4305
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (5 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Сэрии кэмин оҕото

Сэрии кэмин оҕото

Хоһооннор Тааттатааҕы оҕо библиотекатын фондугар баар кинигэлэртэн киирдилэр.

 

  1. Партизан пионер: хоһоон/Эйэ чорооно: хоһооннор, поэма [орто уонна улахан саастаах  оҕолорго]/Иннокентий Артамонов;И.А.Маччасынов уруһуйдара.- Якутскай: Киниигэ изд-вота, 1981.- с.13

Партизан пионер

Бөлүүн штаб дьиэтин уоттаабыт

Партизан уолу туппуттар.

Бүттэтэ суохтук кырбаммыт,

Доппуруоска аҕалбыттар.

 

«Эт, ким ыыппытай эйигин?»—

Палач ыххайан ыйытар,—

«Ыт уола, син биир этитиэм!»—

Сирэйгэ охсор, хаһыытыыр.

 

«Мин этиэм суоҕа эһиэхэ

Ким миигин манна ыыппытын,

Штабы көтүттүм күдэҥҥэ —

Партизаммын, пионербын!» —

 

Фашист иннигэр уолчааммыт

Эр хорсуннук туттан турар,

«Пионергын, коммунискын!» —

Сидьиҥ кыһыйар, абарар.

 

Палач наганын тирээтэ

Уолчаан кыракый сүүһүгэр:

«Өлүөҥ ыттыы, дьэ, эт!— диэтэ,—

Этиэҥ, ыытыаҕым ийэҕэр!»

 

“Таҥнарыахсыт буолбатахпын,

Кэһиэм суоҕа андаҕарбын!”-

Төбөтүн үөһэ көтөхтө,

Өстөөҕүн өтөрү көрдө.

 

«Көр эрэ, коммунист ыамата!» —

Палач сидьиҥник үөҕүстэ.

Сатараата наган тыаһа…

Уолчаан оҕутта хаана кыыһа.

 

Уо, уолчаан, тылыттан матан,

Салгыны харбыаласпыта.

Тиһэх тыынын былдьаһаахтаан,

Тымныы муостаҕа сыппыта.

 

Хараҕар өһөх хаан буолан,

Күнүн сырдыга боруорда…

Тыыннаах олохтон арахсан,

Эдэр партизан туораата.

 

Ытаан-соҥоон, аччык сылдьан,

Кулут буолуон баҕарбата…

Пионербыт албан аатын

Өстөөххө түһэн биэрбэтэ.

 

Уон үстээх кырачаан уолчаан

Бу сырдык олохпут иһин,

Өлүүнү утары баран,

Геройдуу төлөөтө иэһин.

 

Кыайыы буоларын туһугар

Кини тыынын харыстаабата,

Пионер кыһыл хаалтыһар

Сылдьыһыаҕа герой аата!

 

 

2.  Ытыллыбыт кыысчаан : хоһоон/Эйэ чорооно: хоһооннор, поэма [орто уонна улахан саастаах  оҕолорго]/Иннокентий Артамонов;И.А.Маччасынов уруһуйдара.- Якутскай: Киниигэ изд-вота, 1981.- с.39

 

ЫТЫЛЛЫБЫТ КЫЫСЧААН

«Бэҕэһээ биир дэриэбинэни босхолоотубут, фашистар элбэх киһини суута-сокуона суох ыппыттар. Онно биэс саастаах кыысчаан эмиэ ытыллыбыт».

Саллаат суругуттан

Кыра кыысчаан ытыллан сытар,

Илиитин сутуруктуу туппут…

Биһиги тыйыс сүрэхпит ытыыр,

Знамяны санньытан турдубут.

 

Бу иһин иэстэһиҥ диэбитэ

Ийэ дойдум хааннаах хонуута,

Бу иһин иэстэһиҥ диэбитэ

Сэбиэскэй норуотум барыта.

