Күн ийэм ахтылҕана
Мин 1961 с. ахсынньы 24 күнүгэр Ытык Күөлгэ төрөөбүтүм. 1979 с. Ытык Күөл орто оскуолатын бүтэрбитим. Бииргэ төрөөбүт үһүө этибит, эдьиийдээх убайым эдэр саастарыгар олохтон туораабыттара. Ийэбит, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Матрена Афанасьевна Шестакова, 1922 с. Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Таҥара дьиэтигэр миитэрэпкэтэ умайан төрөөбүт ыйа, күнэ биллибэт, ону «дьонум ынахтара төрүүрүгэр кэлбит үһүбүн, ол аата сааһыары буолуо» диэн күлэрэ. Быйыл ийэм барахсан төрөөбүтэ 100 сылын туолла, онон бу ахтыыны суруйуу тоҕоостоох буолбутуттан үөрдүм.
Ийэм ыал соҕотох оҕото буолан маанытык иитиллибит. Аҕата Афанасий Петрович Трофимов-Нотообо атыыһыт дэтэр, холку майгылаах, кыралаан эргинэр киһи эбит. Куораттан чэй, табах, туус, миэтэринэй таҥас, онтон да атын бытархай сээкэйи аҕалан дойдутун дьонугар атыылыыра, эргинэрэ үһү. Ийэм барахсан, оччоттон үтүө санаалаах киһи, аҕата аҕалбыт малыттан чугастааҕы ыалларыгар уоран түҥэтэн ийэтиттэн мөҕүллэрин, таһылларын кэпсиирэ. Олус күндү лампасыай кэмпиэти сиэри аҕата куораттан сыарҕалаах оҕуһунан кэлэрин күүтэн, кыһыҥҥы тымныыттан кулгааҕа тыаһыар диэри хараҥаҕа турарын ахтара. Ийэтэ Матрена Ивановна Белолюбская Баайаҕа сирин Абааһы Уус диэн аҕа ууһуттан төрүттээх. Кини сэттэ бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун, сиэннэрин кытта аймаҕырҕаһан билсэбит. Ийэм, атыыһыт аҕалаах киһи, кыра сааһыгар табахтаан бусхата сырыттаҕына «табахтыыр оҕону оскуолаҕа ылбаттар» диэн табаҕын хаатын көрдөрбүтүнэн умайа турар көмүлүөк оһоххо бырахпыттарыттан ыла сааһыгар табаҕы тардыбатаҕа. Улаатыытын саҕана дьоно Сэмэн диэн тулаайах уолу кыһыл оҕо эрдэҕинэ ылан ииппиттэр. Ийэм ол сурдьа Трофимов Семен Афанасьевич Ытык Күөлгэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата, тутуу тэрилтэтин бастыҥ үлэһитэ буолан ньир-бааччы олорбута. Ийэм аах Дэбдиргэ-Баайаҕа быыһыгар турар төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар, Чээччэҥэ диэн сырдык ааттаах сайылыктарыгар сылдьыбытым, олорбут өтөхтөрүн оннун көрбүтүм. Былыргыга обургу тутуулаах дьиэлэрэ Дэбдиргэҕэ Гаврил Никифоров олбуоругар көһөрүллэн турарын анаан көрөн ааспытым.
Ийэм сэрии сылларыгар Игидэй сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэммитэ. Эдэр сааһын кытаанах, аас-туор кэмэ «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран Дьиэрэҥнээх, Дэбдиргэ, Туора Күөл оскуолаларыгар учууталлаабыта. Ытык Күөл интэринээтигэр баспытааталынан үлэлии сырыттаҕына биһиги куруук үлэтигэр сылдьыһар этибит. Интэринээт Саҥа дьылын, остолобуойун минньигэс аһын билигин да наһаа истиҥник ахтабын-саныыбын. Дьиэбиттэн үлэбэр кэлэрбэр-барарбар интэринээт эргэ дьиэтин аттынан ааһан иһэн оҕо сааһым ахтылҕаныгар куустаран ылааччыбын.
Биһиги оҕо, эдэр кэммит ийэбит элэккэй, сайаҕас, ыалдьытымсах эйгэтигэр ааспыта. Биир күммүт хоноһото-ыалдьыта суох буоллаҕына тэһийбэт этибит, ол курдук дьиэбит иһэ куруук эйэлээх күйгүөрүнэн толору буолара. Сааһыран олорон өйдөөтөххө, ийэбит олоҕун устата наар дьон кыһалҕатын толуйан-толорон, кинилэргэ кыаҕа баарынан көмөлөһөн олорбут эбит. Дэбдиргэттэн, Туора Күөлтэн, Чөркөөхтөн, Баайаҕаттан, Уус Тааттаттан балыыһаҕа ыалдьан дуу, оҕолоно дуу киирбит дьоммут бары кини сылаас сахалыы миинин, ыһаарытын, сымнаҕыыс-сымнаҕас алаадьытын махтана ахталларын истэн билигин үөрэбин. Отонун барыанньата эмиэ олох ураты амтанынан минньийэрин өйдүүбүн. Ийэбит Туора Күөлгэ олохсуйан олорор аҕабынан чугас аймахтарбыт Дьэкиимэптэр оҕолоругар ааҕа бэйэлэригэр оскуолаҕа кэтэр таҥастарын, учебниктарын булан бэлэмниирэ. Убайбыт Дьэкиимэп Өлүөскэ, таптаан ааттыырбытынан Өссөй, Ытык Күөлгэ киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэригэр биһиэхэ дьиэлэнэн олорбута. Ону ийэбит биһиги дьиэбититтэн олох ыраах турар оскуолаҕа уоран батыһан тиийэн кылааһын аанын быыһынан Өлүөскэ баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиирэ хойукка диэри ахтыллан күлсэрбит. Аймахтарбыт хаартыскалара мунньуллубут альбоммут кэннигэр кинилэр оҕолорун ааттарын, төрөөбүт күннэрин барытын суруна сылдьара ийэбит олус болҕомтолоох саҥас буоларын туоһулуур. Оҕолор бары биһиги ийэбитин таптыыллара, «саҥас, саҥастаахха» диэн эйэҕэстик этэллэрэ. Биһиги ынах сүөһүбүт Туора Күөлгэ Дьэкиимэптэргэ, биэбит Игидэйгэ Кычкиннарга турара. Сайын аайы Намыһах Күрүө диэн сиргэ «Урал» матасыыкылынан сылдьан оттуурбут. Туора Күөл Булгунньахтаах, Улахан Сайылык, Нааллаах диэн сайылыктарыгар аймахтарбытыгар Дьэкиимэптэргэ (Куурайдарга) сылдьарбыт, сир астыырбыт. Игидэй сирин Лыппа сайылыга мин оҕо сааһым саамай күндү өйдөбүлэ буолан билиҥҥэ диэри угуттуур, тардар күүһэ уҕараабат. Ол иһин оройуон ыалын атаах-мааны оҕотун тыа сирин үгэһигэр, үөрүнньэҥ үтүө дьонугар сыһыарбыттарыгар төрөппүттэрбэр муҥура суох махтанабын. Ыарыйдахпына ийэм сылаас хоонньугар утуйдум да үтүөрэн турарбын оччолортон муодарҕыырым. Биирдэ ийэбит куораттан кэлэригэр кыһыҥҥы хараҥа киэһэ убайбынаан автовокзалга салааскалаах тиийэн көрүстүбүт. Кууллаах малын соһон иһэн пианино тыаһын истэн наһаа да үөрдүм, долгуйдум. Дьиэбитигэр тиийэн «Звенигород» диэн ааттаах сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх кыракый пианино оҕотун хостоон дьолломмуппун олох умнубаппын. Ол пианино оҕо кэмим эмиэ биир кэрэ өйдөбүлэ буолар.
Ийэбит аһаҕас, чаҕаархай куолаһынан ыллыырын, эдэригэр балалаайкаҕа оонньуурун сөбүлүүрэ. Сэрии кэминээҕи халыҥ хара тастаах илиинэн суруллубут ырыанньыгын мин соһо сылдьан оҕолору кытта кэнсиэрдиирим. Биһиги оччотооҕу тыа ыалын сиэринэн сахалыы кинигэлэри мунньан ааҕарбыт. Киэһэтин ийэбит аҕабытыгар «Хотугу сулус» сурунаалы дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэрэ. Мин библиотекарь суолугар үктэниим эмиэ ийэбин кытта быһаччы ситимнээх. Оскуола кэнниттэн биир сыл сопхуоска ыанньыксыттаабыт, үөрэҕэ суох 18-таах кыыска оройуоннааҕы библиотекаҕа үлэ баарын кэпсэтэн, бэйэтэ батыһыннаран илдьэн биэрбитэ. Ийэм барахсан үтүөтүнэн мин таптыыр идэбэр олохпун анаатым.
Ийэм айылҕатынан олус сымнаҕас, чэпчэки тыыннаах киһи этэ. Кимниин да хадьырыһа сылдьыбат, биирдэ да кыыһырбытын, тугу эрэ сөбүлээбэтэҕин биллэрбэт киэҥ көҕүстээҕэ. Кини туһунан биир эмиэ да күлүүлээх түгэни ахтыым. Оҕолорбут кыраларыгар биһиги наадабытыгар куораттаары дьиэһитинэн дьүөгэбитин Мария Павловна Варламованы-Маайыһы ыҥырдыбыт. Маайыс алтыһар аҕа дьүөгэтин, учуутал Софья Николаевна Самсонованы илдьэ кэллэ. Хоноһолорбут баанньык оттон ийэбитин кытта үһүөн сууммуттар. Ийэбит дьиэтигэр киирэн иһэн кирилиэскэ халтарыйан, илиитин харытынан тосту түһэн кэбиспит. «Ол да буоллар суунан абыранныым» диэн син биир үөрэ-көтө олорбут. Балыыһаҕа илдьэн гипсэлээбиттэригэр «Гипсэлэтэн абыранныым» диэн барыларын күллэрбит. Ити курдук кини хаһан да санаатын түһэрбэт, сырдык да сырдык санаалаах үтүөкэн киһи этэ. Ону тыыннааҕар өйдөөн махтал биир сылаас тылын эппэтэхпиттэн билигин кэлэн хомойобун…
Ийэбиттэн хаалбыт дьиэ кэргэн күндү маллара – алтан подсвечник, сылабаар уурар алтан бордуон, хара кырааскалаах кыракый холбука, таҥас угар мас хоппо, «А.Т.» диэн бэлиэлээх эһэбит Афанасий Трофимов үрүҥ көмүс ньуоската, эбэм кыһыл көмүс ытарҕата биһиги удьуордарбытыгар утум-ситим бэриллэ туруохтара. Кинилэртэн бу дьирим гынан ааһар олоххо ийэм күннээх айылгытын баппыт киһи тахсара буоллар диэн эрэнэ саныыбын.
Евгения Шестакова,
Ытык Күөл киин библиотекатын библиограба