- 15 июля 1942 года добровольцем вступил в ряды рабоче-крестьянской Красной Армии (РККА).
- Учился в Уральском военно-политическом училище в г. Свердловске, по окончанию училища получил воинское звание лейтенант.
- С марта 1943 года воевал на Южном фронте (Ростов- на-Дону) в качестве заместителя командира роты по политчасти в составе 5-ой ударной армии.
- С ноября 1943 года по март 1944 года участвовал в боях против немецко-фашистских захватчиков в качестве командира третьего батальона 487 стрелкового полка 143 Конотопско-Коростенской Краснознаменной дивизии в составе I-го Украинского фронта.
- С боями прошел от правобережного плацдарма на реке Днепр севернее г. Киева до станции Кашары западнее г. Ковеля.
- Участвовал в освобождении городов и железнодорожных узлов Коростень, Сарны, Маневичи, Олевск и другие, а также в окружении и уничтожении крупной группы немецких войск в районе г. Ковель.
Боевой путь лейтенанта М.М. Федорова (читать статью)
БИҺИГИ КЫАЙЫЫЛААХ ТӨННҮӨХПҮТ
Кыhыл Армияҕа ыңырыллыбыт таб. Федоров М.М. барыан иннинэ митиҥҥэ этиититтэн
Табаарыстар! Биhиги улуу советскай норуот албан ааттаах Кыhыл Армиятын кэккэтигэр киирэбит.
Биhиги советскай сири немецкай-фашисткай дьиккэрдэртэн босхолуур туhугар армияҕа барaбыт.
Биhиги прогрессивнай киhи-аймаҕы дьай хара санаалаах олох хаан бүрүнүүлээх, дьиикэй кыыллыы майгылаах, Гитлер тырыта тыытан сэймэктиириттэн босхолуур иhин улуу босхолооhуннаах тускул тиксибит армиятын хаңaта барабыт. Биhиги Кыhыл Армиятын советсткай народ бүттүүн өйүүрун тас өттүнэн, кини бары көҥүлү тaптааччы народтар армияларын кытта ыкса сибээстээх.
Биhиги көҥүлү таптааччы народтар боевой доҕордоhуулара салгыы бөҕүү турар уонна өстөөҕү үлтүрүтэр чаас чугааһабыт бириэмэтигэр тиийэн турабыт.
Ийэ дойду иһин сэриилэһии кэмигэр, биһиги Кыһыл Армияҕа барааччылар, иннибитигэр турар сорукпут суду улахан суолтатын, бэрт дьэңкэтик өйдүүбүт. Көңүл советскай дойдуга төрөөн улааппыппыт, ийэ дойду биһигини биэбэйдээн ииппитэ, дьоллоох олоххо биһигини тиксэрбитэ.
Биһигиттэн хас биирдии бэйэбит Ийэ дойду иннигэр бэйэтин ытык иэһин чиэстээхтик толоруо. Өстөөх танкатыгар хорсуннук саба сүүрэн тиийэн сүгэнэн пулемету булгу охсубут Советскай Союз Геройун Середа курдук өстөөҕү утары охсуһуохпут.
Биһиги норуоппут историятын күчүмэҕэй мүнүүтэлэриттэн биирдэстэригэр кыр өстөөҕү утары кыргыһыыга киирэбит диэн куруутун өйдүөхпүт уонна хаһан да умнуохпут суоҕа.
Түөспүт иһигэр сурэхпит тэбэрин тухары биһиги эрэмньилээх илиибит гитлеровскай ороспуонньуктары кыдыйарыттан сылайыа суоҕа диэн эһиэхэ, төрөппүттэрбитигэр андаҕарбытын биэрэбит.
Аҕа дойду иһин сэриилэһии геройдарыттан үөрэниэхпит, байыаннай үөрэҕи билиэхпит, винтовканы дьоһуннаахтык уөрэтиэхпит, бэйэ сэриилэһэр сэбин маастардарынан буолуохпут. Өскөтүн фроҥҥа да киирдэхпитинэ толлуохпут, дьүлайыахпыт суоҕа. «Хас буулдьа барыта сүүскэ түбэспэт, хорсунтан буулдьа куттанар» ‒ диэн норуот өһүн хоһооно этэр.
Эһиги, тыылга хаалар табаарыстар! Фрону тыа хаһаайыстыбатын араас астарынан быыстала суох хааччыйарга илиигитин араарбакка үлэлээҥ! Производственнай улэһит нуорматын иккилии-үстүү бүк толоруҥ!
САССР 20 сааһын туолуутун тыылга саҥа кыайыыларынан уонна фроҥҥа көмөҕүтүн үс төгүл күүһүрдүүнэн бэлиэтээҥ!
Эрэниҥ! Биһиги өстөөҕү түргэнник кыайан төннүөхпүт!
Туругурдун биһиги кырдьыктаах дьыалабыт!
Туругурдун биһиги кыайыыбыт!
«Социализм тутуутугар» хаhыат бэс ыйын 28 күнүнээҕи нүөмэрэ, 1942 сыл.
За боевые заслуги Федоров Михаил Михайлович награжден:
- Орденом Красной Звезды;
- Орденом Великой Отечественной Войны I-ой степени;
- Медалью “За победу над Германией в Великой Отечественной Войне 1941-1945 годы” и многими другими медалями.