Туллукчаан уол мэнигинэн баппат. Оонньуу сылдьан оҕолору ытатар, наадалаах маллары алдьатар, үүнээйилэри тоҕута тыытар. Дьоннорун тылларын истибэт, мөҕөллөрүгэр наадыйбат, сааналларын улахаҥҥа уурбат. Ыксаан дьонноро сэлэспэ ылан биэрдилэр — уоскуй, манан оонньоо диэтилэр. Туллукчаан наһаа үөрдэ, сэлэспэтин үрдүгэр түстэ.
Күн-дьыл ааһан истэ, Туллукчаан сэлэспэттэн арахпат, ханна да хаалларбат, тутан баран сылдьар буолан хаалла. Таһырдьа доҕотторо оонньууллар, кини наадыйбат… Төрөппүттэрэ кэпсэтэ сатыыллар, оҕолоро аахайбат… Аны дьонноро уолларын сэлэспэттэн араарар түбүккэ түстүлэр. Кэпсэтэн көрдүлэр, кистээн көрдүлэр – суох, туһа тахсыбата. Ыксаан аптаах эмээхсиҥҥэ сүбэлэттэрэ бардылар. Эмээхсин сэрэбиэйдээн баран эттэ:
— Эһиги уолгутугар ылан биэрбит малгытын куһаҕан хомуһуннаах киһи аптаах тылынан саҥаран, малгыт иһигэр хара туманы ыытан баран атыылаабыт эбит. Кини туманынан дьон өйүн сүүйэр, ол өйү бэйэтигэр иҥэринэр, эбинэр эбит.
-Оо дьэ, оҕобутун хайдах быыһыахха сөбүй, — дэспиттэр Туллукчаан төрөппүттэрэ.
-Иннибэр аптаах кинигэни көрөбүн эрээри ханна баарын чопчу этэр кыаҕым суох. Ол кинигэни көрдөөн булан уолгутун аахтарыҥ, өйүн-санаатын ырааһырдыҥ, бу хара дьайтан араарыҥ.
-Ол кинигэ аптаах буоларын хайдах билэбит?
-Уолгут кинигэни бэйэтэ булуохтаах, илиитигэр ылыахтаах. Дьэ оччоҕо эрэ кинигэ бэйэтин биллэриэ, абын-хомуһунун көрдөрүө. Ол кинигэ киниэхэ наадыйбыт киһини бэйэтэ билэр.
Туллукчаан ийэлээх аҕата эмээхсиҥҥэ махтаннылар. Дьиэлэригэр тиийэн аптаах кинигэни хантан булуохха сөбүн сүбэлэстилэр. Ийэтэ эттэ:
-Уһуну-киэҥи толкуйдаабакка ааҕар дьиэҕэ тиийэн көрдүөххэ. Онно араас кинигэ баар, баҕар ол кинигэлэр быыстарыгар аптаах кинигэ саһан сытара буолуо.
Уолларыгар кинигэ быыһыгар кылаат кистэммит былаана баар, ону көрдүөххэ диэбиттэрин сөбүлэстэ. Сып-сап хомунан ааҕар дьиэҕэ тиийэн кинигэни көрдөөтүлэр. Уол кинигэлэри биир-биир ылан арыйан баран тэбээн көрөр, онтон миэстэлэригэр уурталыыр. Син өр көрдөөтө, сылайда да наадалааҕын булбата. Остуоруйалар турар долбуурдарыгар тиийэн остуоруйа кинигэлэрин хаһыста. Арай биир кинигэни ылбыта кинигэтэ бэйэтэ арылынна, сырдаата, оҕо болҕомтотун тардан остуоруйа кэпсээн киирэн барда. Туллукчаан остуоруйа алыбар куустарда, кинигэтин тутан умсугуйа истэн турда. Ийэлээх аҕата олуһун үөрдүлэр, аптаах кинигэ бу буоларын сэрэйдилэр. Кинигэни уларсан дьиэлэригэр илдьэ бардылар.
Туллукчааҥҥа кинигэ элбэх остуоруйа кэпсээтэ, уолчаан ону барытын киинэ курдук хараҕар оҥорон көрдө, олуһун сөбүлээтэ.
Остуоруйа кинигэтиттэн саҕалаан уол ааҕар дьиэҕэ сылдьан элбэх кинигэ уларсар, иллэҥ буолла эрэ олорон кинигэ ааҕар буолла. Уолчаан кинигэни ааҕан, кинигэ иһигэр киирэн аан дойдуну барытын кэрийдэ, былыргы кэмнэргэ тиийэн ылла, буолуохтаах кэмнэри өҥөйөн көрдө. Күөх муораларга пираттардыын уһунна, бухатыыр буолан ахсым атынан көтүттэ, космическай хараабылга олорон киэҥ куйаарга таҕыста. Уол ааҕыы алыбар ылларан аны кинигэттэн илиитин араарбат буолла. Ол аахтаҕын аайы өйө-санаата уларыйда, билиитэ-көрүүтэ хаҥаата, бэйэтэ ырааҕы, сырдыгы ыралыыр буолла. Туллукчаан ааҕар дьиэҕэ тиийэн күндү кылаат картатын буолбакка, күндү кылааты – кинигэни булбутуттан олуһун үөрдэ, астынна.
Онтон сэлэспэтэ туттуллара аҕыйаан бэл аччаабыт, чаҕылхай бэйэтэ күлүгүрбүт курдук буолбут. Хара туман төттөрү көтөн хаһаайыныгар тиийбит. Ону хаһаайына атын сэлэспэлэргэ укпут, дьон өйүн ылаары хомуһуннаах тыллары этэн эмиэ атыыга ыыппыт.
Күндү оҕолор уонна төрөппүттэр, сэлэспэ атыылаһаргытыгар сэрэнээриҥ, аптаах сэлэспэ түбэһэн бириэмэҕитин барыа, доҕоттортон тэйитиэ, өйгүтүн-толкуйгутун буккуйуо. Ол оннугар Туллукчаан уол курдук кинигэтэ ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыҥ.
Анастасия Егорова

