1145
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Алампа таптала

«Анемподист Софронов интимнэй лирика бастакы уонна бастыҥ холобурдарын биэрбит үтүөлээх. Кини…уйаҕас — нарын хоһоонноругар тус тапталын историятын, драматын аһаҕастык көрдөрбүтэ.Дууһа кылын таарыйар сүрэх итии хаанынан суруллубут умсулҕаннаах тойуктарга лирическай герой уонна кини тапталлааҕын сыһыаннарын сайдыыта, дууһа түгэх муннуктарыгар кистэнэ сытар араас иирбэ- таарба санаа өрө мөхсүүтэ, кутуллуута көстөр. Манна сүрэх кыланыыта, таптыыр дьолу билбит киһи муҥура суох үөрүүтэ, тапталыгар кыра да харданы ылбатахкиһи дириҥ санаа түһүүлээх мунчаарыыта көстөр. Ол эрээри Алампаҕа таптал — дьол, киһи дууһатын хамсатааччы, инникигэ эрэл кыымын саҕааччы, кэрэҕэ тардыһыы төрүөтэ».

В.Г.Семенова

***

Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,

Маҥан туллук эрэ далластыыр,

Ыраастыыра эрэ бөлтөрдүүр,

Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!

 

Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,

Туохха баҕас туора көрөн,

Туоххаһыйар эрэ буоллуҥ дуо,

Туллуктуур эрэ доҕоруом!

 

Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,

Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,

Кыталыктыыр эрэ кыылларга

Кытарабын эрэ, кыртайааныам!

 

Күлүбүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,

Күлүмнээн эрэ көрөргүн

Күннээҕэр эрэ күндүтүк,

Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!

 

Нарынныыр эрэ тарбаххын,

Наскыйар эрэ бэйэҕин

Хатыҥныыр эрэ мастарга

Ханыылыы эрэ хайгыыбын!

 

Субуллар эрэ суһуоххун

Халлааным эрэ кустугар

Ханыылыы эрэ саныыбын,

Хайҕаллаах эрэ киэргэлиэм!

 

Томтойор эрэ түөстэргин

Толорукаан эрэ кутуллубут

Чорооннордоох эрэ кымыска

Доҕуйабын эрэ, тоҕойуом!

 

Күөгэлдьигэс эрэ бэйэҕин

Күлэн эрэ күөмчүлүүр

Күүһүм эрэ суохуйа,

Күөкэйдиир эрэ көмүһүөм!

 

Сайаҕастай эрэ санааҕын

Саҥабынан эрэ салгытар

Санаакайым эрэ суохуйа,

Саргылардаах эрэ саһарҕаам!

 

Өрөгөйдөөх эрэ өйгүн

Өрө эрэ этэммин

Өһүргэтэр эрэ өйүм

Өрүү эрэ суохуйа!

1914 с

 

КЭРИЭС

 

Туохтан хоргуттуҥ,

Туллук доҕоруом ?..

Эн,

Имигэс бэйэҕин,

Ириэнэх хааҥҥын,

Сайаҕас санааҕын,

Сайдам быһыыгын

Сааһым туолан,

Саабанынан сабыллан,

Идэким ситэн,

Ииҥҥэ киириэхпэр дылы

Эйигин

Иэдэтиэм суоҕа диэн

Итэҕэл тылбынан

Иэйэн-туойан туран

Иһитиннэрэн эппитим…

Аламаҕай майгыҥҥын

Аан-дайдыттан

Арахсыаххар дылы

Атаҕастыам суоҕа диэн

Араас тылбынан

Андаҕайан ааттаспытым…

Уйаҕас бэйэҕин,

Уһуор дьүһүҥҥүн,

Уйгу санааҕын

Улуу дойду ууруутунан

Уларыйыахпар дылы

Уйадытыам суоҕа диэн

Улаҕалаах тылбынан

Уһуордаан умсуйбутум…

Аан дайды

Амырыын дьүүлүнэн

Арахсар күнүм

Анаан кэллэҕинэ,

Айманар буолаайаҕын…

Улуу дойду

Уордаах ууруутунан

Умсар күммэр

Уолуһуйар буолаайаҥый…

Аан дайды буоругар

Атаҕынан үктэммит

Арахсыбатаҕа диэн

Адьас суоҕун

Араара санааҥҥын

Аймаммат буолаар…

Күҥҥэ көстүбүт

Күүһүлээн олоорто

Көстүбэтин көрөн,

Көмүллэр күммэр

Көхсүгүн кэҥэтэн

Көччүтэр буолаар…

1921 с.

