1796
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (4 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Уваровскай

«Саха тылынан суруллубут сурук…»
Хайа баҕарар омук төрөөбүт тылынан суруктаах-бичиктээх буоллаҕына эрэ атын омуктарга баһыйтарбат,иҥэн-сүтэн хаалбат.
Саха норуота элбэх үйэлэр усталарыгар улахан, элбэх ахсааннаах норуот буолан бу төрөөбүт дойдубутугар чэчирээн- чэлгийэн олорбута.
Олох сайдан, бириэмэ баран испитэ. Саха сиригэр, бу биһиги уһук хотугу дойдубутугар, нуучча айанньыттара, учуонайдара, ыраахтааҕы хаһаахтара кэлэн испиттэрэ. Олохсуйан киирэн барбыттара. Саҥа кэлбит дьон бэйэлэрин тылларын кытта нууччалыы суругу, итэҕэли аҕалбыттара. Сурук- бичик кэлэрин кытта олох өссө түргэнник сайдан барбыта. Күн-дьыл аастаҕын аайы үөрэх биэрэр билиитэ-көрүүтэ киһи олоҕор олус наадалааҕа биллэн барбыта.
Саха сирин улуустарыгар аҕыйах да буоллар таҥара дьиэлэрин оскуолалара баар буолбуттара. Ол гынан баран сахалыы сурук суоҕа.
Сахалар үөрэҕи эккирэтэн, оннооҕор былыр, Иркутск, Томск, Москва, Санкт-Петербург куораттарга тиийэн үөрэнэллэрэ. Үөрэхтэнэн төрөөбүт норуоттарын сайыннарар, олоҕун тупсарар баҕа санаалаах Саха сиригэр кэлэн, бу дьон, сахалар үөрэхтэрэ суоҕуттан хараасталлара. 0ҕо оскуолаҕа киирэн хаһан да истибэтэх нуучча тылынан үөрэнэн барара, оннооҕор уруок быыһыгар сахалыы саҥарар буруй буолара.
Дьэ бу кэмҥэ үгүс үөрэхтээх киһи санаабыт буолуохтаах: биһиги сахалыы суруга-бичигэ суох өр туспа омук буолан олоруо суохпут, сотору бары нууччалыы тылланан, тылбытын сүтэрэн, устунан сир үрдүттэн омук быһыытынан сүтэр кутталлаахпыт, — диэн.
Саха үөрэхтээх дьоно баар буолан сахалыы уус-уран литература баар буолбута, сахалыы алфавит оҥоһуллубута.
Этиҥ эрэ миэхэ:
— сахалыы бастакы суругунан уус-уран айымньы ханныгый, автора кимий, хас сыллаахха суруллубутай? («Байанай алгыһа», Өксөкүлээх Өлөксөй ,1900 сыл).
— саха бастакы тыл үөрэхтээҕэ, сахалыы бастакы алфавиты оҥорбут саха кимий? (Семен Андреевич Новгородов)
— Өксөкүлээҕи кытта саха литературатын төрүттээбит суруйааччылар кимнээхтэрий? (Н.Д.Неустроев, А.И.Софронов)
0ҕолоор,ол гынан баран аан бастакы сахалыы тылынан тахсыбыт өссө биир кинигэ баар эбит. Ол олус уһун уонна интэриэһинэй историялаах кинигэ. Бүгүн биһиги ол бастакы сахалыы кинигэ туһунан, кини авторын олоҕун туһунан тохтуу түһэн кэпсэтиэҕиҥ.
«Ахтыылар» кинигэ киирии ыстатыйатыгар маннык суруллубут: «Ханнык баҕарар тылынан бастакы кинигэни суруйбут киһи аата ол норуот историятыгар киирэр, үйэлэр тухары кэриэстэнэр»
Эһиги, саха оҕолоро, үйэҕит тухары аатын ааттыы, кэриэстии сыл-дьыахтаах киһигит аата УВАРОВСКАЙ АФАНАСИЙ ЯКОВЛЕВИЧ.
Кини 1800 сыллаахха Эдьигээҥҥэ төрөөбүт. Аҕата, Яков Михайлович, нуучча киһитэ, Эдьигээҥҥэ исправник эбит. Ийэтэ, Екатерина Егоровна, саха тылын ууһун, сүмэтин дириҥник иҥэриммит , элбэх таабырыны, өс-хоһоону, остуоруйаны билэр дьахтар эбит. Төрөппүттэрэ 12 оҕону көмөн, соҕотох уолу тутан хаалбыттар.
Хайа баҕарар киһи дьиэ-кэргэнигэр иитиллэн киһи- хара буолар, дьонун ааттатар. Уваровскай «Ахтыылар» кинигэтигэр эһэтин Кисикеев Егор Михайлович туһунан ахтар: «Миигин сарсыарда эрдэ эһэм сурукка үөрэтэрэ. Киэһэ ийэбэр таҥара суругун ааҕарым. Кини мин санаабын салайара: таҥараны таптыырга, ыраахтаа5ыны ытыктыырга, дьадаҥыны харайарга, сымнаҕас санааҕа, киһини атаҕастаабакка, биир тылынан үтүө майгыга. Мин ийэбин холобура суох таптыырбыттан, бэйэм да төрөөбүт майгыбыттан бу кини эппит тылларын биирдэрин да түһэриминэ истэрим.»
Дьону-сэргэни убаастыы үөрэммит, билэр-көрөр баҕа санаалаах буолан Афанасий Уваровскай оҕо эрдэҕиттэн саха олоҥхотун, үһүйээнин, өс хоһоонун, таабырыны сэҥээрбитэ, билэргэ дьулуспута. Ийэтэ, Екатерина Егоровна, оҕонньоро өлбүтүн кэннэ уолбар үчүгэй буолаарай диэн дьиэтин-уотун көһөрөн Дьокуускайга көһөн киирбитэ. Уол дьиэҕэ олорон үөрэммитэ, кыһалҕа бэрдиттэн биир да үөрэх кыһатыгар үөрэммэтэҕэ. 16 сааһыгар «ыраахтааҕы суруйар үлэтигэр» турбута (писарь). Бу олус ыарахан, унньуктаах үлэ этэ. Уваровскай суруйарынан суруксуттар эрэйдээхтэр суукка 17 чааһын супту олорон суруйан тахсаллар эбит. Маннык ыарахан үлэҕэ үлэлии сырыттаҕына ийэтэ ыалдьан суорҕан- тэллэх киһитэ буолбута. Өлөөрү сытан уолугар кэриэһин эппитэ: «Эйигин саха таптаата, хойут да таптыаҕа. Умнума киһиэхэ үпкүнэн, сүбэҕинэн, эрэйгинэн көмө буоларгын: киһи оннук буолуох тустаах»
Уваровскай кинигэтин былаһын тухары күн күбэй ийэтин олус нарыннык, уйаннык ахтар. Кини кырдьык да үйэтин тухары ийэтэ эппит тылларын биири да умнубатах, кэспэтэх эбит.
А.Я.Уваровскай боростуой улэһит киһи, хорсун санаалаах, олус тулуурдаах, эппит тылыгар бэриниилээх киһи эбит. Кини олоҕун кинигэтин эпиграбынан нуучча улуу суруйааччыта, айанньыта И.А.Гончаров «Фрегат «Паллада» кинигэтигэр суруллубут тыллар буолуохтарын сөп: «Вы знаете, что были и есть люди, которые подходили близко к полюсам, обошли берега Ледовитого моря и Северной Америки- все это герои, которых имена мы знаем наизусть и будет знать потомство. Все они ходили за славой. А кто знает имена многих и многих титулярных советников, коллежских асессоров, которые каждый год ездят в непроходимые пустыни, к берегам Ледовитого моря, спят при 40- градусном морозе на снегу — и все это по казенной надобности. Портретов их нет, книг о них не пишется»

