Поэт Иван Гоголев
Ийэ туһунан сонеттарынан литературнай чаас
Быйыл тохсунньу 18 күнүгэр народнай поэт, суруйааччы, драматург, публицист Иван Михайлович Гоголев 75 сааһын туолар. Кини үгүс өрүттээх айар үлэтин сырдатар олус уустуга суох буолуо дии саныыбын. Ол иһин лирикатыттан биир чопчу теманы: «Ийэ туһунан» сонеттарын дьөрбөтүн билиһиннэр тэттик сценарий суруйдубут. Бу сценарийы поэт юбилейын кэнниттэн, кулун тутар 8 күнүгэр, аны күһүн Ийэлэр күннэригэр туһаныаххыт диэн эрэнэбин.
Киириитигэр, хоһооннор ааҕыллыахтарын иннинэ хомус тыаһа, эбэтэр сахалыы музыка киэргэл буолуон сөп.
Саха народнай поэта Иван Гоголев поэзията, атын дд жанрдарга айбыт биир ураты обраһа — Ийэ обраһа. Поэт Ийэ туһунан өp сыллаах санаата, поэтическай иэйиилээх истиҥ тыллара «Аан дархан махталым» диэн сонеттар дьөрбөлөрүгэ түмүллүбүт. Манна баар биэс уон сонеттар ийэ обраһын киэҥник, сирийэ айаллар: оҕо ийэҕэ истиҥ таптала, ийэ алгыһа, эдэригэр эһиэкэйдиир куолаһа, дьону аһынарга, сэмэй буоларга үөрэтиитэ… Ийэ диэн тыл поэт санаатыгар Ийэ сир, Ийэ тыл диэн өйдөбүллэри кытта быстыспат биир ситимнээхтэр. Ийэ… Ийэ барахсан…
Үгүс түбүктээх, күнү быһа үлэлээн хачыгырыыр намыын-холку майгылаах ийэ барахсан:
Сайыҥҥы күн ийэм курдук
Ходуһаҕа от мунньаахтыыр
Ийэм курдук холкутук
Тыал титииккэ ынах ыыр.
Сылаас ардах ийэм курдук
Оҕуруокка уу кутар,
Ийэм курдук ый чуумпутук
Кылбаарыччы муоста сууйар.
Үлэ дьонун үтүө сирэ
Ыкса түүҥҥэ диэритин
Ийэм курдук түбүгүрэр
Үлэ үрдүк үөрүүтүгэр
Сарсыардаттан тулам миигин
Ийэм курдук үөрэтэр.
Аан дойдуга саамай кэрэ тыл — Ийэ! Бу тылы киһи аан бастаан саҥарар, бу тыл аан дойду бары омуктарын тылыгар барытыгар эйэҕэстик иһиллэр. Ийэ илиитэ сымнаҕас, сылаас, тугу барытын сатыыр. Ийэ сүрэҕэ саамай истиҥ, эйэҕэс. Кини мэлдьи таптыыр, харыстыыр.
«Мин оҕо сааһым маннайгы өйдөбүлүн хаһан да умнубаппын: сибэккилээх хонуу… Мин ийэбэр көтөхтөрөн турабын, ийэм сымнаҕас, сылаас түөһүгэр сыстабын. Ийэм кимиэхэ эрэ сапсыйар, мин эмиэ сапсыйабын. Үрдүбүтүнэн улахан баҕайы көтөрдөр үс муннуктуу кэккэлии көтөн ааһан иһэллэр. Кынаттарын тэнитэн элиэтииллэр. Кынаттара тоҕо эрэ кыһыл хаймыылаах. Халлаан киэҥ да киэҥ, күөх да күөх, ҮРДҮК да үрдүк! Ити өйдөбүл мин oҕo сүрэхпэр дириҥник иҥпититтэн эбитэ дуу, түүн аайы түһээн көтөр идэлэммитим. Үрдүккэ көтөр үөрүүбүттэн сүрэҕим минньигэс баҕайытык дьырылыыра».
Ыйдаҥа туналыгар
Кэпсээбитэ биирдэ ийэм:
«Ый күөх нуурал толоонугар
Кынаттаах am мэччийэр».
Толору ый сыһыылары
Чаҕылыттаҕына утуйбатым,
Көрүөхпүн баҕарарым
Кынаттаах дьикти аты
Мин ол аты сонордуубун
Олоҕум устатыгар,
Ыйдаҥа түүн аймыыр уубун.
Дохсун баҕа санаабын
Кынаттаабытын туһугар
Ийэбэр махтанабын.
