычыгырас

Хаар, хаар.

Кэтэһиилээх

хаар, хаар.

Кырыа кыстык

Маҥан хаар.

 

Халы-Мааргы

Хайыһардьыт

 

Үрдүк сыыртан

Сирилис,

Хайыһардьыт

Халыһыс,

Туора-маары

Тэлээрис,

Кэдэх-идэх

Мэтэрис,

Күөрэ-лаҥкы

Күөлэһис,

Хаары ыһан

Күдээрис.

Тайах маһа

Туллаарыс,

Тиэрэ баран

Таралыс,

Халыҥ хаарга

Хараарыс,

Халлаан диэки

Хантаарыс.

 

 

Чыычаах

 

Дьуруп-дьуруп

Дьуораҥхай,

Дьирип-дьирип

Дьиэрэҥкэй,

Чыыбы-чообу

Чобуохай,

Чууп-чаап

Чуопчаанай,

Чырып-чарып

Чочуонай,

Чэмэликтэй

Чэриктэй,

Оотой-тоотой

Догдооной,

Тырып-ирип

Тыкаарай,

Туруп-тарып

Туотаанай,

Тылыбырас

Тыгыалай,

Ыбыгырас

Быыкаанай.

 

Куоска

 

Кылбар-халбар,

Ньуолбаар-ньаалбаар,

Тылбык-илбик,

Кылтах-мылтах,

Куоска-мааска

Күҥҥэ сытан

Сыламнаата.

Сырдык харах,

Сымса сырбаҥ

Сыбдырыйда,

Сытыырхайда.

Туттан-хаптан,

Бултаан-алтаан,

Тотон-ханан

Уоһун-тииһин,

Түүтүн-өҥүн

Ньалбаан-салаан

Оҥоһунна.

Ньаах-ньуух

Ньааҕынаата,

Тылбаарыйда,

Тыыллаҥнаата.

Курулук- мурулук

Курдурҕаата,

Олоҥхолоон

Куугунаата.

 

Сылгы

 

Ходьороҥ-бэдьэрэҥ,

Иэдьэрэҥ-баадьараҥ,

Хайбараҥ-байбараҥ,

Тоһугур-таһыгыр,

Лоһугур-лаһыгыр,

Хабылык-тибилик,

Кыбылык-чыбылык,

Өрөйүү-чөрөйүү,

Сиэлии-тамайыы,

Тыыныы-тыбыырыы,

Дьырылыы-кистии

Кутурук субуллуу.

Сыыдам сырыы,

Дохсун дьоруо,

Ахсым айан

Дьөһөгөй оҕото —

Сылгы-ат барахсан.

Сибиинньэ

 

Кырыа кыламан,

Кыбытыы харах,

Кылгас кутурук,

Уһун мурун,

Хоҥсуруку

Чыскыырай,

Бахсырыкы

Бырҕаанай,

Бырыы-бадараан,

Дьаардаах дьэбэрэ,

Хохтоох холоҥсо,

Холбоҕор хорууда,

Күөх көлбөх,

Халыҥ тирии,

Кэтит xaha,

Сымара сыа,

Төкүнүк-бөкүнүк

Эмис-тот сибиинньэ

Баар эбит, оҕолоор.

 

Этиҥнээх ардах

 

Лиһир-лаһыр

Лиһиргиир,

Лүҥкүр-лаҥкыр

Лүһүргүүр,

Сытыы уоту

Сырбатар,

Кыыһырбыттыы

Кымньыылыыр,

Тыалы-кууһу

Курбуулуур,

Дьону дьиэҕэ

Үүртэлиир,

Былыттары

Ууллартыыр,

Кыайан-хотон

Күлүмнүүр,

Ардах түһэн

Курулуур,

Тыаһа-ууһа

Чурулуур.

Уруй-айхал

Ардахха,

Уйгу-быйаҥ

Сайыҥҥа!

 

Кыһыл оҕо

 

Килээ-малаа

Кылаахай,

Кыҥкый-мыҥкый

Буолаахай,

Ыҥаа-оҥоо

Ытаахай,

Ый-хай

Ыһыахай,

Эбээ, эһээ

Эһээхэй,

Ийээ-аҕаа

Этээхэй,

Кыһыл оҕо

Эһээхэй.

Кыһыл оҕо

Эһээхэй.

 

Чалбах

 

Чараас-чычаас

Килиэр-халаар

Күөйэ-хаайа

Халыһыйар.

Чалыр-чулур

Чалып-чулуп

Чалым-чал бах

Чаҕылыйар.

Чылыр-чалыр

Чуочай-чаачай

Чомпой-ойбон

Чоҕулуйар.

 

Табах

 

Хойуу буруо бусхайбыт,

Аһыы сыт аҥылыйбыт,

Таҥастары тунуйбут,

Күнү-дьылы бараабыт,

Тииһи-уоһу уураабыт,

Эти-сиини кэрбээбит,

Көтөр көлдьүн абылаабыт,

Аптаах буруо өйү сууйбут.

Кыргьптаар, уолаттаар!

Дьаардаах дьааккачугаһаамыаҕыҥ,

Аргыс, атасоҥостумуоҕуҥ.

Көтөр куугэнибатыһымыаҕыҥ,

Дьаабы дьаллыкка ылларымыаҕыҥ.

 

Тыа иһэ

 

Айгыр-силик

Сол ко-хам па,

Күөгэл-нусхал

Наҕыл-наскыл,

Ибир-сибир

Чэбдик чэлгиэр,

Чыыбый-чаабый

Чычып-чачып,

Кыыгын-дыыгын

Хааҕын-дааҕын,

Сипсиэр-сапсыар

Тыкаар тыйаах.

Лиҥкир-лоҥкур

Тобугур-табыгыр,

Хачыгыр-кучугур

Сылбы-халбы.

Сылбырыс — субурус

Илим-ситим,

Улумнэс урумэччи,

Сиэдэрэй сибэкки,

Оҕуруо отон.

Барҕа баай тыабытын

Таптыаҕыҥ оҕолоор,

Аан Ийэ айылҕабытын

Харыстыаҕыҥ доҕоттоор!

 

Саха фольклора. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго. Оҥордулар: Лепчикова Л.П., Татаринова Х.К., Иванова Г.Н. – Дьокууская: 1993. – 35-43 с.

 

Тыллаах буолар чабырҕах

 

Иирбэ-таарба эриллэҕэс,

Истээн-тастаан бүгүллэҕэс,

Тоҕус төгүл тоһуттаҕас,

Токур-бокур олуллаҕас

Тыллаах буолар чабырҕах.

Чабырҕахсыт тыла сымса

Чабырҕахсыт тыла сытыы,

Чабырҕахсыт тыла ыраас,

Чабырҕахсыт тыына уһун

Буолуох тустаах, атастаар.

 

Чабырҕах

В. Еремеев

 

Сыыҥ-сыраан,

Сирэй-харах,

Дьүдэх дьүһүн —

Хатыр илии,

Тураах тарбах,

Арбаҕар баттах.

Кистээн эттэххэ

Кир-хох

Киниттэн эрэ

Арахпат ааттаах,

Хата буоллаҕа.

Сүүрүү-көтүү,

Сүгүн буолбат —

Түөскэ түһүү,

Түбэспити түҥнэрии,

Мөккүөрэ үгүс

Иирсээнэ элбэх…

Оонньуура олуона,

Оҕолору муодалааһын,

Кыраны-кыамматы

Кымаахтааһын,

Кыбыстыбакка кыһарыйыы,

Тиэхэтэ дьикти —

Тиэритэ тэбии,

Быдьардык тыллаһыы,

Барбах быһыы.

 

П. Тобуруокап

 

Оҕус саҕа буолуоҕун

Оҕо баҕа баҕарбыт,

Аҕа баҕа буойбутун

Оҕо баҕа утарбыт.

Оҕус саҕа буолаары

Оҕо баҕа үллүбүт,

Хабах саҕа буолаатын

Хаҕа хайа ыстаммыт.

 

Чыычаа туһунан чабырҕах, эбэтэр

Чыыбы-чаабы чыычаах…

 

Г. Иванова

 

Чыыбы-чаабы

Биир тумустаах,

Чыыбы-чаабы

Икки харахтаах,

Чыыбы-чаабы

Икки атахтаах,

Чыыбы-чаабы

Икки кынаттаах,

Чыыбы-чаабы

Биир кутуруктаах,

Чыыбы-чаабы

Аата чыычаах.

 

Ахсаан чабырҕах

 

Е. Местникова

 

Биир мииниллэр биэ,

Икки эмэр ньирэй,

Үс үүттээх үтүрүм,

Түөрт үчүгэй төрүөх,

Биэс миинэр миҥэ,

Алта аҥаарыма атыыр,

Сэттэ тиһэх тиҥэһэ,

Аҕыс аҕам ынах,

Тоҕус лонкур торбос,

Уон улахан оҕус.

 

Чабырҕастаах

Е. Местников

 

Окумалым,

Акымалым,

Тоҥолоҕум,

Харым унуоҕа,

Бэгэччэгим.

Илиим көхсө,

Ытысчааным.

Тарбахтарым:

Ылгын чыҥыйам,

Аата суоҕум,

Ортокум,

Сөмүйэм,

Тойон эрбэх,

Тынырахтарым:

Итилэр бары

Бүүс-бүтүннүү

Бүлгүммүттэн

Саҕаланан

Көрүн бу,

Илии дэнэр,

Уна дэнэр.

Аһаабатым —

Хаҥаһым.

 

Сылгы чабырҕаҕа

 

Г. Никулин

Иэрэҥ-дьиэрэн,

Эктэл-тэктэл,

Эрэкэ-дьэрэкэ,

Экэнэ-боконо,

Этэҕэ-тэтэҕэ,

Икиитэ-микиитэ.

Сыы папаалам,

Сыркына кымньыыта,

Үһүскэ бүрүүскэ,

Сом соло сукуната мапысыай,

Иннэҥниирэ даайым,

Чараҥныыра байдыкаан!

