Хоһооннор тиэкистэрэ оҕо библиотекатыгар баар кинигэлэртэн киирдилэр.
А.И. Софронов-Алампа
Оҕо-оҕо эрдэххэ
Оҕо-оҕо эрдэххэ
Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ,
Эдэр-сэнэх эрдэххэ
Этэн-тыынан биэриэҕиҥ.
Санаарҕаахтаан сылдьарбыт
Сатаммата буолаарай,
Оонньуу-көрүлүү сылдьарбыт
Ордуктуура буолаарай?
Көмөр хара баттахпыт
Күрэҥсийиэн иннинэ,
Көмүстүүрэ тиистэрбит
Көтүллүөҕүн иннинэ.
Көҥүллүүрэ күөмэйбит
Көмүрүөтүйүөн иннинэ,
Көрсүспүччэ көрүлүөҕүҥ,
Уолдьаспычча оонньуоҕуҥ.
Оҕо-оҕо эрдэххэ // Хоһооннор, поэмалар / Софронов Анемподист Иванович. – Якутск, 1976. – С. 25-26.
Иван Гоголев
Оҕолору харыстааҥ
Оҕолор, оҕолор,
Оҕолор быыкаа күннэр,
Оҕолор, оҕолор,
Оҕолор быыкаа сирдэр.
Күн өлбөтүн туһугар
Оҕолору харыстааҥ,
Сир өлбөтүн туһугар
Оҕолору харыстааҥ!
Оҕо мичээрэ суох
Сулустар мичээрбэттэр,
Оҕо күлүүтэ суох
Муоралар күлсүбэттэр.
Күөх сулус мичийдин диэн
Оҕолору харыстааҥ,
Күөх муора күлүөхтүн диэн
Оҕолору харыстааҥ!
Этигэн тыла суох
Хомус хайдах чугдаарыай!
Оҕо биһигэ суох
Саргы хайдах салаллыай?
Чуор хомус чугдаардын диэн
Оҕолору харыстааҥ,
Дьол-соргу үрдээтин диэн
Оҕолору харыстааҥ!
Оҕолору харыстааҥ! // Өксөкүлээх сэргэ : хоһооннор / Иван Гоголев. – Якутскай, 1979. – С. 420.
Семен Данилов
* * *
Өйдөөбөппүн оҕо сааһым
Ханна кэлэн хаалбытын,
Ханнык улуу алааһым
Халдьыатыгар саспытын.
Өйдөөбөппүн хайа суолга
Хайдах туттан хаалбытын:
Чачыгырыы күлэ-сала
Биитэр ытыы хаалбытын.
Өйдөөбөппүн арахсыһар
Сайыһыы сырпа быатын
Быһа тардан, өрүсүһэ
Хайа диэки хаампытын.
Хайдах эрэ, мин санаабар,
Оҕо сааһым хаалбатах.
Кини өрүү мин аттыбар,
Мин сүрэхпэр, өйбөр баар.
Кини сыдьаай халлааммар
Тэргэн ый бэрдэ буолар,
Кини ыллыыр ырыабар
Күндүл күн буолан тыгар.
Кини, тиэхэ муҥутаан,
Ааспыт дархан олохпун,
Кинигэм да муудараһын —
Тэҥҥэ элэк оҥостор.
Олох — диэни оҕолуу
Судургутук ыллаттар,
Тоҥ хараҥа да дуолу
Сылааһынан сыдьаайдар.
Өйдөөбөппүн оҕо сааһым… // Айымньылар / Семен Петрович Данилов. – Дьокуускай, 2012. – С. 176-177.
Оҕо сааһым ырыата
Үгүс сылы унуордаан,
Үрдүк күнү саната,
Мин кулгаахпар чугдаарда
Оҕо сааһым ырыата.
Ол ырыаны ыллаата
Күөх тумулга, соҕотох,
Сарыы, саары танастаах
Саха кэнэн оҕото.
Ол ырыаны чугдаарта,
Аҕам сааспын аат ааттаан,
Оҕо чоргуй куоластаах
Оҕо сааһым ахтыыта.
Хаҥыл санаа буолан дуу,
Харах уута буолан дуу,
Санаа-оноо былаастаах
Сааспын сайа оҕуста.
Үгүс сылы уҥуордаан,
Үрдүк күнү саната,
Мин кулгаахпар чугдаарда
Оҕо сааһым ырыата.
Оҕо сааһым ырыата // Хоһооннор : Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар / Семен Петрович Данилов. – Дьокуускай, 2005. – С. 123-124.
Оҕолор
Сиһиктээх, бэстээх ойуур быыһыгар
Оҕолор оонньоон айманаллар.
Улдьаа дьон — орой мэниктэр
Утуппакка, уоскуппакка эрэйдииллэр.
Оо, ол эрээри, ол улдьаа мэник
Оҕолор барахсаттары олус истиҥник
Уйадыйа, уруургуу одуулуубун,
Олус таптыы ымманыйа олоробун.
Олох устар,
Айан хаастара ааһалларын курдук,
Убаҕас уу үрүлгэн сүүрүгүн курдук,
Уталыйбаттык,
Уоскуйбаттык,
Уратылаах суолуттан туораабаттык.
Мин эмиэ, сир сиигэ буолан, симэлийиэм,
Устар туман буолан, уостан сүтүөм.
Үүнүөхтэрэ үтүө дуу, үлүгэрдээх дуу
Ааспыкка маарыннаабат үйэлэр,
Көстөр дьүһүннүүн, дуорайар
дорҕооннуун
Кэнэҕэски хатыламмат кэрэмэс кэмнэр.
Оо, ол эрээри, ол үйэлэр кэрэ
кырааскаларын
Көрүөҕүм мин ити оҕолор кыраҕы
харахтарынан,
Ол үйэлэр ураты дуорайыылаах
музыкаларын
Истиэм мин ити оҕолор чуор
кулгаахтарынан,
Мин оҥорсуом ол үйэлэр уйгулаах
олохторун
Ити оҕолор эрчимнээх илиилэринэн.
Оҕолор // Хоһооннор : орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар / Семен Петрович Данилов. – Дьокуускай, 2005. – С. 138-139.
Бүөтүр Тобуруокап
Мэник саас
Мэник диэн оҕо саас бэлэҕэ
Көччүйэр көмүс саас күндүтэ!
Киҥнээхтэр мэниги билбэттэр,
Иллээхтэр мэниктээн үөрсэллэр.
Эдэргэ үлэлээн күүрүөххэ!
Эдэргэ мэниктии түһүөххэ!
Үлүскэн үлэ диэн үчүгэй,
Үөрүүлээх оонньуу да бэһиэлэй!
Күөрэгэй сарсыарда ыллааччы,
Сибэкки саас эрэ тыллааччы!
Оонньууну-мэниги билбэттэр
Оҕо саас мүөтүттэн испэттэр!
Эдэргэ үлэлээн күүрүөххэ!
Эдэргэ мэниктии түһүөххэ!
Бэһиэлэй мэник саас, айхаллан!
Оонньуулаах оҕо саас, уруйдан!
Мэник саас // Айымньылар : Т . 1 Күнү көрсөр чыычаахтар : хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, сэһэн, остуоруйалар, пьесалар / Бүөтүр Тобуруокап. – Дьокуускай, 2010. – С. 115-116.
Мин оҕобун
Мин оҕобун! Мин оҕобун!
Онон оонньуох тустаахпын,
Ойуоккалыы сылдьыахтаахпын.
Ону сирэр ким да суох!
Ону бобор туох да суох!
Мин оҕобун! Мин оҕобун!
Дьиэбин тула сүүрэбин,
Тиэргэммин эргийэбин.
Онтон олус үөрэбин,
Уохпун-күүспун эбэбин!
Мин оҕобун! Мин оҕобун!
Көмүс сааһым барахсан
Күүстээх быһый кынаттыыр,
Күөрэгэйгэ кыттыһан
Көрүлэһэр аналлыыр!
Мин оҕобун! Мин оҕобун!
Мэниктииртэн үөрэбин,
Мэлдьи оонньоон эрчиллэбин!
Улам-улам эбиллиэм,
Уохтаах быһый кыыс дэтиэм!
Мин оҕобун // Айымньылар : Т . 1 Күнү көрсөр чыычаахтар : хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, сэһэн, остуоруйалар, пьесалар / Бүөтүр Тобуруокап. – Дьокуускай, 2010. – С. 118.
* * *
Тоҕо оҕону дьон таптыы
«Чыычаахпыт!» диэн ааттыыллар?
Көтө сатыыр чыычаахтыы
Оҕолор даллаҥныыллар.
Тоҕо оҕону дьон барыта
«Күммүт! Күн!» диэн ааттыыллар?
Оҕо барыта чахчыта
Күннүү ыраас харахтаахтар.
Тоҕо оҕону дьон барыта
«Дьолбут! Бу — дьол!» диэн ааттыыллар?
Кэлэр кэми, күн аннын
Киниэхэ эрэ аныыллар!
Тоҕо оҕону дьон таптыы… // Айымньылар : Т . 1 Күнү көрсөр чыычаахтар : хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, сэһэн, остуоруйалар, пьесалар / Бүөтүр Тобуруокап. – Дьокуускай, 2010. – С. 127.
Николай Босиков
Оҕо
Хара харах,
Хамсыыр баттах,
Баччыр тарбах,
Байбаҥ атах,
Быыкаа, кыра
Быллай быыра –
Оҕо,
Оҕоҥ,
Оҕом.
Оҥой-соҥой
Көрөр-истэр,
Туллар, туллай
Хаамар-сиимэр
Быыкаа, кыра
Быллай быыра –
Оҕо,
Оҕоҥ,
Оҕом.
Дьэдьэн сытын,
Хонуу тыынын
Дьиэҕэ таста,
Тайтарыйда,
Быыкаа, кыра
Быллай быыра –
Оҕо,
Оҕоҥ,
Оҕом.
Күнү тутта,
Күөҕү кууста,
Чыычаах курдук
Чыып-чаап тойук
Быыкаа, кыра
Быллай быыра –
Оҕо,
Оҕоҥ,
Оҕом.
Оҕо // Мин саҥа күнүм : хоһооннор, поэмалар / Босиков Николай. – Якутскай, 1981. – С. 69-70.
Уйбаан Бөтүүнүскэй
Оҕо сааһым доҕотторун
Оҕо сааһым доҕотторун
Умнубаппын адьаһын,
Үрүҥ күннүү сырдааннар
Өйбөр киирэ тураллар.
Алтан оттоох сайылык
Абылыыра, тардара,
Ыраас-чэбдик салгына
Күүһү-уоҕу эбэрэ.
Ынах тыллаах көлүччэ
Ыҥырарга дылыта,
Күнү быһа күппээллээн
Көрүлүүрбүт сөтүөлээн.
Алаас арыы тыатыгар
Атах сыгынньах сырсарбыт,
Моҕотойу кыйдааммыт
Бултаан-алтаан күннүүрбүт.
Арыт эмиэ тэбиэһирэн
Сэриилэһэ оонньуурбут,
“Өстөөх” бииһин кыдыйан
Үөрэр-көтөр буоларбыт.
Бугул түгэҕэ харбаһан
Буоһалыырбыт дьоммутугар,
Хаппыт оту мунньуһан
Хайҕанарбыт ардыгар.
Оҕус сиэтэн, от охсон
Улааппыппыт сыллата,
Сайын ахсын эрчиллэн
Сайдыбыппыт тиритэ.
Оҕо сааһым доҕотторун // Тиэрт сырдык кыымҥын : хоһооннор / Уйбаан Бөтүүнүскэй. – Дьокуускай, 2015. – С. 18-19.
Оҕо сааһым олуктара
Оҕо сааһым олуктара
Хаалбыт эбит ыркыйдарга,
Сүүрбүт-көппүт ыллыктарбар,
Сөрүүн уулаах көлүччэбэр.
Оҕо сааһым олуктара
Хаалбыт эбит намчы күөххэ,
Ынах үүрбүт, оҕус сиэппит
Алаас, хочо үрэх сиргэ.
Оҕо сааһым олуктара
Хаалбыт эбит кырдалларга,
Уруккуну санатаары,
Хоһоон буолан кутуллаары.
Оҕо сааһым олуктара // Тиэрт сырдык кыымҥын : хоһооннор / Уйбаан Бөтүүнүскэй. – Дьокуускай, 2015. – С. 19.
Алексей Бродников
“Оҕо-оҕо”, – диэм этэ
Көрдөөх кимий? – диэтэргит,
Көрсүө кимий? – диэтэргит,
– Оҕо, оҕо, – диэм этэ.
Сытыы кимий? – диэтэргит,
Сыыдам кимий? – диэтэргит:
– Оҕо, оҕо, – диэм этэ.
Хорсун кимий? – диэтэргит,
Хоодуот кимий? – диэтэргит:
– Оҕо, оҕо, – диэм этэ.
Аны аргыс? – диэтэргит,
Атас-доҕор? – диэтэргит:
– Оҕо, оҕо, – диэм этэ.
“Оҕо-оҕо”, – диэм этэ // Кэпсээннэр, хоһооннор, поэмалар : [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] / Алексей Бродников. – Дьокуускай, 2010. – С. 85.
Сергей Васильев
Барыта оҕолор иһин
Сайылык саҕатынан, алаас тыатынан
Саҥа-иҥэ чугдаарбат буоллаҕына,
Самаан сайын кэлбэтин даҕаны.
Кыра оҕо атаҕын суолунан
Кыраһа кырса ойууламмат буоллаҕына,
Кырпай хаар түспэтин даҕаны.
Оһох иннинэн, остуол аттынан
Оҕо төбөтө күкээрийбэт буоллаҕына,
Унаар буруо субуйбатын даҕаны.
Оҕо —
Өлбөөдүйбэт үрүҥ күн,
Өлбөт-сүппэт уһун үйэ.
Оҕо —
Салыйбат итии таптал,
Саппаҕырбат сандал саас.
Оҕо иннэ диэн,
Ийэ эмиийин ыанньытар,
Оҕо туһа диэн,
Аҕа тилэҕин элэтэр.
Оҕо дьолугар
Хайалары хайа силэйэн,
Ханааллары сүүрдэбит,
Кумах куйаардарга кырыс түһэрэн,
Торҕо күөҕү долгутабыт,
Унаар толоотторго, үрдүк кирбиилэргэ
Улуу куораттары сандаардабыт,
Уһун хотооллорго, киэҥ нэлээннэргэ
Улахан муоралары килэдитэбит.
Оҕо иннигэр
Бүтүн сир бөкүнүк уорҕатын
Биһиги чэрдээх илиибитинэн симиибит.