 

ЭДЭР СААСПАР

Оҕо оонньуулаах сааһым уодьуганыгар,

Эдэр имигэс сааһым идэкэтигэр,

Үрүҥ күн куддук

Үөрүүлээх үйэм үгэнигэр,

Мутукча куддук мунутаан,

Сибэкки куддук тэтэрэн,

Тэтиҥ сэбирдэҕинээҕэр

Чэпчэкитик тэлибирээн,

Уу сүүрүгүнээҕэр

Дьулурҕатык туттан,

Сайыҥҥы күн

Сандаҕатын курдук

Сайаҕастык санана,

Күн аайытын

Күндү олоҕу күүтэр

Күөгэйэр күммэр,

Илин өттүбэр

Идэкки олоххо эрэнэр

Эдэр-эйэҕэс эрдэхпинэ,

Көрбүппэр эрэ көҕүйэр

Күлүмүрдэс күнүс

Көмүстээх күннэрбэр,

Орто дойду олоҕун

Ойуу-бичик курдук одуулаан,

Күн сирин күчүмэҕэй күннэрин

Күлүү-оонньуу курдук көрөн,

Сындыыс курдук сытыытык

Сыаналанан сылдьарым саҕана, —

Харахпынан хараҥаран,

Сүрэхпинэн сөбүлээн,

Бэйэбинэн биһирээн,

Биир кыыһы кытта

Билсэ сылдьыбытым баара.

Биэбэйим сыыһа

Биһирэтиэн иһин бэрдин,

Таптатыан иһин нарынын эриэхсит.

Ханнык бэйэлээххэ

Хааныҥ дьалкыйыар дылы

Хараҥарбытыҥый? —диэтэргит,

Доҕоччугум оҕотун

Туохха да холуурбун

Туура толкуйдаабатым,

Тылбынан даҕаны сатаан

Сыһыаран сыаналыа һуохпун,

Хоһооммор даҕаны холбоон

Хотон хоһуйуо һуохпун.

Мин санаабар,

Сэгэртэйим сыыһа

Сиэдэрэй сибэккитээҕэр

Сэргэххэ дылы этэ,

Көмүһүм оҕото

Күөх халлааҥҥа күндээрэр

Күннээҕэр күндүгэ дылы,

Ымыы чыычаахтааҕар ыраас,

Мутукчатааҕар мургун,

Лабыкчатааҕар нарын этэ.

Солко сабы

Субуйа тарпыт курдук

Суһуоҕун оҕотун аннынан,

Кырымахтаах саһыл

Кылаанын куддук

Кыламанын быыһынан,

Көмүс манньыат курдук

Көмүскэтин иһиттэн

Эйэҕэс баҕайытык эриличчи,

Сымнаҕас баҕайытык сыыйа,

Көссүө баҕайытык күндээриччи,

Хап-харанан

Хаһылыччы көрдөҕүнэ —

Хамныыр эрэ киһи

Хара быара дьалкыйар

Харахтаах этэ.

Сииктээх сиртэн

Ситэн үүммүт

Сибэкки курдук —

Сиикэй эттээх эрэ

Сик гына түһэр

Сирэйдээх этэ.

Суруйан оҥорбут курдук

Субуххай муннун аннынан

Оҕо саастаах киһи

Одуулаан умсугуйар

Оччугуй уостаах этэ.

Тэргэн ый тиит улаҕатыттан

Тэйэн тахсар килбиэнин курдук —

Тэбэр эрэ сүрэхтээх

Тэйэ хаампат

Тэтэркэй имнээх этэ.

