1802
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Детсад

Балаҕан ыйын 27 күнэ — оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр- үөрэтэр үлэһит күнэ. Испииһэккэ хоһоон тиэкистэрэ оҕо бибилотекатыгар баар кинигэлэртэн киирдилэр.

  1. Абаҕыыныскай, А .БИҺИГИ ДЕТСАДПЫТ : хоһоон// Хрестоматия: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго. 1-гы тахсыыта/ Оҥордулар М.П.Захарова, А.А.Егорова.- Якутскай: Кинигэ изд-та, 1980.- 24

  БИҺИГИ ДЕТСАДПЫТ

Таһырдьаны санааммын

Соммун кэтэн бохсойдум.

Хаатыҥкабын анньынан

Боспоруйа бойбойдум.

 

Тарбахтарым сыысчааннар

Баарыскабар састылар,

Табаарыһым, көмөлөс,

Саарпын баайан өҥөлөс.

 

Тоҥуу хаары бөлөхтөөн

Тойторуйа көтүөхпүт

Түспүт хаары чөмөхтөөн

Төкүнүтэ сүүрүөхпүт

 

Салааскаҕа тиэйсиһэн

Сосуһуохпут оонньуохпут,

Хатыыскалаан тэлээрэн

Томтор ньуурун оймуохпут.

 

Кимиэнэй, бу ким дьиэтэй?

Тоҕо бэрдэй кэрэтэй!

Бигэ кэргэн — биһиги

Бүттүүн дьиэбит, биһиэнэ,

 

Маны бары туппуппут,

Бары былаах анньыахпыт.

Киирэн көрөр буолуохпут.

Кини иһин хайҕыахпыт.

 

Салааскаҕа кыһаллан

Санаарҕаама, сэгэртэй!

Хайыһарга наадыйан

Хаҥас, уҥа сүүрүмэ.

 

Иҥнэстигэс муостаҕа

Халыһыйа тэлээриий!

Иҥнэн-туттан турбакка

Хатыыскалаан элээриий!

 

Сибэккини бэрийэр

Дьуһуурунай бүгүн, эн,

Мичик сирэм көҕөрдүн !

Кут, көрүлүү уута кут!

 

Оонньуурбутун кичэйэн

Киртиппэккэ тутабыт,

Ууга сууйан кикийэн

Кирин-буорун ыытабыт.

 

Уһун таҥас кокууккам

Сууллубакка киртийбит,

Уһааччыкка чалбаатаан

Сууйан-сотон килбэчит.

Автомобиль көлөнөн

Айаннаары мустабыт.

Куччугуйкаан илиигэ

Кыһыл былаах тэтэрэр.

 

Эҕэрдэлии, ураатыы

Былааҕынан дайбыыбыт,

Этэрээккэ кыттаары

Бытарыһа сырсабыт.

 

Уол оҕолор, кыргыттар

Бииргэ оонньоон үөрэллэр,

Ойуоххалыы дыгыйан

Мээчик курдук тэйэллэр.

 

Саҥа кэлбит Роза

Үҥкүүлүөҕүн куттанар:

«Халты үктээн, муостаҕа

Үлтү түһүөм, айыка!»

 

Куттаныма, турума,

Килбигийэр буолума!

Куодарыһан кэргэннэс,

Билсэн-көрсөн үҥкүүлэс!

 

  1. Егорова, А.

Уһуйааммар барыаҕым

 

Хаамар сирбэр

Хахай хаамтын,

Сүүрэр сирбэр

Дракон састын

 

Син биир, син биир

Барыаҕым,

Син биир, син биир

Тиийиэҕим…

 

Силлиэ буурҕа

Сирилээтин,

Тобурахтаан

Тирилэттин

 

Син биир, син биир

Барыаҕым,

Син биир, син биир

Тиийиэҕим…

 

Таптыыр дьиэбэр — уһуйааммар,

Оонньуур-сайдар биһикпэр.

 

  1. Егорова, А.