 

Үөн чабырҕаҕа

Г. Никулин

Атамаан-татамаан,

Ааҕый атаҕа,

Мөтөөк түөһэ,

Токолоон тумса,

Хомурдуос хоонньо,

Кымырдаҕас кыйата,

Көйүүр үөн көбүөхтэрэ.

 

Анды сымыыта

М. Наумовский

Арыылаабыт, араналаабыт

Анды сымыыта биир.

Арыылаабыт, араҥалаабыт

Анды сымыыта икки.

Арыылаабыт, араҥалаабыт

Анды сымыыта үс.

Арыылаабыт, араҥалаабыт

Анды сымыыта түөрт.

Арыылаабыт, араҥалаабыт

Анды сымыыта биэс.

Арыылаабыт, араналаабыт

Анды сымыыта алта.

 

Атах туһунан

 

Е. Местникова

Уллук уҥуоҕа,

Ол эбэтэр

Миэхэ буутум,

Тобук,

Такым,

Сотом уҥуоҕа,

Бэрбээкэйим,

Атаҕым көхсө,

Тарбахтарым,

Уллунаҕым,

Тиҥилэҕим,

Итилэр бары

Бүүс-бутүннүү,

Өттүкпүттэн саҕаланан,

Биилбин кытта

Ситимнэһэн

Көрүн бу,

Атах дэнэр.

Урут тэбэрим

Уна дэнэр.

Тирэхтээҕим —

Ханаһым.

 

Төбө

Г. Иванова

Сэрбэйбит,

Эрбэйбит,

Ыһыллыбыт, өрүллүбүт —

Бу баттаҕым.

Көрбүт,

Кылабачыйбыт,

Симпит,

Симириктээбит —

Бу харахтарым.

Ырбалдьыйбыт,

Ыманнаабыт,

Аппаҥнаабыт,

Айдаарыйбыт —

Бу айаҕым.

Сынтарыйбыт,

Субуруйбут,

Сытырҕаабыт,

Сыты билэр —

Бу муннум.

Даллайбыт,

Таллайбыт,

Чорбойбут,

Чөрөҥнөөбүт —

Бу кулгаахтарым.

Баттаҕым,

Харахтарым,

Муннум,

Кулгаахтарым

Барыта —

Төбөм буолар.

 

Ат

 

Тиис хамсатар

Дьэллик элэмэс

Уос хамсатар

Уһун улаан,

Мурун хамсатар

Мускума буулуур

Иэдэс хамсатар

Эргиэлимэ элэмэс,

Харах хамсатар

Халыам хара,

Көҕүл хамсатар

Көрдөһү көҕөччөр,

Кэтэх хамсатар

Кэлтэли кэрэ,

Сиэл хамсатар

Сикиллэ сиэр,

Арҕас хамсатар

Арылыыр аһаҕас,

Сүһүөх хамсатар

Сүрдээхэй сүүрүк,

Туйах хамсатар

Туллук тураҕас,

Бас хамсатар

Маанылаах маҥан,

Таныы хамсатар

Талыы дьаҕыл,

Унуох хамсатар

Улуу дьоруо.

 

Детсад олоҕуттан

 

Детсад да олоҕор

Одоҥ-додок очурдар

Омнуолара баалларын

Ох тыллаах чабырҕахха

Оҕуруолуу тиһэммит

Оҕолорго кэпсиибит.

Марта кыыс

Мааны майгыта

Манньытан бэрт да бэрт.

Баһыыбата бараммат,

Дорсюбото тохтообот.

Арай ийэтэ этэрин

Истибэтэх эбит,

Аҕатын сүбэтин

Ахсарбат идэлэммит.

Атаахтаан тахсар

Аанньата суох майгыламмыт,

Көрүдүөргэ күннүүр,

Көтө-көтө түһэр,

Аппыт айаҕа — үөлэс

Айдаан да айдаан,

Арамаан Хадаарап.

Итэҕэс-быһаҕас

Итинэн бүппэт,

Кэйиик тыһаҕас

Кэриигэ бүкпэт,

Куһаҕан быһыыны

Үтүө үгэс үлтү тэптин!

 

Туруйа сымыыта

П. Степанов

М. Наумовский

Туустаабыт, тумалаабыт

Туруйа сымыыта биир,

Туустаабыт, тумалаабыт

Туруйа сымыыта икки.

Туустаабыт, тумалаабыт

Туруйа сымыыта үс,

Туустаабыт, тумалаабыт

Туруйа сымыыта түврт.

Туустаабыт, тумалаабыт

Туруйа сымыыта биэс,

Туустаабыт, тумалаабыт

Туруйа сымыыта алта.

(салҕанан бара турар).

 

Чыычаах оҕото

Е. Местникова

Туораах сыыһа тутуурдаах

Тобугуруур тумустаах,

Чокуур кыым бадахтаах

Чоҕулуҥнуур харахтаах,

Тымырыйа сүүрэргэ

Тыбыгырас атахтаах,

Тырыбыныы көтөргө

Тылыбынас кынаттаах,

Чыбыгырыыр саҥалаах

Чыычаах оҕото эрэйдээх

Төкөрүйэ-тэкэрийэ,

Чөкчөрөҥнүү-чэкчэрэҥнии,

Түүтүн-тумсун оҥосто

Чөчөчөккө олордо.

 

 

 

Кыһын

Е. Местникова

Ыччыы-ычча,

Эмиэ-эмиэ

Хаар-сиик,

Тыал-куус,

Тибии-хаһыы,

Силлиэ-боллоо,

Тумаан-имээн,

Уораан-аараан,

Бадыа-будус,

Будулус-идилис.

Ыччыы-ычча,

Чэҥ-муус,

Кырыа-кыаһаан,

Үргүөр-аргыар,

Аҥас-иҥэс,

Аам-даам,

Сирэй-аһый,

Мурун эмиэ,

Илии-атах,

Бары-барыта

Абытай-табытай.

Атара сиэлии,

Торҕо бөтөрөҥ,

Буут быстар,

Тыҥа баранар,

«Хаах-хуух»,

Бирикис-ирикис,

Куучур-хаачыр,

Кыбырыс-ибирис,

Дьиэҕэ дьылыс,

һуу-уу!

 

Күһүн

Е. Местникова

Хатыҥҥа киирэн

Дьоп-дьоп,

Тииккэ киирэн

Дьоп-дьоп,

Биирдии маспыт

Тып-тап,

Тыабыт иһэ

Хоп-дьип,

Күһүн кэллэ —

Сүүр-көт,

Хомуна охсуо

Сып-сап,

Кэлээт ааһыа

Сус-сус,

Оччоҕо эмиэ

Суй-сай,

Тыабыт иһэ

Суй-сай,

Биирдии маспыт

Сулугур,

Тохтуо суоҕа

Кут-сүр.

 

Салгын түстэ

Е. Местникова

Ирим-дьирим

Биэрэс тэбэн,

Дьиэрэи ойон,

Сайа көтөн,

Курдат киирэн,

Ыраас салгын,

Дьэнтсэһийэ,

Дьэргэһийэ,

Тырымнаата,

Дьиримнээтэ,

Чаҕылыйда,

Мичилийдэ,

Дьикти буолла,

Иһилиннэ,

Кутулунна,

Туймаарытта,

Саймаарытта,

Эймэһиттэ,

Эймэлдьиттэ,

Ыҥырда,

Угуйда,

Уһуйда,

Дьүһүйдэ.

 

Былыргы чабырҕахтар

С. Зверев

I

Этэҕэ-тэтэҕэ,

Иэрэҥ-дьиэрэҥ,

Холкуй-илкий,

Кубулуҥ-дьибилиҥ,

Бадыа-бүдүө,

Балаҕан дархан,

Оонньуур баҕана,

Орулуур дохсун,

Дарҕана кээдэн,

Тардар сыарҕа,

Чуо-чуо чолбон,

Эрэгэйэ дьэргэн,

Уодаҕана дорҕон,

Хоочугур-уучугур,

Куобаҕым куттаҕа,

Моҕотойум буута,

Тииҥим тиҥилэҕэ,

Көҕүллээҕим көхсө,

Чымырын-маарын,

Оллоон буку

Лас-лас-лас.

II

Иэрэн-дьиэрэн,

Элэкээт-тэлэкээт,

Хаадьын-харгыа,

Доҕуруй дохсун,

Дорбоо удаҕан,

Аххан наарай,

Буурай-сиэрэй,

Куллур-халлыр,

Миэрэй-маарай,

Микитэ-махата,

Устунан-кэстинэн

Уранай-тэрэнэй,

Сордоҥ ойуу,

Сотото бэйбэс,

Хатыы-ситии,

Хараҕа эрилис,

Хаххан сахсас,

Эрэмээт-тэрэмээт,

Элэгэй-нэлэс,

Этэн-тыынан

Тын-тыҥ-тыҥ.

III

Кыптый буута,

Кыталык түөһэ,

Кыдама төрдө,

Кылыйа сүүрүк,

Кылар харах,

Ыаҕас ымдаан,

Чабычах алаадьы,

Кытах хоргун,

Кырбас этим,

Тымтай балыгым,

Кыпчыгыр Өлөксөй

Кыҥ-кыр түөрэх.

 

Тоҥ харыйа

М. Наумовский

Лабаалыын лабыччалыын

Ток харыйа биир,

Лабаалыын лабыччалыын

Той харыйа икки.

Лабаалыын лабыччалыын

Тон харыйа үс,

Лабаалыын лабыччалыын

Тон харыйа түөрт.

Лабаалыын лабыччалыын

Тон харыйа биэс,

Лабаалыын лабыччалыын

Тон харыйа алта.

(салҕанан бара турар).

 

Хоһуйуу чабырҕах

Г. Ребров

Ыта үрбүт,

Атын баайбыт,

Атаҕын тэбэммит,

Аанын аспыт.

Таҥаһын ыйаабыт,

Лаайкы оҥорбут,

Табааҕын тарпыт,

Чаайын испит,

Куһуогун сиэбит.