Бу махтал тыллара анаммыт киһилэрэ Анна Федоровна Гоголева. Дьүһүннээх үтүөтэ, майгылаах мааныта, асчыт ааттааҕа, иистэнньэн бэрдэ этэ, — дииллэр. Ааныска мааныһыта, күндүһүтэ, ыалдьытымсаҕа, үтүө-мааны майгыта, сытыары сымнаҕас сыһыана кэпсэлгэ сылдьара.
Таптыыр, ахтар күн-күбэй
Төрөппүт ийэм Аана,
Мин сүрэхпэр бааргын өрүү
Олус да үгүс үтүөлээх
Аанньал киһи эбиккин.
Сыллыы-сыллыы эйэҕэс
Тылларынан сүбэлиириҥ,
Арыт мөҥөн саҥарбытын
Алгыстааҕар ордук эбит,
Аргыый охсон ылбытыҥ
Арыынан соппут курдук,
Чиэһинэйтэн чиэһинэй
Кыһыл көмүс киһигин
Көрөн-истэн ииппиккин
Күнтэн-ыйтан сүттэхпинэ,
Арай умнаа инибин.
Ааныска — боростуой саха дьахтара этэ. Үйэтин тухары үлэлээн, ыанньыксыттаан оҕолорун ииппитэ. Поэт саамай күндү киһитигэр анаабыт тылларын бүгүн долгуйа ааҕабыт уонна бэйэбит ийэбитин саныыбыт. Бу тыллар биһиги хас биирдиибит ийэтигэр анаммыт курдуктар: «Ийэттэн ордук күндү күн сиригэр ним баарый? Ийэ… Ийэ буор… Ийэ сир. Ийэ халлаан… Ийэ тыл… Күн ийэ… Бары күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни ийэбитигэр тэҥниибит. Ити мээнэҕэ буолбатах. Дууһабыт бары намчы-нарын, сылаас, амарах иэйиилэрэ ийэ тапталыттан иитиллэр быһыылаахтар».
Ийэтэ суох туох да суох
Ийэ сирдэр, ийэ тыллар
Ийэ күн да, омуна суох,
Ийэ баар буолан бааллар.
Таҥара суох-буоллун, баҕар,
Баар буоллун ийэ эрэ
Оччоҕо баар буолуоҕа
Күннээх санаа уонна кэрэ.
Кинилэр эрэ бааллар
Киһи кыыл буолуохтааҕын
Киһилии оҥорооччулар.
Күҥҥэ тэҥнээн ийэлэри-
Сирдээҕи, халлааннааҕы
Таҥаралардааҕар сибэтиэйдэри.
Күҥҥэ тэҥниир киһитэ -ийэтэ уола үөрэхтээх киһи буолуон төһөлөөх ба§арбытай? Үөрэх үчүгэйгэ эрэ тиэрдэрин бигэтик эрэнэр төрөппүттэрэ уолларын Москвалыыр борогуонун булаары баар-суох баайдарын дьиэлэрин атыылаабыттара. Ийэтэ Ааныска массыыҥканан суруллубут хоһооннордоох тус-туспа лиистэри имэрийбиттии көрө-көрө: «Оҕобут үрдүк үөрэҕи ыларыгар туохпутун да харыстыа суохтаахпыт. Дьиэни харыһыйар сатаммат. Оҕом эрэ үөрэннэр. Оҕом хоһооннорун Күннүк Уурастыырап бэйэтинэн хайҕаабыт” — дии олорорун Иннокентий Иванович Томскай, экономическай наука доктора ахтар. Бу сүүнэ таптал, улахан эрэл — тирэх буоланнар поэт 1954 сыллаахха Москватааҕы Горькай аатынан литературнай институту бүтэрэн кэлбитэ. Ол да иһин эттэҕэ:
Ийээ, миэхэ бэлэхтээбитиҥ
Ийэ тылым барахсаны –
Сир биир улуу дьиктитин,
Сир бараммат бастыҥ баайын.
Биэ үүтүнүүбу тыл ньулуун,
Түҥ былыргы дүҥүр тэҥэ,
Акаарыга көннөрү уу,
Муударайга өлбөт мэҥэ.
Маннык баайдаах эрээрибин
Хайдах дьонтон итэҕэстик
Сананыахпын сөбүй мин?
Бу тыл модун куолакалын
Сир сэргээтин диэн күүстээхтик
Чуордук охсо сатыыбын.
Оҕолор төрөппүттэригэр иитиллибит иэстэрин хаһан да төлөөбөттөр диэн сөпкө этэллэр. Ону Ийэ барахсан төлөтөөрү ирдэспэт даҕаны. Киниэхэ оҕото эрэ этэҥҥэ сырыттын. Оҕо 5 да сааһыгар 50-н да сааһыгар Ийэҕэ куруук oҕo, куруук мөлтөх, КУРУУК кини харыстыырыгар, көмүскүүрүгэр наадыйар. Ол да иһин хас биирдиибит олоҕун сырдык да, курус да түгэннэригэр аан бастаан Ийэ сылаас тыынын, ИЙэ илиитин сымнаҕаһын, Ийэ куолаһын истиҥин санаан-ахтан, уйадыйан кэлэр.
Сааһырбыт уолун, ийээ,
Билигин да эйигин,
Суохтуубун илэ түһээн,
Бэйэм онтон бэркиһиибин.
Сорох мин доҕотторум
Билигин да ийэлээхтэр,
Хайдах курдук дъоллоохторун,
Арааһа сэрэйбэттэр.
Ордугургууру сатаабат
Бэйэм арай кистии-саба
Кинилэргэ ымсыырабын.
Олоҕум уон да сылын
Биэриэм этэ ийэбин
Биирдэ кууһар туһугар мин.
Оҕо да эрдэххэ, эдэр да сааска, баараҕадыйар да кэмҥэ, кырдьан сорсуйар да сахха Ийэ барахсан баара, кэккэлэһэ сылдьара тустаах киһиэхэ — улуу дьол. Сорохторго ол улуу дьол тиксибэт.
Төрөппүт Ийэ бу үрүн күн анныттан барарыгар аттыгар баар буолуу, кини ыарыытын чэпчэтэ сатааһын оҕо Ийэҕэ бэстилиэнэй иэһэ. «Эн тиһэх түүҥҥэр мин бэйэм эйигин ыарыылаабытым, эн уҥуох-тирии буолбут бэйэҕин кууһан олорбутум, мин илиибэр эн тэбэрэ тохтуура чугаһаабыт сүрэҕин бүллүгүрүүрэ, ити сүрэх аан дойду саамай амарах, саамай ыраас сүрэхтэриттэн биирдэстэрэ этэ эбээт! Мин көрөн олордохпуна эн тыыммат буолбутун… Ол түгэн ынырык да этэ!.. Балыыһа кыараҕас хоһугар эн иннигэр сөһүргэстээн туран ытаабытым, өр ытаабытым… Ийэккээм, мин сүрэхпэр эн өрүү тыыннааххын. Эн миэхэ бэлэхтээбитин күндүттэн-күндүнү — олоҕу, кэрэттэн кэрэни — поэзияны!
Аар түһүлгэ ортотугар
Аас баттахтаах хотун ийэ
Тойон чороон тутан турар,
Аан дойдуну алгыыр иэйэн.
Мин кинини тоҕо эрэ
Олус-олус уруургуубун,
Маннык дуо Сахам сирэ?
Маннык дуо Лена Хотун?
Таптыыр ийэм маннык этэ,
Алгыс эрэ тылын этэр
Аналлаах курдук этэ.
Аар түһүлгэ ортотугар
Ийэм куруук мин санаабар
Аан дойдуну алгыы турар.
Поэт эппит тылларынан этиэххэйин Ийэбитигэр: «Мин олоҕум эн амарах сылаас, истиҥ тапталгыттан саҕаламмыта, олоҕум устата эн тапталын, эн алгыһын миигин арыаллаабыта, эн миигин бар-дьону, аан дойдуну амарахтык таптыырга үөрэппитин. Бу иһин эйиэхэ муҥура суох махтанабын».
СЫҺЫАРЫЫ:
И.М. Гоголев айар үлэтин туһунан кинигэ быыстапкатын оҥорорго маннык тыллар цитата буолан көмөлөһүөхтэрин cөn. Народнай поэт Семен Данилов «Ойуунускайдыын кэпсэтии» диэн поэматтан:
«Хайгыан этэ эн да, бука
Литературан ааспыт суолун.
Таптыан этэ эн да, бука,
Мин бүгүн таптыыр дъоммун:
Дохсун Уйбаан Күөгэлэп
Өрөгөйдүөх талаанын…»
Поэт бэйэтин тыллара:
«Үчүгэйиэн тыыннаах буолар!
Былыттарга уунан тиийэр.
Хатыҥ намчы биилин кууһар.
Сарыал аалай уутун иһэр».
«Өбүгэм үгэһин ытыктаан
Аал уоппар ас кутан
биэрэбин
Ийэ буор түөһүгэр
тобуктаан
Бар дъоммор үс төгүл
үҥэбин.
Аал уотуом, эн күөдьүй
сүрэхпэр,
Ийэ буор, чиҥ тирэх
буолууй даа,
Мин тиһэх кимиигэ
Киирэрбэр
Бар-дьонуом, алгыскын
аҕал даа!»
“Махтанабын иэйии күндү
Дуоһуйуутун бэлэхтээбиккэр,
Поэт буолар саамай үрдүк
Чиэһи миэхэ биэрбиккэр.
Сирдээн ис олох устун
Өрөгөйдүү, үөрэ, айа
Аламаҕай, сырдык, хорсун
Иэйиэхситим — поэзия! («Мин доҕорум — поэзия» поэматтан)
И. Гоголев туһунан уонна кини айымньыларын туһунан
- Айдарбаева Р. И.М. Гоголев поэзиятыгар оҕо саас ахтылҕана//Кэскил. — 2005. — тохсунньу 18 к., тохсунньу 21 к.
- Алексеев А. Уус-уран тыл маастара: И. Гоголев поэзията//Кыым. — 1986. — кулун тутар 14 күнэ.
- Афанасьев Е. «Хара кыталыктар» автордара: И.М. Гоголев уонна И.А. Черткова//Кыым. — 1990. — атырдьах ыйын 19 күнэ.
- Босиков Н. Сэргэ үрдүгэр олорор Өксөкү//Чолбон. — 1990. — №1. — с. 103-109.
- Васильева Е.Ф. Үйэлээх сэргэни туруор//Чолбон. — 1990. — №4. — с. 88-89.
- Винокуров Н. Условность в поэзии И. Гоголева и М. Ефремова//Сиб. огни. — 1986. — №12. — с. 158-163.
- Гоголев А. Нерюнгрига «Тиһэх мамонт» И. Гоголев спектаклын премьерата//Эдэр коммунист. — 1987. — сэтинньи 25 күнэ.
- Костырко С. Об Иване Гоголеве//Слово русской советской критики о якутской литературе. — Якутск.: Кн. изд-во, 1986. — с. 130-131.
- Мигалкина С. Мысли вслух//Молодежь Якутии. — 1987. — 14 марта.
- О присвоении почетного звания «Народнай поэт Якутской АССР» Гоголеву И.М.//Социалистическая Якутия. — 1990. — 18 января.
- Сивцев В. Иван Гоголев — Кындыл дьиктитэ//Кэскил. — 2005. — тохсунньу 25 күнэ. — тохсунньу 28 күнэ.
- Сивцева П. Поэмы Ивана Гоголева: Проблемы типологии жанра//Полярная звезда. — 1989. — №3. — с. 97-
- Сидоров Е. Кэрдэн эрэри тохтотуоҕун: «Олорор мутуккун кэрдимэ» кинигэтэ//Кыым. — 1988. — Кулун тутар 10 күнэ.
- Спиридонов И. Талант яркий, самобытный//Соц. Якутия. — 1990. — 18 января.
- Степанов И. Ситиһиилэри баҕарабын//Кыым. — 1990. — тохсунньу 25 күнэ.
- Федорова И. Спектакль борется за мир: «Набат мира» И. Гоголева в постановке респ. театра кукол: Нерюнгри//Соц. Якутия. — 1987. — 1 января.
ПУБЛИЦИСТИКАТА:
- Гоголев И. Сир — барыбыт улуу биһикпит//Кыым. — 1985. тохсунньу 26 күнэ.
- Гоголев И. Спектакль живет: Опера А. Холмикова «Оптимистическая трагедия» на сцене якут. муз. театра//Соц. Якутия. — 1986. — 14 окт.
- Ты помни, товарищи делегаты III съезда комсомола А. Кугаевский, В. Синеглазова//Мол.Якутии. — 1986. — 8 мая.
- Литература — бу норуот суобаһа//Кыым. — 1988. — Кулун тутар 27 күнэ.
- Уус-уран литература — норуот суобаһа: Интервью//Эдэр коммунист. — 1988. — от ыйын 24 күнэ.
- Алгыс баһа сыалаах: РСФСР уонна С АССР үтүөлээх артиһа Ф.Ф. Потапов туһунан//Бэлэм буол. — 1989. — сэтинньи 28 күнэ.
- Доҕорум кэриэһэ: Гран Григорян туһунан//Бэлэм буол. — 1989. — Муус устар 22 күнэ.
- Санньыар санаам сэргэтэ//Хотугу сулус. — 1989. — №10. с. 3-13.
- Ищу человека: Интервью с народным поэтом// Молодежь Якутии — 18 января с.г.
- Олохпут кырдьыга — бэйэтэ поэзия//Суруйааччы уонна уларыта тутуу: Публицистика хомуурунньуга. — Якутскай: Кинигэ изд-вота. 1990. — 184.
Ытык –Күөл, 2005 с.