1959

 

 

3.  Ийэм уҥуоҕар: поэма// Ийэм- күн ийэм: хоһооннор, поэма, ахтыылар/ Николай Босиков.- Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2000.-с.

 

Ытыы-ытыы сүүрэрдээбит оҕус

Кырыылаах муоһугар иилиллимээри

Аһыҥа сиэбит, хагдарыйа охсубут

Хадьымал устун атах сыгынньах сүүрэрим.

 

Оо, ол суоһар сайын бырдаҕа, күлүмэнэ

Мин сыгынньах санныбыттан арахпатаҕа,

Хомуһу, уу кытыытын тирбэҕэлэһэн

Оҕо, оҕонньор суолга эрэ охтубатаҕа.

 

Үгүспүт бурдук сирин эргиччи

Аһыҥаҕа ханааба хаспыта…

Күөҕү олорчу имири эһээччи

Аһыҥа биһиэхэ өстөөх буолбута.

 

Күрдьэх буору кыайбат бэйэбит

Онно күүһүрбүппүт түргэнник,

Олох, өлүү диэн тугун билбиппит —

Эрэй-буруй үөрэтиитэ итинник.

 

Сэрии, сут кими да аһыммата —

Москва анна… Биһиги алааспыт биирэ.

Фашист ол ахсын наһаа арбаммыта,

Хабырыйсар курдуктара тимирдэр.

 

Ол тимир аҥар уһуга баара, билэбин,

Биһиги алааспыт оҕолорун сүрэхтэригэр,

Кыра, дьүдьэх, дьарамай бэйэбитин

Ийэ дойдубут, күн Сталин күүһүрдэрэ

 

Төһө да аччык, күүһэ суох буолларбыт

Тардыллыбыт айа киристэрэ этибит,

Ханнык баҕарар ыарахаттарга

Бэлэм этибит утары турарга.

 

Хас биирдиибитигэр хорсун санаа

Хааммытыгар, тымырбытыгар баара.

Билбэт, сатаабат этибит, мөлтөөн-ахсаан,

Охсуһууттан туора тахсан турары.

 

Алааспытыгар хаспыт аһыҥабыт дьаамата

Москва анныгар өлүү дьаамата буолта.

Өстөөх арбаммыт тимир армията

Аан бастаан хаардаах буулдьаны уоппута.

 

Оо, онно аҕыйах ыаллаах алаас үөрүүтэ —

Бүтүн дойду үөрүүтүнүүн куустуспута,

Сүрэхпит, дьэ, тиҥиргэччи тэппитэ

Начааскыга күн халлаан сырдаабыта.

 

Маннык түгэннэртэн булар этибит

Олоххо олорууга саҥа күүһү,

Бары чэпчээбиппит, бары эрдийбиппит

Ол туһунан этимиим бүгүн үгүһү

 

Аҕам онно күһүн муҥхалааммыт

Дохуот соботуттан үллэрбитэ

Кини устаабы кэспит ааттаммыта —

Ол эрээри ыал барыта үөрбүтэ.

 

Билбиппит кыһын тымныытын, уһунун

Хонноххо хонук да хороммотун…

Күн уһуута ыал барыта иэдэйбитэ,

Этэ, бурдуга тамты эстибитэ.

 

Хатыҥ үөстээх сылбархай ууну

Туустаах харах уутугар буккуйбуппут,

Аччыктаабыт оҕону-урууну

Кыһыл тылынан ким да тоторбот.

 

Саас олох быстарыы кэлбитигэр

Аҕам, дьэ, бурдук атаҕын түҥэппитэ,

Өлөн эрэр киһи дириҥ көмүскэтигэр

Сүтэн испит үрүҥ күн күөрэйбитэ.