Киһилээх, кээмэйдэммэт кэскиллээх
Кэрэттэн кэрэ планета буолан,
Киэҥ халлаан киэлитигэр
Кини эрэ чэмэлийдин диибит.
Арай,
Киһи аймах кэккэтиттэн
Кир курдук тооронон туораабыт,
Сир үрдүгэр, ыал ыырыгар
Сэрии уотун ыытааччылар —
Оҕолор, ийэлэр сырдык тыыннарыгар
Уһуктаах өргөһүнэн түһэллэр,
Дьону кырганнар, ыарыыны ыһаннар,
Тулаайах хараҕын уутунан сууналлар.
Ол айылаахтан
Хайа аҕа
Хаана хамсаабат буолуоҕай?!
Хайа ийэ
Сүрэҕэ долгуйбат буолуоҕай?!
Сатыыра буоллар,
Күөл балыга даҕаны
Күндүллээн тахсан кыланыах курдук,
Хара сымара таас даҕаны
Хаанынан чыккыраан ытыах курдук.
Ол иһин
Биһиги советскай норуот,
Биир сомоҕо кэккэнэн,
Оҕо тулаайахсыйбатын диэн,
Огдообо соҥуйбатын диэн,
Кыайыыттан кыайыыга сирдээбит
Кыһыл былаахпытын өрө уунан,
Эрдээхтик инники дьулуруйан,
Эйэ фронун хаҥатабыт!
Оҕону-урууну
Уолутан уһугуннаттарыахпыт суоҕа,
Көмүс биһиккэ
Күлүгү да түһэттэриэхпит суоҕа!
Ол энчирээбэт эрэлинэн:
Халлааҥҥа — үрүҥ күн,
Сиргэ — Кремль сулуһа!
Васильев, С. Барыта оҕолор иһин / Сергей Васильев // Саха поэзиятын антологията = Антология якутской поэзии / хомуйан оҥордулар: М. Д. Ефимов уонна И. И. Артамонов. – Якутскай, 1967. – С. 167-169.
Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан
Дьоллоох оҕо саас
Эниэ күөх отун үрдүнэн
Эдэр этэрээт истэ.
Айылҕа араас киэргэлэ
Аара арыллан истэ.
Эрэйи-муҥу билбэккэ,
Эмньик, сайаҕас санаа
Сайыҥҥы мүөтүн испэхтээн,
Сайа ыллааҥ, айаннааҥ!
Эһиги үүнэр күннэргит
Уйгу дьолунан туолар.
Эһиги сайдан үүнэргит —
Ийэ дойдубут дьоло!
Эдэрдэр, барыҥ этэҥҥэ,
Күүтэр күлүмнээх сааскыт!
Сүүһүнэн атах биир тэҥҥэ
Күөххэ көрүлээн ааста.
Винокуров-Чаҕылҕан, И. Д. Дьоллоох оҕо саас / Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан // Саха поэзиятын антологията = Антология якутской поэзии / хомуйан оҥордулар: М. Д. Ефимов уонна И. И. Артамонов. – Якутскай, 1967. – С. 189.
Степан Дадаскинов
Кыракый эрдэхтэн
Кыракый эрдэхтэн үөрүөххэ,
Кыракый эрдэхтэн күлүөххэ,
Көтүөххэ-ойуохха, оонньуохха,
Күн күлүм чаҕылын тутуохха.
Кыракый эрдэхтэн ыллыахха,
Кыракый эрдэхтэн сырдыахха,
Ып-ыраас ыралаах буолуохха,
Ыраахтан ыраахха барыахха.
Кыракый эрдэхтэн айыахха,
Кыракый эрдэхтэн бастыахха,
Хоһуун кыыс, хоһуун уол дэтиэххэ,
Холобур көрдөрөн иһиэххэ!
Кыракый эрдэхтэн // Кыталык ырыалаах сылларым : хоһооннор / Степан Дадаскинов. – Дьокуускай, 2008. – С. 125.
Андрей Кривошапкин
Оҕо оонньуур
Тэтэркэй имнээх
Оҕо оонньуур иннибэр,
Сааскы ылааҥы кэмҥэ
Тугут маннык сүүрэр.
Оҕо барахсан оҥоччу көрөн,
Туох эрэ көрдөөҕү ыллыыр.
Киниттэн кэлэр үөрүү, төлөн
Ол аайы дууһам ыллыыр.
Хайалаах сир сыккыһыныы
Кини саҥата чугдаарар.
Халлаан көмүс сулустарыныы
Хараҕа сытыытык умайар.
Оонньоо, сүүр сылайбакка
Оҕо саас кылгас кэмигэр.
Киһи биирдэ аан дойдуга
Оҕо буолар күнэ сүтэр.
Оҕо оонньуур // Өбүгэм сирэ : хоһооннор / Андрей Кривошапкин. (В. Сивцев тылб.) – Дьокуускай, 2006. – С. 53-54.
Иван Мигалкин
Оҕо мичээрэ
Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ
Уйаннык дууһаҕа киириитэ,
Оҕо ыраас, оҕо хатан күлүүтэ,
Сүрэҕи сайа тыыныыта —
Туналыйар куба ырыата,
Дьоллоох олохпут бэлиэтэ.
Оҕо ийэтигэр сылаас тыла,
Оҕо аҕатыгар истиҥ сыһыана,
Төрөөбүт алааһыгар таптала,
Үөрэммит оскуолатыгар махтала –
Туналыйар куба ырыата,
Дьоллоох олохпут бэлиэтэ.
Оҕо кырдьыксыт буола
улаатыыта,
Үлэҕэ үлүһүйэн
үөрэниитэ,
Уол оҕо Ньургун бэрдэ
буолуута,
Кыыс oҕo Куо кэрэҕэ
тупсуута —
Туналыйар куба ырыата,
Дьоллоох олохпут бэлиэтэ.
Оҕо мичээрэ // Сырдык иэйиим : хоһооннор / Иван Мигалкин. – Дьокуускай, 2019. – С. 149.
Оҕолор күлэр-үөрэр ыалларыгар
Оҕолор көҥүллүк туттан
күлэр-үөрэр ыалларыгар
дьол баар, кэскил баар.
Оҕолор
ыҥыртарыыта суох мустан
оонньуур олбуордарыгар
ыала үчүгэй, дьоно сайаҕас…
Оҕолор дьикти идэлээхтэр —
саастарыттан тутулуга суох
үчүгэйи эндэппэккэ билэллэр,
дуоһунастаах оҕото диэн
араарбакка —
хайдах майгытын быһаара охсоллор…
Оҕо оҕону эмиэ билэр —
сыыһаны таһаарбат бу туһугар…
Оҕолор күлэр-үөрэр ыалларыгар // Сырдык иэйиим : хоһооннор / Иван Мигалкин. – Дьокуускай, 2019. – С. 167.
Оҕокком туһуттан
(ырыа)
Охтуохтуу түөрэҥнээн
Oҕокком кэлэҕин,
Илиигин уунаҥҥын
Истиҥник көрсөҕүн.
Оччоҕо дууһабар
Оҕокком туһуттан
Сылаастык тарҕанар
Сып-сырдык сүүрээннэр.
Эйигин көтөҕөн
Мин сыллаан ылабын,
Ол ахсын мичийэн
Дьиктиргии үөрэҕин.
Оҕокком баттаҕыҥ
Кып-кылгас, нап-намчы,
Ол эрэн ураты
Минньигэс сыттаахтар.
Оҕокком туһуттан // Сырдык иэйиим : хоһооннор / Иван Мигалкин. – Дьокуускай, 2019. – С. 172.
Оҕолорум ортотугар
Оҕолорум ортотугар олордохпуна —
Тулам сандаарар, минньийэр салгынныын,
Толору үөрбүт айылҕаны санатабын —
Биирдэ бэриллибит олохпор махтанабын…
Оттон кэргэним илиитин сүрэхпэр даҕайыам,
Мин да киһи эбиппин дэниэҕим,
Мичээрэр сулус чугаһын билбиппин
Сылаастык санаан сылдьыаҕым мэлдьитин.
Оҕолорум ортотугар олордохпуна,
Олоҕум доҕоро аттыбар сырыттаҕына —
Оһоҕум уота тачыгыраччы умайар,
Илгэлээх кыымынан тыыннанар.
Оҕолорум ортотугар // Сырдык иэйиим : хоһооннор / Иван Мигалкин. – Дьокуускай, 2019. – С. 301.
Төрөппүт дьоло
Төрөппүт дьоло —
Күн сирин көрдөрбүт оҕото,
Кини үөрэхтээх,
үлэлээх буолуута,
Онон,
Олоххо эрэллээх тардыстыыта.
Төрөппүт дьоло // Сырдык иэйиим : хоһооннор / Иван Мигалкин. – Дьокуускай, 2019. – С. 362.
Оҕо – ол иһин оҕо!
Oҕo ортотугар сырыттахха,
Оҕо саҥатын иһиттэххэ —
Кинилэр соһуйаллар атыннык,
Кинилэр үөрэллэр туспатык.
Саҥалара уратытын,
Көрөллөрө дьиктитин,
Хомойоллоро түргэнин,
Үөрэллэрэ омуннааҕын.
Оҕо — ол иһин, оҕо.
Таптатар, ол иһин — оҕо!
Куһаҕаны өйдүүр түргэнник,
Үчүгэйи ылынар бытааннык.
Оҕо – ол иһин оҕо! // Сырдык иэйиим : хоһооннор / Иван Мигалкин. – Дьокуускай, 2019. – С. 372.
Наталья Михалева-Сайа
Оҕо саас
Ытыспынан толору
Дьолу сомсон турарым,
Бу кэлиэхтээх туох эрэ
Дьикти кэмин күүтэрим…
Олох кэрэ диэн этэ,
Олох дьикти диэн этэ!
Сандал сааһым кэлэрэ,
Самаан сайын күлэрэ,
Көмүс күһүн күүтэрэ,
Кырыа кыһын бүтэрэ
Өрө тыынар кэриэтэ
Чэпчэкитэ бэрт этэ!
Оҕо саас // Кистэлэҥ халлааным айыыта : хоһооннор / Наталья Михалева-Сайа. – Дьокуускай, 2006. – С. 67.
Оҕо саас
Сааскы чалбах уутугар
Халлаан, былыт көстөрө,
Күнүм чаҕыл мичээрэ
Күлүмүрдүү тыгара…
Тиийиэ суохтаах үрдүгүм
Күндүл күөхтээх күлүгүн
Кэмнээн кэһэ сылдьарым.
Оҕо, омун санаабар
Олох дьоллоох туонатын
Оннук кэһиэх курдугум.
Мин билигин өйдүүбүн
Чалбах — чалбах эбитин,
Олох дьоллоох үрдэлэ —
Оҕо сааһым эбитин.
Оҕо саас // Кистэлэҥ халлааным айыыта : хоһооннор / Наталья Михалева-Сайа. – Дьокуускай, 2006. – С. 105.
Наталья Харлампьева
* * *
Атаҕастаамаҥ оҕолору!
Кыра буруй аайы кынчарыйымаҥ,
Бобууга, буойууга хаайымаҥ,
Киһи сирэйин кэтииргэ
Кинилэри үөрэтимэҥ.
Оҕолору атаҕастааһын —
Кэлэр кэмнэргэ силлээһин.
Атаҕастаамаҥ оҕолору!… // Атырдьах ыйа : хоһооннор / Наталья Харлампьева. – Дьокуускай, 1994. – С. 7.
Гавриил Адамов
Айыы киһитэ, аныыбын мин Эйиэхэ…
Айыы киһитэ, аныыбын Эйиэхэ,
Алгыс кээһэр амарах үтүө санаабын,
Ардыгар кыйаханар да түбүкпүн –
Араллааннаах олох бүппэт сырсыытыгар,
Ама санаанан уоскуйар да кэмнэргэр
Ааҕыый айманар санаам үөтэр ситимин!
Төрөппүт дьоло – кини ииппит оҕото,
Тапталын анаабыт көтүппүт чыычааҕа,
Кини ситиһиитэ, олоҕун булуута!
Кырдьар саас муҥ эрэйин билбэт туһугар,
Кэрэгэй дьол түһүн сүкпэт наадатыгар,
Кэми аахсыма иитэр үлэ түбүгэр!
Айыы киһитэ, аныыбын мин Эйиэхэ… // Оҕо – төрөппүт дьоло : сүбэ хоһооннор / Гавриил Адамов. – Дьокуускай, 2014. – С. 6.
Клара Васильева
Оҕо саас, оонньоон аас!
Оҥой-соҥой оҕо саас
Оргууй сыллаан утутар
Күндү ийэ ып-ыраас
Мичээринэн сандааран
Тэйдэр тэйэн, оҕо саас
Алтан оттоох күөх алаас
Ахтылҕанын көччүтэн,
Ыаллаах буолан, оонньоон аас!
Оотуй-тоотуй оҕо саас
Окко саһар ууллаҕас
Сарсыардааҥы көй алмаас
Сардаҥатын саҕаҥҥын
Тэйдэр тэйэн, оҕо саас
Тэбэнэттээх дьэргэлгэн
Дьиэрэҥкэйин түһэрэн,
Сүрэхпинэн киирэн, аас!
Ойор күннээх оҕо саас
Үргэн көтөр, ыраатар
Үрүмэччи чап-чараас
Кынатынан сапсынан
Тэйдэр тэйэн, оҕо саас
Ыам үүтүнүү сып-сылаас,
Түптэ сыттаах күөх алаас
Алгыс тыынын аҕаан, аас!
Оҕо саас, оонньоон аас! // Тэрчи : хоһооннор / Клара Дмитриевна Васильева. – Дьокуускай, 1999. – С. 8.
Раиса Винокурова
Оҕо саас
Сырылыыбыт сыырдартан,
Сындыыс тэҥэ түргэнник,
Хайыһардаан дайабыт,
Хаҥкылыыры сатыыбыт.
Ыраас хаарбыт урсуна,
Көмүрүө көмүс күлүмэ
Көрүлүүргэ тиэтэтэр,
Көргө-нарга ыҥырар!
Сорох хаарга ыстанар,
Буурдаталаан ылаттыыр,
Тохтообокко кылыйар,
Куобахтаан да кыырайар.
Кэллэ, кэллэ кэрэ саас
Күлүмүрдүүр чаҕыла,
Мэник-тэник оҕо саас
Тэбэнэттээх күлүүтэ.
Оҕо саас // Кыһыл көмүс таммахтар / Раиса Винокурова. – Дьокуускай, 2002. – С. 5.
Евдокия Гаврильева
Оҕо саас
Бу ыккый иһинэн,
Бу ыллык устунан
Эн атах сыгынньах
Бэйбэйэ хаампытыҥ.
