Сыанабыл
Уус-уран литэрэтиирэ биллиилээх кириитигэ Баһылай Никиитис Бырдьахаанап сырдык аатыгар аналлаах “Саха уус-уран литэрэтиирэтин таптааччылар” бырайыак чэрчитинэн уус-уран айымньыны ырытыы кэтэхтэн куонкуруһугар (2019-2023 сс.) 1, 2 миэстэлэри ылбыт барыта 31 үлэ бу хомуурунньукка киирбит. Ааптардар оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон, Таатта, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Үөһээ Дьааҥы улуустар уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо.
Хомуруунньук тутула түөрт тиэмэттэн турар: “Ийэ уобараһа”, “Аҕа уобараһа”, “Саха саллаатын уобараһа”, “Уол оҕо уобараһа”.
“Ийэ уобараһа” диэн тиэмэҕэ саамай элбэх үлэ киирбит – 13. Оскуола үөрэнээччилэрэ А. Уваровскай “Ахтыыларыттан” саҕалаан Амма Аччыгыйа хоһоонноругар, “Сааскы кэм” романыгар, Эллэй “Таптыаҕыҥ ийэни”, Суорун Омоллоон “Чүөчээски”, Софр. Данилов “Ийэ барахсан”, Т. Сметанин “Күөрэгэй”, Н. Якутскай “Төлкө”, М. Заболоцкай “Кыыс үөрүүтэ”, Н. Габышев “Анфиса”, С. Маисов “Ийэм кэпсиир”, А. Савватеева “Ийэбэр” айымньыларыгар ийэ уобараһа хайдах быһыылаахтык ойууламмытын ырыппыттар. Үөрэнээччилэр үксүлэрэ литературнай геройдары кытары бэйэлэрин ийэлэрин тэҥнии тутан көрбүттэр, тус иэйиилэрин арыйбыттар – ийэлэригэр тапталга билиммиттэр. Ол эбэтэр уус-уран тиэкистэн уус-уран дискурс таһымыгар тахсыбыттар. Оттон уус-уран дискурс социальнай дискурс сорҕото буолар. Манна Ефимова Саргылана Агафья Савватеева “Ийэбэр” хоһоонугар бэлиэтээһинэ эмиэ социальнай дискурс көстүүтэ диэххэ сөп: “Арай бу ийэ куруук мөҕүттэ, тото кыыһыра сылдьара буоллар, маннык хоһоон айыллан, күн сирин көрүө суоҕа этэ”.
“Мин санаабар, ийэтин күүскэ таптыыр киһи төрөөбүт дойдутун ахтар, суохтуур буолар” (Гоголева Сардаана), “Ийэ оҕотугар сыһыана, таптала ханнык да кэмҥэ уратыта суох эбит” (Андреева Анисия), “Биһиги ийэлэрбит эмиэ оҕолорун таптыылларын, харыстыылларын курдук төрөппүттэрбитин соччо күүскэ сыаналыахтаахпыт, харыстыахтаахпыт” (Толстоухова Сайаана), “Саха дьахтара барахсан муударай, киэҥ толкуйдаах, ырааҕы-киэҥи санаан, оҕолорун сөптөөхтүк иитэрэ айымньыга толору ойууланар” (Борисова Ангелина) диэн эдэр ырытааччылар түмүк этиилэрэ дьон-сэргэ ортотугар олохсуйбут санааны өссө биирдэ бигэргэтэллэр. Маны таһынан, холобур, Ангелина Рожина ырытыытыгар бэрт сонун бэлиэтээһини ааҕабыт: “Саха литературатыгар баар ийэлэр уобарастарын ырытан баран маннык санааҕа кэллим. Төһө да омсолоох, биһирэмнээх геройдар буоллаллар, ийэ аата ийэ. Бары оҕолорун туһугар араастык кыһанан үгүс күчүмэҕэйдэри көрсөллөр. Кинилэр киһи-хара буолалларын туһугар кыһаналлар… Бары ким хайдах сатыырынан араастык иитэр, үөрэтэр-такайар”. Ангелина Н. Якутскай “Төлкө” романыгар биһирэбиллээх да, омсолоох да персонажтар ийэлэрин Ылдьаананы уонна Огдооччуйаны тэҥнии тутан ырытан баран итинник санааҕа кэлэр.
Маны таһынан, маачаха ийэ уобараһа саха литэрэтиирэтигэр баарын уонна хайдах быһыылаахтык ойууламмытын Т. Сметанин “Күөрэгэй” айымньытын холобуругар Аня Долгунова ырытыытыгар көрөбүт.