 

Ону көрбөтөх, көрө да сатаабатах

Советскайынан сирэйин саптыбыт

Үйэтигэр дьон туһугар тугу да туппатах,

Киһийдэх, дьэ, кыраҕы харахтаммыт…

 

Дьон кырдьык да быстыбытын көрө-көрө

Үҥсүү үөһэ үҥсүү суруйан боочойбута,

Ыкса ыала хоргуйан өлөрө

Киниэхэ өргөйүү төрүөтэ буолбута.

 

Ыһыы сиэмэтин суох гынна диэннэр,

Аҕабар дьыала үөһэ дьыала тэрийэннэр —

Муҥур уһугар сууттанар буолбута,

Ийэбин санаа-оноо баттаабыта.

 

«Дьон туһугар турууластым, үлэлээтим,

Киһиттэн ордук сыаналаах суох.

Хайдах сууттуулларын, дьэ, билбэтим,

Кырдьык иһин кырдьыкпар охтуом».

 

Ити курдук аҕам ийэбэр эппитэ,

Эргиллэ охсуохтуу суукка тиэтэйбитэ —

Өйүгэр колхоһун үлэтэ-хамнаһа…

Дьоно-сэргэтэ, киһи буолбут алааһа.

 

Төннүбэтэҕэ, үс сыл уурбуттар этэ…

Дьэ, онтон хойутуу суруга кэлбитэ,

Ахтар, сүбэлиир аҕыйах тыллааҕа,

Биллэрэ — санаата булгуруйбатаҕа.

 

Ол саас дьон суолга охтубуттара,

Алаас халдьаайытын тоҥ буоругар

Суор тумса хойгуолар кыламмыттара,

Суунар курдуктара харах уутугар.

 

Биирдии ииҥҥэ сэттэлии киһини көммүппүт,

Хара хапсыыр тыаллара иэрийбиттэрэ…

Эмиэ алдьархайдаах суту күүппүппүт

Сир көҕөрүөн даҕаны иннигэр.

 

Ууну, сир сиигин ньылбы охсубут

Кураан тыала, дьэ, эбии күөттэммитэ,

Сир көҕөрбөтөҕө, биһиги муҥмут-сорбут

Абааһыта буолан аһыҥа эккирээбитэ.

 

Төрөөбүт, ийэ буолбут алаастарбыт

Иччитэхсийэ, хобдоҕура түспүттэрэ —

Сайылыыр үүттүгэннээх сайылыктарбыт

Хара буорунан өрүкүйбүттэрэ.

 

Биир ньирэй тиэргэҥҥэ мэҥирээбэтэҕэ,

Биир ынах ыанньыйан ыҥырамматаҕа,

Маннык алдьархайы сүрэх күүппэтэҕэ,

Дьону кытта бииргэ сордоммута ийэ айылҕа.

 

4.  Аҕам туһунан хоһооннортон: поэма// Хомурахха хоһооннор: хоһооннор, поэмалар/ Дмитрий Дыдаев; Е.И.Третьякова ойуута, Т.П.Слепцова- Дыдаева хомуйан оҥордо.- Якутскай: Кинигэ изд-вота,1990.- с.111

2

Түөрт уон иккис сыллааҕы анысхан ахсынньыта.

Кыра Оҕо Уҥуохтаахха олорбуппут үһүөйэҕин.

Хоргуйан үгүс киһи ол дьыл суолга охтубута.

Ким да ону билигин умуннаҕа диэбэппин.

 

Биирдэ халлаан бүтэйинэ  аҕам  миигин туруорда,

Бэйэтин этэрбэһин, үтүлүгүн кэтэртэ.

Кыракый тууйаканы хоннохпор кыбыннарда,

— Киһи бэрдэ буоллаҕыҥ, өйдөөн иһит,— диэн эттэ.

 

— Төҥүргэстээх тиэрмэтигэр түргэҥҥинэн тэбэн тиий,

Онно Уһун Өлөөнөттөн сүөгэйдээбит үүттэ көрдөө.

