1247
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

1960

                                             Күн курдук күндү киһим

 

«Ийэ» диэн соҕотох тыл арай

Тылбааска наадыйбат букатын,

Ийэлээх эбээт бэл таҥара,

Арбыаҕыҥ сир сэмэй ийэтин!

                                                                                                                     Иван Гоголев

 

Саха народнай поэта Эллэй тылларыгар биллэр ырыаҕа ылланарыныы биһиги бары ийэттэн кэлбиппит. Ийэҕэ махталы киһи араастык биллэрэр, ким эрэ куруук сыллыы сылдьан, ким эрэ сылаас, истиҥ тылларынан, ким эрэ бэлэх оҥорон, ким эрэ ырыа, хоһоон айан, ким эрэ кэнсиэр тэрийэн, ким эрэ кинигэ таһааран…

Мин күн сирин көрдөрбүт күндү ийэм Елена Иннокентьевна Маркова 94 сыл дьоһун олоҕу олорон ааспыта. Оччотооҕу кэмҥэ тэнийбит сиэринэн, куруутун маама, маамам диэн ааттаан 61 сааспар диэри оҕо буола сылдьыбытым. Кини өр сылларга оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ дууһатын, сыратын ууран туран үлэлээбитэ, ону таһынан биир киһи холугар баппат араас элбэх общественнай үлэлэри толорбута.

Ийэм1927 с. Игидэй нэһилиэгэр тоҕус төрөппүт, биир ииппит оҕолоох М.В. уонна И.Н. Марковтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Убайа 1942 с. 10-с кылааһы бүтэрээт, ол сайын Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллан барбыта уонна Сталиниград иһин уоттаах кыргыһыыга охтубута. Аҕата эмиэ 1943 с. ыҥырыллан баран 1945 с. сэтинньигэ кыайыы көтөллөнөн эргиллэн кэлбитэ. Саамай кыра балтыттан ийэм 23 сыл аҕа этэ, онон балтыларын, бырааттарын, эрдэ үлэһит буолан,ханна үлэлээбит сиригэр батыһыннара сылдьан үөрэттэрэн, көрөн-харайан улаатыннарбыта. Ол да иһин кинилэр эдьиийдэригэр ийэлэрин курдук сыһыаннаһаллара, куруук махтаналлар.

Уоттаах сэрии үгэнигэр 1942 с. сэттис кылааһы бүтэрэн Чурапчы педучилищетыгар үөрэнэ киирбитэ.Өйдүүбүн:Хайдах курдук ыарахан кэмҥэ үөрэммитин, учууталларын профессор Софроновы, кини кэргэнин нуучча  Белозерованы, суруйааччы Баал Хабырыыһы, кэргэннии Винокуровтары, бииргэ үөрэммит оҕолорун, сыынгалаан улаханнык ыалдьан экзаменнарын ситэ туттарбакка кэлбитин, остолобуойдарын туга да суох күп-күөх хаппыыста миинин, 14-15-тээх оҕолор тыаҕа кыстыыр саһааннарын бэлэмнииллэрин, онно кыра килиэп сыыһа өйүөлэрин хааман тиийээт, аччыктаан сиэн кэбиһэн баран күнү быһа аччык үлэлииллэрин туһунан уйадыйан кэпсиирин.

Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, 35 сыл учууталлаан хас да көлүөнэ ыччаты билии сырдык аартыгар сирдээбитэ. Оччотооҕуга бастакы кылааска буукубаны билбэт 30-тан тахса оҕо киирэрэ, кинилэри ааҕар, суруйар, суоттуур оҥорор үгүс сыраны-сылбаны ыллаҕа. Ырыа, уруһуй, үлэ уруоктарын, физкультураны бэйэтэ үөрэтэрэ, үөрэх таһынан куруһуок ыытара, ситиспэт оҕолору дьиэтигэр ыҥыран эбии дьарыктыыра. Өйдүүбүн:Кыра кылаас оҕолоро хастыы да буолан кэлэн дьарыктаналларын, мин орто сүһүөх кылаас оҕото саныырбынан хайдах билбэттэрий диэн сөҕөрбүн, учуутал диэн сыралаах үлэ буоларын онно билбиппин. Биирдэ оҕолор истиэнэ быыһыгар быыкайкаан тиис кыбыллан турарын көрөн «ити Колиҥка тииһэ турар дуо? (кинилэр саастыыта бырааппын этэллэр)» — диэн ыйыппыттарыгар күлбүппүн.

Билигин үөрэппит оҕолоро кинини үтүө тылларынан ахталлара, махтаналлара ийэм учуутал быһыытынан дириҥ билиниини ылбытын туоһулууллар. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри телефонунан кэпсэтэ, билсэ олорбута, учуутал, дьахтар күннэригэр эҕэрдэлии кэллэхтэринэ олус үөрэрэ. Учууталга үөрэнээччилэрин махталлара туохтааҕар да суолталаах, ханнык да наҕараадатааҕар, ааттааҕар-суоллааҕар  күндү буоллаҕа.

Эдэр эрдэҕиттэн көхтөөх комсомол, коммунист буолан агитаторынан, лекторынан, пионер баһаатайынан, народнай суут сэтээтэлинэн, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, быыбар комиссиятын бэрэссэдээтэлинэн, комсомольскай уонна партийнай тэрилтэлэр сэкэритээрдэринэн талыллан үлэлээбитэ. Олорор сиринэн үлэ аан бастаан саҕаланыаҕыттан нэһилиэккэ киин штаб начальнигынан, кэлин биэнсийэҕэ тахсан баран наставниктар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, онтон бэтэрээннэр сэбиэттэрэ тэриллиэҕиттэн бэрэссэдээтэлинэн талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Комсомол, партия райкомнарын, райкомол бюротун чилиэнинэн, оройуон, нэһилиэк сэбиэттэрин депутатынан талыллан олох оргуйар үөһүгэр сылдьыбыта.

Yлэлээбит кэмин устатыгар оройуон аатыттан уобаластааҕы комсомольскай конференцияҕа, дьахталлар республикатааҕы съезтэригэр, учууталлар республикатааҕы съезтэригэр, уобаластааҕы партийнай конференцияҕа делегатынан талыллыбытабиир бастыҥ үлэлээҕин быһыытынан сыаналаммытын туоһулуур.

Биэнсийэҕэ тахсаат учууталлыырыттан уурайан, хамнаһа суох общественнай үлэнэн эрэ дьарыктаммыта. Манна эмиэ ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран, бириэмэтин, доруобуйатын аахсыбакка үлэлиирэ. Биһиги кыра эрдэхпититтэнсотору-сотору уонна наһаа уһуннук, киэһэ хойукка диэри мунньахтыыллара, Ытык Күөлгэ араас конференцияларга, слеттарга, семинардарга кытта киирэрэ. Өйдүүбүн:Миигиттэн биэс сыл кыра бырааппынаан ийэбит кэлэрин кэтэһэн, сотору-сотору баран уочаратынан түннүгүнэн көрөрбүтүн. Иһэр күлүгэ көһүннэ да, үөрэн сойбут аспытын сылыта сүүрэрбит.

Киэһэ хойукка диэри уруогар бэлэмнэнэн, тэтэрээт бэрэбиэркэлээн баран аны общественнай үлэтинэн дьарыктанара. Өйдүүбүн:Аһаан бүтэн, иһит хомуйан баран, ол остуолбутугар, оччолорго улахан кээмэйдээх «Кыым» хаһыаты тэлгэтэн баанньыкка, библиотекаҕа зоналартан хас киһи сылдьыбытын анал тэтэрээккэ суруммуттарын, ханнык зонаттан, хас киһи сылдьыбытын ааҕан, онно балл туруоран көмөлөһөрбүн.

Аны бырааһынньыктарга Өктөөп, Дьахтар, Кыайыы күннэригэр нэһилиэк үөрүүлээх биэчэрдэригэр дакылаат оҥороругар, нэһилиэнньэҕэ, ферма үлэһиттэригэр, коммунистарга, комсомолларга пропагандистаан, агитатордаан лекция ааҕарыгар, политзанятие ыытарыгар  бэлэмнэнэрэ. Онно анаан «Политическая агитация», кэлин «Айсберг» диэн сурунааллары суруттаран туһанара.

Ханна эмэ, ордук мунньахха бардаҕына, хайаан да кинигэ атыылаһан кэлэрэ. Оччолорго дэриэбинэҕэ саҥа кинигэ атыыга кэлбэтэ, оттон биһиэхэ нуучча, саха, омук  классиктарын кинигэлэрэ баар буолара. «Сытан эрэ ааҕыма, хараҕын буорту буолуо» — диэн сөптөөх сүбэтин истибэккэ, уоран суорҕан иһигэр банаарынан ааҕан, билигин ачыкыта суох сатаммаппын. Кыра эрдэхпиттэн кинигэни таптыырга уонна ааҕыыга угуйбута библиотекарь идэтин таларбар олук буолбута саарбаҕа суох.

Бэчээккэ хото суруттарара, холобур, «Огонек», «Крестьянка», «Работница», «Советский экран», «Советская женщина», биһиэхэ «Веселые картинки», «Мурзилка»,тырахтарыыс аҕабытыгар «Сельский механизатор» сурунаалы суруттарара. «Пионерская правда» хаһыаттан аадырыс көрөн Советскай Союз араас муннуктарыгар олорор оҕолору кытта суруйсарбыт.Өйдүүбүн: «Хотугу сулус» кэллэҕинэ былдьаһа сылдьан ааҕарбытын, мин почтаттан эрдэ ылан, кистээн барытын ааҕан баран биирдэ ийэбэр биэрэрбин, ол кэннэ өр да өр аҕабыт ааҕарын.  

Ийэм дьиэ хаһаайкатын быһыытынан тугу барытын сатыыра. Саха бастыҥ астарыттан саҕалаан, сурунаалтан көрөн, дьонтон ырысыап ылан араас солун аһы астыыра. Ордук көбүөрдээх лэппиэскини, баахыланы, блиныны, булочканы сөбүлээн астыыра. Олоҕун тиһэх түөрт сылларыгар диэри бэлэмнээн биэрдэххэ күөһү өрө олорбута, онон киэһэ үлэ кэнниттэн бэлэм аска кэлэрбит.

Эдэр эрдэҕиттэн илдьэ сылдьыбыт балтыларыгар, бырааттарыгар таҥастарын бэйэтэ тигэр эбит. Кэлин оннооҕор мода сурунаалларыттан көрөн миэхэ иккитэ көстүүм, биирдэ бинсээк тикпитэ. Урут кириэстигинэн быысапкалаабыт оҥоһуктара билигин да бааллар. Маннык кириэһинэн кэннэки оҥорбут дьэрэкээн ойуулаах дьыбаан сыттыга билигин да дьон болҕомтотун тардан холобур (образец) буола сылдьар.

Дэбдиргэҕэ бастаан теплица оҥостон оҕуруот аһын үүннэриэхтэриттэн ийэбит биир бастыҥ оҕуруоччут буолбута, дьоннор телефонунан кытта сүбэлэтэллэрэ. Оҕурсуу, помидор бөҕө үүннэрэн, тууһаан дьоҥҥо бэрсэрэ, кэһии гынара. Чычымахха дьүөгэтин үбүлүөйүгэр бара сылдьан кыра харыйалары аҕалан олордубута, билигин икки харыйа ыраахтан көстөн, «харыйалаах дьиэ» диэн ол эҥэрдэр ыаллары ыйар бэлиэ сир буолан турар.

Сир аһыгар эмиэ эдэр сылдьан түргэнинэн биллэр эбит, балтыларын, бырааттарын батыһыннара сылдьан сир астатарын кэпсиирэ.Өйдүүбүн: үс улахан сылы-сыллата кыргыттар иһиттэрин ким төһөнү үргээбитинэн дьонноруттан хайҕанаары, орто кыыс киэнэ кыра буоларын сөбүлээбэккэ бары холбоон кэбиһиэһиҥ диэн туруорсарын, атыттар хайҕанаары олох сөбүлэспэт этибит диэн күлэ-күлэ кэпсиирин. Ийэм учууталлыыр кэмигэр солото суох буолан дьонум бэйэлэрэ сүөһү көрбөтөхтөрө. Онон үлэттэн уурайан баран биирдэ саха ыалын сиэринэн сүөһүлэнэн,ол кэмнэргэ дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уустук кэмнэри этэҥҥэ туораабыппыт.

Күндүтүк саныыр малынан ортотугар кыракый таастаах, уһун синньигэс быһыылаах брошь буолар. Маны кини сөбүлээн анньынара. Броһу мин төрүөм иннинэ 1959 с. Москваҕа улуус үөрэнээччилэрин экскурсияҕа илдьэ сылдьан атыыласпыт этэ. Бу ийэм таптыыр киэргэлин мин билигин сөбүлээн анньына сылдьабын.Күн сирин көрдөрбүт күндү киһим туһунан ахтан ааһарым элбэх буоллаҕа. Өйдүүбүн:13 саастаахпар оскуолабытыттан элбэх буолан Ленинградка экскурсияҕа барбыппыт, онно мин соҕотоҕун саһарардаан нэһиилэ Дьокуускайга кэлэн,«Суһал көмөнөн» балыыһаҕа киирэн хаалбытым. Куораттааҕы балыыһа буолан оҕолорум барыта нууччалар, аҕыйах саха баара сахалыы саҥарбат этилэр. Мин кими да кытта кэпсэппэккэ олох буорайбытым, оҕолорум дьиэлэригэр айаннаабыттарын саныы-саныыбын ытыырым. Ол курдук нэдиэлэ сырыттым, оччолорго сибээс, суол мөлтөх буолан, ийэм оҕолор тиийбиттэрин эрэ кэннэ истэн кэлэн, арай биир үтүө күн астаах, кинигэлээх  тиийэн кэлбитигэр үөрбүппүөөн!

