613
1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...

Кииринньэҥ төрөппүт

Кииринньэҥ төрөппүт

            Эрдэттэн оҕолоох дьон ыал буолаллара чэпчэкитэ суоҕа биллэр. Саҥа төрөппүт бастакы күнүттэн бэлэм киһини кытта алтыһан сыһыан олохтоон барыан наада.

Сүтүөр ийэ (аҕа)

Кырдьыгы манна диэн эттэххэ элбэх киһи кэргэнин оҕолорун соччолооботун бэйэтигэр да билиммэтэ баар буолааччы. Оҕону албынныыр уустук: кини дьиҥнээхтик сөбүлэппэтин, хара күүһүнэн үчүгэй буола сатааһыны бэркэ билэр; ол иһин саҥа дьиэ кэргэҥҥэ оҕоттон сылтаан киҥир- хаҥыр саҥарсыы, өйдөспөт буолуу тохтообокко барыан сөп. Психологтар бу түбэлтэҕэ бэйэни буруйдана санаабакка, албыннаммакка: «Мин бу оҕону сөбүлээбэппин!» — диэн билинэргэ сүбэлииллэр. Дьэ уонна: «Тоҕо?» — диэн толкуйдуурга ыҥыраллар. Саҥа дьиэ кэргэҥҥэ  үүт- тураан, үтүө, доҕордуу сыһыаны олохтуурга  психологтар сүбэлэрэ маннык эбит:

  • Оруолу талыы:  оруолу сыыһа тайаныы бу икки өттүттэн оҕолоох, эбэтэр биир өттүттэн оҕолоох дьон холбоһоллоругар оҥорор  саамай тарҕаммыт сыыһалара. Төрөппүт ийэни, аҕаны солбуйа сатаан оҕону үөрэтэн, өйдөтөн киирэн барыы, истигэн буолууну эрэйии эрдэттэн кыаттарыныы сурунарга тэҥнээх. Бу түбэлтэҕэ – доҕор буоларга дьулуһуу сөптөөх суол.
  • Көнө сыһыан: туохтан эрэ абарбыккытын, оҕо туох эрэ быһыыланыытын өйдөөбөтөххүтүн кистии сатаама. Истиҥ, итэҕэтиилээх кэпсэтии  сыһыаны тупсарыыга сүрүн оруоллаах буолуон сөп. Туохтан дьиксинэргитин, тугу өйдөөбөккүтүн кэпсээн; оҕо өйдүүр тылынан бэйэҕит быһыыланыыгытын быһааран биэриҥ уонна оҕо этинэрин болҕойон истиҥ. Хабыр, холус да тыллары тулуйан истэргэ бэлэм буолуҥ, ити да түбэлтэҕэ куолаһы үрдэтэрин куһаҕан содуллаах буолуон өйдөөҥ.
  • Тэҥнэһэ сатаамыахха: үксүгэр туора  оҕону сөбүлээбэт буолуу төрүтэ оҕо бэйэтин ийэтин, аҕатын кытта эйиигин тэҥниирэ уонна биллэн туран төрөппүтүн ордороро буолар. Ийэни- аҕаны солбуйа сатыыр төрдүттэн сыыһа. Эн  атын киһигин – ол иһин тугу эрэ атыннык оҥорорун сиэрдээх. Оҕоҕо бэйэтигэр быһаар: эн кини ийэтэ буола сатаабаккын, киниттэн аҕатын былдьыыр сыалын суох. Көннөрү доҕор, аҕа табаарыс буоларга баҕалааххын эт.
  • Таптал: Эйигин тус өстөөҕүн курдук көрөр оҕону таптыыр ыарахана биллэр. Опыттаах психологтар этэллэринэн, кэргэнниилэр бэйэ- бэйэлэрин таптыыр, убаастыыр, сыаналыыр буоллахтарына хаһан эрэ оҕону да кытта уопсай тылы булар кэмнэрэ кэлэр эбит.
  • Ылыныы: Атын, туспа кэмэлдьилээх, майгылаах- сигилилээх киһини, оннооҕор оҕону ылынар уустук эрээри наада. Саҥа кэлбит оҕо бэйэтэ- бэйэтинэн буоларын тулуй, дьиэ иһинээҕи сыаннастаргынан хааччахтаама. Бэйэҥ оҕоҥ сытыары- сымнаҕас, оттон «кини» оҕото өрө көрбүт майгылаах да буоллаҕына «куһаҕан» оҕо дииргэ тиэтэйимэ. Икки тус- туспа оҕолор темпераменнара уратытын өйдөө: кинилэр, саҥа уларыйыылары аҥы- аҥы тулуйаллара, аһарыналлара буолуо.

 

(матырыйаал оҕо библиотекатын ааҕар саалын фондугар баар   «Няня» сурунаал 2011с. сэтинньитээҕи нүөмэриттэн ылылынна)