981
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...

1925

Друзьянов Егор Михайлович, 2006 сыллаахха видеоҕа кэпсээбитин сурукка тиһии

Тыый, 41 сыллаах алдьархайдаах сукка биһиги хоргуйан өлө сыспыппыт. Ити Миитэрэй Портнягиннааҕы кытта дьукаах олоробут. Оччолорго Ааллаах Үүн таһаҕасчыттара — Уус Алданнар, Намнар кэлэн  Уһун Үрэх диэҥҥэ хонон, өрөөн ааһаллар эбит. Аттара ыран охтор. Биһиги Сылдьырыкыга кыстаан олоробут. Биирдэ аҕам аах Миитэрэй биһиккини онно ыыттылар. Өлбүт аттан быһан аҕалан сиэри. Салааскалаах, эрбиилээх. Сылдьырыкыттан биир көстөөх сир быһыылаах, Ынах күөлэ диэн сиргэ Силипиэн Поповтаах киирэн кыстаан олороллор. Онно иттэ киирдибит. Дьэ, Силипиэн оҕонньор халааран:

—  Бу уолаттар тоҥон өлөөрү, туох аанньа күүстээх- уохтаах буолан , аара охтон хаалаары ыраах баҕайы сиргэ баран иһэҕит, — диэн мөҕө- мөҕө, мөҥүө дуо, аһынан этэр буоллаҕа дии. Эмээхинигэр этэн, бу оҕолорго уута кутан аһат диэн, чэй кутан, лэппээски тоһутан чэйдэттилэр. Дьэ, онтон бардахпыт дии. Тиийэн: оо дьэ буутун эрбиэххэ, элбэх эттээх буолуо диэн, буутун эрбээн салааскабытыгар тиэйэн төнүннүбүт. Аара Силипиэннээхпитигэр киирэн эмиэ чэйдээтибит. Дьэ, Сылдьырыкыбытыгар кэлэн… Эппит туох даҕаны амтан диэн суох эбит этэ. Төһө да буһардахха. Сутаан өлбүт, собулҕа этэ буоллаҕа дии. Ол кэнниттэн өссө биирдэ бара сылдьыбыппыт ол аппытыгар. Аҕам төбөтүн аҕалаарыҥ  диэбитэ. Төбөтө арыый мииннээх буолуо диэн. Сим биир амтана суох этэ. Арай мииҥҥэ аҕыйах туочука арыы сыыһа баара. Алдьархай доҕоор, дьэ.

Друзьянов Егор Михайлович (кэпсээбитин кыыһа хайдах кэпсээбитинэн суруйан биэрдэ)

Сөтүөлүүбүт, сөтүөлүү сылдьан унньуула үргээн а5алабыт. Үргээн аҕалаарын дииллэр. Үлэ курдук. Унньууланы хааһыга куталлар, оччоҕо хойдор. Унньуула күөл аайы баар этэ. Кэнники андаатар үөскээбитин кэннэ суох буолбута. Эмтээх диэбэттэр этэ, аһыыр аспыт буоллаҕа дии.
Күөл барыта хомустаах этэ, андаатар кэлиэн иннинэ. Күһүн эрдэ кэһэ да сылдьан, тыынан да анньына сылдьан үүнэн турары түүтэх – түүтэх баайан кэбиһэллэр. Муус киһини уйар буолбутун кэннэ биирдэ охсон ылан бэлэм түүтэхтэри сыарҕаҕа кыстаан кэбиһэҕин.
Аҕам колхозка өр киирбэккэ олорбута. Онтон чааһынай нолуогун үрдэппиттэрэ, сатаан төлөөбөт гына. Ол иһин холбоспута, 16 сылгыны холбообутун өйдүүбүн.
Биир күһүн өр боломуочунай кэлэн олордо. Ол киһиттэн куттанан идэһэни өлөрбөккө олордулар. Бобуулаах этэ. Тымныы буолбута. Биир сарсыарда бартыбыалын кыбынан ааҥҥа тахсаары туран:
— Мин суохпар идэһэҕитин өлөрүн ээ,- диэн баран тахсан барда. Дьукаахтарбыт дьиэ иһигэр өлөрдүлэр, мин аҕам тымныы да буоллар таһырдьа өлөрбүтэ. Үчүгэй санаалаах киһи эбит ол боломуочунай.
Оскуола тымныы, Ньукулай Дьарааһынабыс дьадаҥы, өйүөҕэр ытыһын тоһуйар, хантан өйүөлээх буолуой. Чуораан тыаһаатар эрэ бастакынан сүүрэн тахсан оһох ааныгар миэстэ ылар, таҥаһа мөлтөх.
“Сэмэнчик уол лэппэҥнээн- тэллэҥнээн норуодунай оскуолаҕа кэллэ”- диэн Лэппэ диэн уолу хаадьылыыр этибит, өһүргэнэн ытыы- ытыы охсуһаары сордонор. Саас быһыылаах переменаҕа дэлби мэниктээн тиритээн- тиритэн баран ойон тахсан күрдьүк хаарга төбөбүт оройунан хойуостан киирэбит.
Кытаанахха интэринээккэ ылбатахтара. “Дуруһаал соҕотох уолун ыалга олордор ини»- диэбиттэр. Онтон ыла үөрэммэтэҕим.
Ыраас сирин көрөн, көнө хахыйаҕы булан, уйуо дии санаабыккынан суонун талан ыттаҕын. Төһө кыалларынан үөһээ ыттан баран, кыпчыйан олорон хачайданаҕын, биэрэҥнэтэн- биэрэҥнэтэн баран соҕотохто ыытынан кэбиһэҕин. Көтөн тиийэн ыраах түһэҕин. Эчэйбиппин өйдөөбөппүн.
Сэрии кэмигэр сэтинньигэ аҕабар илдьиттииллэр: “Дуруһаал оҕонньор ына5ар колхуос отун сиэтэ турбатын өлөрдүн», — диэн. Ийэм өлөөрү сытар этэ. Үүтү уунан сургутан иһэрдэбит, атыны аһаабат. Аҕам :”Эмээхсиним уһугулаан сытар, үүттэн атыны ыйыстыбат», — диэн утары илдьиттиир. Ийэбин таһааран баран ыанар ынаҕын өлөрдөҕө дии, хайыай.
Саас ыһыыга үлэлии сырыттахпытына аттаах киһи сүүрдэн иһэрэ көһүннэ. Тохтоон турабыт. Хаһыытыыр. Кыайыы буолбут… Турар сирбитигэр барытын быраҕаттаан баран Арыылаахха дылы быһа сүүрэн кэлбиппит, оҕолор. Оннук үөрбүппүт буолуо… Улахан дьон кэнники кэлбиттэрэ ини… оҕустарын, сэптэрин дьаһайан баран… Ону билбэппин.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *