3432
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (12 оценок, среднее: 3,75 из 5)
Загрузка...

Хаар, кыһын

АРХЫЫП АБАҔЫЫНЫСКАЙ

МАҤНАЙГЫ ХААР

 

Куобах түүтэ хаар түһэн

Нуһараҥмыт налыйда,

Боллох, хаспах бүрүллэн

Дойду ньуура туртайда.

 

Томтор сиргэ бөлөхтөөн

Томторуйа көтүөхпүт,

Түспүт хаары чөмөхтөөн

Төкүнүтэ сүүрүөхпүт.

 

Салааскаҕа тиэйсиһэн

Сосуһуохпут оонньуохпут,

Хатыыскалаан тэлээрэн

Хонуу хаарын оймуохпут.

 

АРХЫЫП АБАҔЫЫНЫСКАЙ

КЫҺЫН

 

Ахсынньынан аҥылыйан

Ааҥнаан кэллэ

КыҺыммыт,

Туманынан бурҕачыйан

Турда

Дохсун тымныыбыт.

 

Маннык

Аам-дьаам бытарҕаҥҥа

Халлаан

Намтаан барыйар.

Турба кыыма

ЫҺыахтанан

Хойуу буруо

Халыйар.

 

Мантан

Төрүт толлубакка,

Хата

Оҕо ыччаппыт

Үөрэх чааһын

Аһарбакка

Үөрэ-көтө

Айаарбыт.

 

Ахсынньынан аҥылыйан

Ааҥнаан кэллэ

Кыһыммыт,

Туманынан бурҕачыйан

Турда

Дохсун тымныыбыт.

 

 

АЛАМПА

МАҤНАЙГЫ ХААР

 

Хараҥа былыт

Халлаан кырсын

Хаххалыы халыйда,

Хардаҥ от кырыстаах

Хара буор сир

Хаспаҕыран хараарда.

Көстөр эрэ күлүгүрдэ,

Мас эрэ барыгырда.

Иһирик ойуур

Иһиллээбит курдук иһийдэ.

Онтон

Көбүөр көрдүк

Көбүрүөнньүк хаар

Көлөһүннээх сири

Көмөн күүдэмнээтэ,

Кубарыйбыт хонууга

Кураанах хаар

Кубулҕата суох кутулунна,

Хара буору

Хаарынан сапта,

Толоон ньуурун

Тонолутан тупсарда,

Сыһыы сырайыгар

Сыа хаары сыһыарда.

Күлүк сир

Күлүмүрдээн көһүннэ,

Аппа-алаас

Алаарыйа сандаарда.

Ып-ыраас,

Сып-сырдык

Көбүрүөнньүк хаар

Күн уотугар Күлүмүрдээн көһүннэ.

Сөрүүн салгын

Сүрэҕи сөрүүкэттэ,

Тымныы салгын

Тыыны уһатта.

Балаҕан иһиттэн

Маҥаас ынах

Батыччахтаан тахсан,

Маҥан хаарга баһыттаран,

Барар сирэ баранан,

Маҕыраан марылатта…

Оҕо аймах,

Ойуоххалыы оонньоон,

Оҥкутун одуулаата.

Кыраһа хаар түстэ,

Кыһыммыт кыгыһахтаата, — диэн

Кырдьаҕас өттө

Кыһалҕатын кэпсэттэ

 

 

ИННОКЕНТИЙ АРТАМОНОВ

КЫһЫҤҤЫ ХАРТЫЫНАЛАР

1

Баараҕай тииттэр, кыракый титириктэр

Саҕынньах, бэргэҺэ, үтүлүк кэппиттэр.

 

Чуумпуран иһийбит тайҕабар бу манна

Бытархан тымныыттан мутукпут тоһунна.

 

Онтон соһуйан, бадаҕа, куобах барахсан

Ойуолаан ааспыт дуу үс атахтанан?!

 

2

Харахпар көстөллөр тоҥ муус хайалар,

Оттон мин сирэйим кырыанан бытыгырар.

 

Тула өттүбэр тунал хаарым тунаарар,

Сир, халлаан бүүс- бүтүннүү маҥхайар.

 

Анысханнаах кыһыҥҥы күнүм дьыбарыгар

Киһи тыына табах буруотунуу субуллар.

 

3

Аламай күн хойуу тумаҥҥа муннаҕа дуу?