Күн тахсыыта

Күөрэгэй чыычаах

Күөх ойуур үрдүгэр

Күөгэлдьийэ олорон

Көҥүл ырыатын курдук,

Күндү-көҥүл

Күөмэйдээх этэ.

Хамныырын-имниирин

Хайдах этиэмий оҕолор, —

Халлаан күн

Хара далай

Халыҥ уута

Халылдьыйа турарын курдук

Хамнаныылаах этэ.

Турар бэйэтин

Туохха холуомуй оҕолор, —

Тумул сиргэ

Ситэ үүммүт сэбирдэхтээх,

Мунугаан үүммүт мутукчалаах,

Хабыллан үүммүт лабыкчалаах,

Лаглаҕар быһыылаах,

Хабырыттыбат хатырыктаах,

Халлаан чыычааҕа

Хараҥаран хатанар

Хатыҥ маска

Ханыылыам буоллаҕа.

Күндү дьүһүнүн,

Күн тахсыытын

Күөх далай уута

Күөгэлдьийэн көрсөрүн көрдүк,

Күөгэккэй-көҥүл

Көрүҥнээх этэ.

Татыйыгым оҕотун

Таптаан сылдьарым саҕана,

Көмүһүм оҕотун

Көрөн сылдьар күннэрбэр,

Аан дайды алгыстаах

Айхал олоҕо киниттэн

Арылыннаҕа буолуо диирим,

Туруу дойду дьоллоох

Тускута киниттэн

Тутулуктаах буолуо диэн

Толкуйдаан туймуулууруум,

Күн сирин көҥүл

Күндү олоҕо киниттэн

Көһүннэҕэ диирим,

Кэрэ дайды киэргэллээх

Кэскилэ киниттэн эрэ

Кэлэрэ буолуо диирим,

Күн уота кининэн

Көстөрө буолуо диирим.

Ол курдук

Оойнуулаах олох,

Киэргэллээх кэскил

Киһиэхэ кэлэн барара

Кэрэгэй, кэмчи эбит,

Эдэр эйэҕэс саас

Эргийэн-элэйэн иһэрэ,

Бардам майаҕас майгы

Баранан-барыгыран барара,

Төлкөлөөх дьөһөгөй дьүһүн

Түҥнэстэрэ түргэн эбит…

Онтон,

Орто дойду одурууннаах

Олоҕун долгунугар охсуллан,

Күн сирин күүстээх

Күтүр сүүрүгэр күлкүттэрэн,

Модун олох муустаах

Муоратыгар булкуттаран,

Баараҕай олох баһаан

Балкыырыгар балыттаран,

Элэмэс олох ис

Эрииригэр имиллэн,

Кырымахтаах олох кыһалҕалаах

Кыпчыырыгар кыбыттаран,

Эдэр бэйэм

Эмэх буолан эмтэрийэн,

Кыһыҥҥы күн

Кыраһа хаарынан

Кырааскалаан кырдалын

Кылбатарын курдук

Кыырыктыйа кырдьан,

Куруҥ мас курдук

Хоҥкуйа кууран,

Хаһыҥнаабыт хатыҥ курдук

Хагдарыйа хатан,

Оҕо бэйэм

Оҕонньор буолан олорон,

Одуулаан көрбүтүм —

Олох диэн одурууннаах,

Кэскил даҕаны кэмнээх,

Сырыы даа сыаналаах,

Саргы даҕаны саҕалаах,

Дьол даҕаны уһуктаах,

Таптал даҕаны наар буолбат эбит.

Хата

Барыта бадахтаах,

Кэскил кэмнээх,

Олох уларыйыылаах,

Эдэр саас кэмчи,

Оҕо саас оччугуй

Оҥоһуулаах буолар эбит, оҕолоор

1922 с.

 

Эт-сүрэх эҥмэнийэн,

Эттээх хааҥҥын биэрэн

Эрэммит дьахтар

Эппэккэ сыдъдьан,

Эрэлин сүтэрэн,

Иэдэйэн баран,

Иккиһин эккирэтиһэрэ,

Албыннаан сылдьан

Атыны таптыыра,

Ааһан арахсыбат

Алыс атаҕастабыл,

Сүтэн хаалбат

Сүүнэ өс буолар.

21/11—24. Булуҥ

 

Син

Күөх даа солко быыһыгар,

Көстүбэккэ күөгэлдьийэн,

Көлөһүн көтөҕүллэр.

Син

Ойуулаах да олох ортотугар,

Ороһулаан оҥоһуллан,

Омнуо олохсуйар.

Син

Сарбынньахтаах саргы  анныгар,

Саһан-сабыллан сылдьан,

Саппах санаа сайдар.

Син

Киэргэллээх кэскил кэннигэр,

Кистэнэн-баттанан сылдьан,

Кирдээх кэмэлдьи тэнийэр.

1924 с.

 

 

Урукку улаҕалаах тылгын

Уу-хаар оҥорбуккуттан

Улаханнык оруһуйдум.

 

Маҥнайгы махталлаах

Санааҕын

Мас-от гыммыккыттан

Баһаамнык балаҕадыйдым.

 

Аан маҥнайгы андаҕаргын

Аймаан аралдьыйбыккыттан

Алыс айманным.

 

Хараҥаҕа харгыстатан

Хайҕалгын хаалларбыккыттан

Халыаннык харааһынным.

 

Быстах суолга

Былаҕайга ылларбыккыттан

Быстыбакка мынчаардым.

 

Холуоппалаах тылгын

Хоруо оҥорбуккуттан

Холуоннук хоргуттум.

1924 с„ кулун тутар 13 күнэ. Булуҥ

 

Уордайбыккын уу-хаар курдук уҕарыт,

Абарбыккын ардах-самыыр курдук аһар.

Көр эрэ,

Эн

Күндү күөнүҥ иннигэр

Мин,

Уоруйаҕын туттарбыт

Ороспуой курдук уйадыйан,

Түмэн дьүүлгэ түбэспит

Түөкүн курдук төлкөлөнөн,

Куһаҕанын    булларбыт

Кулут курдук куттанан,

Тойонуттан дьулайбыт

Дьобулҕа уол курдук

Тобуктаан олорон,

Мин диэки биирдэ эрэ

Мичик гын диэн

Эҥин тылбын этэн,

Айманан-ааттаһан эрэбин —

Антах хайыһыма даа, абыраа,

Дьорҕойо көрүмэ даа, дьоллоо…

1924 с,  Булуҥ

 

БЫРАСТЫЫ

Уу долгунун курдук

Унаарыйа устан,

Салгын нарынын саҕа

Талбаарыйа хааман,

Күөх мас көрдүк

Күөгэлдьийэн күрэммиккин

Көмүскэм уутунан

Көрөн туран,

Быстахха ылларыма,

Былаҕайга былдьатыма,

Быдан бырастыы диэтим.

1924 с.

 

Уулларбыт хорҕолдьун курдук

Унаарыччы көрбүт

Уу долгун харахтаах,

Ураты үчүгэй

Уһун дьураа муруннаах,

Хамныыр эрэ

Хайгыы көрөр

Хара дьураа хаастаах,

Сайыҥҥы күн тахсар

Саһарҕатын куддук

Арыы саһыл хааннаах,

Уус киһи одуулаан көрөн

Оҥорбутугар холобурдаах

Ойуу куддук уостаах,

Уута һуох көмүс көддүк

Уйула һуох тиистээх,

Хара солкону хайыталаан баран

Ханыылыы уурбут куддук

Хара ньалҕахай астаах…

Хаарыан доҕорбун

Хайыһан көрөөт,

Хара быарым

Хамныар дылы

Хайгыы һанаатым…

 

***

Ээ, баттахтаах барахсаттар,

Ээ, суһуохтаах ньургуттар,

Искит эгэлгэтэ эриэнэ элбэҕин,

Санааҕыт салаата сарбынньаҕа

салаҥын…

1924 с.