— Биэриэ суоҕа. Толлобун…— Балтым мөлтөх диэн этиий,

Өлөөнө суох буоллаҕына, кутан биэриэ Өлөксөөс.

 

Аҕам кэлии этэрбэһэ арыычча атыллатар,

Тэбэн тиийиэх бэйэккэм аатын эрэ алтахтыыбын,

Үтүлүгүм тэстибитэ тарбахтарбын уматар.

Тууйаспын бүлгүммүнэн өйөөн тута сатыыбын.

 

Алааһым халдьаайытын (туруору соҕус этэ),

Хаста да халтарыйан, хаардааҕынан таҕыстым.

Ферма ыала көһүннэ (дьиэбититтэн биэрэстэ).

Таһаҕаспын түһэрбиттии эрдэттэн үөһэ тыынным.

 

Ааҥҥа киирэн өр турдум, тоҥмуппун аһарына,

Хата, Уһун эмээхсин бэйэтинэн ыйытта:

— Хайа, нохоо, туохха кэллиҥ? — Балтым мөлтөх…

Үүттэ… манна…

— Мөлтөх да?! Эрэйдээҕи…— тууйаспын эһэ тарда,

 

Бэрт дьо5ус куопсугунан хаста да чуккуратта,

Тууйаскааным барахсан тута туола оҕуста.

— О, ол үүт тохтор тыаһа эчикийэ минньигэһин!

Оннук аптаах музыканы отой истэ иликпин!..

 

— Түргэнник иддьэн иһэрт, баҕар, балтыҥ тиллээрэй…

Үүппүн икки бүлгүммүнэн күөйэ тутан сыырга кэллим…

Мин сүүнэ этэрбэспэр суолум ааһа килэркэй…

Миэхэ маннык килэҥ суол охсуулаах буолуон биллим…

 

Ол иһин суолтан туораан, түһэн истим хаардааҕынан,

Манна да быыһамматым — тохтум үүтүм аҥарын,

Ытыы сыстым үүтү тоҕон, мө5үллэр кутталбыттан,

Быһыта ыстыыр курдук тымныы илиим тарбахтарын.

 

Бабыгырас буола тоҥон буллум дьоҕус балаҕаммын,

Ааны кыайан аспаккабын, хаста да хаһыытаатым,

Иһирдьэ киирэн, аны эмиэ охто сыһаммын,

Үүппүн ууран бараммын, чочум иттэ тураахтаатым.

 

Онуоха aҕам эттэ бүтэҥи куолаһынан:

— Хойутаан кэлээхтээтиҥ… Сыгынньахтан… Балтыҥ

барда…

— Ол ханна?.. Ханна барда?..— Көрдө мөҕөр быһыынан.

-Өллө! — диэн иһиллэрдик, кытаанахтык саҥарда.

 

Аҕам миэхэ көхсүнэн бүк түһэн олороро,

Аттыгар тиийэн көрдүм этиллибэт ынырыгы:

Oҕoнньop илиитигэр — хоргуйан өлбүт оҕо,

Биирэ — аҕам, биирэ — балтым… Күүппэтэҕим манныгы.

 

Сүрэҕим мөҕүл гынна агдабар ыарыылаахтык,

Хайдах? Хайдах буоллугут… таптыыр дьонум эрэйдээхтэр!

Кэлиэхпэр тиийбэтэххит, балтым муҥнаах… Хайдах

маннык…

Хайдах маннык эрдэлээтиҥ? Тугун сүрэй күнтэн сүтэр!..

 

Бырастыы гын, аҕам миигин… Мин дириҥ буруйдаахпын

Баттаһа кэлбэтэхпэр… Кини барыан иннинэ…

Аалларан, кистээн ытыы, бытааммын кыранабын…

Тугу гыныам баарай мин буолар суол буолтун кэннэ.

 

Үс хонук устатыгар хара буркун түопүтэ.