“Аҕа уобараһа” тиэмэҕэ барыта 7 үлэ киирбит. Улахан дьонтон В.В. Богдокумова “Оҕо литературатын антологиятыгар” киирбит айымньыларга аҕа уобараһа хайдах быһыылаахтык бэриллибитин ырыппыт. Манна юкагир суруйааччыта Тэки Одулок “Улахан Имтеургин олоҕо” айымньытыттан быһа тардыыны, Семен Данилов “Барытын киһи оҥорор” кэпсээнин, Н. Якутскай “Ийэ анды”, В. Протодьяконов-Кулантай “Аҕатын туйаҕын хатарыыһы”, Улдьаа Харалы “Иитиэх уол” айымньыларыгар тыйыс айылҕалаах дойдуга олорор дьиэ кэргэн аҕатын дьылҕата, аҕа уонна оҕо сыһыаннара уратыларын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. Чинчийээччи кэрэхсэбиллээх үлэтигэр уопсай түмүк таһаарбыта буоллар, ырытыы силигин толору ситиһиэ эбит.
Сивцева М.В. Туйаара Нутчина “Үөлээннээхтэр” айымньытын ырытан, иһэр аҕалаах оҕолор уустук олохторун, дьон тыйыс сыһыанын көрдөрөр. Манна, туора дьон, эмиэ ыал аҕалара буолуо, иһээччи киһи оҕолорун аһымматтар, оҕолору эрдэттэн бэлэмнээбэккэ, сэрэппэккэ эрэ тоҥон өлбүт аҕаларын дьиэҕэ киллэрэн оһоххо өйүннэри туруоран баран тахсан бараллар. Улахан кыыс туох буолбутун өйдөөт, балтын харыстаан хараҕын илиитинэн саба тутар, хоско киллэрэ охсор. Бу түгэни Мария Владимировна анаан ырытан, киһи киһиэхэ, буолаары буолан улахан дьон оҕолорго ньүдьү балай сыһыаннарын саралыыр.
Суорун Омоллоон “Күкүр Уус” (Арчылан Апросимов), Алампа “Куоратчыт” (Сандаара Павлова), “Чүөчээски” (Камила Касьянова) айымньыларыгар аҕалар омсолоох өрүттэрэ эдэр ырытааччылар үлэлэригэр бэлиэтэммит.
Дьиэ кэргэттэрин туһугар кыһаллар, уол оҕолорун такайан иитэр биһирэбиллээх аҕалар уобарастара Амма Аччыгыйын “Сааскы кэм” романыгар (Камила Касьянова), Семен Данилов “Икки суол төрдүгэр” (Лия Маркова) ойууламмыттарын эдэр чинчийээччилэр итэҕэтиилээхтик арыйбыттар.
“Саха саллаатын уобараһа” тиэмэҕэ – 5 үлэ, оттон “Уол оҕо уобараһыгар” – 6 үлэ суруллубут. Ырытааччылар ордук Т. Сметанин “Егор Чээрин” сэһэнин, хоһооннорун, Макар Хара хоһооннорун ырыппыттар, саха саллаатын ураты уобараһын чинчийбиттэр. Екатерина Рахлеева “Куйаар сокуоннара уонна Макар Хара” диэн ыстатыйатыгар бэрт интэриэһинэй ньыманы туһаммыт: Умсуура “Соргу” үлэтигэр олоҕуран түп тыллар, санаа ньигирэ, санаа күүһэ Макар Хара хоһоонноругар хайдах быһыылаахтык бэриллибиттэрин, ону ааһан поэкка хайдах быһыылаахтык сабыдыаллаабыттарын көрбүт. Татьяна Андросова “Уот Дьулустаан” ыстатыйата литературоведческай хабааннаах: уус-уран ымпыктар суолталара, геройу арыйар ньымалара холобурдарга олоҕуран итэҕэтиилээхтик ырытыллыбыттар. Эрдэтээҕи чинчийээччилэр бу сэһэҥҥэ урут бэлиэтээбэтэх ымпыктарын Татьяна үлэтигэр көрөбүт.
Түмүктээн эттэххэ, хомуурунньукка киирбит кириитикэлии үлэлэр сонуннар, санааттан санааны саҕаллар, күндүтүк саныыр, ытыктыыр Учууталбыт, кэллиэгэбит Баһылай Никиитис Бырдьахаанап олоҕун анаабыт дьыалатын салҕыыллар. Төрөөбүт улууһа Никиитис үлэҕэ, олоххо идиэйэлэрин ыччат дьон ортотугар тарҕатарын, кириитикэлии толкуйу-санааны сайыннарарын олуһун диэн биһириибит уонна Тааттатааҕы «Туллукчаан» оҕо библиотекатын үлэһиттэригэр, Ытык Күөл Алампа аатынан орто оскуола саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар махталбытын биллэрэбит.
Матрена Попова, тыл билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аат.
Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрситиэтин
саха литэрэтиирэтин дассыана.