Биитэр чысхааннаах тымныыга тоҥноҕо дуу?

 

Күн барахсан күдэрик тумаҥҥа да мумматах,

Силлиэттэн, дьыбартан куттанан куоппатах.

 

Саал былаатынан тууна бааммыт киһилии,

Аан туманы силэйэ сатыырын көрдүм дии!

1961

 

ИННОКЕНТИЙ АРТАМОНОВ

САХАМ СИРИН КЫҺЫНА

 

Хаардаах Сахам сирин ыраас халлаана

Хабыалас тымныыттан аллара намтаата.

 

Мин тыыммыттан сырдыргыыр салгыным,

Тымтык уотунуу, тыһыргыы тыаһыыгын.

 

Тула өттүбэр тунал хаар эрэ сырдыыр,

Хойуу тумарык сирим үрдүн сабардыыр.

 

Тиити үрдүнэн устар кытархай күммүн

Кырыарбыт кыламаным быыһынан көрөбүн.

 

Оо, Хоту дойдум, төрөөбүт кыраайым,

Тымныынан даҕаны эн олус баайгын.

 

Алмааһыҥ, көмүһүҥ күндүтүн кэриэтэ,

Сахам сирэ, эн кыһыныҥ үчүгэй биһиэхэ.

 

Эн биһигини хорсун тулуурга иитэҕин,

Сахам сирэ, Сахам сирэ, таптыыбын эйигин.

1958

ГРИГОРИЙ ДАНИЛОВ

ХААРГА СУРУК

 

Ыраас хаарга суруллубут:

«Туругурдун доҕордоһуу!»

Ыраахтан да көстөр эбит

Томтор сир быарын курдуу.

 

Бэҕэһээ манна өрөбүлгэ

Биэс тэбис-тэҥ уолаттар,

Күрдьэх тутан, үрдүк сиргэ

Хаары күрдьэн суруйбуттар.

 

Хаары чахчы сэргэхситэн,

Харыйа тэлгэппиттэр,

Суруктарын күөҕүнэн

Ситэри симээтилэр.

 

Ааһан иһэр айанньыттар

Кэрэхсии көрүүһүктэр,

Аахпыт бары табаарыстар

Кэрэ кэпсээн гыныыһыктар.

 

СЕМЕН ДАНИЛОВ

КЫҺЫН

 

Ийэ сир хаары таҥынна,

Тоҥнулар күөллэр, өрүстэр.

Сайаҕас чэбдик салгыннаах

Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.

 

Хайыһардар, салааскалар

Халыһыйыҥ сыырдарбар:

Эһиэхэ анаан хаар түһэр,

Эһиэхэ кыһын салаллар.

 

Сурдурҕаччы субуруҥнаан,

Сыыдамнык сырсыҥ, хаҥкылар:

Эһиэхэ анаан соруйан

Өрүстэр, күөллэр тоҥнулар.

 

Ыраас хаарга, күөлгэ киирэн,

Оҕолор, оонньооҥ-көрүлээҥ:

Эһиэхэ анаан бу кэрэ

Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.

 

 

СЕМЕН ДАНИЛОВ

КЫРАҺА СУРУГА

 

Халлаан хаардаан-кыппайдаан,

Халлан сырдыы налыйда.

Харыйалар, бэсчээннэр

Хаартан арыый быкпыттар,

Саҥа хаары кэппиттэр —

Саҥыйахтаах курдуктар.

 

Кылбаа маҥан кыраһа

Кыырпаҕа суох кырсыгар

Тыынар тыыннаах барыта

Таптыырынан суруйар.

 

Харандааһа, бөрүөтэ,

Харыалаах да маһа суох —

Атах киэбэ азбука

Араас тыллаах суруга

Билээччи дьон хараҕар

Барытын кэпсии сытар.

 

Хаһан, хантан, ким кэлэн,

Ханна ааһан бу иһэн

Суруйбутун арааран

Сонордьуттар ааҕаллар.

 

СЕМЕН ДАНИЛОВ

ДЬЫЛ ОҔУҺА

 

Оҕолоор,

Тымныы байҕал

Омуннаах

Чысхааныгар

 

Хорҕойон,

Торолуйан

Баар дииллэр

Дьыл оҕуһа.

 

Ол оҕус

Дьылы кытта

Дабайан

Үөһэ ыттар.

