Анемподист Иванович Софронов — Алампа айымньыларыттан:
- Саргы-дьаалы улааттын,
Сахалыы саҥа сатараатын,
Саха омук сайыннын! (“Саха ырыата”)
- Таптал баай да хоту, аат-сурах да хоту буолбат. Сүрэх сөбүлүүрэ диэн улахан кытаанах суол буолар. (“Таптал”)
- Үчүгэй куһаҕана суох буолбат, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат, биһиги да алааспытыгар былыт быыһынан күн тыгыаҕа. (“Таптал”)
- Үөскүүр үтүө дьылбыт
Үрэллибэт үгүс
Үөрүүнү үксэттин… (“Саҥа дьыл ырыата”)
- Көмнөх хаарбыт анныттан
Көрдөөх-нардаах дьылларбыт,
Күөрэйэн-тахсан кэлиитигэр
Күлэн оонньоон көрсүөҕүҥ. (“Саҥа дьыл”)
- Кэтит дойдуттан
Кэскиллэ кэтэс,
Аан дайдыттан
Айхалла тардыс. (“Таҥхаһыт”)
- Санааҕын сайыннар,
Өйгүн үксэт! (“Ини-бии”)
- Үллэр үйэҥ толору
Үрдүк тиит саҕа
Өрөгөй бөҕө үөрдүстүн! (“Айыыһыт алгыһыттан”)
- Күөх халлаан күөнүгэр
Күлүмүрдэс күммүт
Күндээрийэ күөрэйдэ,
Көҥүл босхо
Күөгэлдьийэ уһунна. (“Сарсыарда”)
- Аналлаах суолгуттан арахсыма,
Туһааннаах суолгуттан туораама. (“Уоллаах киһи кэпсэтиитэ”)
- Ат тиийэринэн аатыр,
Суол тиийэринэн сураҕыр. (“Айыыһыт алгыһыттан”)
- Харалдьыттаабыт
Хара сир устун
Хаамыталыыр
Хайҕалын эриэхсит. (“Ахтабын”)
- Күндү хонууларым
Күрдьүгэс отунан көҕөрбүт,
Алтан отунан анньыллыбыт,
Ньургуһун отунан тупсубут. (“Аан дойду ахтылҕана”)
- Саргылаах күммүт
Саһарҕата сандаарда,
Сайаҕас сарсыардабыт
Салаллан сайынна. (“Отчуттар”)
- Отордоон олорбут
Оккуодай алааспын
Ончу умнубаппын. (“Аҕабар”)
- Хотуурбутун сытыылаан,
Ходуһаҕа холлойон,
Хордурҕаччы хоруйан
Хор-кур хотутуохпут. (“Отчуттар”)
- Күөх тыабыт
Муҥутаабыт мутукчалара…
Сааскы күн саһар
Саҕарҕатын курдук
Саһарахтыйа хагдарыйбыттар. (“Күһүөрү сайын”)
- Саар булгунньах саҕа
Самныбат саргыны салайдын! (“Аттанар алгыс”)
- Айыыһыт хатыҥ аҕаскын
Антах хайыһыннарбат
Айылгы санаалан. (“Айыыһыт алгыһыттан”)
- Хатыҥ чараҥнар
Хампа күөх сэбирдэхтэрэ
Хаһыҥҥа хаарыттаран
Хагдарыйан хаалбыттар. (“Күһүөрү сайын”)
- Имэҥнээхэй тымныыбыт
Илэ-бодо эргийдэ,
Ийэлээхэй сирдэрбит
Ирбэт мууска иҥиннэ. (“Кыһын кэлиитэ”)
- Кэтит дойдуттан
Кэскиллэ кэтэс,
Аан дайдыттан
Айхалла тардыс. (“Таҥхаһыт”)
- Кыыдам кымньыы тымныылаах,
Кырыа муус эҥэрдээх,
Кыһын обургу
Кыаһыы көтөн
Кистии кыҥыһахтаата. (“Кыһын кэлиитэ”)
- Хараҥа санаа халбарыйдын,
Харыстаһыы хайыстын! (“Саҥа дьылынан саҥардым”)
- Смелей, борец, гляди вперед
Твой путь надеждой озарен. (“Борцу”)