Оҕо тоҕо бэрээдэги кэһэрий? «Общаться с ребенком. Как?» диэн үлэтигэр психология профессора Юлия Борисовна Гиппенрейтер төрөппүтү оҕотун кытта хайдах кэпсэтэргэ үөрэтэр.
Оҕо ханнык баҕарар сааһыгар бэрээдэги кэһиэн сөп. Бэрээдэк туһугар кэлэн дьиэ кэргэҥҥэ элбэх айдаан, кыыһырсыы буолара кистэл буолбатах. Оҕоҕун кытта кэпсэтииттэн үөрүүнэн туолуохтааҕар хомойорун элбээбит даҕаны буоллаҕына санааҕын түһэримэ. Кыһаннахха, үлэлээтэххэ сыһыаҥҥытын көннөрүөххүтүн сөп.
Истигэнэ суох оҕону биһиги улахан дьон үксүн буруйдуубут: соруйан оҥорор дии саныыбыт, ким куһаҕан хаана дьааһыйбытын да көрдүүбүт, биричиинэ көстөр… Дьиҥэр «куһаҕан» буолан оҕо истигэнэ суох буолар буолбатах; маннык оҕолор ордук уйаҕас, ордук уйан дууһалаах буолаллар эбит. Кинилэр тулуурдаах, туруктаах оҕолордооҕор олоххо көрсөр ыарахаттары ордук күүскэ, ыарыылаахтык ылыналлар, уратытык таска таһаараллар. Онон истигэнэ суох, «иитэргэ ыарахан» аатырбыт оҕо накаастабылга, сэмэлээһиҥҥэ буолбакка, көмөҕө эрэ наадыйарын өйдүөхтээх эбиппит.
Куруук бэрээдэги кэһэрэ, киһи этэрин истибэтэ дириҥ силистээх. Биричиинэтэ үксүн эмоциональнай буолар эбит. Ол аата оҕо рациональнай санааттан бэрээдэги кэһэр буолбатах, тоҕо маннык төттөрүлэһэрин оҕо бэйэтэ буолуохтааҕар, улахан да киһи быһаарбат. Дьэ ол туох биричиинэлэртэн оҕо бэрээдэгэ суох буоларын быһаарыахтаах эбиппит.
Психологтар 4 сүрүн биричиинэни ааттыыллар.
Бастакы – болҕомто ылар иһин. Оҕо сайдарыгар уонна эмоцията этэҥҥэ буоларыгар сөптөөх болҕомтону ылбат буоллаҕына, ону истигэнэ суох буолан ситиһэргэ күһэллэр. Өрүү солото суох төрөппүт баҕарбатар да үлэтиттэн аралдьыйан мөҕөн – этэн да буоллар оҕотугар болҕомтотун туһаайар. Туох да суоҕунааҕар ити да баҕалаах…
Иккис – төрөппүт олус күүстээх былааһын уонна аһары бүөбэйдиирин утаран истигэнэ суох буолар.
Иккилээҕэр «Бэйэм» диэбитэ оҕо улаатан истэҕин аайы сайдар, улаатар. Оҕо бу дьулуһуутун күөмчүлүүрү олус ыарыылаахтык ылынар. Төрөппүт оҕотун кытта куруук хамаандалыыр, сэмэлиир, куттуур, сэрэтэр моһуоннаахтык кэпсэтэр буоллаҕына оҕоҕо ордук ыарахан буолар. Итинник гынан оҕобун бэрээдэккэ үөрэтэбин, сөптөөх үөрүйэхтэри иҥэрэбин, сыыһалартан харыстыыбын, сөпкө иитэбин дии саныыр төрөппүт.
Ити хаачыстыба барыта оҕоҕо иитиллэн тахсыахтааҕа саарбаҕа суох эрээри хайдах ньымаларынан иҥэрэрбит баар — уустуга. Өрүү сэмэлэнэр, куруук кириитикэлэнэр, күннээҕи көрсүөн сөп кутталлара наһаа омуннаах буоллахтарына оҕо бууннаан турар. Өсөһөр, утарылаһар, таптаабытынан тыллаһар – бу барыта бэйэтэ ким да ыйыыта- кэрдиитэ суох тугу эрэ оҥорор бырааптааҕын туруорсарыттан тахсар. Кини сыыһар, алҕаһыыр бырааптаах туспа киһи буоларга дьулуһар.
Үһүс биричиинэ – иэстэһэр санаа. Оҕо төрөппүттэн хомойоро, хоргутара элбэх буолааччы. Биричиинэ араас буолар: кинитээҕэр кыраҕа ордук элбэх болҕомто ууруллар; төрөппүттэр арахсыылара; кииринньэҥ ийэ, аҕа кэлиилэрэ; оҕону дьиэттэн араарыы (балыыһаҕа киириитэ, эбээлээҕэр ыыппыттара); төрөппүттэр куруук кыыһырсаллара… Күннээҕи, быстах хомотор түбэлтэ эмиэ элбэх: эмискэ сэмэлээһин, толоруллубатах эрэннэрии, баттыгастаах буруйдааһын…
Ол аайы оҕо дууһатыгар эрэйдэнэр, санаарҕыыр, онтон таска кыыһырсыы, бэрээдэги кэһии, уөрэххэ мөлтөөһүн буолан тахсар. Бу түбэлтэҕэ төттөрүлэһии ис хоһооно: «Эһиги миэхэ куһаҕаны оҥорбуккут, эһиэхэ эмиэ куһаҕан буоллун!..»
Төрдүс биричиинэ- бэйэтин кыаҕыгар эрэли сүтэрии. Оҕо ханнык эрэ бииргэ табыллыбатаҕыттан атыҥҥа эмиэ бүдүрүйэр. Холобур, кылааһыгар оҕолору кытта тапсыбатыттан үөрэҕэр мөлтүүр. Эбэтэр оскуолаҕа ситиспэтиттэн дьиэтигэр өрөлөһөр, төттөрүлэһэр.
Бэйэтин ис кыахтарын намыһахтык сыаналанарыттан ити курдук табыллыбата элбээн иһэр. Төһөнөн мөҕүллэр, сэмэлэнэр да оҕо санаата түһэр, түмүгэр: «Кыһанан да диэн, син биир табыллыа суоҕа»,- дии саныыр; онтон таска туохха да кыһаммат буола сатыыр:»Миэхэ син биир», «Куһаҕан да буолуум, онно тугуй?».
Онон, этэр эттэҕинэ, сөпкө быһыыланар курдук эбит буолбат дуо? Ама ким таптатыан, сэҥээриллиэн баҕарбатый? Ким бу күн анныгар кэлэн киһи быһыытынан убаастаныан, ситиһиилээх буолуон баҕарбатый?
Оҕо буруйа диэн кини итини барытын хайдах ситиһэрин билбэт, ити этиллибит итэҕэстэрин хайдах толорунуон быһаарбат. Онон оҕо истигэнэ суох буолуута көмөҕө наадыйарын бэлиэтэ диэн төрөппүт оҕотугар көмөҕө кэлиэхтээх. Төрөппүт таптала, тулуура, баҕата оҕото чөл уйулҕалаах киһи буолан тахсарыгар көмөлөһүө.
1314