Бу үрэх сыырыгар,
Бу аартык анныгар
Эн мутук хомуйан
Сынньанан ааспытыҥ.
Бу кырдал устунан,
Бу күрүө таһынан
Эн ньирэй үүрэҥҥин
Сэрбэйэ сүүрбүтүҥ.
Бу титиик иһигэр
Сытара буолуо
Атаххын үктээбит
Тарбыйах суола.
Күн көрөр, тыал үрэр,
Муннугар биллэр
Ийэҕэр иҥмит
Ыаммыт үүт сыта…
Оҕо саас // Татыйыктар : хоһооннор / Евдокия Гаврильева. – Дьокуускай, 2004. – С. 7.
Оҕоҥ – эн кэскилиҥ
Оҕо – эн күн сирин үрдүгэр
Олорон ааһарыҥ бэлиэтэ,
Олоҕуҥ киэргэнэр, симэнэр
Оһуора, көнньүөрдэр үөрүүтэ.
Оҕо – эн тапталыҥ иэйиитэ,
Уйаҕас сүрэҕиҥ чопчута,
Саас үүнэр симэх от кэриэтэ
Олоҕуҥ иккистээн тыллыыта.
Оҕо – эн олоҕуҥ хонуутун
Сырдатар сып-сырдык күн уота,
Үрдүккэ талаһар кулуһун
Уотунуу угуттуур кутаата.
Оҕо – эн инники кэскилиҥ,
Үтүөҕэ, кэрэҕэ эрэлиҥ,
Үчүгэй дэтитиэ – эн үөрүүҥ,
Сирдэриэ – хомойон сүөм түһүүҥ.
Оҕоҥ – эн кэскилиҥ // Татыйыктар : хоһооннор / Евдокия Гаврильева. – Дьокуускай, 2004. – С. 31.
Оҕолорбут барахсаттар
Оҕолорбут барахсаттары
Сатаан ииппит киһи ньии
Өйдөөхтүк, чиэһинэйдик
Олоҕу олорорго,
Туох баар мөкүнү
Тумнан ааһарга,
Харыстаабыт киһи ньии
Олох хахсаат тыалыттан,
Хараастыыттан, ыарыыттан.
Эһиги тускутугар
Ийэлэр, аҕалар
Элбэҕи да оҥоробут,
Эһигини кытта тэбис тэҥҥэ
Үөрэргэ, хомойорго дылыбыт,
Өйбүт хоторун, күүспүт кыайарын
Эһиэхэ эрэ аныыбыт эбээт.
Үгүс түбүкпүтүн,
Илистибит күммүтүн,
Утуйбатах уубутун
Төлүүргүт буоллун
Үчүгэй дьон буолан,
Көмүс чыычаахтарбыт,
Күндү дьоммут,
Оҕолорбут.
Оҕолорбут барахсаттар // Татыйыктар : хоһооннор / Евдокия Гаврильева. – Дьокуускай, 2004. – С. 44.
Иван Горнай
Оҕо сааһым
Ойор-тэбэр оҕо сааһым,
Көтөр-дайар күндү кэмим –
Онно баарым, манна баарым,
Олорор диэни билбэтим.
Ойуур-толоон барытыгар
Оонньоон хаалар баҕатыгар
Сөбүлээммин даҕаны мин
Сүүрэн-көтөн биэрэр этим.
Сыыйан күнүм ичигэһэ,
Сыыртан уулар сырсаллара,
Томтор аайы мичилиһэ
Ньургуһуннар тахсаллара.
Кыһын бүппүт үөрүүтүгэр
Кыра киһи сүүрүүтүгэр
Атахтара чэпчэкитэ
Адьас көтүөх курдук этэ.
Сиккиэр тыаллар сиппэккэлэр
Сэниэлэрэ баранара,
Саҥа быгар сибэккилэр
Быыстарыгар саһаллара.
Күндү сааһым күөрэгэйэ
Күнү кытта күөрэйэрэ,
Кэрэ сааһым кэҕэ кыыла
Киэһэ аайы айхаллыыра.
Орто дойду бүтүннүүтэ
Оччолорго миэнэ этэ.
Сылаас күнэ, үрүҥ түүнэ
Сылаа диэни биллэрбэтэ.
Ойуурдарым, алаастарым
Оччугуйкаан атастарын
Көрөн-билэн кэбис диирдии,
Көрсөллөрө эҕэрдэлии.
Оҕо сааһым // Айылҕа уонна олох : хоһооннор, сонеттар, поэмалар / Иван Горнай. – Дьокуускай, 2010. – С. 8-9.
Горохова Любовь Егоровна-Сүүмэх
Көөчүүк-көөчүүк оҕо сааһым
Көрү кытта тэҥҥэ сылдьар
Көҥүл көтөр оҕо сааһым
Олох суолун халлааныгар
Суураллыбат ойуу буолан,
Кустук өҥүн түһэрдэҕэ,
Куппар-сүрбэр иҥтэҕэ.
Өрүү күндү кэһиилээх
Көөчүүк-көөчүүк оҕо сааһым
Ааһар сыллар быыстарыгар
Минньигэстик мичилийэр,
Сөҕө үөрэр саҥалара
Саһан туран ыҥыраллар.
Таптал аатым дорҕоонноро —
Оҕо сааһым доҕотторо
Тэбэнэттээх кыырпахтары
Тыктараллар харахтарбар,
Хаадьылаһар күлсүүлэрэ
Ымсыырдаллар ыраахтан.
Оҕо сааһым — күндү сааһым
Сүппэт эбит ханна да,
Оҕо сааһым — бэлэх сааһым
Киэргэл буолан күлүмүрдүүр,
Оҕо сааһым – ойуу сааһым
Суураллыбат өйбүттэн.
Горохова-Сүүмэх, Л. Е. Көөчүүк-көөчүүк оҕо сааһым / Горохова Любовь Егоровна-Сүүмэх // Төрөөбүт тыл оһуорунан : хоһооннор / хомуйан оҥордулар: И. В. Мигалкин, Г. А. Фролова. – Дьокуускай, 2018. – С. 37-38.
Валерия Григорьева
Кыра киһи
Хайаларын мичээрэ
Хайдахтаах да куһаҕаны
Киэр илгэн үөрдэрий?
Киммит күлэр саҥата
Хомойбут да киһини
Ис-иһиттэн күллэрэрий?
Мип-минньигэс бэйэлээх,
Кэрэ, килбик сэбэрэлээх
Кыра киһи барахсан
Күлэн-үөрэн күлүмнүүр.
Эҥкилэ суох ыраас, эйэҕэс
Мичээринэн күндүлүүр.
Кыра киһи // Санаам ситимэ : хоһооннор / Валерия Григорьева. – Дьокуускай, 2005. – С. 15.
А.А. Грязнухина-Хойутаана
Оҕо төрүүр үөрүүтэ
Оҕо төрүүр үөрүүтэ
Кэтэһиилээх кэрэ кэм,
Сэмээр бары күүтэллэр
Саҥа киһи кэлэрин.
Кистээн ийэ кэтэһэр
Кыра кыыһы көрүөҕүн,
Сибэккилии таҥыннаран
Сиэтэн бииргэ сылдьыаҕын.
Онтон аҕа кэтэһэр,
Аҕа ууһун тэнитэр
Уол оҕо төрүөҕүн,
Булка илдьэ сылдьаары.
Айыыһыппыт анабыла,
Иэйэхсиппит бэлэҕэ.
Хайалара да буоллун
Күндү киһи буолуоҕа.
