Оо, күөн күрэс! Эн дуоһуйуугун!
Эн олоххо эрэллээх, халбаҥнаабат
доҕоргун.
Эн — дьон- аймах сайдар
сааһын
өрөгөйдөөх
илдьитэҕин.
Эн – үйэттэн үйэҕэ өбүгэлэр
үгэстэрин тиэрдэҕин.
Оо, күөн күрэс!
Эн уран тутааччыгын!
Эн – дьүөрэлэһии
уран ууһаҕын,
Эн- биһигини күүстээх, сымса,
көнө
быһыылаах оҥороҕун, айылҕаттан
итэҕэстээх төрөөтөхпүтүнэ
көннөрөҕүн.
Эн – ураты, дьикти
уускун.
Эн тупсараҕын
эрчиллэр
киһини.
Уохтаах, күүстээх,
тэтимнээх,
үйэлэргэ тохтообот
хамсааһын –
бу күөн күрэс.
Эн- кими даҕаны өрө
туппаккын.
Эн үөрэтэҕин,
күрэхтэһии
сиэрэ –
кэһиллибэт ыйаах
буоларын.
Эн модьуйаҕын –
Ыра санаалан диэн.
Дьаныардаах буол диэн,
өрөйөн – чөрөйөн биэр
диэн.
Оо, күөн күрэс!
Эн олус сырдыккын!
Эн – эҥкилэ суоххун.
Эн сиэрдээх- майгылаах,
көнө, ыраас, эрэллээх буолары
ирдиигин.
Эн бэйэҥ сүргүн-куккун
бу тылларга иҥэрбиккин:
“Кыайыы үс төгүл
минньигэс, өскөтүн
сыранан кэлэр,
дьиҥнээхтик, ыраастык
ситиһиллэр
буоллаҕына”.
Оо, күөн күрэс!
Эн үөрүүгүн!
Эн күлүбүрүү күүрэҕин.
Эн умайар уоту хааммытыгар
кутаҕын,
сүрэхпитин эппэҥнэтэҕин.
Эн ыраах баар
саҕахтары
арыйаҕын, суолбутун
ыйаҕын.
Эн сүрэхпит бааһын
оһороҕун, олоххо
оломун буллараҕын.
Үөрүүнү, дуоһуйууну,
дьолу- соргуну
аҕала тур дьоҥҥо,
күөн күрэс!
Оо, күөн күрэс!
Эн – төлөһүйүүгүн!
Эн киһи- аймаҕы амньырыыртан
харыстыыгын, оһоллоох суолтан
тэйитэҕин.
Эн – далаһаҕын,
олох моһолун
туоратаҕын.
Эн – киһини бэйэтин
көрүнэр,
өйүнэн – санаатынан
эмсэҕэлээбэтин
оҥостор буоллун диэн
такайаҕын.
Оо, күөн күрэс!
Эн эйэҕин!
Эн сир дьонун
Барытын эйэлээх, иллээх,
Доҕордуу оҥороҕун.
Эн – Илгин.
Эн – эйэлээх ыччаты түмэҕин.
Эн – кэскиллээх ыраҕа сирдиигин.
Эн – эйэлээх, доҕордуу
күрэхтэһии
уостубат уйгута
буолаҕын,
ыраас, чаҕылхай кыайыы
сыккыһа аатыраҕын.
Эн – иллээх туонаҕар
кэнчээри ыччаты
түмэҕин –
биһиги эрэлбитин,
биһиги кэскилбитин.
Оо, күөн күрэс!
Эн – эйэҕин!