Аҕабытынаан, үйэтин тухары тырахтарыыһынан үлэлээбит Иван Николаевич Заболоцкайдыыникки оҕолонон 49 сыл бииргэ иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара. Быраатым биһигини Кемерово, Омскай куораттарга үрдүк үөрэҕи бүтэттэрэн үлэһит оҥорбуттара. Аҕабыт ийэбит үлэтин да, ол тас өттүнэн үлэтин да, барытын толору өйүүр этэ, бэтэрээннэр сэбиэттэриттэн сорудах биэрдэҕинэ эҥкилэ суох толорон иһэрэ.

Ийэ быһыытынан биһигини кыра эрдэхпититтэн сэмэй, бэрээдэктээх, үөрэххэ тардыһыылаах, үлэһит, чиэһинэй, үтүө суобастаах, кырдьаҕастары убаастыыр буолун диэн такайан үөрэппитэ, кыра эрдэҕиттэн көрсүбүт сиэнин Ленаны эмиэ оннук ииппитэ. Биирдэ да улаханнык мөҕүллүбүппүн өйдөөбөппүн, баҕар тугу да баракааһы оҥорботох буоллаҕым дуу?Өйдүүбүн:Арай биирдэ кыра кылааска сылдьан аймах дьоннуун дьэдьэннээн иһэн дьиэбитигэр чугаһаан баран, көнө суолга инникилиир баҕаттан, сүүрэн иһэн охтон 3 киилэлээх бөтүөннээх дьэдьэммин тоҕо түһэрэн кэбиспиппэр мөҕүллүбүт эбиппин.

Киһи быһыытынан ийэбит элэккэй, үөрүнньэҥ майгылаах, элбэх атастаах-доҕордоох этэ.Куруук дьон ортотугар, үлэ үөһүгэр сылдьыбыт буолан, кэлин Ытык Күөлгэ олордор да, нэһилиэгин олоҕун сэҥээрэ, дьонун кытта билсэ олорбута, салалта да, оскуолата да  ытык кырдьаҕастарыгар болҕомтолорун уураллара. Олохтон барыар диэри тугу барытын сэҥээрэ, мөлтөхтүк да көрдөр хаһыаты ааҕа, телевизоры көрө олорбута, араадьыйатын кыбына сылдьара. Сахалыы кроссворду биири да ордорбокко таайан сөхтөрөрө, төгүллүү таблицатын бүтүннүү өйүгэр тута сылдьара, 30-н тахса таптыыр поэттарын Эллэй, Макар Хара хоһооннорун толору өйүттэн ааҕара, куруук хатыылыы сылдьара, сиэнигэр үөрэтэрэ. Үлэлиир эрдэҕиттэн нэһилиэгин олоҕун, кэлин чугас дьонун туһунан улуус хаһыатыгар ыстатыйа суруйара.

Аймах-билэ дьонугар улахан эдьиий быһыытынан барыларын кытта билсэ, кинилэр үөрүүлэрин, хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэ олорбута, ийэтин, аҕатын өттүнэн төрүччүтүн хас да сиртэн муспута, ыччаттарбыт биллинэр диэн кинигэтигэр киллэртэрбитэ. Кыра эдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан бэйэтин кытта олордон үөрэппит, ииппит буолан бырааттара иккиэн орденнаах суоппар, балтылара үөрэхтээх үтүө дьон буолбуттарыгар кини иитиитэ улахан оруолламмыта саарбаҕа суох. Эдьиийдэрин суолун батыһан үс балта учуутал идэтин талан, эмиэ Чурапчытааҕы педучилищены бүтэрэн, олохторун оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ анаабыттара.

Кэлин иккитэ улаханнык ыалдьан, ол иһигэр 92 сааһыгар өттүгүн тоһутан уустук эпэрээссийэни тулуурдаахтык ааһан, күүстээх санаатынан уонна олоххо дьулуурунан атаҕар туран, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри өйүн-санаатын ыһыктыбакка, бэйэтин көрүнэ  сылдьыбыта.

Ийэм 90 сааһын көрсө 2017 с. хаһан да, ханна да улаханнык сырдатыллыбатах төрөппүттэрин, эбэтин, сэриигэ охтубут убайын, орденнаах абаҕатын ааттарын үйэтитэн, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоннорун сырдатар, ыччат ааспыт  көлүөнэ олоҕун биллин, холобур ыллындиэн ахтыы-кинигэ хаалларар баҕа санаатын өйөөн, “Ахтан-санаан аастахха…” диэн кинигэ оҥорон таһаартарбытым. Ийэм барахсан сүрдээҕин астыммыта уонна аймахтарыгар, ахтыы биэрбит дьоҥҥо, библиотекаларга үөрэ-көтө бэлэхтээбитэ. Кинигэҕэ бэйэтин ахтыыларын тэҥэ бииргэ төрөөбүттэрин, үөлээннээхтэрин, дьүөгэлэрин, алтыспыт дьонун, үөрэппит оҕолорун ийэм туһунан иһирэх ахтыыларын, ийэм уонна чугас дьонун туһунан бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллары, хаһыакка бэйэтэ суруйбут ыстатыйаларын алта түһүмэххэ сааһылаан киллэрбитим. Ону таһынан ийэтинэн Сысолятиннар, аҕатынан Марковтар төрүччүлэрэ, хаартыскаларсыһыарыы быһыытынан кинигэни ситэрэн биэрбиттэрэ. Билигин ийэм баҕа санаатын тыыннаах эрдэҕинэ олоххо киллэрбиппиттэн астынабын уонна бэйэм оҕо, ийэ, библиотекарь, ааҕааччы быһыытынан ийэлэргэ аналлаах кинигэлэр элбии туралларыгар  баҕарабын.

Күн сирэ баарын тухары ийэлэр баар  буоллунар, оҕолор ийэбит үрдүк аатын куруук өрө тута сылдьыаҕын!

 

                                          Санаатым кыһалҕата суох

                                          Оонньоон ааспыт оҕо сааспын,

                                         Суохтаатым, ийэм истиҥ сыһыанын,

                                          Уҕараабат, итии тапталын.

 Заболоцкая Устиния Ивановна, 1960 с. төрөөбүтүм, Игидэй орто оскуолатын бүтэрбитим. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, ийэм Игидэй орто оскуолатыгар үлэлээбитэ.

 

 

Маркова Елена Иннокентьевна

(1927 ­– 2021)

 Тыыл, педагогическай  үлэ бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара,

Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ,

Таатта улууһун уонна Игидэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

 

“Күн күбэй ийэм – оҕо сааһым сылаас өйдөбүлэ”

Мин Дьохсоҕон нэһилиэгэр 1960 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Уон оҕолоох ыал сэттис оҕото, кыра кыыстара буолабын. Ийэм Тистяхова (Харайданова) Евдокия Григорьевна Даккыга (Ворошилов) төрөөбүтэ, ыал соҕотох ыыһа, улаханнара этэ. Аҕабынаан сэрии бэтэрээнэ «Кыһыл сулус » орденнаах Тистээхэп Уйбаан Мэхээлэйэбискэ 1949 с. ыал буолбуттара. Бастакы кыыстарын Машаны 1950 с. төрөппүттэрэ. Онтон 1967 с. онус герой уоллара Дима күн сирин көрбүтэ. Ийэбин дойдутун дьоно бары наһаа кыраһыабай кыыс этэ диэн кэпсииллэрэ. Машаны көрдөхтөрүнэ, майгынныыр да, ийэтигэр тиийбэт диэн, эдьиийим барахсаны кыһыталлара. Мин 1967 сыллаахха Өктөөбүрүскэй өрөбөлүүссүйэ буолбута 50 сылыгар оскуолаҕа киирбитим, пионерга киирэрбитигэр Ленин төрөөбүтэ 100 сыла, Кыайыы 25 сыла, ахсыһы бүтэрэрбэр Кыайыы 30 сыла буолан барыта үбүлүөйдэргэ түбэспит эбиппин.

Ийэм саамай сөбүлээн кэтэр таҥастарыттан: узбекскай таҥастан тигиллибит халадаай былааччыйа, кылапаччыгас былаат,  олус барар этэ.

Тистяхова Евдокия Григорьевна ахтыытыттан: «Мин тохсунньу 15 күнүгэр 1929 с. Тааттыныскай нэһилиэккэ Марыына уонна Киргиэлэй Харайдановтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Дьонум олус дьадаҥы дьон этилэр. Холкуоска киирбиттэрэ. Оскуолаҕа Ытык-Күөлгэ 1938 с. киирбитим. Эһэм Павлов Иван Андреевич – Нуурай Уус Бэрээйигэ Убаһа күрүөтэ диэн сиргэолорбута. Тимир ууһа буолан, миигин күөрт күөттэтэрэ кыра эрдэхпинэ көмөлөһүннэрэрэ. Сэрии буолан, холкуос эр дьоно бары кэриэтэ сэриигэ барбыттара. үлэһит илии оҕо, дьахтар эрэ хаалан, сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ дылы үлэлээн сордонорбут. Ийэм ыанньыксыттыыра. Ол да иһин буолуо 11 сааспыттан үлэбин саҕалаабытым, сиилэскэ, от мунньарга үөрэнэн, сайын өссө бурдук ыраастааһыныгар сылдьыбытым. Ийэм ыалдьан, алтыс кылаа»ынан үөрэнэн бүппүтүм. Урукку кэмҥэ бу да үөрэх этэ, кыайыы күнүн семенной лабораторияҕа үлэлии сылдьан көрсүбүтүм. 1948 с. райфиҥҥа налоговай агенынан үлэлээбитим. Сыыйа эр дьоннор сэрииттэн төннөн, эйэлээх олоҕу тутуспутунан барбыттара.  1949 с. Японияны утары сэрииттэн эргиллибит Тистяхов Иван Михайлови»ы көрсөн, ыал буолбутум. Бэрт эйэлээхтик 54 сыл устата олорбуппут. 10 оҕоломмутум, 1969 с. «Герой ийэ» Таатта улууһугар биир бастакынан буолбутум. Ворошилов холкуоска оҕолонорум быыһыгар быстах үлэлээбитим. 1958 с. оҕолорбун үөрэттэрээри, Победаҕа көһөн кэлбиппит. 1961 с. — дьааһылаҕа завхоһунан, 1971 с. — балыыһаҕа, 1977 с. детсадка хачыгаардаан, харабыллаан, оскуолаҕа асчытынан  үлэлээбитим. Үлэбэр хаһан да сирдэрбэтэҕим, ону туоһулуур «Үлэ ветерана», хас да үбүлүөйүнэй  мэтээллэр, хайҕал суруктар, бочуотунай грамоталар.»

Балыыһаҕасанитаркананүлэлээбитэ. Собуссоҕотохүлэһит, оһохоттор, ас астыыр, дьиэсууйар. Балыыһа 4 оһохтооҕо. Аҕабыт маһы хайытар. Оҕолор балыыһаҕа мас кыстаан, муус таһан көмөлөһөр этибит. Кыһын ыарыһах элбэҕэ.  Ийэм биэссэрдэргэ оҕо төрөтүүгэ, оннооҕор куһаҕан тымырдаах ыарыһахтарга укуолбиэрэргэ көмөлөһөрө. Билигинсанаатахха, наһаа да хорсунэбит.

Элбэхоҕолоохбуолан, төһөкыалларынансүөһү, куурусса, сибиинньэиитэллэрэ сатыыллара.Торбоскөрүүтэоҕолоркыһалҕалара:ыытыы, көрдөөнбулуубарыта.Саамай ыарахана:  күн аайы үүт сэппэрээтэргэ илиинэн эрийии, сэппэрээтэри түргэнник эрийдэххэ сүөгэй уу буолар, бытаартахха эмиэ табыллыбат. Кэлин хата электрическай сэппэрээтэр кэлэн абыраабыта. Хас ыам аайы эрийтэрэр этибит.

Ас астааһына барыта киниэнэ буолан бидиличчи, бэрэски, алаадьы буолла да бааҕынан, элбэх киһи аһыыра дэлэй буоллаҕа. Килиэп астааһын күҥҥэ 4-5 килиэбинэн туоруубут. Кыргыттар эбээһинэспит этэ.  Ыһыах аайы кымыһы  туруоран нэһилиэк дьоно барыта иһэрэ, саламааты уруу аайы ийэбэр оҥортороллоро. Барыта киниэнэ табыллар да этэ.  Биллэн туран үп харчы аҕыйаҕынан, сайын аайы кирпииччэ үктээн атыылыыр этэ. Кирпииччэ хаачыстыбата үчүгэй буолан, оннооҕор Чурапчыттан кэлэн атыылаһан бараллара.Биһиги оҕолор бары окко барыахха дылы үлэлиирбит. Маҕаһыыҥҥа сөптөөх табаар суоҕунан күһүн Дьокуускай куоракка хайаан да баран кэлэрэ, хас биирдиибитигэр наадалаах таҥаһы — сабы атыылаһан  сүгэн — көтөҕөн аҕай аҕалара.Ийэбит кэлэрин кэтэһии туспа кэпсээн. Күн аайы паапабын саҥата аҕыйаан иһэр, күнү быһа самолет ааһарын кэтээһин саҕаланар, ахтан бары саҥабыт иҥэбит мөлтүүр быһыылааҕа.

Сир астааһына. Чучунаахтансаҕалаанбары барарбыт, аҕаматоҕустутанилдьэрэ. Элбэхкиһиилиитэкуоталаһакуоталаһаүргээммитэлбэхбуолара. Төннөнкэлиигэийэлээхаҕамчучунаахтарыноҕускатиэйэнбэйэлэрэмэҥэстэнайанныыллара. Биһигибэйэбитоонньууоонньуудьиэбитдиэкитүһүнэнкэбиһэбит. Ийэбит сир аһыгарсылдьыстаҕына,үргүрүнэнтүргэнэдьонномоҕоркиирбиткиһибуоларынан, элбэҕибуларбыт. Отон, моонньоҕон, дьэдьэнбуоллундэлэччибуолааччы. Үксэыалгакэһиибыһыытынанбарар. Ордуктэллэйүргүүргэбиһигиниэрэбуолбатах, Победа дьахталларынбарытынтэллэйиастыыргаүөрэппитэ. Ворошилов колхозкаолорон, онносайынаайыкэлэргеологтаркэргэттэриттэнүөрэммитэтэ.

Таптыырдьарыга. Телевизор суохэрдэҕинэ, күнаайыкиинэҕэдьоммутбараллара,7, 30 ч. киинэсаҕаланара, үлэттэнкэлэн, аһыыохсон, хотоҥҥоынахыан баран кулуупкасүүрэллэрэ.Кэнсиэрбуоллада, дьиэбиткиэҥбуоланбиһиэхэараасартыыстархонокэлэллэрэ. Нэһилиэк олоҕор биһиги төрөппүттэрбит наһаа көхтөөх этилэр. Олорор “Сардаана”түөлбэлэрэ нэһилиэккэ үчүгэй үлэтинэн аатырара. Билиҥҥэ дылы ийэбит Евдокия Григорьевна ыһыахтарга кыынньарбыт кымыһын, арыылаах саламаатын, көбүөрдээх лэппиэскэтин өйдүү-саныы сылдьаллар. Зонананкүрэхтэһиигэсаамайкөхтөөх«Сардаана» зона буолара. Ыалларбыт бары да наһаа активнай, суох баар күрэхтэһиилэргэ, спекль туруоруута, кэнсиэр да буоллун барытыгар инники миэстэ буолаары түһүнэн кэбиһэллэрэ. Биһиги дьиэбитигэр репетиция кытаанаҕа буолара.

Көрдөххө элбэх саҥалаах, мөҥүөх этиэх курдук көһүннэр да, ийэм элбэхтэ мөхпүтүн, сэмэлээбитин өйдөөбөппүн. Биирдэ мин наһаа уһуннук ыалга оонньоон улдьааран, маамаҥ ыҥырар, тиийбэтэххинэ таһыйар үһү оҕолор диэтилэр. Мин куттанан кыбыыга отунан оҥоһуллубут отууга киирэн саһан хааллым. Кэнники көрдөөһүн буолла, мин тахсан да бэрт. Ол курдук күн киэһэрдэ, мин отууга утуйан хааллым, уһуктан кэлбитим дьонум көтөҕөн дьиэбэр аҕалбыттар, онтон ыла куттаабат буолбуттара. Куттаннаҕына , онно манна тиийииһи диэтэхтэрэ. Кэлин улаатан баран истибитим, куттаммыттар эбит, быраатым Вика ханна баарбын эппэтэҕэ буоллар, хаска тахсыам эбитэ буолла

Аҕабыт ол оннугар сүрдээх кытаанах, мөҥөрө кэпсээҥҥэ киирбэт. Наһаа чэнчис киһи этэ. Аҕабыт үлэтиттэн кэлиитигэр, дьиэни –уоту өрө тардан, хомуйан, аһы астаан көрсөрбүт.

Ийэмэлбэх оҕолордоох буолан кыалларынан барытын иистэнэрэ. Дьүөгэтэ Иванова Клара иистэнньэҥ бөҕө, киниттэн үөрэнэн оҕуруонан билэлэри, суумканы оҥорбута. Кэнники сааһыран баран баайар идэни сөбүлээбитэ, барыбытыгар сылаас наскы билиҥҥэ дылы баар. Кылынан быа хатан, наскы, бэргэһэбаайара. Ийэбит асчыт бэрдэ, иистэнньэҥ, аймах дьонун итии үүттээх чэйинэн, минньигэс аһынан күндүлүүрэ, күн сириттэн барыар диэри сиэннэригэр, оҕолоругар үтүлүк, кээнчэ, этэрбэс тигэрэ, кылынан бэргэһэ, наскы баайара, күн солото суох буолаахтыыраОлох биир мүнүүтэ дьарыга суох олорорун сөбүлээбэт этэ. Саамай сөбүлүүрэ кинигэ ааҕыыта, сахалыыны барытын ааҕан кэбиһэн кэнники нууччалыы Дьоммут иккиэн уус-уран сахалыы кинигэни, хаһыаты, сурунаалы ааҕаллара, дойду солунун сэҥээрэллэрэ, дьоннорун кытта санааларын үллэстэ олороллороааҕар буолбута. Сотовай телефону түргэнник туттарга үөрэммитэ, дьонун сэргэтин кытта сэһэргэһэрин сөбүлүүрэ. Кулун тутар 8 күнэ буолла да, санаабытыгар бэлэх биэрэбит диэммит уруһуй бэоэхтиир этибит, ийэм барытын уурара, кэлин көрөн дьабахтаабыппытын көрөн күлсэрбит.

Кинилэр сүрэхтэрин холбоон 1949 с. ыал буолан, уон оҕону төрөтөн, бука барыларын үлэһит оҥорон, ыал оҥорбуттара. Ону таһынан үгүс тулаайахтары иитиспит, көрбүт-харайбыт үтүөлээхтэр. 1970 с. “Герой — ийэ”үрдүк аата сүктэриллибитэ. Нэһилиэккэ биир бастакынан герой буолан, дэриэбинэ дьоно бары үөрүүнү үллэстибиттэрэ.  Дьүөгэлэрин, аймахтарын, оҕолорун, сиэннэрин үөрүүлэрин, хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэрэ, сүбэтин-аматын биэрэрэ, бэйэтин кыаҕынан көмөлөһөр идэлээх этэ. Ийэбит, аҕабыт бэйэлэрин үтүө холобурдарынан, үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо сыһыаннарынан ииппит, эккэ-хааҥҥа иҥэрэн үөрэппит, такайбыт ыччаттара бэйэлэрэ оҕолонон — урууланан тэнийдибит. 50 сыл олорбутТистээхэптэр үбүлүөйдэрин  Дьохсоҕон нэһилиэгин дьоно барыта 1999 c. Алампа аатынан культура дьиэтигэр мустан бары үрдүк күүрүүлээхтик бэлиэтээбиттэрэ. Ийэбит Евдокия Григорьевна 2010 c. күн сириттэн ыарахан ыарыыттан барбыттара.

Савватеева Галина Ивановна

 

Хаамар куукулалаах этим

Савватеева Г.И.
Балаҕан ыйын 8 күнэ 1960 с. Дьохсоҕон нэһилиэгэр сэттис оҕонон төрөөбүтүм. Кыргыттартан кыралара этим. Төрөппүттэрим барыта 10 оҕону иитэн- аһатан дьон оҥорбуттара. 6 уол, 4 кыыс. 1968 с. ийэм нэһилиэккэ бастакынан герой – ийэ аатын сүкпүтэ. 1969 с. уордьан кэлбитигэр дэриэбинэ дьонун барытын ыҥыран бырааһынньык бөҕө буолбута. Саамай кыра уолу Димогу герой диэн ааттыыллара.
Биллэн турар, дьааһылаҕа, детсадка сылдьыбытым. Нэдиэлэни быһа сылдьар этибит. Субуотаҕа убайдарбыт, эдьиийдэрбит кэлэн ылаллара. Дьааһылаҕа сылдьарбын өйдөөбөппүн, онтон детсадка бырааппынаан Викалыын сылдьыбытым.
Мин кыыс буоламмын иһит, дьиэ сууйуута, торбостору хомуйуу күн аайы толорор эбээһинэһим. Өрөбүлгэ таҥас сууйуута, күн аайы килиэп астааһына. Ол оннугар уолаттарбыт мас кыстыыллара, муус киллэрэллэрэ. Ийэбит балыыһаҕа санитарка, 3 кирпииччэ оһоҕу барытын отторо. Оттук маһын оскуола кэнниттэн баран кыстаан биэрэрбит. Бырааттары, онтон племянниктарбын көрүү. Аны ийэбит харчылаһан сайын аайы кирпииччэ үктүүр этэ. Бары үлэлээбиппит, сайын устата хас тыһыынча кирпииччэ буолара буолла. Күһүн ийэбит ол харчынан куоракка баран оскуолаҕа кэтэр таҥаспытын барытын атыылаһан сүгэн көтөҕөн кэлэрэ. Телевизор, холодильник, велосипед барыта кирпииччэ атыытын харчытынан атыыласпыттара. Сайын аайы от үлэтэ. Биирдэ да сайылыкка үлэлэтэ ыыппатахтара. От кыаттарбат этэ.
Саамай өйдүүр оонньуурдарым барыта чааскы, тэриэлкэ кыраһыабай ойуулаах үлтүркэйдэрэ, бэйэбит оҥорор сыахайдарбыт, күнү быһа ыаллаах буола оонньуурбут. Ол саҕана ыаллар бары элбэх оҕолоохторо. Оонньуур оҕо дэлэйэ. Саамай сөбүлүүр оонньуубут лапта, маарка, былаах былдьаһыыта, үспүйүөннээх милииссийэ, уолаттар күнү быһа саабыла, немецтээх советскай армия саллааттара буолаллара. Чугас ойуурдарга штаб оҥостоллоро. Онтон кыһынын хаамыска, тыксаан, хабылык, скакалкалааһын. Кэмиттэн кэмигэр сөбүгэр оонньуубут уларыйан иһэрэ. “Города и реки” диэн оонньуур этибит. Бастакы буукубатын кинигэнэн таайан баран, түргэнник ол буукубаҕа куорат, государство, муора, өрүс, киинэ, артыыс, киһи аатын столбигынан суруйарбыт. Онон элбэҕи билээри картаны, энциклопедияны хасыһарбыт, үөрэтэрбит. Киэһэ аайы сайынын мустан оонньуу бөҕө. Биһиги дьиэбит уһаайбатын элбэх оҕо мустар буолан буорунан тибилийэн кэбиһэрбит. Улааппыппыт кэннэ күөх от үүнэр буолбута.
Дьиэбитигэр эһэм оҥорбут төгүрүк остуола баара, онно төгүрүччү олорон бары батан аһыырбыт, аҕабыт хуһуок саахары тойон биэрэрин кэтэһэрбит.
Бастакы кылааска учууталбыт Аммосова Анна Ивановна көрсүбүтэ. Элбэх этибит, отучча буолан киирбиппит. Барыбытын дуоска иннигэр таһааран туруорбута. Ийэбит, аҕабыт аатын, тугу үлэлииллэрин ыйыппыта. Аҕам бухгалтер этэ, ону “кулгаахтыыр” диэбиппэр улахан дьон күлсүбүттэрэ. Олох сөпкө эппит курдук сананан, тоҕо күлбүттэрин өйдөөбөтөҕүм, Оскуолаҕа үс сыананы ыларбын олох абааһы көрөрүм, наар харахпыттан уу – хаар баспытынан барарым. Октябренокка октябрьскай революция буолбута 50 сылыгар, пионерга улуу Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгаркиирбиппит. Ол иһин барыта өрө күүрүүлээхтик дружина сбордара бараллара. Пионерга бастаан үөрэхтэригэр бастыҥнары ылбыттара. Дьоммор хаалтыспын көрдөрөөрү соммун нэлэккэй тиийбитим. Оскуоланы кыайыы 30 сылыгар бүтэрбиппит, фестиваль бөҕө, хорбут, хоһоонунан монтажпыт үчүгэйдик сыаналанан, Ытык Күөлгэ киирэн театрга оройуон түмүк концерыгар кыттыыны ылбыппыт.
Бэһис кылааска үөрэнэр сылбар таайым Виктор Москваҕа күүлэйдии барбыта, миэхэ улахан да улахан хаамар куукуланы аҕалбыта. Саамай күндү бэлэҕим. Буденновка таҥастаах этэ. Балтыламмыт үөрүүбэр кыра баҕайы киһиэхэ бэлэхтээн кэбиспитим. Кэнники эрдэ биэрбит эбиппин диэн кэмсиммитим.
Мин оҕо эрдэхпинэ радио, радиола баара, телевизор мин ахсыһы бүтэрэрбэр кэлэ илик этэ. Оскуолабыт аҕыс кылаастаах буолан, мин Бүлүүгэ педучилищеҕа үөрэнэ барбытым. Онно куоракка телевизор диэни саҥа билэн, биир күнү быһа биэриилэри барытын көрбүтүм. Телефон хонтуораҕа, оскуолаҕа, почтаҕа эрэ баара.
Дьонум Саха сиригэр тахсар хаһыаттары, “Хотугу сулус” сурунаалы хайаан да суруйтараллара. Үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан муҥурдаахпын быстарбытым, балыыһаҕа сытан Анастасия Сыромятникова “Хопто” кинигэтин бастаан аахпытым, онтон ыла эккирэтиһэн ааҕар буолбутум. Кинигэни бары ааҕар этибит. Саҥа кинигэ аҕаллахтарына уочараттыырбыт, мин кыра буоларым быһыытынан кэнники түбэһэбин. Ааҕан баран ырытыһар этибит. Онон сахалыы кинигэлэри барытын аахпыппыт. Алтыс кылаастан нууччалыы кинигэни ааҕар буолбутум. Эдьиийим Клава наһаа ааҕар этэ. Сөбүлээбит кинигэтин кэпсиир этэ. Ол кэпсээбититтэн өйдөөн хаалбытым. Виктор Гюго “Собор Парижской богоматери”, Дюма кинигэлэрэ эбиттэр.
Киинэ туһунан туспа кэпсээн. Субуотаҕа, өрөбүлгэ күнүс 3 чаастан буолара. Мин бастаан сылдьыбыппын өйдүүбүн, итирик үрүҥ саллаата күрүөҕэ олорор бөтүүгү түҥнэри ытан кэбистэ, аһынан доргуччу ытаан тоҕо бардым. Онон кими эмэ аһынан ытыыр буоламмын, эдьиийим, убайдарым миигин илдьэ баралларын сөбүлээбэттэр этэ. Сэриилээх , комедиялар, индийскэй үчүгэй киинэлэр ахсааннарыгар киирэллэрэ. “Бродяга”,”Кавказская пленница”, “Бриллиантовая рука” уо.д.а. Көрбөтөх киһи хаалынньаҥ киһинэн ааҕыллара.
Ахсыс кылааска экзамен кэмигэр кылааһынан интернакка олорон туттарбыппыт. Учууталлар интернакка кэлэн консультация ыыталлара. Билиэттэри барытын үөрэт да үөрэт. Билигин үксүн умнубуппун.
Сайыҥҥы лааҕырдар суохтар этэ. Кыргыттар сайылыкка учетчик, ыанньыксыттары иккиэ буолан солбуйаллара, уолаттар звеноларга оттуу бараллара. Мин кирпииччэ үктээбитим, онтон моой оттуу барарым.
МААРКА оонньуу
Икки линия тардыллар: охсор сир уонна мээчиги охсубут киһи тиийээт төннөр линията. Оҕолор бары мээчик охсорго тураллар. Биир мээчик оҕустарааччы. Оҕо бэриллибит мээчиги охсоот да куотар. Линияны туораат да төттөрү охсубут сиригэр сүүрэн кэлиэхтээх. Ол кэмҥэ мээчиги оҕустарбыт киһи мээчигин ситэн ылан охсубут киһини быраҕан табыахтаах. Таптаҕына, мээчиги оҕустарааччы таптарбыт киһи буолар. Оннук бара турар. Элбэх сүүрүүлээх сылаалаах оонньуу этэ.

