Чириков Афанасий Ильич, Верхоянскай оройуонугар, Бөтөҥкөскө 1938 сыллааха төрөөбүт. Кыыһа Лидия Афанасьевна кэпсэппит.
— оскуола5а киирбиккитигэр “Букварь”, “Азбука” диэн кинигэлэри биэрдилэр да?
— Биэрэн, хастыы да оҕоҕо биир устууканы. Онно эбии аҕыйах тэтэрээттээх буолаҕын.
-Тэтэрээти эмиэ оскуола биэрэр дуо? Бэйэҕит атыыласпаккыт?
— Оскуола биэрэр. Маҕаһыыҥҥа суох. Аны туран аҕыйах буолар, онтукаҥ. Уларсыһа сылдьан уочаратынан ааҕаҕын уруоккун. Дьиэттэн дьиэҕэ уларсаҕын.Ким урут аахпыт кинилэргэ биэрэҕин диэн… чэ оҕордук… күнүнэн. (күлэр) дьиэ үлэтэ диэн улаханнык аахайбат дьоннорбут. Сороҕор чэрэниилэ суох буолар. Оччоҕо ити оһох курунньугун (хоруону) кыһыйан ылан сылаас ууга буккуйан баран суруйаҕын. Куһаҕаннык да буоллар суруйар. Уруһуй уруогар кырааска игин суох. Ол курунньукпутунан уруһуйдуубут. Боростуой харандаас баар. Онон уруһуйдуубут. Альбом диэн суох. Тэтэрээккэ уруһуйдуубут. Кэнники улахан кылааска тахсыбыппыт кэннэ альбом баар буолбута. Маҥнайгы кылааска хантан кэлиэй.
Ким эрэ куул суумкалаах, ким эрэ таҥас. Биир эмэ оҕо бартыбыаллааҕа дуу суоҕа дуу, өйдөөбөппүн. Интернат оҕото бартыбыала да суох кыбынна да сүүрэр буоллаҕа. Интернатка режими син тутуһуннараллар, бэрэбиэркэлээн. Уруок аахтарар дьуһуурунай учууталлар бааллар.
“Күрүөйэхтэр күрээбиттэр үһү” – диэн истээччибит. Ол биһи диэки кэлэ сылдьыбатахтара. Күрээтэхтэринэ наар Дьокуускай диэки талаһаллар эбит, кэнники толкуйдаан көрдөххө. Дойдуларын диэки. Түбэһэр дьон наар соҕуруу дьоннор, нууччалар. Сахалар эмиэ дойду дьоно. Бэйэбититтэн баар да буоллаҕына биир эмэ эбитэ буолуо. Уоран игин түбэспит дьон. Баатаҕайга айан суола барыта үөһэнэн кэлэр Дулҕалааҕынан. Хас эрэ сыллаахха, 30-с хас эрэ диэки массыына суола кэлбитэ. Хас сылга эбитэ буолла массыына кэлбитэ, музейга баара буолуо – сыла.
Ити үлүгэрдээх быстах, суол- иис суох аччык кэмигэр оҕолору үөрэтэ сатыыр эбит былаас.
-Аччыктаан өлүү баар буолааччы дуу?
— Өлүү суох, саамай ыарыылар кэллэхтэринэ: гириип, куор, свинка, сыыҥка – киһи тииһэ ыалдьар ыарыы, битэмиин тиийбэккэ. Ол оннуктарга ыалдьан наһаа хоттороллор этэ. Өлбүтү билбэппин. Сороҕор оскуола карантиҥҥа сабыллааччы. Онно дьэ үөрүү буолар: оскуолаҕа барымаары.(күлэр)
—Таҥас- сап?
Кыахтаах дьоннордоох оҕо куобах бэргэһэ, куобах үтүлүк, куобах истээх сон, куобах истээх ыстаан. Кэнники ыстааммыт эмиэрикэ куула, бурдук куула буолар буолбута. Эбэтэр балаакка таҥаһа (брезент). Сороҕор диагональ диэн ааттыыр таҥастара этилэр. Ол курдук сэрии бүтээтин кытта 48-с, 50-с сылларга диэри кытаанах этэ. Онтон кэм ас- таҥас уларыйан барбыта, усулуобуйа.
— Хаһан бастакы фельдшерскай пууннар аһыллыбыттарай, Адыаччыга? Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэххинэ медиктар бааллара дуо?