 

Муус болгуо

Муостаах күтүр

Дойдубар

Тура күөнтүүр.

 

Тыынара —

Чысхаан, туман,

Хаамара —

Хаардаах Бураан!

 

Оччоҕо

Ийэ сирбэр

Омуннаах

Тымныы түһэр.

 

Оҕолоор!

Куттанымаҥ,

Дьиэлэргэ

Хорҕойумаҥ!

 

Айхаллааҥ

Кыстык хаары,

Уруйдааҥ

Тоҥмут күөлү!

 

Хаҥкылааҥ,

Хайыһардааҥ,

Көрүлээҥ,

Бултааҥ-алтааҥ!

 

Оччоҕо

Дьыл оҕуһа

Омуна

Уҕарыаҕа,

 

Муус муоһа

Булгуруйуо,

Бэйэтэ

Сиргэ сууллуо.

Саас кэлиэ,

Күн ылаарыа,

Хаар буолан

Ууллан хаалыа.

 

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

ХААР

 

Көрүҥ эрэ,

Туллук үөрэ

Тырыбыныы көппүтүнүү,

Кыстык хаарбыт

Көмүк хаарбыт

Үллүйбэхтиир бүтүннүү.

 

Чөкө-чөкө,

Чөҥөчөккө

Чөмөөр кэтэрдэр кини

Сааска диэри,

Сыыйа ирэри —

Кырса маҥан бэргэһэни.

 

Күнү быһа,

Түүнү быһа

Хаардаабыт барык халлаан

Былыттара

Бытананнар,

Кылбаарыйда дии халлан.

 

Кырыымпалыы

Кылыһахтыыр

Кыычыр хаардаах алааска

Халдьаайыга, Хатыыскаҕа —

Сындыыстаныый, салааскам!

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

ОҺУОР

 

Кылбаа маҥан тымныы кыһын

Кыппай кырадаһын кырыатын

Түннүк тааһыгар ойуулуу,

Түүн-күнүс оһуордуур.

 

Тыыннаах тэҥэ кыырпахтар,

Тырымнас күммүт сырдыгар

Күлүмүрдүү сыдьаайаннар,

Көмүс кыымы ыһаллар.

 

Киэһэ лаампа чаҕылыгар,

Көй-дьэргэл мөһүүрэлэр

Омуннаах остуоруйа сиригэр

Угуйа турар курдуктар.

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

КЫҺЫН

 

Кэнчээрилээх алаастарбыт,

Киҥкир хара тыаларбыт

Кылбаҥ куобах сонунан

Кылбаарыччы таҥыннылар.

 

Күн уотугар көөчүктэнэр

Көмүрүөлээх хаарбытыгар,

Кыычыгырыы ыллыыр сыарҕа

Кырыымпа кылын

сыыйда…

 

Таһырдьа буугунуу тыынна

Тохсунньу будулҕан

тымныыта.

Турар от-мас чоҥкуйда,

Тула барыта чуумпурда.

 

Тыаҕа, эдэркээн сааһыт,

Тахсан дьаарбайа сырыт:

Улуу тайҕа кэпсиэҕэ

Уһун номоҕу эйиэхэ.

 

Көтөр-сүүрэр суолун

Кыраһа быыччык суругун

Кыраҕыттан сонордуоҕуҥ,

Эн сонургуу одуулуоҕуҥ.

 

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

КЫҺЫҤҤЫ ХАРТЫЫНА

 

Көмнөх хаардаах кыһын

Кырааската бэлиэ, нарын.

Ситэн этиллибэт кэрэлэр

Сырдаан, көстөн кэлэллэр.

 

Айылҕа бэйэтэ судургу

Айар умсулҕаннаах уустугу.

Бу көстүүттэн сатаан урут

Булан оҥорбут —

уруһуйдьут.

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

Хаар балаҕан

 

Хаар маҥан бытыктаах,

Хаар маҥан баттахтаах

Оҕонньор, сиэнин имэрийэ,

Олордо кэпсии мичилийэ:

— Айылҕа бэйэтин оҕолоругар,

Араас дьикти кыылларыгар,

Кыстык хаар кыырпаҕа —

Кутаа кыыма, бадаҕа.

Сылааһынан эрэ сылаанньыйар,

Ичигэһинэн эрэ иэнигийэр

Ириэнэх хаар барахсан,

Ичигэс дьайыҥ аххан.