 

 

(«Уйбааныс» оонньууттан)

Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах,

Ньаалҕайдааҕар намчы лабаалаах,

Сибэккитээҕэр тэтэркэй имнээх,

Күөх уу долгунун курдук

Күөгэлдьигэс бэйэлээх

Көмүс доҕорум.

Хардыылаабакка халбарыйан,

Атыллаабакка арахсан,

Уҥа түннүгүм аннынан

Уу курдук устан

Унаарыйан ааспыккын

Одуулаан турбутум,

Олус уйадыйбытым.

Онуоха, эн,

Санаабын таайбыт курдук,

Саҥата һуох салаллан

Санныҥ үрдүнэн

Салан сайаҕастык

Сандаарыччы көрбүккүн .

Сааһым тохору

Саныы сылдьыам,

Өлүөрүм тохору

Өйдүү сылдьыам…

 

Якутскай, 1924

 

 

(«Уйбааныс» оонньууттан)

Көлбөҕүрбүт көхсүбүн

Күөх сайыннааҕы

……….

Күөрэгэй чыычаах буолан

Көтөн кэлэн

Көрдөөх ырыаҕынан

Көндүөрүт даа,

Көмүс доҕоруом!..

Таҥнастыбыт санаабын

Таҥара сырдыырынааҕы

Талбарай чыычаах буолан

Тайан кэлэн

Талах үрдүгэр олорон

Талыы ырыаҕынан

Намырат даа…

Ыар санаа

Ыга батгаабытын

Ыраас халлаан

Ырыа чыычааҕа буолан

Ыксабар кэлэн

Ыллаан биэрэн

Ыраастаа даа!..

 

1924, Якутскай

 

Дорообо, доҕоруом!

Тоҕо тохтооҥҥун

Тоҥхох кымматын?

Толоҕойдоох толкуйуҥ

Тосту туораан

Тоҥон чугаһаабатыҥ?

Хара баттаххыттан

Хаамар атаххар дылы

Хайҕаан хараҥаран,

Хара быарбар ханыылаабытым.

Көрөр хараххын,

Көстөр дьүһүҥҥүн

Көлөһүнэ суох көрөн

Көмүстээҕэр күндүргэппитим.

Сайаҕас санааҕын,

Саҥарар тылгын,

Самалдьыгас бэйэҕин

Саргыга санаабытым.

Сүһүөҕэ суох сүрүҥҥүн,

Сүлүһүнэ суох тылгын,

Сүрдээхтик сөбүлээн

Сүрэхпэр сөҥөрбүтүм…

Эрэллээх тылбын,

Эт сүрэхпиттэн

Эйиэхэ эрэ

Эҥмэнийэн эппитим.

Оҕотук сааспар

Олоҕу оройдообокко

Оройум хаана оргуйан,

Оонньуур уодьуганыгар

Оттуллубут уот омуллубата,

Олохсуйбуг санаа уларыйбата,

Буҕа санаа

Булгуллубата буолуо диирим.

Эрэйи эгэлгэлээбэккэ,

Эҥини билбэккэ,

Элэркэй санааҕа эриттэрэн

Эргийэ сылдьар эрдэхпинэ,

Эн-мин дэһиспиттэн

Эт сүрэх эҥмэнийэрин

Эргэрэрэ буолуо диэн

Эгэлгэлээбэт этим.

Күлүүгү көрүнэн,

Көҥүлгэ көччүйэн,

Көтө-сүүрэ сылдьан

Көхтөөх санаа көччүйбүтэ,

Көмөлүйэр сүрэх көбүөхтээбитэ

Көҕүрээбэтэ буолуо диирим.

Онтукам баара

Олох оҥоһуута ураты,

Киһи кэскилэ кэдирги,

Саҥа да эргэрэр,

Санаа да уларыйар,

Таптал да салҕар,

Сүрэх да сөллөр,

Буҕа санаа булгуллар

Буолар эбит.

Онон эйигин

Хааным дьалкыйан,

Хара быарым хамнаан,

Хараҥаран таптыырбын,

Хайаан да кыайбаппын

Хайтах кыныамый?