Уһуйааҥҥа үчүгэй

Ийэлээх аҕаккам

Үлэлии бардылар,

Киэһэлик кэлиэхпит

Кэтэһээр — дэстилэр

 

Ону баара, ону баара

Тэһийэбин манна мин,

Уһуйааҥҥа хааларбыттан

Хомойбоппун эбээт мин

 

Киэһэ хойут кэлэҥҥит

Кэтэһиэххит — билэбин,

Оонньоон бүтүүй дэһэҥҥит

Ыксатыаххыт бэйэбин

 

  1. Егорова, А.

 Уһуйааҥҥа

 

Бу манна, бу манна

Уһуйааҥҥа элбэхпит

Бу манна, бу манна

Уһуйааҥҥа иллээхпит

 

Доҕоттору кытары

Үөрэ-көтө оонньуубут

Остуол тула олорон

Минньигэстик аһыыбыт

 

Сырдык, сылаас уһуйааны

Олус, олус таптыыбыт

Остуоруйа курдук дьиэҕэ

Күнүн аайы ыксыыбыт

 

 

  1. Куннук Уурастыырап. ДЕТСАД ОҔОЛОРО:  хоһоон // Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. — 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.68: то же : хоһоон// Хрестоматия: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго. 1-гы тахсыыта/ Оҥордулар М.П.Захарова, А.А.Егорова.- Якутскай: Кинигэ изд-та, 1980.- 51

 

ДЕТСАД ОҔОЛОРО

Эриэккэс детсадка

Күннэтэ мустабыт,

Эҥини оонньооммут,

Көрүлээн тахсабыт.

 

Үнкүүнү, ырыаны

Үгүһү билэбит.

Эйэҕэс майгыга

Иитиллэн иһэбит.

 

Биһиги барыбыт

Үөрэҕи батыһан,

Биллиилээх дьон буолан

Үүнүөхпүт, сайдыахпыт.

 

Биһиги буолуохпут

Кэнэҕэс лётчиктар,

Учёнай бэртэрэ,

Геройдар, поэттар.

 

Биһиги кыайыахпыт

Бу хоту сир киэнин

Кыыдааннаах-чысхааннаах

Кыһыҥҥы тымныытын.

Биһиги айыахпыт

Өлүөнэ биэрэгэр

Өрүүтүн киэргэйэр

Үйэлээх сайыны.

 

  1. Прокопьев С. ДЕТСАД : хоһоон // Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. — 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.31; то же  Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. — Дьокуускай : Бичик, 1999.-с.84

ДЕТСАД

Оонньуур-күлэр

Оҕолордоох,

Олус кэрэ

Оонньуулардаах

Детсад,

Детсад!

Сылаас маҥан

Сырдык дьиэлээх,

Аламаҕай

Иитээччилээх

Детсад,

Детсад!

Ырыа-тойук

Дьиэрэһийбит,

Остуоруйа

Истэр сирбит

Детсад,

Детсад!

Күнүн ахсын

Үөрэ-көтө,

Дьиэттэн тахсан

Барар сирбит

Детсад,

Детсад!

 

  1. Сосин, К. ДИМКА: хоһоон // Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. — 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.32

 

ДИМКА

Үҥкүүгэ, ырыаҕа

Көхтөөхтүк кыттарга,

Иллээхтик оонньуурга,

Доҕордуу буоларга,

 

Хоһоону ааҕарга,

Ахсааны билэргэ,

Барыны сатыырга

Элбэх-хии-элбэххэ…

 

Детсадка, детсадка

Үөрэтэр эбиттэр,

Ол иһин Димка

Детсадка тиэтэйэр.

 

Быраакка, балыска

Илиини суунарга,

Кыракый сиэн кыыска

Ньуосканы тутарга,

 

Аһаат да маамаҕа

Баһыыба этэргэ,

Барыны сатыырга

Элбэх-хии-элбэххэ…

 

Дьиэтигэр, дьиэтигэр

Димка уол үөрэтэр,

Ол иһин детсадтан

Дьиэтигэр тиэтэйэр.

 

  1. Сосин,К. ДЕТСАДКА: хоһоон// Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. — Дьокуускай : Бичик, 1999.-с.84

ДЕТСАДКА

Лесовоз бирилиир —

Тиэнээри эрдэлиир,

Паровоз тирилиир —

Тиэрдээри түргэтиир,

Самолёт ньирилиир —

Түһээри эргийэр,

Пароход уһуутуур —

Тиксээри эрдинэр…

 

Араас да идэлээх

Аҕалардаах эбиппит!

