1311
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Оҕолорун кыыһырсаллар? Ол сөп!

Хайа да төрөппүт оҕолоро охсуһалларын, куруук иирсэллэрин сөбүлээбэт. Ол гынан баран бииргэ төрөөбүттэр илин былдьаһыылара үчүгэй өрүттээх буолуон сөп – оҕолор бэйэ- бэйэлэрин кытта тыл тылга киирсэ, мөккүөргэ чугуйа, бэйэ иннин көмүскэнэ үөрэнэллэр.
Иккиттэн ордук оҕолоох ыалга бииргэ төрөөбүттэр икки ардыларыгар куоталаһыы хайаан да баар буолар.
Кыыһырыстыннар… Төрөппүт куруук буойсара сыыһа дииллэр эбит психологтар. Оҕолорго бэйэлэрэ быһаарсалларыгар кыахта биэрин…Төрөппүт оҕолор аһара бараары гыннахтарына эрэ орооһоро ордук. Кыыһырсар да кэмҥэ халбаҥнаабат быраабылалар бааллар диэн иитиэххэ: куһаҕан тылынан үөхсүмэ, илиигинэн кииримэ.
Төһөнөн элбэхтэ орооһоҕут да оччонон элбэхтик этиһиэхтэрэ. Тоҕо? Кинилэр кыыһырсыылара эһиги болҕомтоҕутун тардарын билэннэр мөккүөрдэрин элбэтиэхтэрэ. Онтон кыһаммат буоллаххытына айдааны тарпакка эрэ быһаарсарга үөрэниэхтэрэ.
Төрөппүт кыттыгастаах иирээн дириҥиир кутталлаах. Тоҕо? Оонньуур былдьаһыытын кэмигэр охсуһуу биричиинэтэ — оонньуур. Онтон ити бурайсыыга аҕа ороостоҕуна, охсуһааччылар аҕа хайаан да кини диэки буолуон баҕараннар охсуһуу биричиинэтэ элбээн тахсар.
Психолог бэйэтин олоҕуттан маннык холобуру аҕалар (бииргэ төрөөбүттэрдээх дьон бары да маннык өйдөбүллээхтэрэ буолуо) : бииргэ төрөөбүт иккиэлэр эбит. Кини кыра кыыс. Эдьиийин курдук буолуон баҕаран кини малын ыйытыыта суох ыларыттан элбэхтэ иирсэллэр эбит, сороҕор охсуһан да тураллар. Ийэлэрэ үксүгэр орооспот үһү, онон ытасталлар даҕаны хайыахтарай син эйэлэспиттэрэ баар буолар эбит. Ол гынан баран аһара барыах курдук буоланнар дуу эбэтэр хайалара эрэ үҥсэ сүүрдэҕинэ «дьыала иһэ хараҥарар» этэ диир.
А) улахан кыыс элбэхтэ дьарыллар эбит: «улахан киһи эн өйдөөх буолуохтааххын…» бу түбэлтэҕэ балыс, ийэтэ кини диэки буолан, «кыайбыт» курдук сананан өрөгөйдүүр эбит. Ол улахан кыыска күнүүлүүр санааны күөртүүр.
Б) кыра кыыс үксүгэр охсуһууну саҕалааччы буолан дьарыллар эбит. Оччоҕуна ийэтиттэн атаҕастаммыт курдук сананнар даҕаны эдьиий бэйэтин сатаан көмүскэммэккэ ийэ быыһаан ылла диэн кыра кыыс син биир эдьиийтэн ордук курдук сананар эбит.
В) ийэлэрэ кими да быыһаан ылбакка иккиэннэрин икки аҥы араартаатаҕына ийэлэригэр кыыһыраннар бэрт түргэнник эйэлэһэллэр эбит.
Оҕолор кыыһырсар буоллахтарына тугу гынабытый?
• Орооспот ордук. Ким саҕалаабытын, ким буруйдааҕын быһаара сатаамаҥ, оҕолор бэйэлэрэ быһаарыстыннар.
• Кыыһырсыы охсуһууга кубулуйаары гыннаҕына орооһун. Оҕолору кэпсэтиигэ салайыҥ. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин санааларын эттиннэр. Уоскута түһэр наада буоллаҕына тус туспа араарыҥ. Охсуһууну тута тохтотуҥ, бырастыы гыннарсарга күһэйиҥ. Охсуһар табыллыбатын кытаанахтык этиҥ уонна иккиэннэрин накаастааҥ (холобур, тус – туспа оонньотуҥ, компьютердыыры бобуҥ о.д.а.)
• Куруук көнөтүк, биир тэҥник сыһыаннаһыҥ. Ордук элбэхтик кыралар үҥсээччилэр. Онон төрөппүт элбэхтик наар биирин диэки буолар уонна атынын элбэхтэ сэмэлиир, мөҕөр буоллаҕына биирэ киниттэн тутулукка киирэригэр, атына куруук буруйдаах буоларыгар тиэрдиэ. Эһиги ким буруйдааҕын быһаара сатыыргыт оҕолор күрэстэһиилэрин сытыырхатыан сөп. Төрөппүт оҕолоруттан биирдэрин «Эн тоҕо куруук кинини тыыххайдыыгын?» диэн өрүү мөҕөрө баар буолааччы. Бу мантан оҕо ордук кырыктаныан сөп. Кыыһырбакка – абарбакка: «Наһаа кыыһырбыккын быһыылаах, уоскуйа, соҕотоҕун олоро түс» — диир ордук.
• Өйдүүргүтүн көрдөрүҥ. Кыыскытын убайа «акаары» диэн өһүргэппит буоллаҕына: «Оннугу истэр наһаа куһаҕан буолааччы…» диэн кэпсэтиини саҕалаан. Оҕо «миигин өйдүүр киһи баар» диир санааттан кэҥиир, уоскуйар.
! ! ! Оҕолоргут кыыһырсыбакка сылдьар, эйэлээхтик оонньуур, көхтөөхтүк үлэлиир түгэннэрин куруук хайгыахха наада дииллэр психологтар. Бу маннык эйэлээх түгэннэртэн оҕолор бэйэ- бэйэлэрин тулуйса, сатаан эйэлэһэ, өйдөһө, өйөһө үөрэнэллэр эбит.
(матырыйаал интернет ситимиттэн ылылынна)