Эбэ, эһэ үөрүүтэ
Эбилиннин сиэн оҕо,
Олох салгыы салҕанар
Оҥоһуута буоллаҕа.
Оҕо төрүүр үөрүүтэ // Санаам ситимнэрэ : хоһооннор / Александра Афанасьевна Грязнухина-Хойутаана. –Дьокуускай, 2017. – С. 4.
Үүт сыттаах оҕом
Сыттан эрэ барытыттан
Ийэ сүрэҕин сылаанньытар,
Минньигэстэн минньигэс
Үүт сыттаах оҕом сыта.
Ханнык да күндү духууттан
Орто дойдуга ордуктара,
Сыана сатаан быһыллыбат
Үүт сыттаах оҕом сыта.
Эн минньигэс күндү сыккын
Туохха да тэҥнээбэппин,
Оннук күүстээх тардыылааххын
Үүт сыттаах оҕом сыта.
Таҥаһыгар иҥмит кини сыта
Ыраах сылдьан сыллаатахха,
Ахтылҕана уоскутар
Үүт сыттаах оҕом сыта.
Сууйдахха да бүппэт
Улааттаҕына да сүппэт,
Ийэ сүрэҕин уоскутар
Үүт сыттаах оҕом сыта.
Баҕар кини аҕа буоллун,
Баҕар кини бытыктаннын,
Илдьэ сылдьар “оҕо сытын”
Үүт сыттаах оҕом сытын.
Үүт сыттаах оҕом // Санаам ситимнэрэ : хоһооннор / Александра Афанасьевна Грязнухина-Хойутаана. –Дьокуускай, 2017. – С. 7-8.
Дьөгүөр Түбэ
Оҕо туһугар
Ийэ, аҕа сүрэҕэ
Оҕо, дьол туһугар,
Итирдээҕэр чараас,
Ибилиттиэх курдук.
Ийэ, аҕа санаата
Оҕо, дьол аатыгар,
Баттахтааҕар синньигэс,
Быһыта барыах курдук.
Ийэ, аҕа баҕата
Оҕо, дьол иннигэр,
Эрдиитэ да суох тыыга
Уста сылдьыах курдук,
Ийэ, аҕа хараҕа
Хомолтоттон ытыыра,
Сир ийэ «ытыырыттан»
Атыннааҕын билбэтим.
Ийэ, аҕа дууһата
Аһыыттан харыастара,
Күн «өллө» дииллэриттэн
Уратытын көрбөппүн.
Ийэ, аҕа үөрүүтэ
Кыракыйа-чыычааҕа,
Күлүм-чаҕыл күн буола
Көҥүл көтө дайара.
Оҕо туһугар // Төрүөм этэ иккистээн : хоһооннор / Дьөгүөр Түбэ. – Нам, 1995. – С. 24-25.
Оҕо сааһым, күндүгүн!
Түптэ сытыгар дуоһуйан,
Сөрүүн сииккэ үктэнэн,
Саһарҕаны көрсүбүт
Оҕо сааһым, кэрэҕин,
Оҕо сааһым, күндүгүн.
Мутукчанан сапсынар,
Дьэдьэнинэн дыргыйар,
Сибэккилиин сэлэһэр
Оҕо сааһым, кэрэҕин,
Оҕо сааһым, күндүгүн.
Дьэргэл күүстээх сүүрүктээх,
Кырылас кумах биэрэктээх
Өлүөнэ Эбэ биһиктээх
Оҕо сааһым, кэрэҕин,
Оҕо сааһым, күндүгүн.
Дьиэрэҥкэйдиир кырдалбар
Лыаҕы сырсан сүүрбэхтиир,
Тэтэрбэхтии итииргиир
Оҕо сааһым, кэрэҕин,
Оҕо сааһым, күндүгүн.
Дайан эрэр кус курдук,
Куотан эрэр кулунчуктуу
Көтөн иһэр, бара турар
Оҕо сааһым, кэрэҕин,
Оҕо сааһым, күндүгүн.
Оҕо сааһым, күндүгүн! // Төрүөм этэ иккистээн : хоһооннор / Дьөгүөр Түбэ. – Нам, 1995. – С. 13-14.
Лукачевскай Иннокентий Дмитриевич-Силис
Оҕо саас
Кустук өҥнөөх өҕо сааһым
Көрүлээбит көҥүл кэмим
Күндү көмүс күөрэгэйдээх,
Көтөр-сүүрэр доҕордоох,
Быллаар үрдүк сыырдардаах,
Моҕотойдоох тумус тыалаах,
Орох тэппит ыллык суоллаах
Орой мэник оҕо сааһым
Бүтэн биэрбэт уһун күннээх,
Уҕараабат куйаастаах,
Сөтүөлүүргэ сөрүүн уулаах,
Хатыҥчааннаах арыылаах,
Түптэ унаар буруолаах,
«Һайдыыр» маҥаас ынахтаах,
Атыыр оҕус айаатыыр
Эһэлээҕим барахсан.
Киэһэ сөрүүн түһүүтэ
Лапта, мохсуо оонньуулаах,
Ынах сааҕа буулдьалаах,
Атах сыгынньах саллааттаах,
Алаадьылаах, лэппиэскэлээх,
Суорат, сүөгэй эбиискэлээх,
Мунду-собо үтэлээх,
Арагаайка сэбилэниилээх,
Истикилээҥкэ карчаагалаах,
Булчут бэрдэ сонордоох,
«Өттүк хара» кэһиилээх,
Талах сиппиир таһыйардаах,
Мэник-тэник оҕо сааһым.
Кэтэхтэн да сыллыырдаах
Оҥой-соҥой оҕо сааһым.
Лукачевскай-Силис, И. Д. Оҕо саас / Лукачевскай Иннокентий Дмитриевич // Чөркөөх уоттара : Чөркөөхтөөҕү “Иэйии түһүлгэтэ” литературнай түмсүү хоһооннорун хомуурунньуга / хомуйан оҥордо И. Д. Лукачевскай-Силис. – Дьокуускай, 2015. – С. 39.
Лукачевская Матрена Васильевна
Күннээх оҕо сааһым
Күйгүөрэн ааспыт күннэрим
Кэмпиэт суулаах кэрчиктэрэ
Көмүс күннүүн ситимнээхтэр,
Кэрэ быйаҥ илгэлээхтэр.
Күөх халлаан хаһаайката
Кыһыл көмүс кытыйата
Көҥүлүнэн устара,
Көөчүктэнэ оонньуура.
Күнүс чэйдиир кэммитигэр
Кэлэн иһиккэ түһэрэ,
Көбүөрдээх истиэнэттэн
Кэпсээммитин истэрэ.
Көҥүллээх сөтүөлүү киирдэххэ
Көһүтэн бу кэлбит буолара,
Сүүрүккэ иттэнэ сыттахха,
Сэрэтэн сүр күүскэ тыгара.
Киэһэтин тэлгэһэ иһигэр
Килбиктик иһийэ кэтиирэ,
Тэһийбэтэх тэһииркиир күннэрбэр
Күлүкпүн түһэрэн кэмниирэ.
Лукачевская, М. В. Күннээх оҕо сааһым / Лукачевская Матрена Васильевна // Чөркөөх уоттара : Чөркөөхтөөҕү “Иэйии түһүлгэтэ” литературнай түмсүү хоһооннорун хомуурунньуга / хомуйан оҥордо И. Д. Лукачевскай-Силис. – Дьокуускай, 2015. – С. 48-49.