Үс күн аҕам хаспыта тапталлаах кыыһын иинин.

Хаптаһына суох буолан, аҕам ыалтан көрдөспүтэ

Табаар эргэ дьааһыгын… Умнубаппын билигин.

 

Умнубаппын билигин быыкайкаан хоруопчааны

Аҕам сордоох ытыы-ытыы, кыбынан тахсыбытын.

Одуулаһа хаалбытым, ааны аһан, сүрдээх тымныы

Хаардаах силлиэ күдэригэр сүтэн эрэр аҕабын.

 

5

Өйдүүбүн сааскы киэһэ чаҕыл күнэ намтаабытын,

Алаас арҕаа ойуурун күлүгэ уһаабытын,

Оттон илин эҥэрэ көмүһүнэн кыыспытын,

Салгын хойдон, кыра алаас сымала сыттаммытын.

 

Аҕам саҥа оҥорбут сыарҕатын иккиэ илдьэн

Хаарбах эргэ хотоҥҥо — сииктээх сиргэ уурдубут.

Ыйыттым аҕабыттан сыарҕата элбэҕиттэн,

Онуоха аҕам эттэ:— Наада буолуо, дьэ, хойут.

 

— Хойут диэн, аҕаа, хаһан? — Хаһан сэрии бүттэҕинэ,

Хаһан Кыһыл Аармыйа өстөөхтөрү үүрдэҕинэ…

Кыайыы кэлиэ чугас дииллэр үөрэхтээх билэр дьоннор.

Cypaҕa, күрэнэллэр өстөөхтөрбүт, хоттороннор.

 

Дьиэбитигэр киирэммит хатыҥ үөһэ чэйбитин

Кутта-кутта сылаастыы ыйырбахтыы олордубут,

Арай билэр киһибит ааны аһан киирээтин

Тугу да кэпсэппэккэ, төлө тыынна: «Кыайыы буолбут!».

 

-Кыайыы да?! — Кыайыы! Кыайыы!..— Буолбут да?! —

Буолан… Буолан…

Аҕам туран бакыҥнаата, биир сиргэ тэпсэҥнээтэ.

Муостаҕа бытарытта бүлүүһэтин, мүлчү тутан.

 

— Хончоҕорго да чэйдээ,— Ыалдьытыгар чэй кутта.

-Ыл, нохоо, хомуй ини,— ити миигин соруйда.

Бүлүүһэ алдьаммытын таһырдьа ыраах ыстым.

-Ыл, тукаам, лэппээскини, арыыны аҕал манна.

 

Бэйэбит да сиэбэккэбит киччиммит астарбытын,

Кыайыы буолбут үөрүүтүгэр, ыалдьытыгар таттарбытын

Үксүн мин хараммытым, ыалдьыкка махтаммытым,

Уоспун-тииспин соттунаат, ыалга оонньуу ыстаммытым.

 

Онно эмиэ үөрбүт-көппүт, дэлгэмсийбит элбэх этэ.

Ким эрэ сыллыы-сыллыы миэхэ саахар биэрбитэ,

Кыайыы оннук кэлбитэ… Били аҕам сыарҕалара

Ол дьикти күнтэн ыла туһаҕа турбуттара.

 

5. Иван Сысолятин. От сыта//Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара: саха поэзиятын антологията/ хомуйан оҥордулар: Н.Е.Винокуров- Урсун, С.И.ТарасовЮ Н.И.Харлампьева; Худож. М.Г.Старостин.- Дьокуускай: Бичик.-с.251

ОТ СЫТА

Ходуһаҕа турабын.

Хотуур тыаһа. Тыал түһэр.

Сүр кэрэтик салгын

Сүрэхпэр сүүрүгүрдэр.

 

Оо, үчүгэй даҕаны

Охсуллубут от сыта!

Оҕус сиэтэр, от охсор

Оҕо сааспын санатта.