Ээ баар. Киһи ыарыйдаҕына. Саха да , нуучча да уларыйа сылдьааччылар. Учууталларбыт сахалар этэ. Онтон үөһээ кылаастарга тахсыыбытыгар нуучча кыргыттара кэлэр буолбуттара.5-с, 6-с кылааска. Нуучча тылын үөрэтэллэр. Сэрии сылларыгар баалларын билбэппин. Сэрии кэнниттэн фельдшер Силэпсиэп диэн саха оҕонньоро этэ, Верхоянскай куорат оҕонньоро. Сааһырбыт киһи. Улаханнык ыалдьыбыт диэн ханна да ыыталларын өйдөөбөппүн. Бэйэлэригэр эмтииллэр.
- Сүөһү элбэх этэ дуо?
Сэрии саҕана кэтэх ынах суоҕа. Кэнники сэрии бүппүтүн кэннэ баар буолбута. Учаастак аайы баар буолбута … Барыта саха ынаҕа. 1954 сыллаахха оскуоланы бүтэрдэхпит дии, ол кэнниттэн самолетунан тиэйэн боруода оҕустары аҕалбыттара.
- Интернатка астара хайдах этэй?
Күҥҥэ үстэ аһыыбыт. Интернатка киирээт, сотору кэтэ сылдьар таҥаспытын бэйэбит суунар буоллубут. Таастар баар буолааччылар уопсай. Онно уочаратынан суунарбытын остуорастар, дьуһуурунай сыһыарыллыбыт учууталлар бэрэбиэркэлииллэр. Аны уонна оттор маспытын бэйэбит таһабыт, саһааны. 53-54 сылларга улааттахпыт дии. Улахан оҕолор. Анал оһох оттооччу баар, оҕолор маһы таһабыт. Саас саһаан туруоруута. Күһүн оскуола сыбаҕар: хаары таһан биэрэбит. Улахан дьон оскуолабытын сыбыыллар. 4-с кылаастан үөһээ үрдүкү кылаас диэн ааҕыллаҕын. Адьас кыралар эрэ үлэлээбэттэр. 4-стэн бэйэбитин көрүнэ, үлэҕэ үөрэппиттэр эбит. Кэнники ону махтана саныыбын. Оскуола сыбаҕа диэн, интернат сыбаҕа диэн буолнай. Саас мас эрбээһинэ диэн. Оскуола таһыгар тиэйэн аҕалбыттарын.
Сайын, 12 сааспытыттан, былааннаах отчуттарбыт.Улахан киһи буоллун оҕо буоллун тэҥ былааннаахпыт. Онон саамай куһаҕан отчуттарынан ааҕыллааччы оҕо. Ол оттоон көлөһүн күнэ ааҕыллар. Дьоннорбут аахсаллар. Сыл түмүгэр. Колхуостаахтарга тугу биэрэллэринэн. Сыл бүттэҕинэ. Холобур, биир үлэ күнүгэр – бачча хаччы диэн, солкуобайга тиийбэт буолааччы. Ол иннинэ абаанса диэн биэрэллэр. Холобур, сүөһү өлөрөн атыылаан, ол харчытыттан үллэрэллэр – абаанса.
Баатаҕай оччолорго промышленнай бөһүөлэк. Адыаччыга маҕаһыын баар, Сайылыкка ларек баар. Бөтөҥкөскө, Алыһардаахха маҕаһыыннар бааллар. Учууталлар, медиктэр – сулууспалаахтар диэннэр. Холкуостаах ый аайы хамнас ылбат, сулууспалаахтар курдук.
-Уот киирэригэр ханна баар этигиний?
-Интернатка. Күүтэн олоробут, уот бүгүн кэлэр үһү диэн. Дьэ кылахаччыһыы онно баар. Киирии да киирии. Барытын эрдэ тардан баран эппиттэрэ: бүгүн уоту биэрэллэр диэн. Күүтүү бөҕө. Бөһүөлэккэ барытыгар киирбитэ. Биирдэ сандаарыс гына түстүбүт. Онно киинэҕэ устубут киһи дьэ билигин көрүө этибит. Түүн уоту араараллар. Ити 54 сыл буолуо. Сталин өлбүтүн кэннэ. Ол иннинэ чүмэчи, кыраһыын лаампата. Оскуолаҕа чүмэчи, эбэтэр икки паартаҕа биир кыраһыын лаампата буолар. Ыаллар ыһыырынньык оҥостоллор сүөһү сыатынан. Икки кылааска биир кирпииччэ оһох. Оскуолаҕа элбэх оһох. Оскуола остуораһа дьиэ сууйар, оһох оттор, харабыл курдук. Биир эмээхсин этэ. Олорор оскуолаҕа. Ол гынан наһаа тоҥон титириирбит биллибэт. Тимир оһох көрүдүөргэ баар. Переменаҕа ол оһох иннин былдьаһабыт, тоҥор буоллахпыт буолуо. Переменаҕа оҕону мээнэ сүүрбэтиннэр диэн тула хаамтара сылдьан ыллаталлар игин. Дьуһуурунай учууталлар.