Михаил Алексеевич Никитин
Оҕо сааска төнүннэр
Харахпын симтэхпинэ, оскуолам
Хайдах үөрэммиппин кэпсиир…
Хараҥаҕа киирдэхпинэ, дууһам
Хаалбыты санатар, эрэйдиир.
Хаттаан төннөн, оҕо буолан,
Үөрэ-көтө сырыттар…
Хаарыан кэми эргитэн,
Маҥнайгы кылааска киирдэр.
Ыйытыллыам диэн ыгылыйан
Ыксаан олорор кэмҥэ,
Чуумпуну үрэйбит чуораан
Чугдаарар тыаһа күндүтэ.
«Биирдээх» «иккиттэн» быыһанан
Бары да үөрэн өрүкүһэн,
Кылаастан куотардыы тахсарбыт,
Көрүдүөр устунан сырсарбыт.
Оскуолам аанын арыйан
Ордугургуу, ымсыыра көрөбүн,
Оҕолор айдаарар көхтөрүн,
Оонньуур-үөрэнэр кыахтарын.
Никитин, М. А. Оҕо сааска төнүннэр / Михаил Алексеевич Никитин // Үргэл : кэпсээннэр, хоһооннор : (эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньуга) / киирии тылы суруйда , лит. ред. В. А. Тарабукин. – Дьокуускай, 2006. – С. 211.
Валериан Николаев
Оҕо сааһым олуктара
Умньаан ылбыт оҕо сааһым
Ураты амтанын умнубаппын.
Онно саҕыллыбыт кыымым
Сылааһын илдьэ сылдьабын.
Оймоон ааспыт оҕо сааһым
Суолун омоонун көрөбүн.
Ол онтон арыллыбыт аартыгым
Сырдык уотунан сирдэтэбин.
Бүтэ охсубут оҕо сааһым
Сойбут тапталын суохтуубун.
Баччаҕа тиэрдибит ыйааҕым
Маанытын иһин махтанабын.
Оҕо сааһым олуктара // Санаалар – ыраас ыраларым : хоһооннор / Валериан Николаев. – Дьокуускай, 2009. – С. 10.
Оҕо сааһым оһуордара
Оҕо сааһым оһуордара
Оччотооҕу доҕотторум.
Ааспыт кэмим ахтылҕаннара
Бииргэ оонньообут оҕолорум.
Кыра сааспыт кыраадатыгар
Кыырайа, кылбайа көтөрбүт.
Сайылык күөх сыһыытыгар
Сүүрэн-көтөн элэстэнэрбит.
Эргиллэн, сыныйан көрдөххө
Эрэй диэни билбэтэхпит.
Билигин кэлэн өйдөөтөххө
Дьоллоох да дьон эбиппит.
Оҕо эрдэҕинээҕи кэмнэрим
Онно-манна ойбут олуктара,
Ахтар-саныыр үөлээннээхтэрим
Санаабар саһан сылдьыахтара.
Оҕо сааһым оһуордара // Санаалар – ыраас ыраларым : хоһооннор / Валериан Николаев. – Дьокуускай, 2009. – С. 13.
Борис Павлов
Оҕо саас
Түүн буолла.
Утуйдулар бары
этиллибит тыллар,
Ол оннугар үрүҥ үрүмэччи
курдук тыаһа суох
көтөн кэллилэр
Оҕо сааспыттан
илгийэр тыаллар.
Сүрэххэ тыллыбыт
бастакы тыллар,
Оҕо сааска ылламмыт
дьоллоох ырыалар,
Сып-сырдык ыранан
туолбут
Сарсыардааҥҥы
сарыаллар.
Кинилэр сөрүүн
суорат амтаннаахтар,
Кинилэр киэһээҥҥи
түптэ сыттаахтар,
Кинилэр төрөппүт
ийэ курдук
Сып-сымнаҕас
имэрийэр илиилээхтэр.
Илдьэ
сырыттым олоҕум
тухары харыстаан,
Айаҥҥа кэтэр халтаҥ
сонум хоонньугар
уктан,
Оҕо сааһым барахсан,
эн ыраас
санааҕын,
Эн уйадыйар уйан куккун!
Оҕо саас // Саха сүрэҕэ : хоһооннор, кэпсээннэр, айаннар / Борис Павлов. – Дьокуускай, 2019. – С. 65-66.
Анна Петровна Павлова
Оҕо саас
Сайылыгым барахсан
Мүөттээх сөрүүн салгыннаах,
Лэглэриспит үөттэрдээх,
Айгыр силик хатыҥнаах.
Сүүрүгүрдэр үрэхтээх,
Сааһын куһа мунньустар,
Эрдэ туран үлэлиир
Отчут-масчыт дьоннордоох.
Арылыйар долгуннаах
Алдан өрүс кытылыгар —
Кэрэ-бэлиэ дойдуга
Оҕо сааһым ааспыта.
Ото-маһа оһуордаах,
Сибэккитэ сиэдэрэй,
Сэлиэһинэй бурдуктаах,
Сирин аһа дэлэгэй.
Хаһан да умнубаппын
Атах сыгынньах сылдьаммын
Ынах хомуйар ыллыкпын,
Сөтүөлүүр, оонньуур дүөдэбин.
Павлова, А. П. Оҕо саас / Анна Петровна Павлова // Үргэл : кэпсээннэр, хоһооннор : (эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньуга) / киирии тылы суруйда , лит. ред. В. А. Тарабукин. – Дьокуускай, 2006. – С. 56.
Пахомова Светлана
* * *
Ама туох тэҥнэһиэй
Оҕо үөрүнньэҥ сүрэҕэр
Оҕо элэккэй эйгэтигэр?!
Ким үөрэр оҕо курдук
Иэйиилээхтик, истиҥник
Саҥа тахсар үрүҥ күҥҥэ,
Саҥа түспүт үрүҥ хаарга?
Ким сөҕөр-махтайар оҕо курдук
Кырдалга нуоҕайар ньургуһуну,
Кырыска тэтэрэр чэчиги,
Алааска суугунуур чараҥы?
Ким сайыһар оҕо курдук
Аймаһыйа, ааттаһа
Ааспыт самаан сайыны,
Соҕуруу көһөр көтөрдөрү?
Ким үөрэр оҕо курдук
Күөрэгэй дьырылас тойугар,
Көҕөрө долгуйар хонууга,
Күөгэйэр ылааҥы сааскыга?
Ким ахтар оҕо курдук
Ыарыылаахтык, күүскэтик
Биэбэйдиир төрөппүт ийэтин,
Атаахтатар, маанылатар эбэтин?
Ким аһынар оҕо курдук
Дьиҥнээхтик, итиитик
Бааһырбыт сүһүрбүт чыычааҕы,
Лабаата тостубут хатыҥы?
Ама туох тэҥнэһиэй
Оҕо ыраас суобаһыгар,
Оҕо аһаҕас дууһатыгар?!
Пахомова, С. Ама туох тэҥнэһиэй… / Пахомова Светлана // Үргэл : кэпсээннэр, хоһооннор : (эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньуга) / хомуйан оҥордулар: И. И. Осипов, М. К. Илларионова. – Дьокуускай, 2001. – С. 279.
Валентина Пинигина-Арылы
***
Тэйэ хаалбыт оҕо сааһым
Үрүҥ күннүүн тэҥҥэ сырсар,
Чугдаарыйар чаҕаан куолас
Ой дуораанныын охсуллар.