Халыҥ хаардаах дьыл

Сылаас буолар эрэбил.

Суостуганнаах суу бүтүннүү,

Суорҕан тэҥэ үллүктүүр.

Төгүрүк сыл устата,

Күн-дьыл уларыйыыта,

Хаары кытта ситимнээх,

Халыҥ хаартан тутулуктаах.

Хаар эмиэ суунаарынньык —

Хонон тураат, кичэллээхтик,

Көтөр-сүүрэр чэбэрдик,

Хастыы суунар ыраастык.

Күрэммит сайын күөҕэ,

Күһүммүт баай бэлэҕэ,

Көмүрүө хаар анныгар,

Хаһаас буолан сытар.

Халыҥ хаар барахсан,

Хаарыан сылаас балаҕан,

Хамсыыр-харамайы кыһынын

Харыстыыр ааҕа барыларын.

 

П.ДМИТРИЕВ- ТУУТУК

Туллук хаара

 

Туллук хаара, туллук хаара

Туллук курдук кылбаара,

Тохтообокко түһэр, түһэр

Толоону, тыаны бүрүйэр.

 

Көмүк хаарбыт толбоннурда

Күммүт сырдаан ылаарда

Чурулуур чуор куолас

Чуопчаарда чуп-чугас.

 

Туллук хаарын кытта

Туллук үөрдээн көттө.

Оҕо аймах үөрдэ-көттө,

Ас бэлэмнээн бүгүрүйдэ.

 

Сарсыардааҥҥы дьыбардары,

Киэһээҥҥи уорааннары,

Кыра кыптыый сытыы кынат

Кылыбырайан кыйдаа, кытаат!

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

Хаар ырыата

 

Кыппай хаартан,

Кылбаа хаартан,

Бары көтөр

Баһаам үөрэр.

Кынаттарын уһугунан

Кыраһаҕа суруйаллар —

Кырыа хаар туругурдун!

Кыһын өрүү буола турдун!

Тоҥуу хаарга

Дьоруолаһа быыраттаннар,

Кыстык хаарга

Кыыралдьыта ойуолааннар

Кыыллар үөрдээн,

Ыыр үктээн —

Туйахтарын чопчутунан

Дорҕоон тойук түһэрдилэр.

Ыыраахтарын быыстарынан

Ырыа тылын сахтылар.

 

П.Дмитриев- ТУУТУК

Кыппай

 

Кыппай хаар

Кыыдамнаата,

Күн уотугар

Күлүмнээтэ.

 

Хаар ньуура

Толбоннура

Дьэрэкээн

Симэхтэннэ.

 

Дьэрэлийэн,

Дьиктитийэн

Сибэккинэн

Ситэриннэ.

 

Араас өҥнөөх

Кыра кыырпах

Мөһүүрэлии

Мичээрдиир.

 

Кыым курдук

Чаҕыл сырдык

Уоттарынан

Оонньууллар.

 

Көмүс тэҥэ

Көөчүктэнэ,

Кыра кыппай,

Тула кылбай!

 

Анастасия Егорова

Кыһыҥҥы ойуур

 

Тымныы түһэн

Ойуур-алаас

Үрүҥ суорҕан үллүннэ,

Тоҥумаары

Сыгынньах мас

Маҥан сону бүрүннэ.

 

Кырса көп түү

Бэргэһэни

Оройугар уурунна,

Кырыа хаартан

Киэргэллэри

Лабаа аайы иилиннэ.

Силлиэ-буурҕа

Уһуутаатын,

Ойуур тоҥмот — таҥынна.

Тымныы күнтэн

Харыстана,

Маҥан түүгэ сууланна.

 

АНАСТАСИЯ ЕГОРОВА

Хаар киҺи

 

Хаачыр-куучур,

хаачыр-куучур

Халыҥ хаары кэҺэбин,

Хаадьаҥ-иэдьэҥ,

хаадьаҥ-иэдьэҥ

Хааман-хааман кэлэбин.

 

Төп-төкүнүк сырайдаахпын,

Бөп-бөкүнүк бэйэлээхпин,

Уһун моркуоп муннулаахпын,

Икки лабаа илиилээхпин.

 

Сибэккилээх сайыҥҥа

Хаһан даҕаны тиийбэппин,

Сылаас-итии салгыҥҥа

Сыламныыры билбэппин.