- Хас сааскыттан бэйэҕин өйдүүгүнүй?
Олох билбэппин. Син кырабыттан өйдүүбүн быһыылаах. Оскуола инниттэн.Сэрии кэмин өйдүүбүн – сылын өйдөөбөппүн.
- Сэрии бүппүтүн өйдүүгүн дуо?
Биһиги тыаҕа, учааскаҕа олордохпутуна бүппүт эбит, аны санаатахпына. Дьонум фермаҕа субан сүөһүнү сүөһүлээн олордохпутуна онно эбит. Аҕам (Чириков Илья Дмитриевич) сылгыһыт, ийэм (Сотрудникова Анна Борисовна) сүөһү көрөр: бастаан субан сүөһү этэ, онтон кэнники наар дайаарка. Дайаарка ньирэйин бэйэтэ сүөһүлүүр, биир сааһыгар дылы. Сайын бэйэтэ оттоон аһатар ньирэйдэрин, эбэтэр торбос хааччаҕа диэн баар буолар, онно киллэрэн, үүрэн илдьэн аһатан баран ыамыгар төттөрү үүрэн аҕалар. Чэ ол курдук күнү быһа төттөрү- таары мэскэйдэниитэ элбэх буоллаҕа. Ол саҕана ынаҕы 4-тэ ыыллар. Иккис ыам бастакы кэнниттэн икки игин чааһынан буолар. Дьэ онтон үлдьү ыан баран мэччирэҥҥэ ыыталлар. Онтон 4- түүр, онтон киэһээҥҥи ыам диэн. Онно эбии ньирэйдэрин көрөллөр, онно эбии оттууллар. Букатын сололоро суох. Биир колхозка 120- 150 ыанар ынах баар буолуон сөп курдук, билигин санаатахха. Дьиэни, ууну, мууһу- маһы биһиги оҕолор көрөбүт. Хамандыыр оҕолор бааллар. Олор дьаһайаллар.
- Ол ынах ыы сылдьан аччыктыыгыт диэ? Үүт испэккит?
Хантан, биэрбэт буоллахтара дии. Төһө эмэ дайааркалар. Ийэм “үүттэ омурт диэччи”, оччоттон били чижэһинэй диэни өйдүүр эбиппин, олох букатын омурдааччым суох. Аспыт диэн: быстах- быстах лэппиэскэ, бурдук хааһы. Сайын сүөгэйдээбит үүт хааһыта. Эти тохсунньуга дохуот үллэһигэр биэрэллэр. Сайын окко сөп буола – буола идэһэттэн 2-лии 3-түү киилэ эти биэрэллэр, улахан үлэһиттэргэ, дайааркаларга игин. Оҕоҕо 1,5 киилэни.
- Оскуолаҕа хайдах барбыккыный?
Аартык диэн сиргэ олорор этибит. Аҕам ол сайын Кырыкыйга Алдан төрдүгэр сылгы үүрэн кэлбитэ, фроҥҥа барар сылгылары. Сылгыны сыл аайы ылаллар этэ. Аҕам ол барбыт кэмигэр оттуур сиртэн оскуолаҕа илтилэр. Дьонноро үлэлииллэр, кыахтаахтар диэн интернакка ылбатылар. Бөтөҥкөстөн үс километр сиргэ Испиэннээх диэн аҕабын кытта бииргэ төрөөбүт киһи, элбэх оҕолоох ыал бааллар этэ. Онно олохтоотулар. Ийэм илдьибитэ эрэ, ким илдьибитэ эрэ, ону өйдөөбөппүн. Мин 8-пар сылдьар оҕобун. Ыкса күһүн, аҕам Кырыкыйтан кэлэн иһэн хонон ааспытын өйдүүбүн.
- Оскуолаҕа сылаас аһылык баара дуу?
Хантан, туох аһа кэлиэй? Өйүөбүтүн сиибит. Үксэ уу- хаар буолар. 1948 сылтан бурдук эбиллибитэ. Интернакка ийэм өлтүн кэннэ, улаатан баран киирбитим, 1953 сыллаахха. Адыаччы оскуолатын бүтэрбитим.
Сталин өлбүтүгэр кыыс оҕолор ытаһалларын өйдүүбүн. Оҕолор бэйэ бэйэбитин көрө – көрө Сталин өлбүт диэн өйдүүбүт. Учууталлар ытыылларын өйдөөбөппүн. Миитин игин оҥорбуттарын өйдөөбөппүн. Туолка өрөбүл буолла быһыылаах, траур. Сипсигинэһии – хобугунаһыы бөҕө.
Дьарапалааны: кыра самолету, оскуолаҕа киириэм иннинэ буолуо, бастаан көрбүтүм. Баатаҕайга порт баар, Депутатскайга портаахтар, онно тиэстэр буоллахтара дии. Дьону таһаллара буолуо. Геологтар сээкэйдэрин таһаллара буолуо.
Баатаҕай арыллар, арааһа 1939 сылтан, биһиги букатын ньылба эрдэхпитинэ. Онтон ыла хостуур буоллахтара хорҕолдьун игин. Онон пароходтар сылдьыбыттар диэн суруйаллар. Музейга барыта баар: самолет, пароход кэлбитэ. Саха хапытааннар бааллара. Таҥас- сап сүрдээх дьоно буолуохпут оччотооҕуга.
- Октябренок, пионер диэҥҥэ киирбитин дуу?
Октябреноктаабыппын өйдөөбөппүн. Пионерга киирбитим. Пионерга кылаас чааһыгар ылтара. Үһүс хаһыс кылааска быһыылаах. Пионер баһаатайдар диэннэр бааллар, улахан оҕолор. Онтон хайалара хаалтыс баайбытын өйдөөбөппүн. Киириэхпит иннинэ кэпсииллэр: пионер оҕолор: Павлик Морозов игин туһунан учебникка баары ааҕабыт. Аҕытаассыйа бөҕө: пионер дисципилиинэлээх, үчүгэй үөрэхтээх игин диэн, баһаам буоллаҕа. Ол саҕана норуот өстөөхтөрүн, бандьыыттары утары киирсэри игин. Чүөчээски, Павлик Морозов холобурдарын кэпсииллэр. Саамай пионер оҕо үөрэххин кытаатыахтааххын диэн. Сайын аайы пионер лааҕырын тэрийэллэр. Онно кэлэн сынньанаҕын, пионерскай ырыалары ыллыыгын, уонна ити, хайа абааһы дииллэрий… турпоходтарга сылдьаҕын. Музейга экспонат хомуйабыт: мамонт уҥуоҕун игин. Оскуолаҕа муннук оҥоробут. Ити Адыаччы музейа маҥнай биһиги хомуйбуппут.
Улаатарбыт саҕана хомсомуолга ылабыт диэн буолла. Ол иннинэ хомсомуол баарын өйдөөбөппүн. Ити 1954- 55 сылларга.
Итии аһылыкка эт миинэ иһэбит, килиэп. Төрөппүттэртэн куобах хомуйаллар быһыылаах уонна бородуукта хомуйаллар. Уонна онон оҕолору аһаталлар. Син сылаас ас сылаас ас курдук. Тэриэлкэ да көстүбэт ол саҕана. Тимир куруускаҕа кутан биэрэллэр. Миини бурдуктууллар быһыылаах кыратык. Үрүҥ бурдук эбитэ дуу, хара бурдук эбитэ дуу. Ол саҕана лапса игин курдук хотуобай ас туох да суох. Мохоруон игин диэн суох. Килиэби бэйэлэрэ буһараллар.
—Бырааһынньыктары хайдах бэлиэтиир этигитий?
Саҥа дьылга аһаабыппын өйдөөбөппүн. Оскуолаҕа кэнсиэр буолар. Саҥа дьыл диэн елка туруорбуттарын өйдөөбөппүн. Улааппыппыт кэннэ турбута. Киэргэл суох игин. Дед Моруос игин диэн суох. Улахан кылааска сабынан баатаны түһэрэн хаар оҥороллор. Кулуупка кэнсиэргэ барабыт. Саҥа дьыл буолла да буут быстарынан дьиэбитигэр ыстанар буоллахпыт, учаастакка. Онно туспа колхуос баара. Биһиги ийэбит концертка кыттааччы. Хомуска оонньуур, ыллыыр быһыылаах. Өктөөп бырааһынньыгар биэчэр, кэнсиэр буолар. Күнүс түмүккүн истэҕин, киэһэ кэнсиэр, онтон тарҕаһаҕын.
1-й маайга улахан дьон туспа, оҕолор туспа колоннанан эбэһээт парадтыыбыт. Биир эмэ плакат баар буолар. Кыра эрдэхпитинэ кулууп суох этэ. Наар оскуолаҕа буолар арааһынай мероприятие. Оскуола көрүдүөрдээх, сыаналаах игин. Переменаҕа дьуһуурунай учууталлар сыанаҕа тахсан туран оҕолору ыллаталлар, көрүдүөрү эргиччи хаама- хаама. Улахан оҕолор ыллыылар.
- Туох оонньуулары оонньуугутуй?
“Үс сирэй” (миэстэ былдьаһыы)
“Шахта” (иккилии киһи хаама хаама)
“Миэстэ былдьаһыыта”
“Түлүпүөннэһии”
Биһилэх кутуһарбытын өйдөөбөппүн. Сайылыкка: бырыычыка, лапта, кус- хаас. Үксүн бырыычыка, кус- хаас. Сайылыкка улахан былыргы балаҕаҥҥа былыргы баай Терехов Болуодьа эһэтин дьиэтигэр мустан оонньуубут. Таһырдьа үс ампаар кэккэлэһэ турар, ол кэннинэн саһа сылдьан бырыычыка оонньуубут.
Оһохпут көмүлүөк оһох: сылытар, сырдатар. Кэнники улаатан истэхпитинэ тимир оһохтоох этибит. Көмүлүөгүнэн үһүс- төрдүс кылааска диэри олорбуппут. Ыалыттан тутулуктаах. Сорохтор олох уһуннук көмүлүөктээх олорбуттара, кырдьаҕастар.
Егорова К.М., тыыл ветерана.
Төһө даҕаны оонньооботох оҕо сааспыт диэтэрбит, мин, көлүөнэ оҕолоро син булан оонньуур этибит. Кырабытыгар таҥас сыыһынан һыахай (куукула) оҥостон. Кумааҕынан сирэй оҥорон. Талах ынах, торбос. Бэрбээкэй эмиэ мааны оонньуур буолара.
Ыаллаах буола оонньуурбут. Бөхтөн, өтөхтөн чааскы алдьаммытын. Ойуулаах буоллаҕына букатын күндү.Айахпытыгар уган, силбитинэн сууйан баран, таҥаспытыгар сотон.
Арыый улаатан баран тыксаан, тырыыҥка, хабылык, хаамыска. Хаамысканан үксүн уолаттар оонньууллара, сиэптэригэр укта сылдьан. Тыксааны туруоран ытыалаһа, ону эмиэ уолаттар сөбүлүүллэрэ. Маттаахаан диэн кумааҕынан хаарты курдук оҥорон оонньуу баара. Биир хаартыга куһаҕан – ынырык дьүһүннээх абааһы- Маттаахаан оҥороллор. Бүтэһигэр ол абааһы кимиэхэ хаалбыт – кыайтарар. Сүүскэ тыгаллар, аһыннахтарына – илиигэ. Ону эмиэ уолаттар оҥорон илдьэ сылдьаллара.
«Кылаастаах” диэн биһиги кыргыттар оонньуурбут. Сиргэ миэлинэн, эбэтэр маһынан суруйан килиэккэ «Кылаас” оҥоробут. Түннүк тааһын бытархайынан быраҕан, аҥар атахпытынан кылыйан. Тааспытын куруук сиэппитигэр илдьэ сылдьарбыт.
Сүүрэр- көтөр оонньуу эмиэ элбэҕэ. Иэс баайсан, сасыһан, харах симсэн, биһилэх кутуһан, кыыртаах кус, былаах былдьаһыыта, мохсуо, мээчик сүүрдүүтэ. Мээчиги ынах түүтүттэн оҥороллоро. Ол мээчиккэ таптардахха балайда ыарыылаах буолара. Сороҕор көрөөччүнэн да сырыттарбыт син оонньообут курдук сананарбыт. Лапта, стенка диэн баара.
Дөлүһүөнү, сиикэй хаптаҕаһы оҕуруо курдук тиһэн кэтэрбит. Киэргэммит курдук сананарбыт. Бүтэһигэр биирдии- биирдии сиэн саба эрэ хаалара.