1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
572 просмотров

Н.Заболоцкай

Кулаковскай айымньылара бэйэтин ааҕыытынан уонна оччотооҕу кыра уонна арыый обургу үөрэхтээхтэр устан ылыыларынан тарҕанара. Кини *Этиҥнээх ардах* диэн кылгас соҕус, ааҕа сылдьыахха бэрт хоһооннооҕо. Ол хоһоонун аахпыта үчүгэйиттэн ымсыыран, мин уһулан ылбытым, онтон итиитигэр дьоҥҥо ааҕа олордум, тылын- өһүн үчүгэйдик билэ- үөрэтэ илик буоламмын, мин бытааннык,тохтуу- тохтуу, тэҥкик- муҥкук соҕустук ааҕа олорбутум. Ол да буоллар, дьон Кулаковскай ырыатын истээри мустан, миигин тулалаан, бэрт тулуурдаахтык, саҥата суох олордулар. Дьэ ол олорон мин түбэстим. Кулаковскай бэйэтэ мин аттыбар биллибэккэ кэлэн иһиллии турбут эбит. Саатар, ким эмэ имнэнэн дуу, хайдах дуу миэхэ биллэрээхтээбэтэх.
— Аҕал эрэ, доҕоччуок, кэбис, бэйэм ааҕыым, хаарыан ырыабын,- диэн баран кини миэхэ илиитин ууммута.
(Николай Заболоцкай. Айан аргыстаах, суол доҕордоох./Үйэ аҥарыгар.- Якутскай,1984.- с.152)