 

Хаар-хаар, хаар-хаар киһибин

Хаары олус биһириибин,

Кырыа кыһыны билэбин,

Хаар буоларбын билинэбин…

 

Ол да буоллар сайыны

Көрүөхпүн олус баҕарабын…

 

АНАСТАСИЯ ЕГОРОВА

Дьыл оройо

 

Дьыл Оҕуһа кыыһыран

Былыттары тарыйар,

Суоһурҕанан, буугунаан

Халлаан үрдүн хаарыйар.

 

Ол аайы хойуу туман

Сири-уоту бүрүйэр,

Тыыныттан силлиэ-буурҕа

Хаары өрө ытыйар.

 

Оҕус муоһа күлүмнүүр,

Тымныы, дьыбар сэтэриир,

Кырыа кыһын ортото

Дьыл оройо чугаһыыр.

 

АНАСТАСИЯ ЕГОРОВА

Кыһын

 

Хаатыҥкалаах, халыҥ сонноох

Тымныы кыһын-оҕонньор,

Хаачыгырыы хаарга хаамар,

Тоҥ олбоххо олорор.

 

Ойуур-тыаны харыстаан

Суорҕанынан үллүйэр,

Өрүстэри, күөллэри

Муус хахханан бүрүйэр.

 

Сиэнчээннэри үөрдээри

Саҥа дьылы аҕалар,

Хаардаах хара тыатыгар

Булчуттары атаарар…

 

РАИСА ВИНОКУРОВА

КЫҺЫҤҤЫ ТЫАЛ

 

Көрүүй, хаары тибэн ааспыт

Кыһыҥҥы тыалчааммыт,

Ол аата кини куобаҕы

Саһылтан быыһаабыт.

 

Оту-маһы тоҥмотун диэн

Сылаастык үллүйбүт,

Күлүмњрдүүр ньуур буоллун диэн

Алааһы көннөрбүт.

 

Куруппааскы үөрүн кытта

Чэпчэкитик дайбыт.

Ыраас сырдык хаары кытта

Үҥкүүгэ эргийбит.

 

 

 

АРИАН КОНДРАТЬЕВ

САҤА ХААР

Оо, хаар,

Саҥа хаар —

Дьэ, кырдьык,

Сып-сырдык,

Ып-ыраас.

Кэл, атаас,

Үҥкүүлүөх,

Үрүҥ хаар

Үрдүгэр.

Чэ, көтүөх,

Туллуктуу,

Кыһыммытын

Уруйдуу.

 

АРИАН КОНДРАТЬЕВ

СЫРДААТА

Оту-маһы

Оргууй бигээн,

Хаар түһэн

Намылытар.

Харах ылыах

Хара сирэ

Ханна да

Хаалбата.

Тула баар

Барыта

Дуоһуйа

Сырдаата

 

МАРИНА КЫЧКИНА — СИТИМ КУТ

Дойдубут күрүөтэ

 

Тоҥ болгуо көмүскэл бэлиэтэ —

Дойдубут тумарык бүрүөтэ.

Үрүҥ хаар бу, кини күрүөтэ,

Үүйүллэр кыһыҥҥы көстүүтэ.

 

Тохсунньу, олунньу тымныыта —

Тоҕойго тайахпыт чоҥкута.

Таас хайа хабараан өргөһө —

Чубуку сыыдамын сырсыыта.

 

Үрэхтэр бастарын сырыыта —

Торҕоннор кутталлаах ыырдара.

Өбүгэ сыдьааннаах булчуттар

Уутуйан бултуйар сирдэрэ.

 

Күн сирин мандара буоланнар,

Саарбаҕа дьахтарбыт кистэнэр.

Кылааннаах бэртэрэ аналлар,

Кыыс куоҕа, дьахтарга тиксэллэр.

 

Дьолуолаах сатабыл булчукка

Дойдубут күрүөтүн аһыаҕа,

Тумарык тумаҥҥа муммакка,

Тоҥуута толору дьоллуоҕа.

 

МАРИНА КЫЧКИНА — СИТИМ КУТ

Маҥан хаар

 

Киҥкиниир куйаарга көтүөхтүү,

Суһумнуур халлааҥҥа күп-күөх түүл.

Сырдыгын, тунаарар көп-көп түү

Маҥан хаар күлүмнээн көтүөхтүү.