Кырабаакка олорбут,

Кымыһын испит,

Кырыымпанан оонньообут,

Кырыбыайканан тарааммыт.

 

Чабырҕах

 

Этиһиик Элиэнэ,

Этиһэр идэҕин

Эмтэнэн кэбис,

Эрэмньилээхтик үлэлээ,

Эйэлээхтик олор.

Хобуоччу Хобороос,

Хобулуур идэҕин,

Куһаҕан быһыыгын

Холдьоҕон кэбис,

Көхтөөхтүк үлэлээ,

Көрсүөтүк сырыт.

 

Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара/ хомуйан оҥордо И.К. Попов. – 2-с таһаарыы, уларыйыылаах. – Дьокуускай : Айар, 2021 – 97-117с.

 

ЧАБЫРҔАХТАР

Чабырҕах — саха норуотун тылынан айымньытып биир саамай сытыы, көрдөөх-нардаах, сатирическай көрүҥэ. Олоххо баар быһыыны-майгыны, итэҕэһи- быһаҕаһы, куһаҕан көлдьүн майгыны-сигилини, олох, үлэ күлүк өттүн уус-уран бэргэн тылынан хоһуйар. Хас биирдии чабырҕах бэйэтэ туспа кэпсиир, хоһуйар ис хоһоонноох, тиэмэлээх.

Тас киэбинэн хоһооҥҥо маарынныыр, дохсун сүүрүктээх үрэх курдук, субуруччу түргэнник, лыбыгы- раччы этэн толоруллар, быыһыгар ырыалаах, киһини үөрдэр-көтүтэр, абардар-саатырдар, өрө көтөҕөр.

Оҕолорго аналлаах чабырҕахтар кинилэр тылла- рын-өстөрүн имитэр, сайыннарар, билэр-көрөр баҕала- рын көбүтэр, бэргэн этэр санаата, субу хараххар көстөр гына ойуулааһына, көрө-көрүдьүөһэ, күллэрэрэ-үөр- дэрэ, сытыы тыллара улахан интэриэһи тардар.

 

Эргэ уонна саҥа

 

1

 

Күлүм аллай,

Мичик тыргый!

Күндү сэгэр,

Көрдө истиий,

Кэчигир тиис

Кэпсээннэрин,

Обуйук уос остуоруйатын,

Далла кулгаах

Сэгэлдьийэн,

Кыраҕы харах

Чыпчыҥнатан,

Дьандыр-индир

Чабырҕахпын

Истэ-көрө сэргэхтээн.

Көппөт көтөр,

Сүүрбэт-сүүрэр үйэтэ,

Олох устар,

Киһи сайдар,

Майгы тупсар,

Сигили көнөр.

 

2

 

Кэччэгэй Кэтириис,

Ымсыы Ылдьаа,

Албын Алааппыйа,

Хобуоччу Хобороос,

Күнүүһүт Көстөкүүн,

Ыстырыыс Ылдьаа,

Уоруйах Огдооччуйа,

Омуннаах Омуос,

Сэлээр дьэллик

Сэбирдэх Дьэбдьиэй,

Иирбит куртах,

Иһээччи Испирдиэн,

Кураанах саппыйа,

Хаартыһыт Хаппытыан,

Өһүргэс Өрүүнэ,

Киһиргэс Кирилэ,

Уордаах Уйбаан,

Хабыаччы Харытыан,

Быдьар Былатыан,

Бардам Баһылай,

Түүлээх Түмэппий,

Биттээх Миитэрэй,

Өмүрэх Өрүүнэ,

Мэнэрик Биэрэ Быыра быһыннылар,

Этириэс эһиннилэр.

 

3

 

Билигин:

Өйдөөх Өлөксөөс,

Мэйиилээх Мэхээс,

Нарын Настаа,

Талба Татыйаана,

Аламаҕай Алааппыйа,

Суруксут Ньукулай,

Ырыа Ыстапаан,

Үҥкүүһүт Өрүүнэ,

Хоһоонньут Хонооһой,

Хоһуун Хобороос,

Былаанньыт Былатыан,

Тракторист Тамара,

Хамбайньыар Хабырыыс,

Суотчут Суоппуйа,

Учуутал Уйбаан,

Биһиэнэ буоллулар

Бастыҥ дьоннорбут.

 

                                  К.Г. Сергеев.

                    Н.Т. Степанов суруйуута

 

Күөх Көппө

 

Баата мэйии,

Матаар уҥуох

Күөх Көппө,

Күтүр өстөөх,

Киэҥҥэ киирбэт,

Кыараҕаска кыбыллыбат,

Этиигэ истибэт,

Саҥаҕа саантаабат,

Үөрэҕи өйдөөбөт,

Үөрүүгэ уолуйбат,

Кэлиини кэлгийэр,

Барыыны баайар,

Тахсар үлэни баттыыр,

Кэлэр кэскили кэлгийэр,

Үлэ суолун мэһэйдиир,

Үлэ төрдүн бүөлүүр,

Туһалааҕы дуомнаабат,

Наадалааҕы дьаһайбат,

Көргө эрэ баҕалаах,

Күлэр эрэ дьарыктаах,

Сэлээр-мэлээр майгылаах,

Сыыллар сыылба сырыылаах.

 

Сарсыарда аайы

Айакканан дьарыктанар,

Киэһэ ахсын

Сэллик өлүүнэн сэһэннэнэр,

Харах ыарыһах буолан,

Хаста-сотто сылдьар,

Үөс ыарыһах буолан,

Өкчөччү туттан дьүһүлэнэр.

Буорту буолбут мутукча,

Ситэн үүммэт сибэкки

Орон аайы сытар,

Улук буолан нуоҕайар.

Ааранан араатар,

Бэтэрээнэн бэлэс,

Кыайбыттыы кыҥынайар,

Хоппуттуу чубугуруур,

Үлэлээбит курдук дьүһүлэнэр,

Дьаһайбыт курдук дьаабыланар,

Сиикэйинэн сиэлэр,

Аатыгар аалаҥныыр,

Аҕылаһа атыыһыт,

Мэҥилэһэ бэргэһэ,

Дуомугар уруучука,

Аатыгар харандаас,

Сай кыраабыл,

Солко хотуур,

Ааратааҥы атырдьах,

Айыы саҥнаах Күөх Көппө.

 

                                       С. Зверев.

                 Г.М. Васильев суруйуута

 

Үлэҕэ ыҥырыы

 

Хаҥсыатыы харсыаты

Харлаампый Молоочуок,

Хаарыаннаах бэйэлээх

Хаҥалас былчыҥнаах

Киһи аймах кэскилэ,

Дьон аймах тускула.

Үллүбүт элбэх үп,

Баллыбыт баһаам баай,

Туу маһын киспэтэ

Тулаайах буолааччы,

Киһи иһин киспэтэ

Килиэп диэн үүнээччи.

Үөрэниэҥ да аһыаҥ!

Үлэттэн куотума,

Үгэҕи булума,

Бэскигин тараанан,

Бэлэми булбаккын,

Күүлэйи батыһан,

Күн көрүн көрбөккүн.

Кыһыл уол кытаныас,

Туҥуй уол тутаныас,

Тур, барыах үлэлиэх,

Туһалаан абырыах…

 

                           С.И. Лыткина

 

Муода

 

Муода диэни

Истиэ эрэ кэрэх,

Иннигин ылыа,

Этитиэн эрэ кэрэх

Эпсэри кууһуо,

Булунуу муҥнуо,

Сэҥээрии элбиэ,

Ымсыырыы ыраатыа,

Ылларыы ыксатыа,

Түүнүн түбүлээн

Түүлгэр киирэн,

Күнүһүн хаадьылаан

Хараххар көстөн,

Эрийсэн эккэлээн

Эҥэриҥ элэйиэ,

Тилэри тиэстэн

Тилэҕиҥ тэстиэ,

Буларгын кытта

Моһуона уларыйан,

Сүпсүлгэн саҕана

Сезона ааһан,

Мэнийии кэмигэр

Бэрдэ мэлийэн,

Суудайыы түгэнигэр

Суолтата сүтэн,

Саҥаҕа сананнаран

Атыҥҥа аралдьытыа,

Көлдьүҥҥэ көҕүтэн,

Көҥдөйгө туттаран,

Уоту кыбыннаран,

Халахайга харбатан,

Солкуобайы суйдуур,

Хармааны хастыыр,

Кырдьыга даҕаны

Кыраһыабайга кыттыһар,

Бастыҥҥа бараалаһар,

Наһааҕа тардыһар,

Үтүөҕэ үөрдүһэр

Эгэлгэ элбэх

Хаадьы халыҥ,

Тииһик дэлэй,

Моһуок буолунай,

Ол барыта —

Муодаҕа мускуттаран,

Ол барыта —

Кырааскаҕа кыаттаран,

Ол барыта —

Албыҥҥа аралдьыйан.

 

                            Е. Местникова

 

Ханнык тылларый?

 

1

 

X букваттан саҕалыаҥ —

Халлаан үөһэнэн

Халыҥ үөрүнэн

Халлыгыраһан ааһыа.

Г-ны бастатыаҥ —

Тылыҥ уларыйыа,

Өрүскэ, хайаҕа

Өрөһөлөнө сытыа.

Б-ны бастатыаҥ —

Балыыһаҕа барыаҥ,

С-тан саҥарыаҥ —

Ыраас күөххэ хаамыаҥ!

(Хаас, таас, баас, саас)

 

2

 

Кинини А-ҕа эптэххинэ,

О-ҕо эппиккин сиэҕэ,

Оттон Ы-га эптэххинэ,

Э-ҕэ эппиккин сиэҕэ!

(Ат-от, ыт-эт)

 

3

 

Бүтүннүүтүн ааҕыаҥ —

Үөрүөҥ-көтүөҥ, ыллыаҥ,

Биир букваны быраҕыаҥ —

Иһигэр сытыаҥ, сынньаныаҥ,

Иккини ылан кэбиһиэҥ,

Искэҕи, өлү сиэҥ,

Үһү, баҕар, көҕүрэтиэҥ —

Үйэлээх сааскар иһиэҥ!

(Хотуу, отуу, туу, уу)

 

* * *

 

Көнөтүк аах —

Күн күлэ тахсыыта

Күлүмнүү сытыа.

Төттөрү аах —

Түҥкэтэх тыаҕа

Түбэһэн ааһыа!

(Сиик, киис)

 

Өскө наһаа баҕарыаҥ

 

Өскө наһаа баҕарыаҥ,

Наһаа күүскэ кыһаныаҥ —

Баҕарбыккын толоруоҥ,

Санаабыккын оҥоруоҥ!

Өскө наһаа баҕарыаҥ —

Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ,

Сулустарга айанныаҥ,

Муоралары унуордуоҥ.

Өскө олус кыһаныаҥ —

Барыны-бары сатыаҥ,

Борокуоту салайыаҥ,

Тракторы урууллуоҥ.

Өскө наһаа баҕарыаҥ,

Наһаа күүскэ кыһаныаҥ —

Өйдөөхтөн өйдөөх буолуоҥ,

Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ!

 

                                     П. Тобуруокап

 

«Баай» оҕо

 

Сиидэркин түөһүгэр,

Сэттэ-аҕыс сиэбигэр,

Бартыбыал иһигэр

«Баай» диэн үлүгэр:

Токуйбут тоһоҕо,

«Токууккай» тобоҕо,

Туус тууйас оҕото

Туой оҕус сотото,

Дьэбиннээх ылтаһын,

Тиит мастан хаптаһын,

Кэнсиэрбэ бааҥката,

Хоруопка хаппаҕа,

Алдьаммыт бытыылка —

Араас уон балыыҥка!

Сиэптэрин айаҕа

Сиритэ барбыттар,

Бартыбыал муннуга

Тэһиттэн хаалбыттар,

Баайдара, маллара —

Барыта быкпыттар!

Тэтэрээт, кинигэ

Сордоммут киһитэ:

Үс хонук иннинэ

Үрэллэр «бэйэтэ».

 

                          П. Тобуруокап

 

Мэнигийээн-мэникчээн

 

Мэнигийээн-мэникчээн —

Михайлов Филипчээн

Оскуолаттан тахсаатын,

Олбуор аанын ааһаатын

Ойуоккалыыр, ыһыытыыр,

Оҕолору хатыйтыыр.

Ити ыты сырыста,

Илби түһэн арахта,

Ол куосканы батыста,

Уонна хаста оҕутта,

Хаатыҥката баллайда,

Хайыһардыы хантайда.

Киэһэ тиийэн кэлбитэ,

Ийэтигэр киирбитэ:

Уолуктара нэлэстэр,

Тимэхтэрэ мэлистэр.

 

                              П. Тобуруокап

 

Былыргы чабырҕахтар

 

Этэн-тыылан,

Эрийэн-мускуйан,

Эбэн-сабан,

Эҕийэн-чоҕуйан,

Нууччал аан — сахал аан

Пиэрибэй начаала,

Бодуруобунай дьыала.

Лугу-лугалаасын

Дьиэлискэй-буолускай,

Сэттэ кээчирэ,

Килиэп аҥаара,

Нэдиэлэ буудьа,

Атыыр баһа

Аллырыыт-буллуруут,

Тый баһа,

Ыллырыыт-быллырыыт,

Кыыймыт үүт

Ычырыыт-мычырыыт,

Үрүҥ ынах

Үөл-дьүөл,

Хара ынах хаадьаа

Түөрт түгэн айаҕа,

Холуобунай бэрээдис

Бырыы да бадараан,

Ырдыы ыарахан

Два конь пропал,

Саам сатыы

Насыыла приехал,

Дьыала бэдээ

Успанник писал,

Күбүрүнээтэр подписал.

Дүө-даа,

Түҥ-таҥ,

Оллур-боллур,

Эдьэҥ-хоодьоҥ,

Үҥкүүлээхтээн,

Эри-буру

Дайбаахайдаан,

Эгэй-доҕой

Ыллаамахтаан,

Холбоон-илбээн

Хоһоонноохтоон,

Аалай-чаалай

Таҥнаахыйдаан,

Киҥкир-хаҥкыр

Саҥараахыйдаан,

Элэҥ-сэлэҥ

Илдьэстээх,

Мунньан-тараан

Муруннаах,

Сүүрэн-көтөн

Сүүстээх,

Хааман-сиимэн

Харахтаах,

Сатаан-симээн сарыннаах,

Хабах бас,

Харчы сото,

Кыл күөмэй,

Кыа сыалыйа

Кыпчыгыр Ыстапаан,

Кылыыһыт Сүөдэр,

Чабычаҕынан Дьарааһын,

Мэмэһээнинэн Миитэрэй,

Холлоҕоһунан Кууһума,

Ордугун хостуон,

Эбиитин этиэн,

Даары дархан

Дабыкы доҕолоҥ.

Хоҥ-хоҥ,

Хомуту-дьимики,

Көкөтүн көкө быраан,

Муччутун луччу булаҕай,

Эриэккэһэ итинник,

Эбиитэ маннык.

Ымай ыллаа,

Күлүм күндээр,

Көрүүй-истиий,

Сытыы чаҕыл,

Оргуй-чоргуй,

Ньиргиэн-дирбиэн тыаһын

Ууһун сыбар сыһыар.

Сытыы сылбын

Кыыһын туойууй,

Уйгу дуораан

Уолун хоһуй,

Омоон-томоон,

Онон-манан,

Эримэ-дьиримэ,

Элэкэт-чэрэкэт.

Куспун-хааспын,

Хатыйа-бутуйа,

Маҥан хопто хотуой

Аатыгар алгыс,

Дуомугар тойук,

Биһирэммэт кэпсээн,

Устунан-кэстинэн,

Ураанай кэрэнэй,

Сордоҥ ойуулаах сотото

Бэйбэс хатан битийдин.

Хараҕа эриэн

Эрэсиэн-тэрэсиэн,

Бэһиэлэйгэ эрэ кэпсэл,

 

Күлүүгэ эрэ көрдөрүү,

Даралыс ханчаа,

Адаҕана бэргэн,

Ааттаах ойбон,

Аата тойук буоллунууй,

Сөмөөр иккис саап сарай,

Лөҥкүр иккис күндээрэй,

Саха баһа сабарай,

Эмньик кулун

Эмэкэт саахымат,

Биэс атах

Бэрэҕинэ-сараҕына,

Талыы талба

Онуо дэгэрэҥ,

Эһэгээ дэгдэс,

Төбөтө өрүкүс,

Хаадьы харгыс,

Доҕулдьуйа дохсун

Дорбос удаҕан,

Чуо-чуо чолбон,

Чоҕурҕана бэргэн,

Эримэх тый эмэҕэс,

Дьыраа хоҥку батыйа,

Хаппыт өттүк харыйа,

Биитэ маҥан,

Хайа, доҕоор,

Кыптыый буута,

Кыталык түөһэ,

Кыдама төрдө,

Чабычах алаадьы,

Ыаҕас ымдаан,

Уон булас от.

 

* * *

 

1

 

Этэҕэ-тэтэҕэ,

Иэрэҥ-диэрэҥ,

Холкуй-илкий,

Кубулуҥ-дьибилиҥ,

Бадыа-бүдүө,

Балаҕана дархан,

Оонньуур баҕана,

Орулуур дохсун,

Дарҕана кээдьэҥ,

Дар-дар сыарҕа,

Чуо-чуо чолбон,

Эрэгэйэ дьэргэн,

Уодаҕана доҕолоҥ,

Хоочугур-буучугур,

Куобаҕым куттаҕа,

Моҕотойум буута,

Тииҥим тиҥилэҕэ,

Көҕүллээҕим көхсө,

Чымырыы-маарыы,

Оллоон буку,

Лал-лас-лас.

 

2

 

Оҕуу чоочук,

Эгий эрилик,

Маадьаҕар Байбал,

Чуллук Чуучай,

Хаскай тэлэмээт,

Ытырар-даҕайар,

Дар-дар сыарҕа,

Дарҕана кээдьэҥ

Диэхтиибин, Диэхтэрэ!

 

3

 

Орубуй удаҕан,

Орулуу дохсун,

Илин дойдум,

Иэдьэгэй-миэдьэгэй,

Наһатыыр кэдьэрэҥ,

Мускуу-таскыы,

Суола төрдө

Тиҥ-тиҥ Буолбута,

Буолуоҕа.

 

4

 

Нэлэгэр Өлөксөй,

Хобуоччу Хобороос,

Топпотох Дороппуун,

Чолоор Кууһума,

Таанаха Былатыан,

Түргэн Ылдьаа,

Дуоҕас Баһылай,

Мэнэрик Миитээ

Диэхтэрэ, Диэхтиибин.

 

5

 

Иэрэҥ-дьиэрэҥ,

Элэкээт-тэлэкээт,

Хаадьыы харгыс,

Доҕулуй дохсун,

Дорбоо удаҕан

Аххан наарай,

Буурай-сиэрэй,

Күллүр-халлыр,

Миэрэй-маарай,

Микитэ-махата,

Устунан-кэстинэн

Уранай-тэрэнэй,

Сордоҥ ойуу,

Сотото бэйбэс,

Хатыы-битии,

Хараҕа эрилис

Хаххан сахсас,

Эрэмээт-тэрэмээт,

Эгэлэй-нэлэс,

Этэн-тыынан

Тыҥ, тыҥ, тыҥ!

 

6

 

Хаартыһыт Хабырыыс,

Баарыччыт Балбаара,

Куруускаһыт Кууһума,

Итирик Испирдиэн,

Тустуук Ньукулай,

Сүүрүк Сүөдэр,

Хапсаҕай Хабычча,

Арбаҕар аҕабыыт,

Чолоҕор лөчүөк,

Топпотох ойуун,

Туолбатах кулуба,

Кэрээхэ кинээс

Диэтилэр, Диэхтэрэ.