Үлэ наадатыгар ынырык айаны айаннаан икки төгүл улуу айаннары оҥортообута. Биирдэ 16 ый, онтон 7 ый. Охотскай муора биэрэгэр, Амур өрүскэ тиийэ: суос-сатыы. Бу айаннар сыаллара- соруктара: көһө сылдьар хотугу омук дьонун түһээнинэн хабыы, баай саха атыыһыттар хоту омуктарга баран кистээн, ыарахан сыанаҕа эргинэллэрин бопсуу этэ. Иккис сырыытыгар хотугу омуктар ахсааннарын учуоттааһын, олохторун суруйуу этэ. Бу ыарахан айан туһунан суруйарыгар Уваровскай сирдьит сахалары олуc хайҕаан, сөҕөн суруйар. Кинилэр мындырдарынан, өйдөрүнэн тыйыс айылҕаны кыайан , өлбөккө — суппэккэ айаннаабытыгар махтанар.

Этиҥ эрэ : уһун күнү быһа тоҥуу хаары кэһэн айаннаатыгыт, аара тааҥныы сытар үрэххэ ууну кэстигит. Хонор сиргэ кэлэн таҥаскытын хайдах куурдаҕыт?
Кинигэҕэ автор маннык суруйар: «этэрбэспитин , кээнчэбитин, үтүлүктэрбитин сииктэрэ таҕыстын диэн халыҥ хаарга көммүттэрэ. Сарсыарда эрдэ тыҥ хатыытa хaapгa көммүт дьиэтээҕэр ордуктук куурбут таҥаспытын бэрт тиэтэлинэн таҥнан айаммытыгар туруммуппут.»
1830 сыллаахха прогрессивнай көрүүлээх Афанасий Яковлевич сойуолааһыҥҥа түбэспитэ. 4 ый хаайыыга сыппыта. 9 сыл дьыалаҕа эриллибитэ.
Ыарахан айаннар Афанасий Яковлевич доруобуйатын айгыраппыттара. Кини улэтиттэн тохтоон, малын-дьиэтин атыылаан соҕуруу Санкт — Петербург куоракка көспүтэ. Бу кини ийэтин кэриэһэ этэ.Ол да иһин этэр: “Билигин мин өлөр көстө да кэллэҕинэ куттаммаппын : ол дойдуга мин саатымна эрэн ийэбин кытта көрсүөм, мин кини кэриэс тылын толору ситэрбитим»
Петербурга кини уруккаттан билсэр нуучча улуу айанньыттарын кытта өссө истиҥник доҕордоспута. Сибиир историятын, сирин-уотун үөрэтээччи учуонайдарга сыаналаах киһи буолбута. Кини саха тылын үчүгэйдик билэрэ. Саха олоҕун-дьаһаҕын олохтоох киһи көрүүтэ учуонайдарга олус наадалаах, сурукка хайаан да киириэхтээх билиилэр этэ. Учуонай Отто Николаевич Бетлинг Уваровскайга бэйэтинэн кэлэн саха тылын үөрэтэригэр көмө буоларыгар кердеспутэ. Онно эппиэттээн А.Я.Уваровскай суруйбута : «Саха дойдута мин төрөөбүт сирим, саха тыла мин төрүөбүт тылым: бу кэннэ эн үтүө туһалаах үлэҕэр мин көмөлөһүмнэ киэр диэм баара дуо?* Кинилэр 7 ый бииргэ үлэлээбиттэрэ. Учуонай Бетлинг «О ЯЗЫКЕ ЯКУТОВ» диэн биллэр-көстөр , улахан научнай үлэни суруйбута немецтии, французстуу тахсыбыта . Бу саха тылын бастакы научнайдык чинчийии этэ. Онно кини Уваровскайтан сахалыы тылынан айымньы суруйарыгар көрдөспүтэ. Кинигэ түмүгэр автор маннык этэр: «Хаһан эмэ бу сурук сахалыы ааҕар киһиэхэ түбэстэҕинэ, мин түктэрии эппит туох эмэ тылбын хоһууга уурумуоҕун, ол туһуттан: саха тылынан суруллубут сурук сир дойду үөскүөҕүттэн бу маҥнайгыта. Иккис,үһүс сурук ордук буолуоҕа. Мин үөрэбин таптыыр сахам тылынан маҥнайгы суругу мин суруйбуппуттан». Кини ол аата хаһан эрэ саха суруктаныа диэн эрэммит эбит. Уваровскай, Өксөкүлээх курдук дьон баар буоланнар саха тылынан уус-уран айымньыта сурукка -бичиккэ киирбитэ.
Бу кинигэҕэ Эрэйдээх-буруйдаах Эр соҕотох туһунан олоҥхо, 6 таабырын киирбиттэр.
Таах олоруохтааҕар таайын эрэ:
1. Ким баар буолуоҕай үөрэҕэ суох тылынан кэпсэтээччи? (өй дуораана)
2. Балаҕан үрдүгэр чарпа тохтон сытар үһү.(сулустар)
3. Балаҕан үрдүгэр кэлтэгэй хамыйах сытар үһү. (ый)
4. Улуу сыһыы ортотугар дуб мас турар, уон ордуга икки салаалаах үһү, салаа ахсыгар түөртүү көтөр уйата баар үһү, уйа аайы сэттэлии сымыыт баар үһү. (сыл, ыйдар, нэдиэлэ күннэрэ)
5. Суола биллибэт чуоҕур атыыр баар үһү, атаҕа суох хаамар үһү (тыы)
Уваровскай ийэтэ саха тылын дириҥник билэрэ, ол да иһин уола саха тылын төрөөбүт тыл оҥостубута. Хайа баҕарар омук тылыгар өс хоһоонноро бастыҥ тыл баайа буолан сылдьаллар. Бу дьон — аймах олоҕун- дьаһаҕын, сиэрин- майгытын туһунан дириҥ ис хоһоонноох, кылгастык уонна бэргэнник хоһуйан этии буолар. Уваровскай бэйэтин айымньытыгар өс
хоһооннору, бэргэн тыллары табыгастаахтык туттар.»АХТЫЫЛАР» өс хоһооннорунан саҕаланаллар.
Билигин 3-4 хамаандаҕа арахсабыт уонна «КИҺИ ТЫЛА- ОХ» диэн оонньууга күрэстэһиэҕиҥ.
Наада буолаллар: лиис кумааҕы, ручка, өс хоһооннордоох кинигэ