Хайтах кынан

Сүрэҕим ньүөлүйэн,

Сүһүөҕүм хамнаан,

Сүмэм дьалкыйан,

Көҕүйэ көрөн,

Көмөлгөннөөх санаам

Көччүйбэт буолтун

Көннөрүөмүй,көмүһүөм?

Хайтах кынан

Санаам сайдан,

Саҥам тахсан,

Этим итийэн,

Эт сүрэҕим

Эриллибэт буолтун

Эргитэн аҕалан

Эйэҕэс буолуомуй?

Тымырым хаана тыгыалаан,

Тулаайах быарым туллаҥнаан,

Талыы курдук дьаралыйан,

Тапгаабат буолбуппун

Туох күүспүнэн туран

Туругурдуохпунуй, доҕоруом?

Соҕотох буоллахпына суохтуубун,

Аҥардас буоллахпына аһынабын.

Ол кынан баран

Көрдөрбүн эрэ күүркэйэбин,

Кэпсэттэрбин эрэ китиэркиибин,

Тоҕо даа буоларын толкуйдаабакка

Тоҥон кэлэбин,

Ыллара ныксаарбатарбын даҕаны

Ытыыга ылларабын,

Буоһата да суохтан

Бунчааран буоттуланабын.

Онон

Таптал дьалыйдаҕа диэн

Таайабын, эрэбил,

Сөбүлүүр сүрэх

Сөлүннэҕэ диэн сүрүнньүүбүн.

1926 с.

 

Эт сүрэҕим

Эҥмэнийэн эрэрин

Эргитэ санаабатыҥ

Эрэйин эбитин.

Эрэмдьилээх тылгын

Этэн дьэгдьиппэтиҥ

Эгэлгэтин эбитин.

 

ДОҔОРУОМ

 Сүрэҕим ньүөлүйэр,

Сүһүөҕүм хамныыр,

Хараҕым уута халыйар,

Хааным хараастар.

Көр эрэ, көмүһүөм!

Көмүскэм иһиттэн

Күөх уу

Көтүллэн түһэрин!

Аламаҕай санааҕынан

Алларыйбыт бэйэбин

Аралдьыт даа, ааттыыбын!

Буоһата суоҕу булкуйан

Боруоктаспыт буруйбун

Бырастыы кын!

Алҕаска алкыттаран

Атаҕастаабыт айыыбын

Ааттыыбын даа, аахсыма.

Аныгы арыллар

Ахсааннаах күннэрбин

Адыылаан көр.

Аан дайдыттан

Аттаныахпар дылы

Арахсар санаам

Адьаһын суох.

Ааттаһабын, абарыма!

 

***

Таһыттан санаатахха

Нарын таһаалаахтарын,

Намылыйбыт быһыылаахтарын,

Күлбүт-салбыт

Күөгэлдьигэс көрүҥнээхтэрин,

Имигэс тыллаахтарын иһин,

Истэрин иһигэр

Иирбэ санааны

Иҥэрэн сылдьар,

Дьалайан таайдахха

Дьахтар аймах баар.

Барыны баһыйар,

Барыга тиэрдэр,

Баһы аймыыр,

Бараммат балыыр

Батгахтаах аймах баар.

14/III—26

 

 ТАПТЫЫБЫН

Күөх ойуур күөнүттэн

Күөгэлдьийэ күөрэйэр,

Күлүмүрдээн көстөр

Күндүкүнү…

Күөх халлаан күөнүгэр

Күөрэйэ көтөн көстөн,

Күлүктээх түүн көлбөҕүн

Күндээрдэн көччүтэр

Ылбаҕай ый

Ыйдыҥа сырдыгын…

Сиртэн тахсар

Сиэдэрэй дьүһүннээх

Сибэкки симэҕин.

Намылыйар баттахтаах

Нарын дьахтар

Наскыгыр таһаатын.

А. 26 с.

 

***

Көмүһүөм!

Күчүмэҕэй күн

Күһэлтэлээх күнүттэн

Көмүскээ даа!..