 

7

 

Куоҕаһым куолаҕа

Кураҕаччым моонньо,

Мэкчиргэм мэйиитэ,

Хахханым хараҕа,

Хааһым атаҕа,

Киргилим кэтэҕэ,

Тоҥсоҕойум тумса,

Оролуоһум ойуута

Этэллэр,

Этиэҕим.

 

8

 

Күлүмэним үөһэ,

Кумаарым куолаһа,

Ыҥырыам ырыата,

Тоноҕоһум тойуга,

Ньалаҕайым саҥата,

Тигээйим уйата,

Этэҕэм эриэнэ

Кэпсиэхтэрэ, Кэпсээтилэр.

 

9

 

Турулуу-тырылыы

Туран олорон,

Туойан-ыллаан,

Туора-маары,

Туолбат-топпот,

Толбон солкону,

Соххор харах,

Сордоох ойуун,

Эгили-бугулу,

Эрийэ-хатыйа,

Иҥнэри барда,

Эстэн эрэр

Эргиэнэ дьэргэл,

Эмиэ тутайа

Эргийэ дьиэрэҥкэй,

Эмньик кулун,

Эминньэх тарбыйах

 

Дэһэллэр,

Дэһэллэр!

 

10

 

Кыптыый буута,

Кыталык түөһэ,

Кыдама төрдө,

Кылыйа сүүрүк,

Кылар харах,

Ыаҕас ымдаан,

Чабычах алаадьы,

Кытах хоргуй,

Кырбас этим,

Тымтай балыгым,

Кыпчыгыр Өлөксөй,

Кыҥкыр түөрэх.

 

11

Сараҕар Маарыйа,

Саар Көстөкүүн,

Салҕылыкы бүүчээн

Саныыра Бөтүрүөп,

Уот куйаар

Бэстээх кинээһэ,

Бэтэмэтэ суруксут.

 

                         С. Зверев

 

Чабырҕах

 

(Бөлөҕүнэн ааҕыыга)

 

                                        Бары:

Чыпчаххайдаах,

Чаҕаан тыллаах

Чабырҕахсыт сааһылан,

Чабырҕаччы этиллэн,

Чан төрдүгэр дьааһыйан,

Чаҕыт, дьулат,

Чаҕылхайы, кэрэни

Чахчы хайҕаа!

                         Маҥнайгы ааҕааччы:

Киһи киибэһэ

Киһиргиибин диэн,

Кирсэ быстыбыта,

Кириэһэ килбэйбитэ,

Кэскилэ самныбыта,

Кэнчээритэ кэхтибитэ,

Күлэ көппүтэ,

Күлүгэ сүппүтэ,

Кырыыска турбута,

Кырамаҥҥа этиллибитэ,

Кырдьык кыайан

Кылбайан тахсыбыта,

Кыһыл былааҕа

Кытыаста умайбыта,

Күннээх эйэ

Көй үгүс холууба

Күн сирин үрдүнэн

Күйгүөрэ көппүтэ,

Киһи аймах күдэҕин

Кэлэр кэскилгэ түмпүтэ.

                                Бары:  

Түмэр, Түмүөҕэ!

Эйэ сэриини

Эрэниҥ көмүөҕэ!

                      Иккис ааҕааччы

Ол иһин

Охсуулаах үлэ

Олоҕу симээн,

Оһуорун ситэрэн,

Очуос курдук

Охтубат түстээн,

Олуга кэҥээн,

Оҥкула тупсан,

Оҥоруута үрдээн

Оргуйан иһэригэр

Оҕолор эмиэ

Олус кыһанабыт,

От үлэтигэр —

Охсобут, мунньабыт,

Оҕуруокка түмсэн

Оҕурсуну, моркуобу

Оҕолуу көрөбүт,

Ой-бото үүнүүнү

Оҕуурдаан ылабыт.

                                             Бары:

Ылбыппыт,

Ылабыт,

Ылыахпыт!

                                Үһүс ааҕааччы:

Ол эрэн,

Ол эрэн,

Оскуола иһигэр

Ордуос оҕолор

Олороллор,

Охсууну оҥорор

Омнуоларын билбэттэр.

Оруо маһы

Ортотунан

Оттомо суох

Оройдорунан көрөллөр:

Охоноос оҕо

Олорор остуола

«0» букванан

Ойута быһыллан

«Оһуордаммыт» буолар,

Ону эттэххэ

Отой мэлдьэһэр.

Огдуус кыыс паартата

Оргул курдук бөхтөөх,

Ол-бу ойуу

Олус да хойуу.

Ол туһунан кэпсээтэххэ,

Охсурҕалана түһэр.

О, доҕоттоор,

Олус мара,

Олус сүөргү,

Олору оҕолоор,

Ончу быктарыммакка

Оннуларыттан ылгыахха!

                                          Бары:

Ылҕаабыппыт,

Ылгыыбыт,

Ылгыахпыт!

                              Төрдүс ааҕааччы:

Ок-сиэ,

Оҕолор эрээри,

Отон саҕа эрээри

Онно-манна хоройон,

Оройон,күрэнэн

Оскуола кэннигэр,

Олбуор хаххатыгар,

Оҥостон табахтыыр,

Оборор-соппойор

Олус да куһаҕан,

Олус да түктэри.

Олоҕу кылгатыы

Омсолоох суолугар

Ол устар буруолуун

Олорсон киирээри,

Оройдоон көрбөккө

Охсуллар иэдээни

Оҕолоор, умнумаҥ,

Оҕурук алыптаах

Охторор албастаах

Ол күдэн тумаҥҥа,

О, ончу умсумаҥ,

Ооҕуйдуу илимнээх,

Оҕуурдуур идэлээх

Ол дьаакка, табахха,

О, дьукку саантаамаҥ!

                                             Бары:

Саантаамаҥ,

Саантаамаҥ,

Саргыттан матымаҥ,

Сырдыктан

Саһымаҥ!

                         Бэһис ааҕааччы:

Үлэбит биһиэнэ —

Үөрэх, үөрэх,

Үчүгэйдик үөрэнии

Үрдүк сорук,

Үгүс билии,

Үгэс курдук,

Үтүө кынат —

Үөһэ көтүтүө,

Үөрүүгэ тиэрдиэ,

Үрүҥ күн аннын

Үрүҥ илгэтин

Үксэтэр үлэ

Үтүмэн күүһүн

Үктэлин ууруо,

Үмүөрэр көҕүн

Үрдэтэ туруо.

Үчүгэй,

Үчүгэй,

Үчүгэй да буолсу!

Үөрэххэ кимиэххэ,

Үөрэҕи билиэххэ,

Үрдээн иһиэххэ —

Үүнүөххэ, үүнүөххэ!

                Бары:

Үүммүппүт,

Үүнэбит,

Үүнүөхпүт!

Үчүгэй өрүт

Үксүү турдун,

Үрүҥ санаа

Үрдээн истин,

Мара барыта

Малыйдын!

Мааны майгы

Баһыйдын,

Хара санаа

Хамылыннын,

Ханна даҕаны

Хаалбатын.

Онуоха бары

Олук охсон

Омсолортон босхолонон,

Олох уотун

Оттуоҕуҥ!!!

 

Саха фольклора : таабырын, өс хоһооно, чабырҕах, алгыс, остуоруйа, үһүйээн, номох / хомуйан оҥордо А. С. Тимофеева ; худуоһунньук Р.К. Марков  ; киирии тылы суруйда Л.С. Ефимова. – Дьокуускай : Айар, 2022. – 26-36 с.

 

 

Тыллаах буолар чабырҕах

 

Иирбэ-таарба эриллэҕэс,

Истээн-тастаан бүгүллэҕэс,

Тоҕус төгүл тоһуттаҕас,

Токур-бокур олуллаҕас

Тыллаах буолар чабырҕах.

Чабырҕахсыт тыла сымса,

Чабырҕахсыт тыла сытыы,

Чабырҕахсыт тыла ыраас,

Чабырҕахсыт тыына уһун

Буолуох тустаах, атастаар.

 

                                                    [14, 35]

 

Мэник уол туһунан чабырҕах

 

Одо киһи

Онно-манна

Олой-чолой

Оонньоохолуур

Килбиэн сандаар

Күнэ киирэн,

Киэһэ буолан,

Кини киһи

Күлүк сиргэ

Күлэр-салар,

Көҥүл баран

Көтөр, ойор,

Көтүөккэлиир,

Көрүлээхтиир,

Сырбан татай

Сылдьар сирин

Сыттаах курдук

Сыымайдаахтыыр.

«Сыыһар» диэни

Сытаан билбэт

«Сытыы» уолбут

Сыһыгырыы

Сыспарыйар.

Ханна кини

Хаадьах гынар —

Хатан-чаҕаан

Хаһыы буолар.

Оотой-тоотой

Одолору

Охсуталаан

Орулатар,

Ийэ этэр —

Иннин ылбат,

Ада буойар —

Абыраабат.

Дьүдьэх таҥас,

Дьүһүн-бодо,

Дьэбэ сирэй,

Дьэллик киһи

Дьиэгэнийэр.

 

                                                 [4, 26-27 е.]

 

Кыыс чабырҕаҕа

 

Үһүйээн

Номох

Остуоруйа

Ааман-ньааман,

Архан гиэнэ,

Хоптон гиэнэ,

Хочору-бичэри,

Көнтөс көдөнө,

Көдьүнү маҕана,

Эмэчэн-чэҥэчэн.

Эптэл-тэптэл

Бытырыыстаах быалаах,

Хаҥырастаах хамнатардаах,

Олороро оһуордаах,

Симэнэр симэхтээх,

Таҥнар таҥастаах,

Чаҕардаах,

Талбардаах талах олох мастаах,

Хаҥырҕастаах хаппахчылаах,

Сэттэ быт тириитэ бүрүөһүннээх,

Ньыха ньыхаарыскай кыыс,

Былыты быһа сүүрбүт

Бырдьа эриэн оҕустаах,

Халлааны хайа сүүрбүт

Хара саадьаҕай ынахтаах,

Сыҥ-сыҥ боросуун

Оҕонньор аҕалаах,

Күрбэй татай

Күтүөттээх

Күн хара кыыс буолабын!