 

Уоттаах сэрии, уот кураан

Кыһарҕана ааһаннар,

Утаппыттыы баҕаран

Дьон үлэҕэ турунар.

 

«Оттооҥ, мэйиҥ!»—диэбиттии

Алаас, үрэх аайы от

Өрө анньан кэбиспитин!—

Онно ким да олорбот.

 

 

Онно от диэн бараннар

Оҕонньоттор утуйар

Уулара көтөн хаалар,—

Күнү кытта сырсаллар.

 

Онно үгүс хотуурдар

Иччилэрэ суохтара.

Өһүө үөһэ кыбыллан

Өр да өp турбуттара.

 

Ол күн бары хотуурдар

Ампаартан тахсыбыттара,

Оҕо дьоннор, оймуу тардан,

Охсон кулаан барбыттара.

 

Кинилэр тэлиилэрэ

Киэҥэ да суоҕун иһин,

Киһи оннугар киһи

Кэлбитин кэпсииллэрэ.

 

Онно, бэл, саллаат Миитэрэй

Оҕотугар сиэттэрэн,

Хотуур сүгэн күннэтэ

Ходуһаҕа киирэрэ.

 

Хаан тохтуулаах сэриигэ

Хараҕыттан маппыта.

Сиэстэрэ нуучча кыыһа

Сирдээн, көрөн аҕалбыта.

 

«Оннооҕор сэрии уотун

Ортотунан ааһан баран,

Туһата суох букатын

Тулуйан сытыам дуо?»—диирэ.

 

От үлэтигэр ол курдук

Оҕолуун-оҕонньордуун

Турар-турбат барыта

Турунуута буолбута.

 

Олох, көҥүл туһугар

Уоттаах дуолан охсуһуу

Салҕанан бара турбута

Саха күөх алааһыгар.

 

 

6.  Мин сэрии күн төрөөбүтүм: хоһоон// Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор/ Ойуку.- Дьокуускай: Бичик, 2019.- С.6

 

МИН СЭРИИ КҮН ТӨРӨӨБҮТҮМ

Саныахха быраман да сыллар

Силлиэрэн, ытыллан аастылар.

Огдообо, тулаайах диэн тыллар

Баастара чэрдийэн остулар.

 

Кыайыы күн төрөөбүт оҕолор

Сэттэ уон сааспытын туоллубут.

Сэриини билбэтэх дьоллоохтор

Эһэлэр, эбэлэр буоллубут.

 

Өстөөхтөр даҕаны өлбүттэр,

Буускалар тиҥийэн ыппаттар.

Кэллэ дуо, ол кэми умнарбыт,

Бэл, тимир дьэбиҥҥэ кыайтарбыт.

 

Арай мин сэрии күн төрөөммүн,

Буолан дуу, барытын өйдүүбүн-

Ветеран дьоннору көрсөммүн

Кыайыыны, сэриини түһүүбүн.

 

Ол сэрии буойунун кытары

Охсуһуу үөһүгэр сылдьабын.

Былааҕын күөрэччи тутаммын

Өрөгөй салгынын тыынабын.

 

Охтубут саллааты быыһаары,

Өлөр да, тиллэр да курдукпун.

Киниэхэ көмөҕө тиийээри,

Бүгүн да тиэтэйэр буолбуппун.

 

Уот сэрии тэргэнэ ытыалыыр

Дуораана ырааттар ыраатар.

Арай мин тиэргэммэр чугаһыыр,

Сүрэҕим күннэтэ сэрэтэр.

 

7.  Оскуола интэринээтэ: хоһоон// Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор/ Ойуку.- Дьокуускай: Бичик, 2019.- с14

 

ОСКУОЛА ИНТЭРИНЭЭТЭ

Испитин өллөөбүт, дьиэлээбит,

Ичигэстик таҥыннарбыт,

Интэринээт барахсаны

Истиҥник ахтабыт аны.