 

Киэҥ дойду бэйэтин уоругун

Оҕуруо ойуулаан симэннин,

Тымныыга чиҥээбит уох буорун

Тыынынан маҥан хаар чэлгиттин.

 

Аан туман аргыарын салытан,

Күн уота тэмтэйэн эрэрэ,

Кэрэтиэн, тайҕаны сыдьаайан,

Маҥан хаар өҥүттэн бэрсэрэ.

 

Тымныйдын, оо, дьылбыт тымныйдын.

Таптыыбыт дойдубут кыһынын.

Сайыҥҥы үүнүөхтээх быйаҥын

Халыҥ хаар анныгар саһыардын.

 

 

МАРИНА КЫЧКИНА — СИТИМ КУТ

Тоҥ болгуо дойдубар

 

Муус Кудулу байҕал тымныынан

Уһуурда идэмэр чысхаанын,

Дьылҕа хаан хабараан айыыта

Хатан хаан саханы ытыйда.

 

Маҥан хаар сабыылаах дойдубут

Сойботох сүрэҕэ тиҥиргиир,

Очуос таас сымара таастара

Уорааннаах уотунан сирдиргиир.

 

Ол аата уодаһын уоруга

Уйаны-хатаны тургутар.

Кыылларын-сүөллэрин туһаайан,

Кылыыга тоҥууга тобоордор.

 

Тоһуттан тооронон барбакка,

Сахалар, тулуурдаах буолуохха,

Чысхааннаах уорааны сылытар

Сүрэхпит биһиэнэ — уот-болгуо.

 

 

МАРИНА КЫЧКИНА — СИТИМ КУТ

Кыһыҥҥы күн

 

Үүт көмүс остуолба

Үтүмэн буруобут,

Үөмэхтэс ургэлгэ

Тиийэрдии уһунна.

 

«Бу баарбын» диэбиттии

Үрүҥ күн тэмтэйдэ,

Тииттэрин тиирбиттии

Чугас тыа иһийдэ.

 

Үрэҕим туманын

Күн уота үрэйдэ,

Санааны сандаардан

Күөх халлаан күндээрдэ.

 

Күн үөрүү сырдыга

Кыһыммар мичээрдэ,

Күн күнду дойдута

Олоххо дьулуста.

 

Александр Николаев

МАҤНАЙГЫ ХААР

 

Үрдүк мэҥэ халлаантан

Үрүҥ хаардар түс да тус!

Бары дойду маппакка

Маҥан буолла биир күдьүс.

 

Хара сири ханна да

Харах көрөн булбата.

Хаарга хайыан булбакка

Хара тураах хаадьырда.

 

Сайын сыппыт салааска

Саҥа хаарга таҕыста.

Маҥан ньуурдаах алааска

Маҥнай кини суол acтa.

 

Бүгүн оҕо аймахха

Үөрүү-көтүү үксээтэ…

Хаһыы-ыһыы, атаака,

Хаартан сэрии үөскээтэ.

 

Аҕыс ыйдаах кыһыммыт

Акылаатын түһэрдэ,

Маҥан баархат сабыытын

Бары сиргэ тэлгэттэ.

 

М. ОБУТОВА-ЭВЕРСТОВА

КЫҺЫН

 

Тыынарым

буруолаах,

Тымныыкам

омуннаах:

Иэдэспин

ытырар,

Илиибин

аһытар

Ол эрэн

эйигин,

Уорааннаах

кыһыммын,

Абааһы

көрбөппүн,

Арыт син

таптыыбын.

 

МИХАИЛ ТИМОФЕЕВ

Маҥнайгы хаар

 

Бытааран кэллэ күһүммүт,

Бу бөөлүүн түспүт кыс-хаарбыт.

Көмнөҕү-хаары бүрүммүт

Күн анна күлэ кылбаарбыт!

 

Чэбдигиэн бүгүн сарсыарда,

Киэҥ халлаан, салгын ырааһыан!

Бэргэһэм, саҕам кырыарда,

Баҕарда сүрэх, дьэ, ыллыан!..

 

Үктэлбин кытта ааҕардыы

Үрүҥ хаар суолбар хаачырдыыр.

Кэнники кэлэр да киһи

Киммин суолбуттан билииһи…

 

Сыллата түһэр сырдык хаар,

Эн бааргын бүппэт буукубаар!—

Үйэлэр бары эн лиискэр

Үктэнэн ааспыт эбиттэр…

 

Чэбдигиэн бүгүн сарсыарда,

Киэҥ халлаан, салгын ырааһыан!