 

                                                                    С.И. Боло суруйуутуттан

                                                                                          [13, 269 с.]

 

Киһиргэс киһи

 

Тахсар сардаҥаны

Доруобунан кыҥаабыт

Дьорҕоот төрүттээх,

Олох долгунугар

Олорсон ыраатарга

Оройдообут бэйэлээх;

Аан дойдуну

Арҕара анаараары

Ачыкы харахтаммыт,

Кый дойдуну

Кымаардары билээри

Кырдьык-хордьук хамсаммыт;

Биллэрик оронтон

Быкпатах эрээри,

Билиилээххэ холунар,

Дьону үтүктэн ойоҕостон

Дьоһуннана-дьоһуннана

Дуона суохха чоргуйар;

Кириитикпин дэнэн

Кирсэ быстыбыт,

Ырыаһыппын диэн

Ыыс ыспараанньалаах,

Хайҕал, аат-суол түүллээх,

Ханнык эмэ кэмнээх;

Тиритэн-тиритэн

Тирэҕэ элэйэр,

Тиэргэнин иһигэр

Тэллэҕэ тэлээрэр

Киһиргэс, көтөр-түү

Киһи баара үһү.

 

                                                      [4, 25 с.]

Билбит-көрбүт

 

(Дъүлэй Бүөкээн чабырҕаҕыттан быһа тардыы)

 

Кынаттаах кырасыабайын

Кыталыктан ордук

Кырасыабай куоластаах

Кыылы көрбөтөҕүм.

Хотоҕойдоох боһомотуттан

Кубаттан ордук

Куорсуннаах толуутун

Чопчу көрбөтөҕүм.

Тыҥырахтаах кырдьаҕаһа

Бар дьаҕылтан ордук

Баһаам улахан

Тынырахтаах көтөрү

Быыһаан көрбөтөҕүм.

Хабан ылар хаадыат

Хапсаҕай айахтаах,

Туораабыты тоҕо тардар

Торҕон бөрөттөн ордук

Дохсун ороскуоттаах кыылы

Дуол билбэппин.

Ардай аһыылаахтан,

Куһаҕан киҥнээхтэн

Хагдаҥ эһэттэн ордук

Хардааччы кыылы харахтаабатаҕым.

Кынаттаах кытыгыраһа

Кырбыйтан ордук

Кытыгырас кыылы

Кыайан билбэтэҕим.

Сиппитин сиир сигилилээх,

Туппутун тоҥсуйар удьуордаах,

Морускуойунан

Мохсоҕолтон ордук

Модун кыылы

Булан көрбөтөҕүм.

Боһомо бултан

Улуу буур тайахтан ордук

Ботуччу булду

Булан көрбөтөҕүм.

Кынаттаах кыратыттан

Өлөҥ хабдьытыттан ордук

Кыра көтөрү

Кыайан көрбөтөҕүм.

Сынтарыйбат тумустаахтан

Киргилтэн ордук

Сыппаабат тумустааҕы

Сытаан билбэппин.

Сытыы тиистээхтэн

Куобахтан ордук

Сыппаабат тиистээх

Сылайбат сыҥааҕы

Сыаналыы саныыбын.

 

 

П.Д. Кузьмин суруйуутуттан. 1939 с.

[4, 21 с.]

 

Дьиэ сүөһүтүн туһунан

 

Туйахайа,

Тобукуйа,

Бэрбээкэйэ,

Сүһүөхэйэ,

Сотокойо,

Уллуката,

Самыыкайа,

Саарыкайа,

Тоноҕоһо,

Сиэликэйэ,

Көҕүлүкэйэ,

Кулгаахайа,

Харахайа,

Муннукайа,

Тииһикэйэ,

Тылыкайа,

Куолайыга,

Сүрэхэйэ,

Сүлүүкэйэ,

Ханныкайа,

Быарыкайа,

Бүөрүкэйэ,

Кутуруга!

 

                                                                                             Г.У. Эргис суруйуутуттан [4, 17 с.]

 

 

 

 

Сирдэр-дойдулар тустарынан

 

Былыргыга да,

Билигин да

Модун оҥоһуутунан

Москуобаттан ордук

Муҥутуур куорат баарын

Өйдүөн-дьүүллээн

Истибэтэҕим.

Дьулааннаах

Уһун хонуута

Ту псу бут,

Кэнтсэмэлээх

Киэҥ хонуута

Сиппит

Алта үөстээх

Өлүөнэ өрүстэн

Ордук

Хотугу дойдуга

Улуу үрэҕи

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Кырылас кыдьымахтаах,

Кыһыл кумах кытыылаах,

Кылырыйар чысхааннаах,

Кыыппах таас кыһарҕаннаах,

Күөх тиит көмүөллээх,

Сиик туман сипсиэрдээх,

Өҥнөөх сарыы үктэллээх,

Аарыгар халҕаһалаах,

Аан туман аргыардаах

Хоту сир уһугар

Аллантан ордук

Улуу үрэҕи

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Эскэх тый

Эҕии кутуруга

Эдэрдэстээх,

Ороһу кулун

Уйуллаах

Кутуруга

Уруйдаах,

Чахчырҕалаах

Кулун

Саппайдаах

Кутуруга

Дьаралыктаах,

Баарадай

Атыыр оҕус

Лиҥкинэччи

Мөҥүрүөбүт,

Баараҕай атыыр

Барылаччы

Кистээбит

Тамалҕаннаах

Талахтаах

Таатта алаастан

Ордук алааһы

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Бороҕон улууһугар

Бүлтэччи көстүүтүнэн

Өксөкү кыыл курдук

Утарыта дьохсооттоһо

Олорор

Икки таҥара дьиэлээх

Мүрү эбэттэн ордук

Үтүө сири

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Мэҥэ улууһугар

Төгүрүччү көстүүтүнэн

Төҥүлүттэн ордук күөлү

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Чараҥнаах сиртэн эрэ

Үс көс усталаах

Мэндэҥэ чараҥын

Курдук чараҥы

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Сыһыыттан эрэ

Амма умнаһыгар баар

Саһыл Сыһыыттан

Ордук алааһы

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

Үрдүктэн эрэ

Аҕыс биэрэстэ үрдүктээх

Дьааны хайатын курдук

Таас хайа баарын

Өйдүөн-дьүүллээн

Көрбөтөҕүм.

[1, 126-128 с.]

 

Чабырҕах

 

Этиһиик Элиэнэ,

Этиһэр идэҕин

Эмтэнэн кэбис,

Эрэмньилээхтик үлэлээ,

Эйэлээхтик олор.

Хобуоччу Хобороос,

Хобулуур идэҕин,

Куһаҕан быһыыгын

Холдьоҕон кэбис,

Көхтөөхтүк үлэлээ,

Көрсүөтүк сырыт.

 

[14, 43 с.]

 

 

Былыргы чабырҕахтар

 

I

Этэҕэ-тэтэҕэ,

Иэрэҥ-дьиэрэн1,

Холкуй-илкий,

Кубулуҥ-дьибилиҥ,

Бадыа-бүдүө,

Балаҕан дархан,

Оонньуур баҕана,

Орулуур дохсун,

Дарҕана кээдэн,

Тардар сыарҕа,

Чуо-чуо чолбон,

Эрэгэйэ дьэргэн,

Уодаҕана дорҕоон,

Хоочугур-уучугур,

Куобаҕым куттаҕа,

Моҕотойум буута,

Тииҥим тиҥилэҕэ,

Көҕүллээҕим көхсө,

Чымырын-маарын,

Оллоон буку

Лас-лас-лас.

II

Иэрэҥ-дьиэрэҥ,

Элэкээт-тэлэкээт,

Хаадьын-харгыа,

Доҕуруй дохсун,

Дорбоо удаҕан,

Аххан наарай,

Буурай-сиэрэй,

Куллур-халлыр,

Миэрэй-маарай,

Микитэ-махата,

Устунан-кэстинэн

Уранай-тэрэнэй,

Сордоҥ ойуу,

Сотото бэйбэс,

Хатыы-ситии,

Хараҕа эрилис,

Хаххан сахсас,

Эрэмээт-тэрэмээт,

Элэгэй-нэлэс,

Этэн-тыынан

Тыҥ-тыҥ-тыҥ.

III

Кыптый буута,

Кыталык түөһэ,

Кыдама төрдө,

Кылыйа сүүрүк,

Кылар харах,

Ыаҕас ымдаан,

Чабычах алаадьы,

Кытах хоргун,

Кырбас этим,

Тымтай балыгым,

Кыпчыгыр Өлөксөй

Кык-кыр түөрэх.

[14, 42 е.]

 

Чабырҕах

 

(Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)

 

Тиис хамнатар

Дьэллик элэмэс,

Уос хамнатар

Уһун улаан,

Мурун хамнатар

Мускулла буулуур,

Иэдэс хамнатар

Эргиэлимэ элэмэс,

Харах хамнатар

Халыан хара,

Көҕүл хамнатар

Көндөрү көгөччөр,

Кэтэх хамнатар

Кэптэли кэрэ,

Сиэл хамнатар

Сиксиллимэ сиэр,

Арҕас хамнатар

Адырыын араҕас,

Хаппар хамнатар

Хаамыылаах хара,

Сүһүөх хамнатар

Сүрдээхэй сүүрүк,

Туйах хамнатар

Туллук тураҕас,

Бас хамнатар

Маанылаах манан,

Таныы хамнатар

Талыы дьаҕыл,

Унуох хамнатар

Улуу дьоруо!

Г.У. Эргис суруйуутуттан

[13, 271 е.]

 

Саха фольклора. Хомуруунньук Д.К. Сивцев оҥордо. (Якутский фольклор. Сборник) – Изд. 2-е. – Новосибирск: “Наука”. Сибирская издательская фирма РАН, 1996. – 267-272 с.

 

1

Мундууруйа

Солууруйа

Буһаарыйа,

Собооруйа

Хоспоруйа,

Кистээрийэ.