 

Сэрии, сут оҕолоро

Эн тотоойу хааһыгынан

Тыыннаах хаалбыт сылларбытын

Умнубакка кырыйдыбыт.

 

Улахан дьоннуун тэбис-тэҥҥэ

Үлэҕэ мүккүллэммит,

Уһун сайын сынньаммакка

Улааппыппыт «көлүллэммит».

 

Этэрбэс, үтүлүк тэстэн,

Угунньабыт быган тахсан,

Күннэтэ отууттан тиэстэн

Көлөһүн күнүн аахсарбыт.

 

Уора-көстө ол быыһыгар

Уончалаах бэдик уолаттар

Оскуолабыт аһылларын

Олуһун даҕаны кэтэһэрбит.

 

Испитин өллөөбүт, дьиэлээбит,

Ичигэстик таҥыннарбыт,

Ийэбит кэриэтэ иитэлээбит

Интэринээти ахтабыт.

 

 

8. Санаабыттан ааһан биэрбэт: хоһоон//Талыллыбыт айымньылар: хоһооннор, поэмалар/ П. Тобуруокап.- Якутскай: Кинигэ изд-вота,1977.- с.24

 

САНААБЫТТАН ААҺАН БИЭРБЭТ

Санаабыттан ааһан биэрбэт

Өлбүт оҕо көрүҥэ,

Ыйыыр мас сиргэ түспүт

Толоос, токур күлүгэ.

 

Быыкаа нарын тарбахтара

Хааннаах буору ытыспыт,

Кугас солко баттаҕа

Иэдэһигэр сыстыбыт…

 

Ханна баарый кууһан испит

Күөх харахтаах кокууккаҥ,

Ханна баартай сиэтэн испит

Күннээҕэр күндү маамаҥ?

 

Мааматын тутан ылан

Ол маска ыйаабыттар,

Оҕону тоҥ ыстыыгынан

Бу кэбилээн ааспыттар…

 

Санаабыттан ааһан биэрбэт

Өлбүт оҕо көрүҥэ.

Утуйбаппын. Уум кэлбэт,

Хамсыыр палач күлүгэ.

 

9. Урсун. Атыыр о5ус харсыыта//Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара: саха поэзиятын антологията/ хомуйан оҥордулар: Н.Е.Винокуров- Урсун, С.И.ТарасовЮ Н.И.Харлампьева; Худож. М.Г.Старостин.- Дьокуускай: Бичик.-с.275

Атыыр оҕус харсыыта

Сэрии кэмин оҕолоро

Сэргэхсийбит оонньуулара —

Икки оҕус лачырҕата

Алааска харсыылара.

 

Күнү күннээн күөнтэһэннэр,

Күрдьүөттэһэн, мөҥүрэһэн,

Хааннааҕынан көрсө-көрсө,

Хаан өстөөхтөр кэйсэллэрэ.

 

Сыра-сылба сындалыйар

Ол ньоҕой киирсиилэргэ

Биир мөлтөҕө дьалбарыйар,

Үөрүттэн үүрүллэр.

 

Ол биһиги өйбүтүгэр

Сөптөөх быһыы курдук этэ,

Кыайбыт — үрдүк өрөгөйө,

Кыайтарбыт — күн элэгэ.

 

Кыайыы — биир дьоһун хардыы,

Ити — үҥэр таҥарабыт.

Олох диэн эмиэ харсыы,

Арай онно хайаһабыт?

 

Харсыбыппыт харса суохтук,

Наар кыайарбыт-хоторбут,

Хоҥорууга хоннорбоппут —

Хор, бүгүн хотторбуппут!

 

Хомолтолоох хотторуу

Бааһын-үүтүн салана,

Оо, бүктүбүт сыбар ойуур

Ортотугар дуурдана.

 

Атыыр оҕус харсыыта

Алыс тарпыт абылаҥа

Арыый ааһан, сырдыа дуо

Алаас, сыһыы саҕата!

 

 

10. А5аа  то5о суоххун:хоһоон//Санаам утахтара:хоһооннор/ Симон Федотов; [киирии тылы суруйда Сиэн Чолбодук].- Дьокуускай: Бичик, 2005.- с89

 

АҔАА, TОҔО СУОХХУН…

Аҕаа, тоҕо суоххун?! Эйигин

Ахта санаан кэлэбин

Айманан ыллахпына,

Атаҕастана сананнахпына,

Тэһииргиир, тэлэһийэр кэммэр —

Тирэх буолуох эн эрэ этиҥ!

Тоҕо тулаайахсыттыҥ миигин,

Туох сууһарда буолла эйигин

Туох айылаах буруйуҥ иһин?

Сүөһү көрөрү,

сылгы иитэри сатыырыҥ,

Бурдук үүннэрэриҥ,

бултууруҥ-алтыырыҥ,

От охсоруҥ, оҕо ууһатарыҥ —

Ол буолуо дуо, ама, буруйуҥ?

Дьоһун киһи этэ дииллэр,

Дьонун-сэргэҥ, билээччилэр.

Иккилээх иринньэх оҕо

Эдьиийбэр хаалбыт үһүбүн,

Эдэр үтүө сэбэрэҕин

Хаһаанан көрө сылдьыахпын

Хаартыскаҕа да түспэтэххин…

Эйигинниин тэҥҥэ барбыттар

Этэҥҥэ эргиллибиттэр,

Иэримэ дьиэлэригэр кэлбиттэр.

Онтон эн, тоҕо суоххун,

Уоккун салгыы оттуоххун —

Оҕолоргун дьоллуоххун…

Улуу Мөккүөр отуоругар

оҕустаран,

Умустаххыт эбээт

чулуу дьоммут!

Кэлэн турабын, Кыайыы күнүгэр,

Киэн туттабын, Эйигинэн!

Киэҥ Ийэ сир хайа муннугар

Кистэммиккин да билбэппин.

Анараа дойду баар эбит буоллаҕына,

Аҕаа, бука диэн, холкутук сынньан!

Олох суолун бэйэбит тэлэн

Олоробут этэҥҥэ, кэммитинэн. »

Ыам ыйын 9 кунэ, 2000 с.

 

11. Чаҕылҕан. Биһиги сүрэхпит//Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара: саха поэзиятын антологията/ хомуйан оҥордулар: Н.Е.Винокуров- Урсун, С.И.ТарасовЮ Н.И.Харлампьева; Худож. М.Г.Старостин.- Дьокуускай: Бичик.-с.280

 

БИҺИГИ СҮРЭХПИТ

Улуу дьол иннигэр

Уот сэрии үөһүгэр

Охсуһа сылдьааччы,

Сэрииһит сэгэрбит!

 

Хаан-уруу бырааттар,

Хаарыаннаах доҕоттор,

Эһигини кытары—

Биһиги сүрэхпит!

 

Дойдугут туһугар

Чугуйар буолумаҥ,

Биһиги эһиэхэ

Бэттибэт тирэхпит!

 

Хаан-уруу бырааттар,

Хаарыаннаах доҕоттор,

Эһигини кытары—

Биһиги сүрэхпит!

 

Күүрээннээх күннэргэ,

Түбүктээх түүннэргэ

Бигэ күүс буолуохтун

Биһиги бэлэхпит!

 

Хаан-уруу бырааттар,

Хаарыаннаах доҕоттор,

Эһигини кытары—

Биһиги сүрэхпит!

 

Уордаахтык охсуһуҥ!

Уот сытыы буулдьаҕыт

Өлүүлээх өттүнэн

Өстөөҕү ситиэхтин!

 

Хаан-уруу бырааттар,

Хаарыаннаах доҕоттор,

Эһигини кытары—

Биһиги сүрэхпит!