 

Биһиги Куулалар…

Ноенохов Е.Е.
Азартаах булчуттар этибит
Куобаҕы туһахтаан бөҕө. Азартаах бултуур уолаттар элбэхтэр. Сарсыарда туһахпытын көрөбүт. Күһүн үөрэх иннинэ саанан бултуу барабыт. Түүн матасыыкылынан фаралыы барабыт. Ити улахан кылааска.
Аҕам дьиэ таһыгар, билигин бөһүөлэк буолан турар, оччолорго тыа этэ, онно таһааран туруортаан баран, үүрэн хааман бараарын диэн баран ханна эрэ барар. Эппит сиринэн хааман барбыппыт, арай саа тыаһыыр. Иккитэ ытта. Биир куобаҕы өлөрбүт. Биир куобах инэн куотта диир. Биири ыраахтан көрдүм диир. Ити куулаҕа, билигин бөһүөлэк буолан турар сиригэр. Ол бастакы куобахтааһыным быһыылаах.
Дьиэ таһыттан, пилорама кэннинэн туһахтаан бараҕын. Куобаҕы аҕабыт ыраастыыр этэ. Ийэбит буһарар.
Кыра эрдэхпитинэ аҕабыт куска батыһыннара сылдьар. Дурдаҕа да олорон ытабыт, кэрийэн да ытар этибит. Үгүрүөнү аҕам соруйан көтүтэ- көтүтэ күөрэтэн ытан көрдөрөр этэ. Үөрэтэн. Хаһыытыы түһэн баран атаҕын анныттан көтөн тахсар. Ыраатыннарбакка күөрэтэн түһэрэр этэ.