2

Уон ат олбуора,

Биэс ат бэлбиэрэ,

Субурута дьаарда,

Тиҥсирики кирдиэлэс,

Манчаарылааҕы баһынан,

Үөттээҕи үрдүнэн,

Талахтааҕы таһынан,

Өлөҥнөөҕү үрдүнэн,

Иирлээҕи иинэн сырыттым.

 

3

 

Үөн хоһооно

 

Абырдах-абырдах

Таатыр-таатыр,

Тахтйданна!

Кэйгэллэннэ!

Биэскэйдэннэ!

Уунаҥнаата!

Чырбаҥнаата!

 

4

 

КЫЫС ЧАБЫРҔАҔА

 

Ааман-ньааман,

Архан гиэнэ,

Хоптон гиэнэ,

Хочору-бичэри,

Көнтөс көҕөнө,

Көдьүнү маҕана,

Эмэчэн-чэҥэчэн.

Эптэл-тэптэл

Бытырыыстаах быалаах,

Хаҥырастаах хамнатардаах,

Олороро оһуордаах,

Симэнэр симэхтээх,

Таҥнар таҥастаах,

Чаҕардаах,

Талбардаах талах олох мастаах,

Хаҥырҕастаах хаппахчылаах,

Сэттэ быт тириитэ бүрүөһүннээх

Ньыха ньыхаарыскай кыыс,

Былыты быһа сүүрбүт

Бырдьа эриэн оҕустаах,

Халлааны хайа сүүрбүт

Хара саадьаҕай ынахтаах,

Сыҥ-сыҥ боросуун

Оҕонньор аҕалаах,

Күрбэй татай Күтүөттээх

Күн хара кыыс буолабын!

 

Бу түөрт чабырҕах төрдүөн С. И. Боло Муома оройцонугар сыл-

дьан суруйбутуттан, 1941 с.

С. Боло рукопиһа.

5

 

Кубулун-дьибилин,

Хоҥкул-иҥкил,

Ходьоҥ-идьэҥ

Хоһууннурда;

Иэрэҥ-дьиэрэҥ,

Эҥкил-күҥкүл

Ирдээн-суоллаан

Илбиһирдэ.

Бэрэмэдэй мээчик,

Ырыалаах ыстакаан,

Үөрүүлээх үрүүмпэ,

Мааны да барахсан

Манастыыр кириэһэ,

Маньыара арыгы,

Үтүө да барахсан,

Үрүүмпэ үөрүүлээх,

Өҕүтэр идэлээх,

Арбайбыт баттахтаах,

Алдьаммыт таҥастаах

Айдаарбыт айахтаах,

Суумаҕа сутурук

Суобастаах үтүөтэ

Соҕотох киэбирэн

Аһыырга алдьаммыт,

Иһэргэ иэдэйбит,

Утахха умсуйбут,

Өкчөйөн-бөкчөйөн

Өрүтэ тыыммахтаан

Өөх-өө-өөх диэбит.

 

Бу аҕабыты күлэр, кини дьиҥнээх дьүһүнүн хастыыр чабырҕах.

Е. Е. Лукин суруйуутуттан.

 ССРС НА ССФ рукописнай фона.

 

6

 

Кулубаны хоһуйуу

 

Бэрии-бэрии бэскэлдьин,

Хоруу-хоруу хорҕолдьун,

На-на доҕоро,

Дарахсына дьаалы,

Чуо-чуо

Чуочарыкы чолбон,

Сойуодуку дьаалы,

Сай күөлэ,

Сантаа мурун,

Сырай быһаҕаһа —

Бэс кулуба

Мыаннарыгын тыаһа

Пыырт гынан хаалла.

 

С. И. Боло суруйууларыттан.

 

7

 

Балтааса

 

Пиэрэбэй начаала,

Подробнай дьыала,

Лугу-лугалаасын,

Урааныс мааныс,

Дьиэлискэй буолускай,

Сэттэ кээчирэ пэлиикэй пуос—

Килиэп аҥаара — нэдиэлэ буудьа,

Атыыр оҕус баһа кыйахалыыр,

At оҕус баһа аллырыыт-буллуруут.

Анаҕаһын аттаах,

Сабырҕана батастаах

Курҕа дьамаан уоллаах,

Бычылыкаан кыыстаах.

Чэп-чэгиэн дьиэлээх

Чэмэликээн эмээхсин.

Бырыы да бадараан,

Түөрт түгэн айаҕа

Дыбаа куонь пропаал —

Саам сатыы

Насыыла-насыыла приехал

Ити дьыаланы Исправник писаал,

Күбүрүнээтэр подписаал.

 

Чабырҕахсыт бэйэтэ этиитинэн бу чабырҕах иһэ үгэ. Кини былыр кыра дьону суутунан эрийэн бөтүрүөп саҕанааҕы сайыҥҥы поска та- ҥараҕа тиксэрэри күлэр.

Бу чабырҕах — Өлүөхүмэ оройуона, II Нөөруктээйи нэһилиэгз, М. Т. Шараборин-Кумаарап тылыттан Г. М. Васильев суруйуута, 1941 с

Шараборин-Кумаарап. Өрөгөйбүт үрдээтин. 1943.

 

8

 

Чабырҕах

(Биир тылынан сылгыны хоһуйуу)

 

 

Тиис хамнатар

Дьэллик элэмэс,

Уос хамнатар

Уһун улаан,

Мурун хамнатар

Мускулла буулуур

Иэдэс хамнатар

Эргиэлимэ элэмэс,

Харах хамнатар

Халыан хара,

Көҕүл хамнатар

Көндөрү көгөччөр,

Кэтэх хамнатар

Кэптэли кэрэ

Сиэл хамнатар

Сиксиллимэ сиэр,

Арҕас хамнатар

Адырыын араҕас,

Хаппар хамнатар

Хаамыылаах хара,

Сүһүөх хамнатар

Сүрдээхэй сүүрүк,

Туйах хамнатар

Туллук тураҕас,

Бас хамнатар

Маанылаах маҥан,

Таныы хамнатар

Талыы дьаҕыл,

Уҥуох хамнатар

Улуу дьоруо!

 

Г. У. Эргис рукопиһа.

9

 

Чабырҕах

 

 

Кэпсээннээх уола

Кэндэги үрэҕин

Кэтэх өттүттэн

Кэрэ соноҕоһун миинэн

Кэйбэтэн кэлэн,

Кэпсээн ааста:

Хохордооноп оҕонньор

Хондьуута күөлүн

Хордорбутугар

Хоромньутугар,

Кугас кунана барбыт.

Уҥуоргу ыал

Оччооһойдоох гиэнэ

Улахан күтүөттэрэ

Омоллоон уола

Отут убаһанан

От сии кэлбит;

Уоттара бэркэ улааппыт:

Улахан саадьаҕайдарын

Охторбуттар быһыылаах,

Кытыл ыала

Кыччааһайдаах гиэнэ

Кыра күтүөттэрэ

Кыра Борускуобуйаны

Ойох ыла кэлбит;

Кытарардара бэркэ

Кытыастыбыт:

Кыра саадьаҕайдарын

Кыайбыттар быһыылаах,кыргыттаар!

Сэмэнэбис

Сэттэ уон дьыалаламмыт үһү.

Тоҕойо

Тоҕус уон дьыалаламмыт үһү.

Кыйаакынап уола

Кыаттаран эрэр үһү.

Дойду тойотторо

Тоҕойону

Тутан ылан

Чуулаанныахха диэн

Толкуйдууллар үһү.

Онуоха

Тоҕойо

Дьохсоҕонтон

Тоҕус достойуун дьону

Туоһу туруортаабыт:

Нуоннааны, Чуубурҕайы,

Ньоорулланы, Ньоппууһу,

Доҕоомону,

Чуопчааны,

Чуочааны,

Топпойу,

Ломпойууну.

Онуоха

Сиэмистибэттэн

Сэндэлиисэп сэтээтэл

Сэмэнэбиһи

Силиэбтийэлии тахсан иһэн,

Сэмэнэбис

Сэттэ биэрэстэ хаалтын кэннэ,

Сээкэйин түһэрэн кээспит үһү, сэгэрдэриэм.

Дьокуускайтан

Дьуорбаан хаһаах

Тоҕойону тутан киллэрэ тахсан иһэн,

Тоҕойо тоҕус биэрэстэ хаалтын кэннэ

Тугун эрэ түһэрэн кээспит,

Доҕотторуом…

 

Бу чабырҕахха ахтыллар дьон бары баар дьон. Сэмэнэбис, Тоҕойо, Кыйаакынап уола диэн, барыта биир киһи — Чурапчы оройуонун (Боотуруускай улууһун) ааттаах үҥсүүлээх-харсыылаах баайа. Сэндэлиисэп (Зедгенизов) диэн дьиҥ баар сэтээтэл. Оттон — Нуоннаан, Ньоорулла, Чуубурҕай, Чуопчаан, Доҕоомо, Тооппой, Ломпойуун диэн — Таатта улууһун Чөркөөк тулатын саамай муода, дьиибэ дьонноро — оонньуулаахтара, тэбэнэттээхтэрэ, сүрэҕэ суохтара, бүтэйдэрэ, кэнэннэрэ, уоруйахтара, сымыйаччылара.

 

Таатта оройуона, Октябрьскай нэһилиэгэ, В. П. Кулаковскай тылыттан Д. К. Сивцев суруйуута, 1939 с. Бу чабырҕах төрдө былыргы Таатта улууһун биллиилээх чабырҕахсыта М. Д. Мончурин

айымньыта.

 

10

 

Билбит-көрбүт

(Дьүлэй Бүөкээни чабырҕаҕа)

 

Ойон тахсар манаардаах күннээх,

Саһан тахсар саһарҕалаах ыйдаах,

Уолан бараммат дириҥ кэҥэли уулаах,

Охтон бараммат уһун дьылҕан мастаах,

Үүнэн хагдарыйбат күөх нуолур солко оттоох,

Өлөн бараммат өнөр элбэх киһилээх

Орто туруу дойдуга

Төбөбүнэн түһэн,

Уй курдук истэнЪн

Уунан харахтанан,

Оҥойор айахтанан,

Оҕо буолан

Улаатаммын,

Уһукпунан дугунан,

Ортобунан курданан,

Уолукпунан тыынан,

Төбөбүнэн мэйиилэнэн,

Иэдэспинэн истэн,

Уу дьайаан тылланан

Улааппытым устатыгар,

Тоторум туһа диэн

Тоҕус улууһу тулаан,

Аһыырым туһа диэн

Аҕыс улууһу арҕаран,

Сиирим туһа диэн

Сэттэ улууһу кэрийэн,

Биэс улууһу мэччийэн,

Түөрт улууһу төгүрүктээн

Сылдьыбытым усталаах туоратыгар

Хара харах арааһы көрөр,

Хаптаҕай кулгаах ырааҕы истэр,—

Ол куолутунан

Аччыгый сэһэн сыыстаахпын!

Аһаабыт ааттаах алаастарым

Арыы саһыл чараҥнарын

Адыылыы баттаан көрдөхпүнэ,

Үөскээбит үтүө үрэхтэрим

Өрүкүйэр түбэлэрин

Өйдөөн-дьүүллээн көрдөхпүнэ,

Мэнээк таба баттаҕын түүтүн курдук

Мэндээркэй чараҥ

Бэтэрээҥи өттүнэн

Кытыан ыккыйынан

Кыйдаран кыйан

Кыҥаан көрдөхпүнэ,

Арыы чараҥ

Дьаарбан суут

Киэҥ Тараҕанаттан ордук

Килбиэннээх үчүгэй сайылык баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм.

Уол оҕо хоһоонугар холбоспут,

Кыыс ырыатыгар кыттыспыт

Кыыс Хаҥа кырдалыттан ордук

Кылбаархай хонуу баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм.

Бөлтөркөй күөлтэн

Тойон Төҥүлүттэн ордук

Бөлтөркөй көстүүлээх Күөл баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм,

Бүтэй алаас үтүөтүттэн

Мүрүттэн ордук

Бөдөҥ алаас баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм

Силээн да сирдэннэр,

Туһулаах да тулаланнар,

Аабы да алаастаннар,

Дьүөдэлии да дьүһүннэннэр

Киэҥ Ньидьилиттэн ордук

Сэттэ көс усталаах

Улуу күөлү көрбөтөҕүм.

Аҥылыйар салгыннаах,

Өрүкүйэр долгуннаах,

Көтөр кумахтаах,

Күөх унаар урсуннаах,

Үс үллэр үөстээх

Өлүөнэ өрүстэн ордук

Өҥнөөх-тоттоох

Өрүс баарын өйдөөбөппүн.

Ой бэстээх,

Ойуу хатыҥнаах,

Килэччи-халаччы көстөр

Киэптээх, киэлилээх

Киэҥ Киллэм хотунтан ордугу көрбөтөҕүм.

Таатта хонуутуттан ордук

Талбаархай таала маҥан хонуулаах

Үрэх баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм.

Үгүс уутунан,

Үтүө балыгынан,

Үрүҥ Күөлгэ тиийэ

Үтүө күөл баарын

Өйдөөн көрбөтөҕүм.

Таҥнастыгас мастаах,

Тараҕай таас чабырҕайдаах

Болбукта ойуурдаах

Дьааҥы хайатыттан

Ордук Саха сирин хайата

Баар буолуо эбээт диэн

Өйдөөн көрбөтөҕүм.

Былыргы бириэмэҕэ

Бастыҥ куораттан

Москубаттан ордук

Баараҕай мас куорат баарын

Бадахтаан билбэтэҕим.

Халлаан ырааҕар

Көтөн көрө сылдьыбытынан,

Муора дириҥэр

Түһэн көрө сылдьыбытынан,

Орто дойдуга силгэйбитинэн

Соломуон Муударайтан ордук

Муударастаах ыраахтааҕыны

Булан көрбөтөҕүм.

Уохтуун, кылаанныын,

Күүстүүн-күдэхтиин

Сир килбэйэр кириэһэ буолбутунаи

Бүөт Бэлиикэйтэн ордук

Уохтаах, кылааннаах

Ыраахтааҕы баарын

Өйдөөн-дьүүллээн кербөтөҕүм.

Дьиэксэл бөҕөнөн эргийбит,

Хабала бөҕөнөн хаайбыт

Киһини хара хаанынан ытаппыт

Дьэкиим Ньалбарыанаптан ордук

Хараҥа батталлааҕы көрбөтөҕүм.

Ыксары ыйытыылааҕынан,

Күүстээх доппуруостааҕынан,

Киһи гиэнин

Халыҥ тириитин хайыппытынан,

Хааннаах оруосканы уурбутунан

Кэндиинскэй сэтээтэлтэн ордук

Кэрээнэ суоҕу көрбөтөҕүм.

Тута сөрүөн туран

Өлөрөн-өһөрөн барарынан

Омуочаттан ордук

Оруспуонньук баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм.

Күндү күөмэйдээхтэн,

Бэрт бэлэстээхтэн

Ырыа Чыырыкайтан ордук

Ырыаһыт киһи баар буолуо диэн,

Ситэн истибэтэҕим.

Оту охсорунан

Кунайтан ордук

Уһуллаҕас хоннохтоох

Охсооччу киһини

Өйдөөн көрбөтөҕүм.

Кытыгырас киһиттэн

Биэрэбэй Үөдэй

Өйүөбүт уола

Кылыыһыт Көстөкүүнтэн ордук

Кынаттаах кытыгырас киһи баарын

Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм.

Булгу муодатынан,

Дьикти дьиибэтинэн

Наахара нэһилиэгэ

Додор кулубаттан ордук

Муодалаах киһи баар буолуо диэн,

Булан көрбөтөҕүм.

Сүһүөхтээхтэн бүдүрүйбэтэҕинэи,

Ат бөҕөнөн аатырбытынан

Куһаҕан ыал нэһилиэгэ

Бөҕө Киппирийээнэптэн ордук

Тустуулаах киһини

Докуул көрбөтөҕүм.

Кынаттаах кырасыабайын

Кыталыктан ордук

Кырасыабай куоластаах

Кыылы көрбөтөҕүм.

Хотоҕойдоох боһомотуттан

Кубаттан ордук

Куорсуннаах толуутун

Чопчу көрбөтөҕүм.

Тыҥырахтаах кырдьаҕаһа

Бар дьаҕылтан ордук

Баһаан улахан

Тыҥырахтаах көтөрү

Быыһаан көрбөтөҕүм.

Хабан ылар хаадыат

Хапсаҕай айахтаах,

Туораабыты тоҕо тардар

Торҕон бөрөттөн ордук

Дохсун ороскуоттаах кыылы

Дуол билбэппин.

Ардай аһыылаахтан,

Куһаҕан киҥнээхтэн

Хардаҥ эһэттэн ордук

Хардааччы кыылы харахтаабатаҕым.

Кынаттаах кытыгыраһа

Кырбыйтан ордук

Кытыгырас кыылы

Кыайан билбэтэҕим.

Сиппитин сиир сигилилээх,

Туппутун тоҥсуйар удьуордаах,

Морускуойунан

Мохсоҕолтон ордук

Модун кыылы

Булан көрбөтөҕүм.

Боһомо бултан

Улуу буур тайахтан ордук

Ботуччу булду

Булан көрбөтөҕүм.

Кынаттаах кыратыттан

Өлөҥ хабдьытыттан ордук

Кыра көтөрү

Кыайан көрбөтөҕүм.

Сынтарыйбат тумустааҕы

Киргилтэн ордук

Сыппаабат тумустааҕы

Сытаан билбэппин.

Сытыы тиистээхтэн

Куобахтан ордук

Сыппаабат тиистээх

Сылайбат сыҥааҕы

Сыаналыы саныыбын.

 

Таатта оройуона, 1 Игидэй нэһилиэгэ, П. Д. Кузьмин суруйуутуттан, 1939 с.

 

Кэскил: Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго хомуруунньук / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. – 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. – Дьокуускай: Бичик, 2002. – 157-159 с.

 

ЧАБЫРҔАХТАР

 

Б. Тобуруокап

Аана

Алаадьылаары,

Арыылаан аһатаары,

Ааны

Аһаары:

-Аа!

Айака!

Аата!

Ааммьгг

Ааныттан аһыллыбат,

Абатын даа! — диэтэ

Аа-дьуо хаамта.

Эр бэрдэ

Эдэр киһи

Эрдэ турда,

Эрдии эрдэн

Күөлгэ киирдэ,

Илим үттэ.

Тураах көрдө,

Тута үөрдэ

Даадах-дуудах

Дагдаһыйда:

— Даа! Даа!

Даах! Дуух! — диэтэ.

Даллах-даллах дайбаата.

Бай! Бай!

Бабат-татат!

Бал-бал

Бахчарыыс,

Бах-бах

Баҕыргыыс

Баҕа баҕайы

Бадарааҥҥа — бырыыга

Батыллымаары

Бахчарый да бахчарый!

Бар да бар!

Чычып-чаап

Чыып-чырып

Ыччалыыр,

Чычып-чаап

Тымныыга

Аччыктыыр.

Чычып-чаап

Чуораанныы

Чырыпыыр,

Чигдини

Чүүччэйэ

Сатаахтыыр.

Ыччатгар,

Аһатыҥ

Чыычааҕы,

Чыып-чырып

Чычып-чаап

Муҥнааҕы.

 

ЧАБЫРҔАХ

 

В. Башарин

 

Сэлээр-мэлээр

Сирэй-харах,

Этэ сэлээр

Элбэх тыллаах.

Ытыа суохха

Ытаан ыгдах,

Күлүө суохха

Күлэн ымах.

Сылтах булан

Сыстаҥнас,

Суугун-айдаан

Содуомнас.

Сарай-марай,

Халтай-малтай,

Күөдэл-таһаан

Күүгэн-айдаан.

Кылбар-халбар

Көрүү, тииһии.

Күлүк сүөдэй,

Көкөт киһи.