Бэргэһэм, саҕам кырыарда,

Баҕарда сүрэх, дьэ, ыллыан!..

 

Хойутаан айбыт хоһоонум

Кыымнаах кыраһа буолуохтун,

Олоҕум суолун омоонун

Ойуулаан ыла туруохтун!..

1958

 

МИХАИЛ ТИМОФЕЕВ

КЫҺЫН

 

Мастар хаарга батыллан

Байааттаҥныы тураллар.

Тоҥмут чаҕыл сулустар

Тохтон түһүөх курдуктар.

 

Чохоон курдук ый тахсан

Тунал дуйдуур сыа хаары,

Түүнү быһа айаннаан

Төгүрүйэр халлааны.

1958

 

СТЕПАН ТИМОФЕЕВ

Хаар түһэр

 

Оҕолордуун былыппыт

Оонньуу түһүөн баҕарбыт.

О, бастаан, ол аата

Оргууй хаарынан тамнаата.

 

Онтон кыра-кыралаан

Олоччутун туманнырда,

Бытархай хаары аҕалан

Быраҕаттыы турда.

 

Көстүбэт буолла устунан

Күүлэ, олбуор икки арда;

Тэллэх саҕа хаарынан

Тэллэҥнэтэн барда.

 

— Ыл, өссө ыспахтаа,

«Ычча!»—диэбэт дьоннорбут.

Саҕаланыа дин хата

Салаасканан оонньуурбут.

 

СТЕПАН ТИМОФЕЕВ

Быыкаайык «Дед Мороз»

 

Тымныы туманын бүрүнэн,

Тыына бургучуйа,

Оҕо дьиэлээн истэ —

Оскуола оччугуйа.

 

Бөкүнүйэ хааман иһэр

Бүтүннүү хаар киһи,

Эрбэх саҕа эбит да

Эрэт киэнэ бэрдэ.

 

Тууна бааммыт сирэйин,

Тоҥмута биллибэт,

Уулуссаны эргийэр,

Улаханнык тиэтэйбэт.

 

Былаата, бэргэһэтэ

Бытык курдук кырыарбыт,

Быйбырыйан истэ

Быыкаа «дед Морозпут».

 

ЧАҔЫЛХАН

КЫҺЫҤҤЫ ЫРЫА

 

Хайдах курдук хаар түспүт!

Халлаан үөһэ халлыбыт.

Кылаан кырса үллүммүт

Кыра бөлкөй кылбайбыт.

 

Сыыртан сыыйар сындыыстаах

Салааскабыт сыр гыныа!

Күлүү-оонньуу аргыстаах

Күндү күммүт тырымныа!

 

Оҕо аймах түмсүбүт.

Ойуу, сүүрүү сайдыбыт.

Хайдах курдук хаар түспүт!

Халлаан үөһэ халлыбыт.

 

Сыыртан сыыйар сындыыстаах

Салааскабыт сыр гыныа!

Күлүү-оонньуу аргыстаах

Күндү күммүт тырымныа.

 

Иванов, М.Е.- Чуона Мэхээлэ

ДОРООБО, КЫҺЫҤҤЫ САРСЫАРДА

Дорообо, кыһыҥҥы сарсыарда!

Кэллиҥ эн, көм хаары оймооҥҥун,

Түннүктэр таастарын кырыарда,

Дьэрэкээн оһуору уураҥҥын.

 

Тыҥ хатар дьыбара дьааһыйан,

Будулҕан туманы үрэйдэ,

Хара түүн суруйбут сэһэнин —

Кыыл суолун кыраһа бүрүйдэ.

 

Кыһыл күн сис үрдүн таарыйан,

Наҕыллык күөрэйэн таҕыста,

Тумарык сабыытын быыһылаан,

Сир иэнин симиктик сырдатта.

 

Көмнөҕү бүрүммүт бэс мастар

Кэриигэ тураннар нуктууллар,

Күөх лабаа киистэлэр быганнар,

Кэлэр кэм сайынын саныыллар.

 

Сарсыарда кэлбитин уруйдаан,

Тоҥсоҕой тоҥсуура дорулуур,

Нус бааччы олоҕу туоһулаан,

Үөлэспит унаарыйа буруолуур.