1063
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 3,50 из 5)
Загрузка...

1969

Сайыҥҥы үлэ- сынньалаҥ лааҕыра элбэххэ үөрэппитэ

Биһиги оскуола оҕолоро Сэбиэскэй Сойуус саҕана сайынын үлэ, сынньалаҥ лааҕырыгар сайыммытын атаарарбыт. Мин 1984 сылтан хас сайын ахсын хаппыыста лааҕырыгар сылдьыбытым. Ол курдук, итии күн диэбэккэлэр, тээпкэ туппутунан хас эмэ бааһынаны оҕолорго уллэрэн, сыыс ыраастатаары учаастак түҥэтэр этилэр.
Лааҕырбыт аата «Золотой гектар» диэн этэ. Салаайааччыбыт үтүөкэн киһи агроном идэлээх Попов Аркадий Владимирович, олох оҕолору мөхпөккө илдьэ сылдьара, ол эрээри толлор этибит. Дьикти үчүгэйдик оҕо сааспыт ааспыт эбит. Ол курдук, сарсыарда аайы пионердары горн тыаһынан уһугуннарар этилэр.Куруук үлэ эрэ буолбатах этэ, күҥҥэ 4 чаас үлэлиир этибит, элбэх араас оонньуулар, күрэхтэһиилэр буолар этилэр. Кутаа тула кэпсэтии, нептун күнэ, онно ыраах «Дьура» диэн сиргэ сөтүөлүү барарбыт, шасси тыраахтарга олорон, ырыа-тойук бөҕө буолан тиийэрбит. Ону барытын Бүлүүттэн устудьуоннар кэлэн баспытааталлаан бараллар этэ. Биир сайын биллэр суруналыыс Борис Павлов кэлэн үлэлии сылдьыбыта, дьикти араас кэпсээннэри кэпсиирин өйдүүбүн. Бу барыта төһө да аастар, ырааттар олохпор наһаа туһаммыт эбиппин, оҕолору,дьону, коллективы кытта алтыһарга, аны ханнык да үлэттэн толлубат буолар эбиккин. Билигин балачча оҕуруот аһын бэйэм үүннэрэбин.Итини тэҥэ туох баар спорт көрүҥэр лааҕырга сылдьан үөрэммитим, түргэнник суурэргэ, волейбол, футбол, теннис, дуобат уонна үксүгэр 1 миэстэни ылар этим. Ити курдук сайын ахсын үлэлээн харчынан хамнас ылар этибит, онон дьоммутун үөрдэр этибит. Куһун лааҕыр бүтүүтүгэр куулунан хаппыыста, сухой паек бөҕө тиксэр этэ. Маннык оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлээн бары наһаа доҕордуу сыһыан үөскүүр этэ, билигин да үөрэ-көтө көрсөбүт. Бу тэҥҥэ улааппыт, үлэлээбит оҕолорум бары улэһит үтүөтэ буолан, үлэлии-хамныы сылдьаллар. «Үлэ киһини киэргэтэр» диэҥҥэ сөпсөһөбүн, кырдьык олохпун киэргэтэр дии саныыбын!
Анастасия