1. ӨС ХОҺООНУ СААҺЫЛАА.
3 балл сыаналаах.
A) БАЛЫГА БИЛЭР КҮӨЛҮМ (БИЛЭР КҮӨЛҮМ БАЛЫГА.)
Б) СЫАТААҔАР ТЫЛА МИННЬИГЭС (ТЫЛА СЫАТААҔАР МИННЬИГЭС)
B) ЫЛЫАН СЭТТЭҔИН СЭНЭЭБИККИТТЭН ( СЭНЭЭБИККИТТЭН СЭТТЭҔИН ЫЛЫАН)
Г) КҮӨСКҮН ӨРҮНҮМЭ ЭРДЭТТЭН ( КҮӨСКҮН ЭРДЭТТЭН ӨРҮНҮМЭ

2. ТУРА-ОЛОРО ТОЛКУЙДУОХХА, ӨС ХОҺООНУН ТААЙЫАХХА. (Өс хоһоон инники уонна кэнники тыллара этиллэллэр. 0ҕолор таайаллар. Слайдаҕа суох тылы ойуунан солбуйар ордук)
-сымыыттааҕар бутэй, балыктааҕар кэлэҕэй.
-буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы.
-быа синньигэһинэн быстар,быһах уһугунан тостор.
-саҥарыан иннинэ санаан көр.
-кыһыл тылынан кынаттанар.
-сүөһү күрүөлээҕэ, киһи төбөлөөҕө үчүгэй.
-куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар.

З.СЫЫППАРАЛААХ ӨС ХОҺООННОР. (хамаандаттан биир оҕо тахсан сыыппара талар, онтон бары толкуйдаан сыыппаралаах өс хоһоонун этэллэр. Иҥниэхтэригэр дылы бара туруохха сөп)
ХОЛОБУР:
1: -үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
-биир эрэ собо тыастаах .
-эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт.
-уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр , биир күн ат уорҕатыгар.

2:-киһи иккитэ төрөөбөт.
-оҕус тириитин иккитэ сүлбэккин.
-икки ардыларыгар уу тэстибэт дьон.
-иккитэ өлбөккүн, бииртэн куоппаккын.

3:-түөкүн киһи үс күлүктээх.
-уол оҕо саадаҕын үстэ курданан киһи буолар.
— үс өргөстөөх ,аҕыс кырыылаах киһи.

7:-эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит.
-сэттэ ыалы биир сүгэлээбиккэ дылы.
-сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыан.

100:-сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх .
-сүүстэн биири талбыт курдук.
-сүтүктээх сүүс айыылаах.

4. БЭРГЭН ТЫЛ БЭРКЭ ЭППИТ ЭБИТ.
(Өс хоһоонноро хайдах киһини этэллэрин таайыахтаахтар.)
-айаҕа хайдыаҕынан айдаарар, хабарҕата хайдыаҕынан хаһыытыыр.
-мөлтөх мөккүөрүн эрэнэригэр дылы.
-тиэргэн ыта үрүгэнигэр дылы.
-тыла айа5ар баппат. ( ТЫЛЛААХ,ЭТИҺИИК КИҺИ)

-сип гыммыты ситиигэ тиһэр, сап гыммыты сапка тиһэр.
-аһаҕас айах,бэлэм бэлэс.
-этэрбэс араадьыйата. (ХОБУОЧЧУ,ХОП-СИП ХААТА)

-муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан.
— былыр баккылааҕым диэбиккэ дылы.(КИҺИРГЭС)

— тыла унуоҕа суох.
-омурдун эрэ абырахтыыр.
-айаҕа атыны туойар, бэйэтэ атыны оҥорор.
-уу диэбитэ хаар, хаар диэбитэ уу.(СЫМЫЙАЧЧЫ,АЛБЫН)

5. ТЫЛ КЫРААСКАТА
(араас дьүһүн -өҥ ахтыллар өс хоһооннорун этэллэр. 2 балл бэриллэр)
-кыһыл тылынан кумахтан өтүү хатар.
-кыһыл тылынан кынаттанар.
-үрүҥү хара диир киһи.
-күөх көппө,күөх киһиргэс.
-салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр.
-үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөт.
-кылбайбыт эрэ кыһыл көмүс буолбат.

6. СЫЫҺАНЫ БУЛ, СӨПКӨ ТУРУОР
-уйатыгар тыал киирбит.( уйатыгар уу киирбит)
-ыт баһа көмүс кытахтан ыстаммыт. (ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүт.)
-эһэ дьэдьэннээн сиэбитигэр дылы.( эһэ кымырдаҕастаан сиэбитигэр дылы.)
-сыыла сылдьан ынах быатын быһар. (сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар.)

ТУЬАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА:
1.Габышев Н.А. Афанасий Уваровский и его «Воспоминания»
2. Жиганск в «Воспоминаниях» Уваровского: к истории уникального издания на 3-х языках.- Илин,1997.- № 3-4,- с21-22,с34-36 З.
3.КиҺи тыла-ох: таабырыннар, өс хоһоонноро.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1982._ 53с.

Ытык Күөл, 2000 сыл