Детсадка бэрт иллээх

Оонньууга биллибит.

 

  1. Стручкова,З. ДЕТСАДКА: хоһоон // Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. — 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.34

 

ДЕТСАДКА

Күнү быһа оонньооммут

Сылайары билбэппит.

Оонньуурдары ыламмыт

Ыаллаах оонньоон биэрэбит.

 

Субуруһан тураммыт

Поезд буолан барабыт.

Төгүрүччү сиэттиһэн

Хороводтаан хаамсабыт.

 

Кэпсээн истэн чуумпуран

Сэҥээрэбит олорон.

Ырыа, хоһоон үөрэтэн

Чоргуйабыт биһиги.

 

 

  1. Туйаарыскай, К. Детсадтаахпыт: хоһоон// Хрестоматия: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго. 1-гы тахсыыта/ Оҥордулар М.П.Захарова, А.А.Егорова.- Якутскай: Кинигэ изд-та, 1980.- 63

Детсадтаахпыт

Тииҥи уйалаах дииллэр,

Куобаҕы хороонноох дииллэр,

Ыҥырыа мүөттээх дииллэр,

Кутуйах хаһаастаах дииллэр.

 

Оттон биһиги, оҕолоор,

Талбыт астаахпыт.

Аҕаны, ийэни солбуйар

Улахан дьон буолан

тахсыахтаахпыт.

 

 

  1. ДЕТСАДКА КЭЛЛИМ: хоһоон //  Остуоруйалар. Кэпсээннэр. Хоһооннор. Сатира. Тылбаас : [орто саастаах оскуола оҕолоругар] /Константин Туйаарыскай ; [хомуйан оҥордо Г. И.Захарова-Алгыстаана ; киирии тылын суруйда И. М. Сосин]. — Дьокуускай : Бичик, 2008. –с.78

 

ДЕТСАДКА КЭЛЛИМ

Түргэн-сыыдам газикка,

Төрдүө буолан олорон,

Тиийэн кэллим детсадка.

Түөтэм-эдьиэй, дорообо!

 

  1. Туйаарыскай, К. ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХПИТ: Хоһоон// Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. — Дьокуускай : Бичик, 1999.-с.156

ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХПИТ

Биһи бары кырабыт —

Садка сылдьар саастаахпыт.

Бары бииргэ мустабыт,

Көрү-нары тардабыт.

 

Кустаах хааһы үтүктэн

Куоталаһан ылабыт.

«Бөрө-саһыл» буоламмыт

«Куобахтары» сырсабыт.

 

Саһа-саһа көрдөһөн

Саамылаһа сүүрэбит.

Салаасканан тэлээрдэн

Сыыртан таптаан түһэбит.

 

Биһи бары кырабыт —

Сэттэбитин туолабыт.

Кэлэр сыллаах күһүҥҥэ

Оскуолаҕа барыахпыт.

 

  1. Детсадка: хоһоон // Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээн, тылбаас /Чаҕылҕан ; [хомуйан оҥордулар: А. И. Винокуров, Л. М. Сабарайкина]. — Дьокуускай : Бичик, 2004.-с.27; то же Чаҕылҕан. Талыллыбыт айымньылар.- Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1972.-182

 

Детсадка

Бу хоспут биһиэнэ

Киэҥ, сырдык, ичигэс.

Манна баар барыта —

Барыта үчүгэй.

 

Иирээннээх да кыыллар

Эйэлээх буолбуттар:

Кэҕэлиин, чыычаахтыын

Кэпсэтэн барбыттар.

 

Урукку өстөрүн

Умнубут доҕоттор —

Куоскалаах кутуйах

Куустуһан олооттор.

 

Ол эһэ оҕонньор

Ороҥҥо олорон

Куттаҕас куобахха

Куукалка oҥopop.

 

Таба кыыл уоскуйан

Таас хайаҕа турда.

Оннооҕор сур бөрө

Улуйан уурайда.

 

Бу хоспут биһиэнэ

Киэҥ, сырдык, ичигэс.

Манна баар барыта —

Барыта үчүгэй.