Пиэрмэ оҕуһа

Басова Федора
Сайыҥҥы киэһээ, сөрүүн түһэн күн саҕахха кытаран былыты быыһынан киирэрдии, бүтэһик сардаҥаларын ыһар. Сарсын эмиэ кэлиэм, кэтэһээриҥ диэбиттии сандааран көһүннэ… Хойуу ойуур ыраахтан биир тэҥник лэчигирэйэн сөрүүн тыал илгийэн ааһарыгар лабаалара биллэ биллибэт хамнаан, хойуу умнастара хамнаан ылаллар… Тиит тыа- сыта үчүгэйиэн! Мутукча сыта… Киһи эрэ дуоһуйуох санаата, ыраах мастар үрдүлэринэн көтө туруох! Кынаттааҕым буоллар ньии… Үөһэннэн кыырайан дойдум барахсан кэрэ көстүүтүн өр одуулаан сылдьыам этэ… Күөх хонууга сытан устар үрүмэ былыттары көрөн, хайдах эрэ араас моһуоннаах кыылларга, дьоннорго майгыннатан ылабын… Ити уһун субурҕа били остуоруйа киинэтигэр баар уһун бытыктаах хаарылык курдук субуруйан бара турда…Аны олох да үс былааттаах кыргыттар үҥкүү тэбэн элэгэлдьитэн, эргичийэн тэлээрдилэр… Биирдэ өйдөөбүтүм дэриэбинэ чуумпурбут… Дьиэм диэки ыллык суолунан сүүрэбин. Айдаан Сэмэн диэн оҕонньор бэл саҥата иһиллибэт буолбут, кини хас киэһэ таһырдьа тахсан саҥата араадьыйа курдук биир кэм тохтоло суох тугу эрэ кэпсээн субурутара, онтута дэриэбинэни биир гына иһиллэр буолара. Бары үөрэнэн хаалан ким да төрүт наадыйбата, барахсан биирдэ эмит саҥарбатаҕына хата суохтуур курдук буоларбыт… Хааман иһэн көрбүтүүм… Ойуур быыһыгар Будьурхай турар эбит… Улахан бэйэтэ өссө улааппыт, били былыргы грек омук тустууктарын курдук барыта былчыҥ, будьурхай төбөтө тугу эрэ булкуйар… Ис иһиттэн дьигиһийэн ылар, көхсүн тыаһатан тыастаахтык тыынар… Дэриэбинэ дьоно бары куттанар оҕуспут, пиэрмэ баар суох буоһатар оҕуһа… Сайын буолан кини күөххэ көччүйэн дэлэ абыраммыта буолла, устар кыһыны быһа хотоҥҥо тыына быара хаайтаран… Будьурхай биир дьиктилээх. Кини олох кыһыл таҥаһы өлөрдүү абааһы көрөр… Үүт атыылаһа пиэрмэҕэ бардахха таҥаспытын көрүнэн барабыт. Боруоба кыһыл былаат кэттибит эрэ, тута хараҕа хаанныра түһэр да сири тиҥилэхтээн, муоһунан буору хаһан, көхсүн тыаһатаат, айаатаан сүүрэн кэлэр ээ… Ким күрүө аннынан ойбут, ким мас үрдүгэр ыттыбыт диэн элбэх буолааччы. Онтон сорох күн Будьурхай санаата алдьанар эбит этэ. Оччоҕо дьэ быраһаай…уулуссаҕа тахсыбаккын. Оҕолор күннээҕи сонуммут: “Бүгүн Будьурхай кыыһырбыт дуу суох дуу…” Ол ыйыталааһына сарсыардаттан саҕаланар, кыыһырбатах буоллаҕына кэбинэн ыанньаҥалатан, ынахтардыын аа дьуо хаама сылдьар буолар. Онтон кыыһырдаҕына дэриэбинэ суола бурҕаҥнас, туйах тыаһа лабырҕас… Оҕус мөҕүрүүрэ биир гына ылан кэбиһэр. Хата этэҥҥэ кими да улаханнык эчэппэтэҕэр махтал! Иччэлээх улахан симментал оҕус… Бирээмэ халлаан саҕа улахан буолан көстөрө барахсан. Будьурхай ити ойуур иһигэр мин көрдөхпүнэ от быыһыттан быган тахсыбыт кыһыл уоттуйбут тэрэпиискэни муоһунан буккуйан ылар эбит. Эмискэ муннунан сытырҕалаан, үөһээ хантайан мөҕүрээн төлө биэрдэ. Санаабар сир дьигиһийэн ылла… Икки кулгаахпын туттубутунан олоро биэрдим, туйах тибигирээн чуут аттыбынан ааста, миигин өйдөөн көрбөккө оту- маһы барчалаан, тоҕо солоон сүүрэ турда… һуу хата көрбөтө диэн үөрэн дьиэм диэки үөрүүбүттэн ыллыы – ыллыы бара турдум…

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *