1271
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (3 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Оҕону өйдүүргэ күлүүс санаалар

Француаза Дольто оҕону өйдүүргэ күлүүс санаалара

1) Хас биирдии оҕо, оннооҕор саҥа төрөөбүт, туспа личность, киһи. Кини төрөппүттэрин суопсунаһа буолбатах, онон оҕо өйө — санаата, баҕата болҕомтону эрэйэллэр. Оҕо төрөппүтүн этиитин кытта сөп түбэспэт да санаалара, дьайыылара убаастаныахтаахтар.

2) Киһи бастатан туран «саҥарар» харамай. Ол иһин, саҥа төрөөбүт оҕо ийэ үүтүн кытта тэҥҥэ киһи саҥатын иҥэринэргэ наадыйар. Тулалыыр эйгэни көрөн, сыттаан, амсайан, тыытан билэ улаатар. Ол эрээри киниэхэ туһуламмыт Тыл эрэ кинини Киһи оҥорор. Саҥарар саҥата оҕону тэҥнээх курдук дьон ортотугар киллэрэр, ону тэҥэ саҥарар саҥата эрэ кинини хатыламмат, атын киһи (бастатан туран — ийэтиттэн) буоларын  биллэрэр; итинтэн улаатан истэҕин аайы бэйэтин өйүн — санаатын, билиитин тулалыыр дьонтон араара үөрэниэҕэ.

3) Көнөтүк, кырдьыгынан кэпсэтиэххэ. Оҕону кытта кэпсэтэр булгуччу наада. Биһиги буоллаҕына оҕоҕо бэйэбит көрүүлэрбитин, санаабытын аҥардастыы этэбит эрэ. Франсуаза Дольто оҕону хайдах да албыннаабаккын, тоҕо диэтэххэ оҕо кырдьыгы — сымыйаны этинэн — хаанынан, ис уйулҕатынан билэр диир. Оҕо дьон саҥатыгар кырдьык дорҕоонун өтө билэр: киниэхэ этиллэр тыллар уонна кини этинэн — хаанынан тутар билиитэ сөп түбэһэллэрэ — бу кырдьык. Бу билии киниэхэ хайдахтаах да ыарахан кырдьыгы тулуйарыгар, ылынарыгар көмөлөһөр.

4) Эт- хаан тылын өйдүөххэ.  Дольто сүрүн теорията кырачааннар уруһуйдарыттан тахсыбыта: кини кыра оҕо тутатына (спонтанный) уруһуйа оҕо бэйэтин этин — сиинин туһунан ис уйулҕатынан, бүтэйдии билэрин көрдөрөр диир. Уруһуй көмөтүнэн оҕо тус санаарҕааһыннарын, өй- сүрэх мөккүөрүн, дууһа ис иэдээнин бэйэтэ сатаан тылынан эппэтин, кэпсээбэтин биэрэр.

Француаза Дольто бэйэтин араадьыйанан биэриилэринэн, бэчээккэ тахсар ыстатыйаларынан психоаналитическай билиини хас биирдии төрөппүккэ чугас, өйдөнүмтүө оҥорбута; төрөппүттэри оҕону өйдүү сатыырга, оҕолуун кэпсэтэргэ, оҕону убаастыырга үөрэппитэ. Кини этэр этэ: оҕо туһунан биһиги элбэҕи кэпсэтэбит, ол эрээри оҕону кытта кэпсэппэппит…

ФРАНСУАЗА ДОЛЬТО

(1908 — 1988)

Аан дойдуга биллэр Франция психоаналитига, оҕо бырааһа. Француаза Дольто аан дойдуга бастакынан оҕо ыарыылара уонна кини уйулҕатын туруга быһаччы сибээстээхтэрин туһунан эппитэ. Кини билиитин, үлэтин дьиэ кэргэҥҥэ ыһыллыбыт, аймааһыннаах сыһыаннартан эрэйдэнэр, муҥнанар оҕолорго көмөлөһөргө анаабыта. Улахан дьон оҕону болҕойоллорун туһугар элбэх сыратын биэрбит киһи буолар: араадьыйанан биэриилэр, араас семинардар, Оҕо Быраабын Конвенциятын бэлэмнээһиҥҥэ кыттыы… Олоҕун бүтэһик сылларын «Зеленый дом» диэн дьиэ кэргэн кулууптарыгар анаабыта. Бу кулууптарга кыра оҕо төрөппүтүн кытта кэлэн дьиэ кэргэниттэн атын сиргэ, туора дьону кытта бодоруһарга үөрэнэр. Онон ытаабакка — соҥообокко ийэтиттэн арахсан оҕо саадыгар барарын ситиһэллэр. «Зеленый дом» кулууптара бүтүн система буолан Европаны биир гына тарҕаммыттара, билигин Россияҕа эмиэ үлэлээн эрэллэр.