Сибэккинэн симэммит
Күннээх кэмим ыырдара
Ырыых-ыраах угуйа
Куота-көтө дайаллар.
Дьикти түүлгэ уйдаран
Тиийдэрбин даа ол кэмҥэ,
Күлэр күннээх дойдуга,
Дьоллоох түгэн биэрэгэр.
Куруук онно сылаастык
Имэрийэ күн тыгар,
Чыычаах ыллыыр тойуга
Уостубаттыы чугдаарар.
Оҕо сааһым биһигэ
Оргууй тыалга бигэнэр,
Ийэм намыын куолаһа
Онно куруук эйээрэр.
Тэйэ хаалбыт оҕо сааһым… // Үс кут тойуга : хоһооннор / Валентина Пинигина-Арылы. – Дьокуускай, 2017. – С. 31.
Прокопьева Луиза Георгиевна-Уйулҕаана
Оҕоҕо хаһан да хаһыытаамаҥ
Оҕоҕо хаһан да хаһыытаамаҥ,
Олоҕор сор кыымын саҕымаҥ!
Куттас, сымыйаччы буолуоҕа,
Куһаҕан санаа олохсуйуоҕа.
Көҥүл сыдьаайыттан саллыаҕа,
Күлэрин умнан көртөн матыаҕа.
Оҕону хаһан да атаҕастаамаҥ,
Омоон суолларга муннарымаҥ!
Тыынын быһаҕаһын тыыннаран,
Тылын хаан оҕуолата ыстатан
Таҥнары ыллыгар таһаарымаҥ.
Көмүскэтин көмүс уутун тоҕумаҥ,
Көмүскүүр атын суоҕун умнумаҥ!
Прокопьева-Уйулҕаана, Л. Г. Оҕоҕо хаһан да хаһыытаамаҥ / Прокопьева Луиза Георгиевна-Уйулҕаана // Төрөөбүт тыл оһуорунан : хоһооннор / хомуйан оҥордулар: И. В. Мигалкин, Г. А. Фролова. – Дьокуускай, 2018. – С. 194.
Александр Тарасов
Оҕо сааспыт ыллыга
Биһиэхэ бука барыбытыгар
Баара оҕо сааспыт ыллыкчаана.
Кини маҥнай киэҥ суол аартыгар
Киллэрэн айаҥҥа атаарбыта.
Ол кэмтэн ыранан кынаттанан
Олох үлүскэн үөрүүтүн билэбит.
Үлэ-хамнас улуу кыайыытынан
Үтүөкэн кэскили түстэһэбит.
Биһиэхэ бука барыбытыгар
Баара оҕо сааспыт ыллыкчаана.
Кини маҥнай киэҥ суол аартыгар
Киллэрэн айаҥҥа атаарбыта.
Оҕо сааспыт ыллыга // Билбэппин билээри : хоһооннор / Александр Тарасов. – Дьокуускай, 2007. – С. 28.
Оҕо сааска
Оҕо үөрбүт мичээрэ —
Олох кэрэ киэргэлэ,
Оҕо хатан күлүүтэ —
Олох кэлэр эрэлэ…
Дьикти кэрэ оҕо саас
Дьоһун дьоло сир аайы
Туругурдун үйэ-саас
Тупса-сайда күн аайы…
Оҕо сааска // Билбэппин билээри : хоһооннор / Александр Тарасов. – Дьокуускай, 2007. – С. 44.
Филатова Елена Афанасьевна
Оҕо саас ахтылҕана
Ахтылҕан оҕо саас кэмнэрэ
Таҥара бэлэҕэ эбиттэр,
Ып-ыраас, сып-сырдык дууһалаах
Аанньаллар эбиппит бэйэбит.
Санаабар ол ааспыт сылларым
Күлүмнэс күннэрэ тиллэллэр,
Сибэкки дьиктилээх сытынан
Муннубар бу биллэ түһэллэр.
Кып-кылгас сайыҥҥы ырбаахым
Оһуора харахпар элэҥниир,
Алааспар сыгынньах атаҕым
Бу баардыы тилэҕэ кылбаҥныыр.
Ардыгар утуйа сытаммын
Түүл дьикти алыбар көтөрүм,
Билбэтэх биэрэкпэр тиийэммин
Биһилэх кутуһа оонньуурум.
Бу курдук умнуллан хаалбакка,
Оҕо саас эргийбэт сыллара
Сүрэхпэр далаһа уураннар
Олоҕум аргыһа буоллуннар.
Филатова, Е. А. Оҕо саас ахтылҕана / Филатова Елена Афанасьевна // Чөркөөх уоттара : Чөркөөхтөөҕү “Иэйии түһүлгэтэ” литературнай түмсүү хоһооннорун хомуурунньуга / хомуйан оҥордо И. Д. Лукачевскай-Силис. – Дьокуускай, 2015. – С. 87.
Фролова Галина Алексеевна
Оҕо саас – олох сарсыардата
Оҕо саас — олох сарсыардата,
Ойор күн көмүс сардаҥата!
Күөх окко көрүлээн ааспыта,
Күн сирин аартыгын аспыта!
Күндэлэс күн уота күлэрэ,
Күөрэгэй көрүлүү дайара,
Сыһыыга сиккиэр тыал сүүрэрэ,
Сир кэрэ симэҕин тарыыра.
Күөх чараҥ суугунуу тыаһыыра,
Кэрэ саас ырыатын ыһара,
Киэҥ далай дьиримнии оонньуура,
Көмүстээх долгунун ууруура.
Бааллыра хоҥкуйа турара
Бааһына саһархай бурдуга,
Күлүмнэс кыымнарын кутара,
Күн көмүс сарыалын курдуга.
Айылҕа абылаҥ кэрэтин
Аар тайҕа дууһабар аһара,
Сир үрдэ ситтэрбэт дьиктитин
Сүүмэрдээн сүрэхпэр кутара.
Төрөөбүт дьиэм аанын тэлэйэн,
Тунаарар түптэтин хаалларан,
Барбытым ыраах тэлэһийэн,
Ахтыбытым куруук аалларан…
Оҕо саас — олох сарсыардата,
Ойор күн көмүс сардаҥата!
Саҕахха сандааран бүппүтэ,
Сүрэххэ үйэ-саас бүкпүтэ…
Фролова, Г. А. Оҕо саас – олох сарсыардата / Фролова Галина Алексеевна // Төрөөбүт тыл оһуорунан : хоһооннор / хомуйан оҥордулар: И. В. Мигалкин, Г. А. Фролова. – Дьокуускай, 2018. – С. 240-241.
Екатерина Петровна Чехордуна-Кэчиимэ
Оҕо сааһым кэтэһэр
Хаптаҕастаах халдьаайы
Быллаардарын быыһынан
Сасыһаары кэтэһэр
Оҕо сааһым барахсан.
Үрүн күҥҥэ ыһыллар
Көмүс долгун сүүрүккэ
Сөтүөлээри кэтэһэр
Оҕо сааһым барахсан.
Мохсуо маһы быраҕан
Ону көрдүү сүүрээри,
Мэниктээри кэтэһэр
Оҕо сааһым барахсан.
Үгүс дьикти сонуннаах
Кинигэтин кыбынан
Үөрэнээри кэтэһэр
Оҕо сааһым барахсан.
Оҕо сааһым кэтэһэр // Иэйэр кутум илгэтэ : хоһооннор / Кэчиимэ. – Дьокуускай, 2013. – С. 29.