Биһиги оҕолорбут – биһиги дьолбут. Бу кырачаан дьоннор күн сиригэр биирдэ бэриллэр олохторугар дьоллоох, тугу кистэниллиэй, бэйэбитинээҕэр ситиһиилээх, бааттаах буолуохтарын туохтааҕар да баҕарабыт. «Дьиэ бөҕө» буола сылдьыбыт кэмэ ааһан «Детсад» диэн улахан тэрилтэҕэ барарын саҕана киһибит килбигэ, кыбыстанньаҥа эбиллэн барара соһутар. Ыалдьыт киирдэҕинэ түгэх хоско саһар, дорооболоһорун оннугар умса көрөр, эгэ күн аайы чоргуйар уһун хоһоонун ааҕыа дуо? Дьэ, хайдах көмөлөһөбүт, оҕобутугар?
Оскуолаҕа да барбытын кэннэ сытыырхайан кэлбэккэ санаарҕатар. «Бэйэтэ итинник оҕо, аҕата кыра сылдьан оруобуна уолун курдук үһү»,- диэн баран бэйэтэ ааһарын кэтэһэн сылдьар сыыһа. Кыбыстыган буолан төрөөбүтүн хайыай? Онтун хам баттыы сатаабакка, күн аайы көрсөр ыараххаттарын эрдээхтик көрсөрүгэр көмөлөһүөхтээх эбиппит.
Тоҕо кыбыстарый?
Бастакы төрүөт оҕо бэйэтин кыаҕыгар эрэммэтин кытта сибээстээх дииллэр эбит. Күлүү гыныахтара, сатыам суоҕа, туох эрэ диэхтэрэ, мөҕүөхтэрэ… Бу барыта туора дьон, төрөппүттэр, учууталлар, оҕолор кини туһунан кэдэрги сыана быһыахтара диэн куттанарыттан буолар. Төрөппүт ханнык түбэлтэҕэ оҕото ордук ыгылларын, кыбыстарын кэтээн көрөн, бэйэтин кытта кэпсэтэн үөрэтиэхтээх, билиэхтээх дииллэр.
Өссө биир төрүөтү, төрүөҕүттэн бэриллибит ньиэрбинэй систиэмэтин тиибин кытта сибээстииллэр. Оҕото билбэт сиригэр, атын быһыыга- майгыга, ыксаллаах түгэннэргэ бэйэтин хайдах көрдөрөрүн төрөппүт билэ сатыахтаах. Үксүгэр меланхоликтар- уйан, мөдөөт, баҕа санааҕа ылларымтыа оҕолор- кыбыстанньаҥ буолаллар.
Үһүс төрүөт быһыытынан төрөппүттэр бэйэлэрэ ук биэрэллэрин этэллэр. Кинилэр көмүс чыычаахтарын оҕолору да кытта, улахан да дьону кытта бодоруһалларын көҥүллээбэттэр. Маннык оҕолор дьон ортотугар сатаан сылдьыбаттар. Бу түбэлтэҕэ кыбыстыы дьиэ кэргэн олоҕун укулаатын кытта быһаччы тутулуктаах дииллэр.
Туохтан барытыттан сэрэнэр- сэрбэнэр ийэ: инфекцияттан, охсуһууттан, куһаҕан сабыдыалтан, киртэн – теплица үүнээйитин иитэн таһаарар. Тулалыыр эйгэҕэ маннык сыһыан баар дьиэтин иһигэр кыбыстанньаҥ буолуохтааҕар неврозка тиийиэххэ сөп.
Аһары кытаанах иитиилээх, үрдүк ирдэбиллээх төрөппүттэр оҕолоро эмиэ кыбыстанньаҥ буолуохтарын сөп. Бобууга- хаайыыга, бириикэскэ, дьарыйыыга үөрэммит; хайҕанар, эйэргиир диэн тугун билбэт оҕо кыбыстанньаҥ эрэ буолбакка хоргус буола улаатыа.
Хайдах көмөлөһөбүн?
Кыбыстанньаҥын иһин мөҕүмэ! Төһө кыалларынан оҕолору, улахан дьону кытта куттаммакка бодоруһарыгар көмөлөс. Таһырдьа, оонньуур сиргэ, маҕаһыыҥҥа сиэтэ сылдьан, төрөөбүт күҥҥэ тиийэн баран, дьиэҕэ киирбит ыалдьыттары кытта: ханна баҕарар кэпсэтиннэр, бииргэ оонньот. Туораттан көрөөччү буоларын кытта эйэлэһимэ. Кыралаан эн көмөлөһөҥҥүн кыбыстанньаҥ чыычааҕын атыттары өйдөөн, кинилэри кытта сөп түбэһэн сылдьарга үөрэниэ. Төрөппүт хараҕын далыттан таһаарбакка кэтээн көрө, наада буоллаҕына көҕүтэн биэрэргэ, көмөлөһөргө, сороҕор хайгыырга бэлэм буолуохтаах. Оччоҕо эрэ оҕо бэйэтигэр эрэлэ улаатан оонньуон, атыттары кытта бииргэ сылдьыан баҕарыа.
Оҕоҥ кыбыстанньаҥ буоллаҕына оҕолору түмэн көхтөөх оонньуута тэрий: оҕоҥ тэбис тэҥҥэ үөрэрин- көтөрүн ситис. Оонньуу кэмигэр оҕолору билиһиннэр, кэпсэтэр төрүөттэ үөскэт. Бу курдук оҕолору чугаһат, көҕүлээ.
Килбигин иһин олох саатырдымаҥ, өссө куһаҕаны оҥоруоххут диэн сэрэтэллэр психологтар. Билбэт оҕолорун ортотугар көрүүтэ суох олох хаалларыма. Умнума: оҕолор хаҕыс, аһыныгаһа суох буолааччылар — атын оҕо мөлтөҕүн, итэҕэһин тута билэ охсон атаҕастыахтарын сөп. Саҥа сиргэ, атын оҕолорго сонун оонньуурдаах таҕыстаҕына даҕаны оонньуурунан оонньоон баран оҕону кыттыһыннарымыахтарын эмиэ сөп.
Дьиэ иһигэр оҕо баҕатын урут түһэ сатаабат ордук, бэйэтэ тугу баҕарарын, көрдөһүүтүн этэ үөрэннин. Атын да дьон баарыгар оҕо оннугар саҥарымаҥ: тугу эмэ ыйыттахтарына бэйэтэ хоруйдаатын; кини оҥоруохтааҕын оҥорумаҥ- бэйэтэ оҥордун, эһиги табыллыбат, кыайбат түбэлтэтигэр көмөлөһүҥ
Кыбыстанньаҥын иһин мөҕүмэ, төттөрүтүн хайгыыр, киһиргэтэр төрүөттэ була сатаа. Оҕоҥ истэригэр кини итэҕэһин кимниин да дьүүллэһимэ, бэйэтин туһунан үчүгэйи эрэ истэригэр кыһан.
(матырыйаал интернет ситимин матырыйаалларыттан тылбаастанна)