 

***

 

Саһархай хааннаах,

Саҥардыы сааһыран эрэр

Саха кыыһа барахсан,

Суһуоҕун оҕотун

Санныгар санньылытан,

Уулларбыт хорҕолдьун курдук

Уу хараҕынан

Уҥуор-маҥаар

Унаарыччы көрө-көрө,

Умса түһэн

Уйадыйа олорбута…

Туохтан,

Күөх от көрдүк

Күөгэҥнэс көҥүлэ

Күһэллибитэ буолуой?

Туохтан,

Ырыа чыычаах курдук

Ылбаҕай ыраас санаата

Ыгыллан ыараабыта буолуой?

Туохтан,

Сааскы салгын курдук

Сайаҕас-саргы санаата

Самнан санньыйбыта буолуой?

1926 с.

 

Чээн, барахсан

Чэрэлийэрэ дьэгдьиҥитин,

Көрө-истэ

Көбүөхтүүрэ күндүтүн…

Аатыгыарын,

Абатын нии,

Тутан ылан

Турарым тохору

Таҥара оҥостон

Таптыы сыттарбын

Талыы да

Буолуо эбит…

1927 с.

 

Миигин көрүмэ,

Миэхэ кэлимэ,

Кэбис, кэпсэтимэ…

Сааспынан кырдьаҕаспын,

Санаабынан балыспын.

Аны эйиэхэ

Атас буоларбыттан

Адьас ааспыт

Аҕаарыма кырдьаҕаспын.

1927 с.

 

ХОРГУТУМА

Доҕоруом, хоргутума!

Уулларбыт хорҕолдьун

Унаархай дьүһүҥнүн

Уларытан уордайыма.

 

ДОҔОЧЧУГУОМ

Доҕоччугуом!

Тоҕо,

Хоодуот санааҥ холлон,

Хомойбуттуу хоҥкуйа

Хоолльуккун хоҥкуттуҥ?

Тоҕо,

Салбан санааҥ санньыйан,

Санаарҕаабыттыы салбаҕыран,

Саллан санньылыйдыҥ?..

Тоҕо,

Кынтаҕар бэйэҥ кыҥнайан,

Кыыһырбыттыы кыыһан,

Кытара кыйаханныҥ?

Бэйэҥ даа

Билбэккин дуо

Өбүгэ тухары өспөтөх

Өс хоһоонун:

«Кыһын сааһынан салаллар,

Сайын күһүнүнэн көһөр,

Үчүгэй үксэ үтүгэннээх,

Үлүгэр үгүһэ үтүөлээх» — (диэни)? ..

Итиниэхэ эбии эттэххэ,

Бэҕэһээ бэккиһэппит бэрди

Бүгүн бүдүлээн көрдөххө,

Куһаҕана куотарын?..

Бүгүҥҥү бүрүүкээбит мөкүнү

Сассыныгар сайыннаран санаатахха

Сааскы сассыардалыы сандаарарын

Алҕас алдьаххайа

Ааспытын кэннэ араҥаланарын,

Сатамматах сабыдыала

Сассыныгар самалыктанарын?..

Билбэккин дуо, биэбэкээм!

Сааскы халаан садырыына

Халыҥ мууһу хампарытан,

Күр мууһу көтөҕөрүгэр

Хара сиргэ

Хасса суох халыйан,

Ыарҕа талаҕы ылан,

Ис иирэни илдьиритэн,

Күөх үөтү күөрэлээн,

Хара буору хастаан

Хаһан хаалларбытыттан,

Ардах уутун аһаан,

Сир сиигэр силистэнэн,

Күн уотугар көччүйэн,

Күөх үөт күөнтүү

Күөгэлдьийэ үүнэрин

Көрбөт этиҥдуо, көмүһүөм?..

Ону оройдоон,

Күн санааҕын күлүгүрдүмэ,

Сайаҕас саргыгын самнарыма.

Өрөгөй өйгүн өлбөөдүтүмэ.

Инники иһэри иһиллээ,

Кэлэр кэскили кэтэс,

Олоҕу одуулаа, —

Оннук ордук буолаарай…

5—IX—28