1. 1957 с. 28 киһилээх хомусчуттар бөлөхтөрө Москва куоракка Саха сирин декадатыгар кыттыбыттара. Кинилэри ким салайан илдьэ сылдьыбытай?
(Лука Николаевич Турнин)
2. Биһилэхтээх хомуһу ким оҥорбутай? (Александр Чахов, 1969 с. айбыта)
3. Хомус Уйбаан толору аата? (Иван Егорович Алексеев)
4. «Хомус ыаһанар» диэн тугу этэллэрий? (хомус настройкатын, дорҕооно модьуратыллан биэрэр)
5. Импровизатор хомусчут диэн кимий? (тута хоһуйан тардар)
6. Композитор Грант Григорян «говорящий хомус» диэн тиэрмини музыковедениеҕа киллэрбитэ биллэр. Бу хомуһу ханнык манеранан (майгынан) тардыыны этэр тиэрминий? (сыыйа тардыы, хас биирдии тыллара чуолкайдык иһиллэр гына этитэллэр)
7.»Кини искусствота эдэрдэргэ хомус имэҥин иҥэрбитэ, тута хоһуйууга өй укпута, ааһа барарга угуйбута. Онон кини хомус тардыытын былыргы уонна аныгы оскуолаларын сибээстиир» Бу ким туһунан этиллэрий? (Лука Николаевич Турнин)
8. «Кини норуот үгэс буолбут үс ньыматыгар (сыыйа тардыы, хаастатыы, күөрэгэйдэтии) эбии 12 ньыманы айыыта уонна ол онтуката өссө сурукка түһэриллиитэ хомус профессиональнай музыката үөскээһинигэр тириэртэ» Бу кимий? (Иван Егорович Алексеев — Хомус уйбаан)
9. Зубанка, дрымба, гагауз, пармулииль, темир- комуз, кубыз, кумыз, мыны, конкой, хомус: бу инструменнар уопсай ааттара (варган)
10. Аан дойдуга бастакы хомус музейа ханнык куоракка аһыллыбытай? (Дьокуускай)
11. «Якутская народная музыка» диэн научнай үлэтигэр сахаларга уопсайа 14 араас охсор, сахсыйар, үрэр уонна струналаах инструменнар 19-с үйэ анараа өртүгэр үөскээн ааспыттара диир. Кини саха бастакы композитора Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх деятеля (Марк Николаевич Жирков)
12. 1969 с. Бүтүн Союзтааҕы грамзапись фирмата «Мелодия» аан бастакы хомус музыката уһуллубут грампластинканы таһаарбыта. Хомуска ким оонньообутай. (Иван Егорович Алексеев — Хомус Уйбаан)
13. 1914 с. хаһыакка хомусчут дьахталлар ансаамбыллара Бирикээсчиттэр кулууптарыгар оонньообутун туһунан иһитиннэрии тахсыбыта. Ханнык хаһыат этэй? («Якутская окраина»)
14. Аан бастакы хомус хрестоматията 2000 с. тахсыбыта. Бу хрестоматияны ким таһаартарбытай? (композитор Николай Берестов)
15. Аарыктаах хомус туһунан ким кэпсээбитэ биллэрий? (Лука Турнин)
16. Кини 1919 с. Сухуми куоракка төрөөбүтэ. Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа үөрэммитэ. Саха сиригэр үлэлии кэлэн сүүһүнэн народнай ырыалары нотаҕа түһэрбитэ. Саха музыкатын саҥа жанрдарынан байыппыта. Саха музыкатын туһунан, ол иһигэр, саха хомуһун туһунан элбэх ыстатыйалары суруйан специалистар дьүүллэригэр таһаарбыта. (Грант Григорян)
17. Чахов тоҕо хомуһу уларыта сатаан биһилэхтээбитэй? (звугун улаатыннараары. Хомусчут инструменын биһилэҕиттэн тутар, хомус тимирэ илиинэн хам тутуллубат буолан звук улаатар)
18. «Айархаан» ансамбль салайааччыта кимий? (Альбина Дегтярева)
19. Хомус күнэ хаһан буоларый? Бу күнү ханнык президент тоҕо бу күнү анаан биллэрбитэй? (Сэтинньи 30 күнэ. Егор Афанасьевич Борисов. Бу күн хомус музейа тэриллибит күнэ, 2011сылтан бэлиэтэнэр)
20. Гинесс рекордун кинигэтигэр элбэх буолан биир тэҥҥэ хомуска оонньооһун рекорда 2011 с. Туймаада ыһыаҕар буолбута. Хас киһи тэҥҥэ оонньообутай? (1344)
21. Хомус тылын үрдүгэр, тылыгар сыһыарбакка эрэ тылын кытары биир төрүттээн алтанынан иһэрдэн элбэх намчы үрүҥ көмүс чыллырҕастары иилтэлээн оҥороллоро үһү. Бу чыллырҕастар хомус тылыттан өссө намчы уонна кылгас буолар үһүлэр. Бу маннык оҥоһуллубут хомуһу туох диэн ааттыылларый? (Аарыктаах)
22. Нуучча учуонайа уонна айанньыта, 1850 сылтан Санкт — Петербург куорат наукаларын академияларын академига Саха сиригэр 1878 с. кэлэн хомуйбут матырыйаалларын түмпүт «Путешествие на Север и Восточной Сибири» диэн үлэтигэр сахаларга муос хомус баарын туһунан суруйбуттаах. Бу кимий? (Миддендорф Александр Федорович)
23. Марк Николаевич Жирков саха хомуһун көрүҥүн уларыппакка эрэ тыаһын улаатыннарар баҕалааҕа. Ол туһунан ССРС биир улахан республикатын искусствотын научнай — чинчийэр институтун иһинээҕи экспериментальнай музыкальнай мастарыскыайын кылаабынай маастара Савва Емельянович Диденкоттан көрдөспүтэ. (Узбекистан)
24.
«Санаалара сарбыллан
Өйдөрө түмүллэн,
Көҕүстэрэ чөҥкүйэн,
Түөрт үөдэннэрэ бүөлэнэр буоллаҕына,
Лыҥкынас ырыаҕынан
Чуҥкуктарын уҕарытаар,
Дьиэрэҥкэй ырыаҕынан
Чэҥкийбиттэрин дьэгдьитээр.»
Бу ким суруйбут хоһоонуттан быһа тардыыный? (Өксөкүлээх Өлөксөй)