“Рацияҕа” сөтүөлүүбүт
Сайын аайы о5олору үлэлэтэллэр этэ лаа5ырга. Үлэ лааҕырдарыгар. Холобур, кирпииччэ собуотугар үлэлиибит. Дэриэбинэлэр окко үлэлииллэр буоллаҕа дии. Биһиги сыантырдар ким ханна үлэлииринэн… ким тутууга, ким хайа эрэ тэрилтэҕэ үлэлиир, ким кирпииччэҕэ. Биир сайын үлэлиирбитигэр эксперимантальнай дьиэ тутуутугар түбэстибит. Сваята түһэн турар, ол быыһынан сылдьан буор бөҕө кутабыт. Ким наһыылканан, ким биэдэрэнэн…буолнайбыт. Билигин эбитэ буоллар тыраахтар анньыа эбит. Таһырдьа самосваллар аҕалан самосваллыыллар, ол буору таһабыт. Сайыны быһа куппуппут. Өҥүрүк куйааска сүүрэн тиийэн “рацияҕа” сөтүөлүүбүт. Билигин Мөккүһээрэптэр аннылара, ол аата умнуллубута ыраатта. Сүүрбэччэ солкуобай хамнас ылбыппыт быһыылааҕа. Ол харчыга школьнай көстүүмүн запросто кэлэр…
Арагаатка
Арагаатката суох уол диэн суох этэ. Уол барыта оҥостор. Ачаахтаах талаҕы көрөн, ачаах булан быһан киллэрэҕин. Билисипиэт хаамыратын кырыйан онно иилэн, туох эрэ этэрбэс сааппыйаанын быһаммыт арагаатка оҥорон таһаарабыт. Ол сааппыйаанын туох эрэ диэн ааттыыр этибит.
Арагаатканан булт бөҕө. Саас туллуктуубут. Сайыны быһа моҕотойдоон, ыты илдьэ сылдьан. Этэргэ дылы Байанай биэрэрин барытын бултуугун.
Исписээннэ таас хомуйабыт- буулдьа диэн. Таас суох буоллаҕына туой булкаастаах бадарааны төгүрүтэн күҥҥэ хатаран буолунай буулдьа оҥоробут. Бултуу барарбытыгар сиэптэрбитин толору лөглөччү хааланан барабыт. Бастаан хаамарбытыгар нэһиилэ ахчаҥнаан бараҕын. Онтон ыттаҕын аайы буулдьан аҕыйаан иһэр, чэпчиигин. Ол курдук күнү быһа сылдьабыт.
Арагаатканы араастаан оҥороллор. Сатыыр сатаабат дьон бааллар. Кэнники аптекаҕа эриллэ сылдьар жгут диэн атыыланар буолбута. Сиэрэй дьүһүннээх. Дьэ оннуктаах киһи күндү киһи буолла. Биирдии арагаатка тахсар жгутун быһан сыанаҕа биэрэр. Хаамыра эрэһиинэтэ диэн боростуой буолла. Жгут арагааткалаах киһи букатын бултуур саалаах курдук буолар буолла.
Онтон кэнники аптекаҕа дэлэйбитигэр бэйэбит да ылар буоллахпыт дии. Бастаан баҕас, ол жгуттаах киһи үллэрии бөҕө, мэнэйдэһэр даҕаны.
Арагаатка буулдьата диэн өссө маннык: маҕаһыыҥҥа сибиниэс доробуонньук куулунан атыыланар. 3-түү дуу, 5-тии дуу киилэлээх буолар. Ол доробуонньугу дьэ ытыһынан бэрсии, мэнэйдэһии. Ким эрэ, холобур, жгутка атастаһар. Куһу, андаатары барытын арагаатканан бултуур этибит.
“Буорах ыскылаата” уо.д.а.
Оҕо сырыттахха наар килиэп уочарата буолар. Оччолорго килиэп пекарняҕа атыыланар. Билиҥҥи ПО хонтуоратын кэннинэн, иһирдьэ киирдэххэ, билиҥҥи “Дэлэгэй» иннинэн буолар дуу, Пекарня онтон көһөн билиҥҥи “Махтал» рынокка көспүтэ. Кэнники ол пекарнябыт уопсай буолбута быһыылааҕа.
“Молочнай», “Книжнай » маҕаһыын ойоҕоһунан киирэр этибит. Аһаҕас холлороон курдук баара. 5-6 с кылаас оҕотобун, билисибиэтинэн кэлэбин, өйөннөрөн баран уочараттыыбыт. Сарсыардаттан уочарат. Ол уочаракка билисибиэппин уорбуттара.
Биир күн сабыс- саҥа билисибиэппин табаарыһым уларсан илдьэ барда. Билигин Быков Мыска олорор Попов Рома диэн табаарыһым. Ол күн оскуола оҕото барыта билисибиэтинэн походка барыахтаах… Табаарыһым килиэбин ылан кэллэр эрэ походка элээрдиэхтээхпин. Арай кэлбэт да кэлбэт. Өр баҕайы буолан баран кэллэ. Билисибиэппин уордаран кэбиспит. Боруоста хомойдум. Ытаатым игин быһыылаах. Дьонум бары бардахтара дии, мин сабыс- саҥа билисибиэттээх киһи хаалан хааллым… Кимниин эрэ бэкээринэҕэ көрдүү бардыбыт. Аҕабынаан дуу, кимниин дуу?.. Тиийбиппит наар өйөннөрөн хаалларар сирбитигэр миэнин курдук эрээри от күөх дьүһүннээх билисибиэт турар. Уонна ыҥыырыгар хайа тардан “от меня» диэн суруктаах. Оччотооҕу ыҥыыр кожа буолар, онно быһаҕынан дуу тугунан эрэ суруйбуттар. Ону ылан кэлбиппит… Бүттүбүт. Ким да айдаарбат да хайаабат да. Сабыс- саҥа хап- хара билисибиэтим оннугар от күөҕэ эргэ билисибиэттэнним. Улахан “Урал» этэ миэнэ. Походтаан бүттэҕим дии.
«Буорах ыскылаата» диэн билиҥҥи саҥа пекарня диэки баар этэ. Сиирэ- халты дьон уһаайба ылан тутталлар. Үрдүнэн суол барда, тэпсэн, көмөн кэбистилэр. Сэрии саҕана сэрии сэбин хаһаанар ыскылаат эбит. Кэмэ оннук буоллаҕа. Ол саҕана тутуллубут, билигин Билюкин Сарыаллаах дьиэлэрин аттыгар протвогаз кэтэн баран саһар бомбоубежище баара. Өйдүүбүн ээ, 5-кэ үөрэнэ сырыттахпытына быһыылааҕа, протвогаз кэтэрдэн баран ол сир анныгар түһэрэ сылдьыбыттара.
«Буорах ыскылаата» диэн биһиги оҕо сааспыт ааспыт сирэ. Кыра сылдьан аатын истэ- истэ чугаһаабат этибит. Онтон улааттахпыт дии. Хойукка дылы хатааһыннаах турбута, дьэбиннирэн хаалбыт күлүүстээх этэ. Куула оҕолоро болдьоһор сирбит ол. «Ханна көрсөбүтүй? Буорах ыскылаатыгар? Сэмэн өтөҕөр? Толоон хайаҕа?» ити барыта биһиги сирдэрбит, сылдьар ыырбыт. Ол буорах ыскылаата, кэннэ булуус умуһаҕа көмүллэрин курдук көмүллүбүт буолан үрдэ томтоҕорун сөбүлүүбүт : саабылаһа, кириэппэстээх оонньуубут.
Онтон кэнники күлүүһүн алдьаппыттар дуу, алдьаппыппыт дуу быһыылаах. Иһирдьэ киирдибит. Сир анныгар хааман, дириҥ баҕайытык киирэр эбиппит . Онно дьэ подвал курдук эрээри бүтүннүү эргиччи кураанах долбуур этэ. 70-с сылларга дылы сэргэх турбута.

 

Большакова Г.Е.
Кыйыга маҕаһыыҥҥа сыаналаах баҕайы кофе диэн кэлбит. Ким да ылбат үһү. Туох астарай дииллэр да ким да билбэт. Оннук туран сыаната түстэр түһэн чэпчээн турарын Хаандыга нууччалара барытын ылан ааспыттар этэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *