11
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (4 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Тыл этэ үөрэнэр

                                                                     Тылтан тыл тахсар, саҥаттан саҥа тахсар (өс хоһооно)

Дьон иннигэр тахсан тыл этэртэн элбэх киһи куттанар. Кыра оҕо бу кутталын кыайарыгар төрөппүт көмөтө олус улахан суолталаах. Тыл этиэх иннинэ долгуйар, куттанар буолан хаһан да бу үөрүйэҕи баһылыа суоҕа диэн төттөрү түһүмэҥ.

Кыра сааһыттан дьиэ иһигэр оҕо тугу эрэ кэпсиирин сэҥээрин, тэрийиҥ. Холобур,  күһүн отоннуу барбыт күнүн толору ымпыктаан- чымпыктаан кэпсээтин. Кыратыттан бырадабыаһы, библиотекары, бырааһы, ыалларын кытта төрөппүт кэннигэр түспэккэ кэпсэтэрин көҕүлээҥ. Кини араспаанньата кимин, туохха наадыйан кэлбитин ийэтэ этэригэр үөрэммит оҕо өссө да өр ийэ кэннигэр саһыа. Онон оҕо кими эрэ кытта кэпсэтиэн баҕарарын күүппэт ордук.

Оҕо бэйэтин санаатын этэрин саба саҥарбакка  тулуйан истэр буоллахха саҥата сайдар. Тылын саппааһа байарыгар, сайдарыгар төрөппүт көмөтө улахан оруоллаах. Ол туһугар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Бастатан туран уус-уран айымньыны ааҕыы, аахпыты кэпсэтии – туохха да кэмнэммэт көмөлөһөөччү буолар. Иккиһинэн, оҕо тугу да кэпсиирин болҕойон истэн тоҕоостоох ыйытыылары биэрэн санаатын кэҥэтэригэр көмөлөс, сааһылаан кэпсии үөрэнэригэр көмөлөс. Оҕо бэйэтэ ыйытарын саба саҥарыма, онон туһанан кэпсэтиини таһаар.  Үсүһүнэн, тылы сөпкө саҥарарын ирдээ.

Оҕо ханна эрэ тыл этиэхтээх буоллаҕына хайаан да үчүгэй бэлэмнээх буолуохтаах. Оччоҕо эрэллээхтик сананан дьон иннигэр тахсыа. Тыл этэргэ үөрэтэр оонньуу тэрийиэххэ сөп. Дьиэҕэ бииргэ оонньуур доҕотторун мунньан бары уочаратынан тугу эрэ кэпсииллэрин тэрийиэххэ сөп. Оччоҕо оонньуу таарыйа куттанартан босхолонуо. Тыл этээччилэр итэҕэстэрин була сатаабакка, хайдах гынан өссө тупсарыахтарын сөбүн сүбэлээ.  Оҕолор бэйэ- бэйэлэрин болҕойон истэн ыйытыы биэрэллэрин көҕүлүөххэ. Оччоҕо оҕо сэҥээриллэн санаата күүһүрүө.

Оҕо дьон иннигэр тахсан тыл этэригэр көмөлөһөр быраабылалар:

  • Оҕо дьон иннигэр тахсар баҕатын өйөө.
  • Сыалла туруор. Сыалын ситтэҕинэ хайҕаа.
  • Үчүгэй бэлэмэ суох оҕону дьон иннигэр таһаарыма.
  • Тыл этэ турарын устан кэнники бииргэ көрөн итэҕэһин – быһаҕаһын бэйэтэ буларын ситис. Үчүгэйин көрдөр, быһаар.
  • Атын тыл этээччилэри (араас саастаахтары) бииргэ болҕойон истиҥ.

Бэйэтин санаатын сатаан сайа этэр киһи киэҥ көҕүстээх, кинини атын дьон  өйдүүллэр, ол иһин олоҕор ситиһиитэ элбэх буолар.